Көрүллэр боппуруостар бары даҕаны боччумнаахтарынан, ол иһигэр туох ханнык иннинэ кэлэр сыллардааҕы бүддьүөт бигэргэнэрин быһыытынан, пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко, Үрдүкү Суут бэрэссэдээтэлэ Любовь Летучих, Арассыыйа сенатора Егор Борисов, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Галина Данчикова, Петр Аммосов, миниистирдэр уо.д.а. ыҥырыылаахтар кыттыыны ыллылар.
Пленарнай мунньах сэтинньи 10 күнүгэр олохтон барбыт норуот дьокутаата, «Тээнэ» аҕа ууһун общинатын салайааччы, Саха сирин Табаһыттарын ассоциациятын бэрэсидьиэнэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Арсений Николаев сырдык кэриэһигэр саҥата суох сөҥөн турууттан саҕаланна.
Пленарнай мунньахха барыта 25 сокуон барыла (17 сокуон барыла бастакы ааҕыыга, 7 сокуон барыла иккис ааҕыыга, биир сокуон барыла үһүс ааҕыыга) көрүлүннэ.
Иккис-үһүс ааҕыыларын көрүллэр сокуоннар барылларыгар дьокутааттар этиилэрэ учуоттанан, ыстатыйалар чопчуламмыттар, үбүлээһин да эбиллибит.
Саамай элбэхтик ырытыллыбыт, XXX уочараттаах пленарнай мунньахха, ол кэнниттэн хас кэмититэт ахсын, итиэннэ Айсен Николаевка ыытыллыбыт бырабыыталыстыба уонна дьокутааттар холбоһуктаах сүбэ мунньахтарыгар көрүллүбүт «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2022 сылга уонна былааннаах 2023, 2024 сылларга судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» сокуон барылыгар киллэриллибит этиилэр бары ыйааһын бэскитигэр туруоруллан, үгүс өттө бигэргэммит, оттон ылыллыбатахтары биричиинэлэрин ыйан туран, туспа испииһэктээбиттэр.
Түмүккэ бүддьүөт эйгэтин «атын» дэнэр араҥаҕа киирэр үлэһиттэрин хамнаһа 2022 сыл от ыйыттан 2,4 % үрдэтиллэр, сүрүн салаалар (үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабыла, култуура, тыа хаһаайыстыбата, Аартыка, ойуур хаһаайыстыбата, физическэй култуура уонна спорт, тутуу, хотугу собуос, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр, о.д.а.) үбүлэниилэрэ биллэрдик үрдэтиллибиттэр. Холобур, сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар «Тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, ас-үөл ырыынагын сүрүннээһин» судаарыстыбаннай бырагырааманан 7 млрд 200 мөл. солк. көрүллүбүт буоллаҕына, иккис ааҕыыга 10 млрд 900 мөл. солк. көрүллэрэ ситиһиллибит. Манна өссө Ил Дархан дьаһалынан СӨ Бырабыыталыстыбата 1 млрд. 651 мөл. солкуобайы булан эбиэхтээх. Ити -- бүддьүөт дохуоттаах чааһын 10 бырыһыана! Доҕоттоор, дойду биир даҕаны эрэгийиэнигэр тыа хаһаайыстыбатын, тыа сирин өйөөһүҥҥэ бачча үлүгэр үтүмэн үп көрүллэ илигэ, ону ааһан көрөр туһунан санаа да үөскүү илигэ чахчы!
Кэпсэтии көхтөөх буолла. Дьокутаат Любовь Явловская быраастар хамнастарын ааҕыыга учуонай истиэпэннээхтэргэ (наука хандьыдаата, дуоктар, бэрэпиэссэр) эбии төлөбүр көрөргө эппитэ учуоттамматаҕын кытары сөбүлэспэтин биллэрдэ. Онуоха бу хайысханан саҥа федеральнай мэхэньиисим оҥоһуллара быһаарылынна. Дьокутаат Михаил Гуляев оҕо спордун үбүлээһин ситэтэ суоҕун ыйда, 27 тириэньэр ыстаата, “В.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэр училищелара” судаарыстыбаннай бүддьүөт идэтийбит үөрэҕин тэрилтэтигэр хас да хайысха сарбыллыбытын сыыһынан аахта. Дьокутаат Елена Голомарева хотугу собуһуонан тиэрдиллэр социальнай суолталаах бородууксуйа нуорматын уонна көрүҥүн саҥалыы оҥорорго эттэ, сороҕо төрүт наадата суох тиэрдиллэрин бэлиэтээтэ. Елена Христофоровна дьокутааттар Александр Жирков, Галина Данчикова өйөбүллэринэн «Арассыыйа Аартыкатааҕы эҥээригэр урбааны өйөөһүн туһунан» федеральнай сокуоҥҥа аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох омуктарга туһуламмыт 28-с ыстатыйа киллэриллэн, судаарыстыбаннай бырагыраама оҥоһуллубутун, ол чэрчитинэн дойду үрдүнэн сыллата 500 мөл. солк. көрүллэр буолбутун, оттон өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр бу хайысханан 477 мөл. солк. көрүллүбүтүн ситиһии быһыытынан сыаналаата.
– Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһа 264 млр. солк., ити иһигэр бүддьүөппүтүгэр бэйэбит нолуоктартан уонна хомуурдартан киллэринэр дохуоппут 151 млрд солкуобай буолара былааннанна, -- диэтэ Айсен Николаев. – Ааспыт өттүгэр үбүлээһин маннык таһымынан оҥоһулла илигэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бэйэ дохуотун улаатыннаран иһэринэн дойдуга уон бастыҥ эрэгийиэн кэккэтигэр киирэр. Биллэн туран, дойду салалтата улахан көмөнү оҥорор, дотация, субвенция уонна субсидия быһыытынан сүҥкэн көмө көрүллэр, кэлэр сылга федеральнай бүддьүөттэн 114 миллиард солкуобай кэлиэҕэ, ити иһигэр эрэгийиэннэр бүддьүөттэрин тэҥнээһиҥҥэ 56,7 миллиард көрүллүөҕэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыт холбоһуктаах мунньахха көхтөөхтүк кыттыбыт норуот докутааттарыгар махтанабын. Киллэрбит этиилэргит үксэ ылыныллыбыта. Улахан уларыйыы тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр таҕыста, бу хайысхаҕа үбүлээһин 12,5 миллиард солкуобайга тиэрдилиннэ. 2022 сылтан ыанар ынахха, биэҕэ көрүллэр субсидия үрдүөҕэ, астыыр-таҥастыыр салааҕа, эт, бурдук, хортуоппуй уонна оҕуруот аһыгар соҕотуопкатыгар болҕомто күүһүрүөҕэ. Итини таһынан үлэ эбийиэктэрин, сайылыктары, хотоннору, базалары тутууга эбии 1,6 миллиард солкуобай көрүлүннэ. Ити тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоммут-сэргэбит туруктаахтык үлэлииллэригэр, тыа сирин олохтоохторо дохуот аахсалларыгар төһүү күүс буолуоҕа. Билигин даҕаны быһаарыыны эрэйэр боппуруос үгүһүн ити бүгүҥҥү этиилэргит да кэрэһилииллэр, онон салгыы үлэлиибит.
Норуот дьокутааттара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2022 сылга уонна былааннаах 2023, 2024 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» сокуон барылын иккис, бүтэһиктээх ааҕыыга, биир санаанан ылыннылар.
Василий Кононов (Ил Түмэн) хаартыскаҕа түһэриилэрэ
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0