Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Тохсунньу 1 күнэ. Саҥа Дьыл түүнүгэр Саха сиригэр икки кыыс күн сирин көрдө. Бастакы кырачаан М.Е. Николаев аатынан Медицина национальнай киинигэр 00 ч. 56 мүн., иккис оҕо 04 ч. 35  мүн.  өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа перинатальнай киинигэр төрөөтө. Үүммүт сылга төрөөбүттэр 100 тыһ. солк. хапытаалы ылыахтара. Биллэрин курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылыгар олохтообут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕун өссө биэс сылга уһатан биэрбитэ.

Тохсунньу 1 күнэ. Саҥа Дьыл түүнүгэр Саха сиригэр икки кыыс күн сирин көрдө. Бастакы кырачаан М.Е. Николаев аатынан Медицина национальнай киинигэр 00 ч. 56 мүн., иккис оҕо 04 ч. 35  мүн.  өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническай балыыһа перинатальнай киинигэр төрөөтө. Үүммүт сылга төрөөбүттэр 100 тыһ. солк. хапытаалы ылыахтара. Биллэрин курдук, Ил Дархан Айсен Николаев Ийэ сылыгар олохтообут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал болдьоҕун өссө биэс сылга уһатан биэрбитэ.

2022 сылга – Ийэ сылыгар барыта 11 592 оҕо күн сирин көрбүт: 5 975 уол уонна 5 617 кыыс. Онтон 2022 сыл ахсынньытыгар 970 кырачаан, ол иһигэр 520 уол уонна 450 кыыс оҕо төрөөбүт.

Тохсунньу 2 күнэ. Айсен Николаев тимир ууһа, норуот маастара, Саха сирин Духуобунаһын академиятын академига Борис Федорович Неустроевы — Мандар Ууһу кытта көрсөн, Таатта улууһун Баайаҕатыгар баар «Мандар Уус»  музей комплексын туһунан кэпсэттилэр.  Мандар Уус билиһиннэрбитинэн, комплексы салгыы кэҥэтиэхтэрэ, Боотурдар аллеяларын, Уус тэлгэһэтин тутуу былааҥҥа баар эбит. Виртуальнай музей оҥоһуллуоҕа. Туос ураһа куполынан бүрүллүүтүн туһунан боппуруоһу туруорустулар.  Айсен Николаев үөрэтэр, научнай-чинчийэр уонна туристическэй суолталаах «Мандар Уус» этнологическай комплексы кэҥэтиигэ сөптөөх болҕомто ууруллуохтааҕын ыйда, өйүүрүн туһунан эттэ. Билиҥҥи туругунан манна «Моҕол Ураhа», «Саха ууһун музейа», «Саха балаҕана» диэн сүрүн үс тутуу баар.  Былыргы сэрии, булт сэбэ-сэбиргэлэ уонна кинилэр куопуйалара көрдөрүүгэ тураллар. Балары Саха сирин уустара оҥорбуттар. Кэпсэтии кэмигэр «Саха оһуордара уонна орнаменнара» диэн ураты альбому кэҥэтэн оҥорууга болҕомтону уурдулар. Санатар буоллахха, ураты альбом-хомуурунньук 2007 сыллаахха бэчээттэммитэ. Манна XVII-XX  үйэлэр этнографическай матырыйааллара, сахалыы таҥас-сап, киэргэллэр, мал-сал киирбиттэрэ. Альбом баай, ураты матырыйаалларын булууга 40 сыл  барбыт. Мандар Уус Айсен Николаевка өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит ураты култуурабытын уонна уус дьыалатын үйэтитиигэ сөптөөх өйөбүлү оҥороругар махталын биллэрдэ. Көрсүһүүгэ биллэр-көстөр тимир ууһа Николай Иванович Егоров-Байаҕыын, Баайаҕа нэһилиэгин баһылыга Роман Романов кытыннылар.

Тохсунньу 7 күнэ. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, дойдуга социальнай гаастааһын үлэтэ көхтөөхтүк саҕаланан, үгүс ыал гааска холбонно.  Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа бэйэтин ханаалыгар суруйбутунан, социальнай гаастааһыҥҥа Уһук Илиҥҥэ уокурукка Саха сирэ көрдөрүүтүнэн инники күөҥҥэ сылдьар. Ол курдук, былырыын иллэрээ сыллааҕытааҕар гаастааһын алта төгүл улааппыт.  «Сахатранснефтегаз»  гаас турбатын тардыыга рекорд олохтоото. Уопсайа  230 км ситими тардан, күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ үс тыһыынча кэриҥэ ыалга «күөх төлөн» киирдэ. «Кыра дохуоттаах уонна байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу туһунан быһаарыы ылыныллыбыта. Онон туһааннаах дьон  150 тыһ. солк. гаас оборудованиетын уонна ону киллэттэриигэ туһаныахтарын сөп. Бу көмөнөн номнуо балтараа тыһыынча ыал туһанна, — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ.

Тохсунньу 7 күнэ үүнэр түүнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга Преображенскай таҥара дьиэтигэр Ороһуоспатааҕы литургияҕа сырытта, дьоҥҥо-сэргэҕэ эҕэрдэтин тиэртэ.   Сулууспаны  архиепископ Роман ыытта. Ороһуоспатааҕы сулууспа икки судаарыстыбаннай тылынан буолла. Айсен Николаев эҕэрдэ тылыгар ааспыт сылга ахсынньыга Москваҕа Кириэмил Успенскай соборугар  Москва уонна Бүтүн Арассыыйа Сибэтиэй Патриарха Кирилл Саха сирэ Арассыыйаҕа холбоспута 390 сылыгар анаан литургияны ыыппытын, үтүө баҕа санаатын тириэрдэн алҕаабытын санатта.  Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторугар бу судургута суох кэм ыарахаттарын бары биир күүстээх санаанан этэҥҥэ туораан, өй-санаа өттүнэн бөҕөргүүрбүтүгэр, бигэ туруктаах буоларбытыгар баҕарда.

Саҥа дьылга үктэнэрбитигэр үгэс быһыытынан Айсен Николаев «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэ хампаанньаҕа «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэриигэ сыл түмүктэрин таһаарда. Төһө даҕаны уустук кэмнэргэ олордорбут, өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүн үрдүк таһымнаахтык ыытан, дьоммут-сэргэбит түмсүүлээҕин көрдөрбүтүн Айсен Сергеевич бэлиэтээтэ.  Ол курдук, 2022 сыл устата Сахабыт сиригэр 100 социальнай улахан эбийиэги тутар былаан ылыллыбыта. Түмүгэр ааспыт сылга барыта 124 эбийиэк үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр Кардиологическай киин, улахан оскуолалар, култуура дыбарыастара, спортсаалалар, суоллар, муосталар тутуллубуттара дьон олоҕун таһымын үрдэтиигэ ситиһии буолар.  Сыл устата элбэх култуурунай тэрээһин буолан ааста, ол иһигэр ыччакка «Муус устар» фестиваль, муус устарга 100 сыллаах үбүлүөй дьаһаллара, сайын Олонхо ыһыаҕа, Туймаада ыһыаҕа, күһүн Судаарыстыбаннаспыт күнүн бэлиэтээһин уонна түмүккэ ахсынньыга Москва, Санкт-Петербург куораттарга Саха сирин күннэрэ ыытылыннылар. Биир дьоһун түгэнинэн «Ньургун Боотур» операны дойду бастыҥ сценаларыгар туруоран, саха култуурата үрдүк таһымҥа тахсыбытын көрдөрдүбүт.

Бэлитиичэскэйй, экэнэмиичэскэй өттүттэн көрдөххө, Саха сирин сайдыытыгар Федерация Сэбиэтин таһымынан туох көмө, өйөбүл оҥоһуллуутугар анал уураах ылылынна. Бу докумуонФедерация Сэбиэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтинсалалтатынбииргэ ыыппыт көдьүүстээхүлэлэринтүмүгүнэнбуолар. Сенатордар манна кэлэн, хотугу улуустарга тиийэ быһыыны-майгыны миэстэтигэр билсибиттэрэ, дьүүллэспиттэрэ. Докумуоҥҥа Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын сүрүн хайысхалара, онно дьайар кыһалҕалар ыйыллыбыттар, ону туоратарга ханнык суһал дьаһаллар ылыллыахтаахтарачопчуланна.Тустаах министиэристибэлэргэ, биэдэмэстибэлэргэ ханнык тутуулары ыйыллыбыт болдьохторго олоххо киллэрэр туһунан ыйыылар бэрилиннилэр. «Итиннэ биһиги Өлүөнэ муостатыттан саҕалаан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр сөмөлүөтүнэн көтүүгэ чэпчэтиилэри көрүүгэ тиийэ туох-баар туруорсубут боппуруостарбытын киллэрэн туран, өссө сенатордар бэйэлэрэ эбэннэр, уураахха хас да пууну күүһүрдэннэр, дойду бырабыыталыстыбатын кытта эрдэттэн кэпсэтэн бараннар, итинник докумуону ылыннылар. Спикер Валентина Матвиенко Саха сирэ көрдөрүүтүнээн инникилээн иһэринэн, маннык эрэгийиэннэри өйүөхтээхпит диэн ис хоһооннох тыл эттэ, сенатордар көмөлөрө баар буоларыгар эрэннэрдэ», - диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Салгыы Айсен Сергеевич бу курдук диэтэ: «Мин дьоммор-сэргэбэр махтаныам этэ, бу сылга ыарахаттар баалларын үрдүнэн, биһиги өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын таһымнаахтык ыыттыбыт. Элбэх көлүөнэ дьон бу биир үйэҕэ киллэрбит кылаатын анааран, аны кэлэр 100 сылбытын ханнык суолунан барыахтаахпытын туһунан ырытыстыбыт. Итиннэ ордук эдэр ыччат үчүгэй кэпсэтии таһаарбытыттан үөрэбин. Биһиги, Арассыыйа саамай улахан субъега,  100 сылга хайдах былааннаах олорорбутун хайан да кэпсэтиэхтээхпит. Быстах былааннарынан олорор  кыахпыт суох, ырааҕы көрөр эрэ буоллахпытына, омук быһыытынан сайдар кыахтаахпыт». 

2022 сылбиһигиолохпутун тосту уларыппыт чахчыта да  тургутуулаахсылбуолла. Анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан биһиги биир дойдулаахтарбыт Арассыыйа инники кэскилин көмүскүүллэрин туһунан Ил Дархан бу курдук этэр: «Кинилэри кытта сибээскэ мэлдьи баарбыт, көмө оҥоробут, оҥоруохпут даҕаны. Биһиги уолаттарбытын байыаннай чаастар салайааччылара хайгыыллар эрэ, дойдуларын туһугар хорсуннук киирсэллэр, хаһан даҕаны бирикээстэн туора барбаттар, барытын толороллор диэн этэллэр. Түгэнинэн туһанан уолаттарга, төрөппүттэригэр, дьонноругар махтаныа этим. Кинилэр буолаллар - биһиги кэммит дьоруойдара.Хомойуох иһин, Аҕа дойдуларын көмүскүү сылдьан биир дойдулаахтарбыт дьоруойдуукыргыһыы хонуутугар оҕуннулар. Кинилэр үтүө ааттара үйэлэргэ умнуллуо суоҕа!».

Өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ, тэрилтэлэрэ хара маҥнайгыттан «Саха сирэ эйиигинниин!» хамсааһыҥҥатүмсэн, буойуттарбытыгар көмөлөһөллөр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап тэриллибитэ. Москваҕа биир сүрүннүүр киин үлэлиир, эрэгийиэннэргэ– Улан-Удэ, Владивосток, Ростов-на-Дону, Симферополь, Кировскай куораттарга, анал көмө пууннара бааллар. Кинилэр биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр байыаннай чаастарын кытта ыкса сибээһи олохтоотулар, мантан ыытыллар көмөнү тиэрдии логистиката барыта чуолкай оҥоһулунна. Байыастары эбии тиэхиникэнэн, ол иһигэр тырааныспарынан, экипировканан уонна да атын наадалаах тэрилинэн хааччыйыыга үлэ барар.

«Биһиги байыастарбыт дьиэ кэргэттэригэр, дьиэлэригэр-уоттарыгар этэҥҥэ буоларыгар көмөлөһүөхтээхпит диэн хара маҥнайгыттан этэн турабын.  Ол иһин улахан күүспүтүн итиннэ уурбуппут. 200-түү тыһ. солк. төлөннө, оҕолорго  чэпчэтиилэр киирдилэр. Анал үрдэтиллибит истипиэндийэ көрүлүннэ. Итини таһынан атын да көмө оҥоһулла турар. Улуустарга тиийдим да, буойуттар дьиэлэригэр сылдьабын. Онно көрдөххө, миэстэтигэр көмө оҥоһуллар, мууһунан, маһынан, бородууктанана хааччыйаллар.  Бэрэсидьиэммит Владимир Путин ийэлэри кытта көрсүһүүгэ Саха сирин дьоҥҥо үчүгэйдик сыһыаннаһаҕыт, көмөлөһөҕүт диэн атыттарга холобур быһыытынан аҕалбыта. Ити курдук ыарахан кэмҥэ кими да хаалларбакка, бэйэ-бэйэбитигэр көмө буолан,  сомоҕолоһуохтаахпыт», - диэн этэр Айсен Сергеевич.

Экэниэмикэ уонна бэлиитикэ эйгэтигэр төһө да судургута суох кэм кэллэр, өрөспүүбүлүкэ ис кыаҕын салгыы сайыннарарга үлэ тохтообокко барар.  Саха сирэ кэнники сылларга мунньуммут кыаҕыгар олоҕуран, бигэ туруктааҕынан  Уһук Илиҥҥи уокурукка инники күөҥҥэ таҕыста. Эрэгийиэннээҕиваловай бородууксуйакэнникибиэссылгаиккитөгүлулаатта. Бу ааспыт сылгаулаатыыта 8 %-танитэҕэһэсуохсыаналанар. Бырамыысалыннасүүнүүтэ 2022сыл 11 ыйыгар 112,2 % тэҥнэстэ. Бу дойдугабиирбастыҥкөрдөрүү. Дьаҥы, санкциялары аахсыбакка, атын уустуктар баалларын үрдүнэн, биһиги иннибит диэки эрэллээхтик баран иһэбит.

2023 сылы Үлэ сылынан биллэриллибитин туһунан Ил Дархан бу курдук быһаарар: «Олох туруктаах буоларын туһугар үлэни уонна үлэһит киһини өрө тутуохтаахпыт.Билигиҥҥи быһыыга-майгыга үлэ боппуруостара инники күөҥҥэ сылдьыахтаахтар. Саха сирин хас биирдии олохтооҕо тустаах үлэтин эппиэтинэстээхтик, эҥкилэ суох үчүгэйдик толорорго дьулуһуохтаах. Ол хас биирдиибитигэр сыһыаннаах. Оҕолор, устудьуоннар үөрэхтэригэр кыһамньылаахтык билиини-көрүүнү баһылыахтаахтар. Хас биирдии киһи бэйэтэ санаата сытар үлэлиир миэстэлээх буолуохтаах».

Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга билигин ордук бырамыысалыннаска олохтоох дьон, чуолаан эдэр ыччат үлэҕэ киирэригэр усулуобуйа тэриллэрин, аҥардас АЛРОСА хампаанньа бу сылга 1500 кэриҥэ үлэ миэстэтин таһаарыаҕын холобурга аҕалла. Сыл устата Социалистическай Үлэ, Арассыыйа Үлэҕэ Геройдарыгар, бастыҥ үлэһиттэргэ анаммыт тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Саха сирин үрдүнэнь бастыҥ 50 үлэһиккэ 300-түү тыһ. солк. бириэмэйэни туттарыахтара.  Түмүгэ Ыам ыйын 1 күнүгэр - Үлэ бырааһынньыгар биллиэҕэ.

Үүммүт сылга түмсүүлээх, күүстээх санаалаах биир сомоҕо буолан, ханнык да ыарахаттартан толлубакка, инникибит диэки дьулуруйан иһиэҕиҥ!

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением