Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -25 oC

Алтынньы 22-23 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн IX (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 50 боппуруос көрүлүннэ.  Көрүллэр боппуруостар боччумнаахтарынан, ол иһигэр туох ханнык иннинэ кэлэр сыллардааҕы бүддьүөт барыла бигэргэнэрин быһыытынан, пленарнай мунньахха Бырабыыталыыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Быков, миниистирдэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Алтынньы 22-23 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн IX (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 50 боппуруос көрүлүннэ.  Көрүллэр боппуруостар боччумнаахтарынан, ол иһигэр туох ханнык иннинэ кэлэр сыллардааҕы бүддьүөт барыла бигэргэнэрин быһыытынан, пленарнай мунньахха Бырабыыталыыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Быков, миниистирдэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Саҥа дьокутаат, мөрөбүөй судьуйалар

Бастатан туран, үгэс курдук, каадыр боппуруоһа көрүлүннэ. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев норуот дьокутааттарын аатыттан быйыл күһүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, ыытыллыбыт кэлим быыбарга быыбардааччы 74,46 %-ын итэҕэлин ылан, 34 №-дээх биир мандааттаах Халыма-Индигиир быыбардыыр уокуруктан Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбыт Евгений Слепцовка норуот дьокутаатын дастабырыанньатын туттарда, парламентаризм сайдыытыгар ситиһиилээх үлэни баҕарда.

Пленарка_-_Слепцов.jpeg

Норуот дьокутааттара салгыы мөрөбүөй судьуйалар дуоһунастарыгар киллэриллибит кандидатуралары көрдүлэр. Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн Иван Соловьев 11 №-дээх Бүлүү улууһунааҕы суут учаастагар, Павел Федоров 12 №-дээх Горнай улууһунааҕы суут учаастагар, Ольга Никитина 13 №-дээх Эдьигээн улууһунааҕы суут учаастагар, Вадим Бабенов 16 №-дээх Ленскэй улууһунааҕы суут учаастагар, Любомира Горохова 20 №-дээх Муома улууһунааҕы суут учаастагар, Александр Чемезов 25 №-дээх Өлүөхүмэ улууһунааҕы суут учаастагар мөрөбүөй судьуйаларынан бигэргэннилэр.

Сибидиэнньэҕэ ылылынна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүт олохтоох, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарын бырааптарыгар боломуочунай Константин Роббек 2023 сыллааҕы үлэтин отчуота истилиннэ.

Норуот дьокутааттара чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр. Отчуоту сибидиэнньэҕэ ыларга быһаардылар, ол эрээри, болдьоҕо хойутаабытын бэлиэтээннэр, быйылгы 2024 сыллаах үлэ отчуотун 2025 сыл иккис кыбаарталыгар оҥорорго этии киллэрдилэр.

Владимир Федоров хотугу уонна Аартыка улуустарыгар ас-үөл 90 %-ын биирдэм урбаанньыттар хааччыйаллар, кинилэргэ туох да өйөбүл суох, чунуобунньуктар хоту дьон тулуурдааҕын билэллэр, дьиҥ дыаланы кистииллэр диэтэ. Аан дойду ньиэбин, гааһын, чоҕун саппааһын 22 %-а Аартыкаҕа баарын санатан, «дүҥүрдээх үҥкүүнү тохтоторго, үбү-харчыны экэниэмикэни сайыннарарга угарга» диэтэ.

– Биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир сүрүн уратытынан төрүт олохтоох омуктар тыллара-өстөрө, култууралара, үгэстэрэ чөл туруктаах буоларыгар, салгыы сайдарыгар үлэлиирэ буолар. Ити эрээри, Ил Дархан иһинэн үлэлиир Тыл сэбиэтин мунньаҕар оҥоһуллубут ХИФУ учуонайдарын отчуота этэринэн, саха тыла судаарыстыбаннай тыл быһыытынан туттуллуута көстүбэт буолан эрэр, хотугу омуктар тыллара күннээҕи олоххо иһиллибэт эбит. Онон мунньахтарга сахалыы саҥарары ирдиэххэ, ону бэйэттэн саҕалыахха, -- диэтэ Елена Голомарева итиэннэ бастакы вице-спикер Александр Жирков туруорсуутунан, сокуоннар сахалыы тылбаастанар буоланнар, Ил Түмэҥҥэ саха тыла судаарыстыбаннай таһымҥа тахсыбытын холобурдаата.

Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков дойду салалтата Аартыкаҕа болҕомтотун уурар, дьону тардар соругу туруорар, ол эрээри бастатан туран, олохтоох нэһилиэнньэ дойдутуттан көспөтүн хааччыйыахха, ол эрэ кэнниттэн тастан дьон кэлэрин тэрийиэххэ диэтэ. Боломуочунай оскуолаларга хотугу омуктар тылларын үөрэтиини хонтуруолга ыларыгар, Үөрэх министиэристибэтин кытары ыкса үлэлииригэр сүбэлээтэ.

А_Г.jpeg

Олох уһуна туохтан тутулуктааҕый?

Пленарнай мунньах биир уратытынан икки Бырабыыталыстыба чааһа (доруобуйа харыстабылыгар уонна тыа хаһаайыстыбатыгар) ыытыллыбыта буолла. Мунньах бастакы күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын ситимин сайыннарыыга уонна уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ чорботуллар хайысхалары олоххо киллэрии» диэн боппуруоска дакылааты Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйаачы Георгий Степанов оҥордо.

Биллэрин курдук, 2018 сылтан үлэлээбит нацбырайыактар түмүктэнэн, кэлэр 2025 сылтан саҥа 19 нацбырайыак олоххо киллэриллэр. Олортон биирдэстэрэ «Доруобуйа» нацбырайыагы солбуйар, өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн биэрэр «Көхтөөх, уһун олох» нацбырайыак буолар. Бу нацбырайыак дойду үрдүнэн киһи олоҕун уһунун 2030 сылга 78, 2036 сылга 81 сааска диэри тиэрдэр соругу туруорар. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабыла, чөл олох, маассабай успуорт уонна олох-дьаһах усулуобуйатын тупсарыы үлэлэрэ дьүөрэлэһиннэрэн ыытылларын түмүгэр, ааспыт сылга өлүү коэффициенэ 20 %-ынан намтаабыт, киһи олоҕун уһуна ортотунан 73,4 сылга тэҥнэспит. Ил Дархан 2023 с. ахсынньы 30 күнүгэр таһаарбыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын ситимин сайыннарыы уонна уопсастыба доруобуйатын бөҕөргөтүү стратегическай хайысхаларын туһунан» ыйааҕын чэрчитинэн, 7 сүрүн хайысханан аттаран, 2029 сылга киһи олоҕун уһунун 80 сааска тиэрдэр үлэни саҕалыырга бартыбыал пааспара оҥоһуллубут. Онно 17 бырайыак уонна 9 дьаһаллар былааннара киллэриллибит.

Хос дакылааты оҥорбут доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Афанасьева иһитиннэрбитинэн, Ситуационнай киин иһитиннэрэр-араҥалыыр тиһигэ «Аныгы генетика: билиҥҥини уонна кэнэҕэскини быһаарыы» диэн кэлим дьаһаллар пааспардарын оҥорбут. 2029 сылга диэри удьуорунан бэриллэр ыарыыларга генетика чинчийиитин ыытан, 5 тыһыынча биология боруобатын хомуйан, национальнай биобаан оҥоһуллуохтаах. Доруобуйа харыстабылын күннээҕи үлэтин аныгы генетика чинчийэр үлэтин, саҥа арыйыыларын кытары алтыһыннарыы удьуорунан бэриллэр ыарыылары эрдэттэн булар, быһаарар, сэрэтэр уонна эмтиир кыаҕы биэриэхтээх.

Норуот дьокутааттара балыыһа эбийиэктэрин тутуу, каадырынан, эминэн-томунан, анал тэриллэринэн хааччыйыы туругун ыйыттылар. Николай Ноттосов ыарыылаах дьон биобааннара төһө эрэллээхтик харайылларын ыйытта, куһаҕаны санаабыт дьон ол боруобалары ылан тарҕатан, алдьархайы оҥоруохтарын сөбүн санатта. Онуоха үлэ барыта федеральнай ирдэбил быһыытынан, аныгы технологиянан ыытыллара, дьиксинэргэ төрүөт суоҕа этилиннэ.

Киһи доруобуйатын туругар аһылык хаачыстыбата быһаарар суолталааҕа умнуллубата, биир ыйытыы тастан аҕалыллар ас-үөл хаачыстыбатыгар туһуланна.

– Бу хайысханан үлэ былааннаахтык ыытыллар. Хас да биэдэмистибэни (Доруобуйа харыстабылын, Үөрэх уонна билим, Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэлэрин итиэннэ хонтуруоллуур уорганнары) түмэр хамыыһыйа тэриллэн, аһылык бородууксуйатын хаачыстыбатын, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалыллар аһы-үөлү, бэрэбиэркэлиир. Уһуйааннарга, оскуолаларга, балыыһаларга иҥэмтиэлээх эттигинэн баай, сибиэһэй, бэйэ аһынан-үөлүнэн менюлар оҥоһуллаллар. Олохтоох бородууксуйаны оҥоруу Бырабыыталыстыба болҕомтотугар сылдьар, -- диэтэ Георгий Степанов.

пленарка-_6.jpeg

Бүддьүөт? Бүддьүөт!

Балачча ырытыллыбыт, сис кэмитиэт ахсын көрүллүбүт «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2025 сылга уонна былааннанар 2026, 2027 сылларга судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» сокуон барылыгар иһитиннэриини оҥорбут үп миниистин э.т. Иван Алексеев федерация бүддьүөтүттэн көрүллэр субвенциялар, субсидиялар, бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы трансферт үбэ-харчыта ситэ тыырылла илигинэн, былырыыҥҥытааҕар аҕыйах харчы торумнаммытын быһаарда, иккис ааҕыыга ол учуоттаныаҕын эттэ.

Ыйытыы да, этии да көхтөөх буолла. Тыл этиитигэр 12 дьокутаат кытынна, үгүс ыстатыйаларга үбүлээһин ситэ көрүллүбэтэҕин бэлиэтээн тураннар, бүддьүөтү толорорго салгыы үлэлииргэ сорудахтаатылар.

Килиимэт уларыйыытынан тиэйии-таһыы үлэтин болдьоҕо уларыйда, билигин өрүстэр тура иликтэр, урут баччаларга массыыналары таһаҕаска ыытар буоллахха, билигин кыһын кэлиитэ 1,5 ыйынан бытаарда. Ити үбү-харчыны көрүүгэ эмиэ күчүмэҕэйдэри үөскэтэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыыта сир баайын хостуур тэрилтэлэри кытары ситимнээх, нэһилиэнньэ ону утарбат. Ол эрээри, өрөспүүбүлүкэ сокуоннара толору күүстэринэн үлэлииллэрин ситиһиэхтээхпит. Биисинэс социальнай эппиэтинэстээх буолуутун, экология эспэртиисэтин туһунан сокуоннар атын эрэгийиэннэргэ суохтар. Сир баайын хостуур хампаанньалары кытары бу сокуоннар чэрчилэринэн Сөбүлэһиилэри түһэрсэн үлэлиэхтээхпит. Тутуу боппуруоһун таарыйдахха, «бырайыак-симиэтэ докумуонун нэһилиэк бэйэтэ көрүөхтээх» диэн Бырабыыталыстыба ылыммыт быһаарыыта тутууну атахтыыр ырычаахха кубулуйда. Санаан да көрүҥ, Күһүүр нэһилиэгэ чараас бүддьүөтүттэн уһуйаан тутуутугар 12 мөлүйүөн солкуобайы угар кыахтаах үһү дуо? – диэтэ Елена Голомарева.

– Анал байыаннай дьайыыга үгүс байыас олоҕун толук уурда, элбэх ыал аҕата суох хаалла, элбэх киһи инбэлиит буолла. Маннык кэмҥэ көрү-оонньууну тэрийэри тохтотуохха, онно көрүллэр үбү АБДь-а сылдьар байыастарга, сураҕа суох сүппүттэри көрдүүргэ, кинилэр кэргэттэригэр көмөлөһөргө, эчэйбиттэри эмтииргэ, чөлүгэр түһэрэргэ туһаныахха. Ийэ дойду көмүскэлигэр туруммут уолаттар биһиги өйөбүлбүтүгэр наадыйаллар. Патриотическай иитиини, дойду устуоруйатын үөрэтиини күүһүрдүөххэ, бүгүҥҥүнү эрэ буолбакка, кэлэр кэм туһунан толкуйдуохха, – диэтэ Василий Егоров.

Гаврил Парахин үөрэххэ, успуортка уонна урбааҥҥа болҕомтону ууруохха наада, патриоттары иитэргэ бу үс хайысха улахан оруоллаахтар диэтэ. Александр Сусоев Сангаар бөһүөлэгин аннынан шахта умайбыта отучча сыл буолла, төһө иэннээх сири хабарын ким да этэр кыаҕа суох, чинчийиигэ көрүллэр үп аҕыйатыллан иһэрэ дьиксиннэрэр, улахан иэдээн таҕыстаҕына эрэ хамсаныах курдукпут диэтэ.

А_б.jpeg

Кэмчилээһин туһунан өссө биирдэ

Виктор Федоров үбү көдьүүстээхтик туһаныыга тохтоото. Бүддьүөт үбүн улахан өттө отук, сылытыы ороскуотун толуйуу төлөбүрүгэр көрүллэр, бу хайысханан 2018 с. 15 млрд. солк. көрүллүбүт, 2025 сылга – 50 млрд! Салгыы маннык бара турар кыаҕа суох. «Тэрилтэ төһө элбэх ороскуоту көрдөрөр да, соччонон элбэх харчыны ылар» диэн өйдөбүл иҥтэ. Субсидия төһө көдьүүстээхтик туһанылларыгар хонтуруол суох. Холобур, Томпоҕо Развилка диэн 12 киһи олорор бөһүөлэгэ баар, Теплай Ключтан 9 көстөөх. Хочуолунай уонна электроуот ыстаансыйата баар, дьэ онно сыл аайы 18 мөл. солк. кутулла турар!

Сылытыы ороскуотун улахан аҥаарын судаарыстыба толуйар буолан, харчыны кэмчилиир өй суох, кыһын түннүк аһаҕас, дьиэ үрдэ сатаҕай, хочуолунай халлааны сылытар. Оттон өйөбүл чопчу кээмэйинэн уонна тустаан оҥоһуллар, атыттар толору тарыыбынан төлүүр буоллахтарына, хартыына уларыйа түһүөҕэ. Эбийиэги барытын кииннэммит ситимҥэ холбооһун сыыһатын өйдүүр, энергияны кэмчилиир, аптаныамынай сылытыыга киирэр кэм кэллэ. ОДьКХ ГУТ тиһигэр Аартыка улуустарын хаалларан баран, хочуолунайдарга боломуочуйаны олохтоох салайыныы уорганнарыгар биэриэххэ диэтэ. Түмүгэр маннык эттэ:

– ОДьКХ уонна энергетика тиһигэр реформа ирдэнэр. Онон, өрөспүүбүлүкэ салалтата норуот дьокутааттарын кытыннаран, ОДьКХ тиһигин реформалыыр оробуочай бөлөҕү тэрийэн, субсидия кээмэйэ улаатыытын аччатарга, эниэргийэни кэмчилиир технологияны киллэрэргэ туһуламмыт дьаһаллары ылынарыгар этии киллэрэбин.

АА.jpeg

19 миллиард наада

«Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүөһүнү иитии туругун, быһаарыыны эрэйэр боппуруостарын уонна былааннарын туһунан» Бырабыыталыстыба чааһыгар сүрүн иһитиннэриини тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров оҥордо.

Тыа хаһаайыстыбата норуот олоҕун укулаата буолар. Оҥоһуллар бородууксуйа 67 %-ын сүөһүнү иитии салаата ылар. Сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа 36 %-ын тэрээһиннээх бөдөҥ хаһаайыстыбалар, кэпэрэтииптэр, 22 %-ын бааһынай хаһаайыстыбалар, 42 %-ын кэтэх ыаллар оҥороллор. Ааспыт алта сыл устатыгар бу салааҕа оҥоһуллубут бородууксуйа кээмэйэ 17,8 млрд солкуобайтан 21,9 млрд солк тиийбит.  Ынах сүөһү салаатыгар өйөбүл түөрт хайысханан (үүккэ, Аартыкатааҕы, бырамыысаланнай улуустар ыанар ынахтарыгар, 2021 сылтан кэтэх ыаллар ыанньыктарыгар, 2022 сылтан эккэ) көрүллэр итиэннэ министиэристибэ чэрчитинэн аҕыс хайысханан көрүллэр. Племенной үлэнэн 70 хаһаайыстыба дьарыктанарыттан, 41 хаһаайыстыба Арассыыйа таһымнаах сибидиэтэлистибэлээх. Ынах сүөһүнү иитиигэ 8 хаһаайыстыба федеральнай, 8 хаһаайыстыба өрөспүүбүлүкэтээҕи сибидиэтэлистибэлээхтэр. Кинилэр холбоон 4 405 сүөһүлээхтэр, ол иһигэр 2 024 ынахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир ынахтан сылга 2 563 кг үүт ыанар буоллаҕына, племеннойдар 3 239 кг үүтү ыыллар. 2018 с. тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 241 киилэнэн тупсарыллыбыт. Сылгыны үөрдээн иитиигэ 27 хаһаайыстыба федеральнай сибидиэтэлистибэлээх. Федеральнай таһымнаах үс, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах үс сылгы собуота баар. Табаны итиигэ 5, сибиинньэ салаатыгар биир хаһаайыстыба федеральнай племенной сибидиэтэлистибэлээхтэр. Ааспыт алта сылга ынах сүөһү ахсаана 13 %-ынан, үүтү туттарыы кээмэйэ 22 %-ынан аҕыйаабыт, сылгы уопсай ахсаана энчирээбэт, биэ ахсаана кыратык эбиллэр, оттон таба ахсаана бытааннык эрээри, эрэллээхтик эбиллэр.

Сүөһү иитиитигэр көрдөрүү намтааһынын сүрүн биричиинэтинэн миниистир сыана араастаһыыта буоларын эттэ. Оттук-уматык, тиэхиньикэ сыаната, араас өҥө төлөбүрэ аһары үрдээннэр, хаһаайыстыбалар уустуктары көрсөллөр, хамнаһы үрдэтэр кыахтара суох. Манна кураан, халаан уонна ойуур баһаардарын охсуулара эмиэ эпсэр. Ону таһынан, сааһырбыт дьоннор сүөһүлэрин эһэллэр, ыччаттар үлэни-хамнаһы батыһан куоракка көһөллөр.

Үлэ эбийиэктэрин тутуу, тиэхиньикэнэн хааччыйыы үлэтэ утумнаахтык ыытыллар. Ааспыт биэс сылга 21 толору хааччыллыылаах сүөһү иитэр комплекс, 26 типовой сайылык, 250 сылгы баазата тутуллубут, 4 тыһ. гектар бааһына сөргүтүллүбүт, 3,3 тыһ. км бүтэй оҥоһуллубут, 56 сиилэс траншеята, 28 оту харайар ыскылаат тутуллубут, 942 үлэ тиэхиньикэтэ атыылаһыллыбыт. 2021 с. үүтү туттарыы салаатыгар киллэриллибит өйөбүл мэхэньиисимэ үс сыл үлэлээн, улуустар харчыны хайдах туһанар көдьүүстээҕэр сөптөөх түмүгү оҥостубуттар, онон 2025 сылтан кинилэр боломуочуйаларын кэҥэтэн, чорботор хайысхаларын бэйэлэрин быһаарыыларыгар биэрэргэ быһаарыллыбыт. Ол түмүгэр, үүтү оҥоруу кээмэйин 12 тыһ. туоннаттан 15 тыһ. туоннаҕа, эти 4 тыһ. туоннаттан 8 тыһ. туоннаҕа тиийэ үрдэтэр сорук туруоруллубут.

Ыйытыан баҕалаах олус элбэх буолла, инньэ гынан дьокутаат ахсыттан биирдии ыйытыынан муҥурданарга быһаарылынна. Болҕомто сүрүннээн табаһыт, хотон-хонуу үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ, үлэ баазатын хаҥатыыга, үүт соҕотуопкатыгар, астыыр-таҥастыыр тэрилтэлэр, кэпэрэтииптэр үлэлэригэр, боломуочуйаларга туһаайылынна.

Дьоруойдары сирэй билэр наада, көрүллүбүт үбү ханнык улуустар ордук көдьүүстээхтик, ханныктар көдьүүһэ суохтук туһаналларый? – диэтэ Юрий Николаев.

Онуоха улуустар бары бэркэ үлэлииллэрэ, утары үбүлээһини оҥороллоро, «бу улуус мөлтөх» диэн ыйар табыллыбата быһаарылынна. «Биэ үүтүгэр субсидия көрүллүө дуо?» – диэн ыйытыыга бу салааҕа 12-15 эрэ киһи дьарыктанара, онон өйөбүл үлэ тэрээһинигэр оҥоһуллара этилиннэ. Сааскы өртөөһүнү сөргүтүү туһунан ыйытыыга сыл бүтүүтүгэр министиэристибэ бу боппуруоска сүбэ мунньаҕы ыытар санаалаах, онно кыттаргытыгар ыҥырабыт диэн буолла. Ньургуйаана Заморщикова мүөттээх ыҥырыаҕа харчы көрүллүүтүн, Хатастааҕы сибиинньэ комплексын тутуу туһунан ыйыппытыгар, мүөттээх ыҥырыа салаатыгар өйөбүл гранынан, иэс сорох чааһын толуйуу бэрээдэгинэн оҥоһуллара, Хатастааҕы сибиинньэ хаһаайыстыбатыгар саҥа комплексы тутарга анаан Покровскайдыыр суол кытыытынан сир учаастага көрүллэ сылдьара этилиннэ.

– Артем Александрович, аграрнай сиэктэргэ хамнас ортотунан 54 тыһыынча солкуобай диэтиҥ. 2024 сылга биһиги тыа хаһаайыстыбатыгар, бэтэринээрийэ ороскуотун киллэрэн туран, 15 миллиард солкуобайы көрбүппүт, кэлэр 2025 сылга хамнаһы, сатаатар алын таһымынан үрдэтэри ааҕан туран, төһө харчы көрүллэрэ нааданый? – спикер Алексей Еремеев ыйытыыта дьэҥкэ буолла.

– 19 миллиард солкуобай, – диэтэ миниистир.

Хаартыскаҕа Василий КОНОНОВ (Ил Түмэн) түһэриилэрэ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением