Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

2022 сыл аан дойдуга саҥа сыһыаннары, саҥа бэрээдэги түстүүр сылынан буолла, ол барыта Россияҕа да, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр да уопсастыба олоҕор-дьаһаҕар, экэниэмикэҕэ, бэлитиикэҕэ улахан сабыдыаллаах буолла.

2022 сыл аан дойдуга саҥа сыһыаннары, саҥа бэрээдэги түстүүр сылынан буолла, ол барыта Россияҕа да, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр да уопсастыба олоҕор-дьаһаҕар, экэниэмикэҕэ, бэлитиикэҕэ улахан сабыдыаллаах буолла.

Тас дойдулар санкциянан өттөйүүлэрэ күүһүрбүт кэмигэр өрөспүүбүлүкэ салалтата үлэтин-хамнаһын экэниэмикэни саҥа усулуобуйаҕа иэҕэ тутарга, дьарыктаах буолууну бигэ туруктуурга, нэһилиэнньэ дохуотуруутун өйүүргэ туһулаабыта.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын салалтатынан экэниэмикэни сайыннарыыны хааччыйыыга суһал ыстаап тэриллибитэ. Тас дойдулар санкцияларынан өттөйөр кэмнэригэр бигэ туругу хааччыйыыга бастакы уочараттаах дьаһаллар былааннарыгар эрэгийиэн уопсайа 16,5 млрд солкуобай кээмэйдээх 92 өйөбүл дьаһала киирэр.

Социальнай суолталаах ас-үөл табаарын хасааһын тэрийии, күннэтэ туттуллар табаар сиэрдээх сыанатын тутуһуу, таһаҕаһы кэмигэр таһыы суһал дьаһаллара ылыллыбыттара. Урбааны өйүүр сыалтан бары салааларга нолуоктааһын судургутутуллубут тиһигэр нолуок муҥутуур кыра ыстаапката олохтоммута, чэпчэтиилээх сойуомнар бэриллибиттэрэ. Нэһилиэнньэ дохуотуруута өйөммүтэ: бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин “онтон атыттар” категориятын хамнастара суумаланан 10 бырыһыан индексацияламмыта, социальнай хантараакка олоҕурар көмө кээмэйэ улаатыннарыллыбыта, үлэлэрэ суох хаалбыт дьону өйүүр анал бырагыраама үлэтин саҕалаабыта, араас төлөбүрдэр оҥоһуллубуттара.

Анал байыаннай дьайыыны ыытан, Россия Федерациятын саҥа субъектарын көмүскүүр туһунан дойду Президенин быһаарыытын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо өйөөбүттэрэ.

Анал байыаннай дьайыыга кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэригэр көмөнү оҥорууга дьоһун болҕомто ууруллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын дьаһалынан байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэригэр өйөбүл 11 дьаһала көрүллэр. Федеральнай көмөҕө эбии өрөспүүбүлүкэттэн 200 тыһ. солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх матырыйаалынай көмө оҥоһуллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев 2022 сыл алтынньы 14 күнүнээҕи дьаһалынан Анал байыаннай дьайыыга кыттар байыаннай сулууспалаахтарга бары өрүттээх көмөнү оҥорууга биир кэлим сүрүннүүр киин тэриллибитэ. Бу Киин Москва куоракка Россия Федерациятын Президенигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин баазатыгар үлэлиир. Биир кэлим сүрүннүүр киин тирэх пууннара Москва, Санкт-Петербург, Владивосток, Ростов-на-Дону, Самара, Хабаровскай куораттарга, ону тэҥэ Крымҥа уонна Донецка Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтигэр тэриллэн ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

2022 сыл балаҕан ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палаататыгар Быстах хомуур боппуруостарын сүрүннүүр киин баһыылкалары тутар-бэрийэр киин, гражданнартан киирэр сайабылыанньалары тутуу, юридическай сүбэлэри уонна уйулҕаҕа көмөнү оҥоруу – уопсайа үс хайысханан тэриллибитэ. Бу үлэҕэ #МЫВМЕСТЕ өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаап, “Саха сирэ эйигин кытта!”, “Саха волонтер” уопсастыбаннай хамсааһын волонтердара көхтөөхтүк кытталлар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата ылбыт дьаһалларын түмүгэр өрөспүүбүлүкэ олоҕор-дьаһаҕар, экэниэмикэтигэр бигэ турук хааччыллыбыта. 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2022 сылга экэниэмикэ үүнүүтэ 8 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, үлэтэ суох буолуу уопсай кээмэйэ 6,5 бырыһыан кыччаата, дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр үлэлиир дьон ахсаана 122 тыһыынча киһиэхэ тиийдэ, нэһилиэнньэ уу харчынан дохуота 2021 сыллааҕы көрдөрүү 101 бырыһыаныгар тэҥнэстэ.

Дойду уонна Уһук Илин орто көрдөрүүлэрин кытта тэҥнээтэххэ, 2018 сылтан бэттэх кэмҥэ экэниэмикэ сайдыытын сүрүн көрдөрүүлэрин урутаан куоһарыы ситиһилиннэ: эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта дьиҥ үүнүүтэ 28 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ, бырамыысыланнаска оҥорон таһаарыы 1,4 төгүл улаатта.

Эрэгийиэҥҥэ сылын ахсын чоҕу, ньиэби, гааһы уонна көмүһү хостооһуҥҥа муҥутуур үрдүк көрдөрүү ситиһиллэр. 2022 сылга бырамыысылыннай оҥорон таһаарыы индексэ 110,1 бырыһыаҥҥа тэҥнэспитэ (2017 сылга – 143,8 бырыһыан). Чоҕу (32,2 мөл. туонна, 2021 сыл көрдөрүүтүн 121,5 бырыһыаныгар тэҥ), ньиэби (18,7 мөл. туонна, 2021 сыл көрдөрүүтүн 108,3 бырыһыаныгар тэҥ), гааһы (17,3 млрд куб.м., 2021 сыл көрдөрүүтүн 124,5 бырыһыаныгар тэҥ), көмүһү хостооһуҥҥа (46 туонна, 2021 сыл көрдөрүүтүн 103 бырыһыаныгар тэҥ) олохтоммут муҥутуур үрдүк көрдөрүүлэр куоһарылыннылар.

2018 сылтан өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 2 трлн солкуобай инвестицияланна – бу Уһук Илин эрэгийиэннэригэр саамай үрдүк көрдөрүү. 2022 сылга инвестиция кээмэйэ 485 млрд солкуобайы куоһарбыта, бу 2021 сыл таһымыттан 1,2 бырыһыанынан элбэх.

Экэниэмикэни чөлүгэр түһэрии уонна бөҕөргөтүү бүддьүөккэ дохуот киириититтэн тутулуктаах. 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүгэр 319,6 млрд солкуобай кээмэйдээх дохуот киирбитэ, ол 2017 сыл таһымыттан 80 бырыһыан улахан. Олох-дьаһах уонна култуура эйгэтигэр 158,3 млрд солкуобай ыытыллыбыта, ол өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн 48 бырыһыаныгар тэҥ.

2018-2022 сылларга бары көрүҥнээх үбүлээһин суотугар уопсайа 274 эбийиэк үлэҕэ киирбитэ, ол иһигэр 10 241 миэстэлээх 48 оскуола, 8 685 миэстэлээх оҕо 72 уһуйаана, идэҕэ үөрэтии 2, эбии үөрэх 2, доруобуйа харыстабылын 66, култуура 45, физическэй култуура уонна успуорт 34, социальнай хааччыйыы 5 эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирдэ.

2022 сылга барыта 66 эбийиэк үлэҕэ киирбитэ, ол иһигэр 3 216 миэстэлээх 12 оскуола, 545 миэстэлээх оҕо 6 уһуйаана, доруобуйа харыстабылын 25 (Кардиология киинин, 1 балыыһа комплексын, 18 быраас амбулаториятын, биэлсэр-акушер 5 пуунун киллэрэн туран), култуура 12, физическэй култуура уонна успуорт 9, социальнай хааччыйыы уонна идэҕэ үөрэтии биирдии эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киирдэ.

2022 сылга судаарыстыбаннаспыт 100 сыллаах кирбиитин – Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын – Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Россия биир бастыҥ эрэгийиэнин быһыытынан көрсүбүтэ.

2022 сылга Саха АССР тэриллибитэ үбүлүөйдээх 100 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕынан олохтоммут тус сыаллаах соруктар барылара ситиһиллибиттэрэ. Экэниэмикэ араас эйгэлэригэр дьоһун суолталаах 100 эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ. Гражданнар, тэрилтэлэр уонна муниципальнай тэриллиилэр уопсастыбаннай суолталаах 100 көҕүлээһиннэрэ олоххо киирдэ. Экэниэмикэ сырьеттан атын сиэктэригэр 39,9 тыһыынчаттан тахса үлэ саҥа миэстэтэ тэриллибитэ. Дойду бастыҥ үөрэҕин кыһаларыгар өрөспүүбүлүкэ 447 талааннаах ыччата үөрэнэр. Култуура үйэлээх баайын кэккэ эбийиэктэрин сиэрдээх турукка киллэрэр үлэ барда. “АЛРОСА” хампаанньа 100 бөдөҥ алмааска Саха сирин уһулуччулаах дьонун ааттарын иҥэрдэ, Россия баана Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар 3 солкуобайдаах үрүҥ көмүс манньыаты таһаарда.

Өрөспүүбүлүкэ демографиятын туругунан Россияҕа уонна Уһук Илиҥҥэ инники күөҥҥэ сылдьар. Оҕо төрөөһүнүн ахсаанынан уонна айылҕа быһыытынан нэһилиэнньэ ахсаана эбиллиитинэн Уһук Илин эрэгийиэнигэр бастакы, Россия Федерациятыгар 7-с миэстэлээх. Уһук Илиҥҥэ киһи өлүүтүн ахсаанынан саамай намыһах көрдөрүүлээхпит оннунан хаалар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин ахсаана 2018 сылтан 31,8 тыһыынча киһинэн эбиллэн, 2023 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 996,1 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэстэ.

Оҕолоох ыаллары өйүүргэ көрүллэр үп кээмэйэ 4,5 төгүл кэриҥэ үрдээбитэ: 2018 сылга 3,45 млрд солкуобай көрүллүбүт буоллаҕына, үһүс уонна онтон салгыы оҕо төрөөтөҕүнэ ыйын ахсын бэриллэр төлөбүр, иккис оҕо төрөөтөҕүнэ ийэ (дьиэ кэргэн) эрэгийиэннээҕи хапытаалын, оҕо 3 сааһыттан 7 сааһыгар диэри ыйын ахсын бэриллэр төлөбүр суоттарыгар 2022 сылга 15,5 млрд солкуобайга тэнэспитэ. 24 тыһыынча ыал саҥа төрөөбүт оҕолоругар үбүнэн көмөнү ыллылар. 2022 сылга 2 990 “Дьиэ кэргэн” ийэ өрөспүүбүлүкэтээҕи хапытаалын сертификата бэриллибитэ, ийэ хапытаалын кээмэйэ 2022 сылга 144 467 солкуобайга тэҥнэспитэ.

5 уонна онтон элбэх оҕолоох 126 элбэх оҕолоох ыалга олорор усулуобуйаларын тупсарыыга холбоон 516,1 мөл. солкуобай кээмэйдээх көмө оҥоһуллубута. Төлөбүр оҕо ахсааныттан көрөн, хас биирдии ыалга тус-туһунан аттарылынна.

2022 сылга “Сыл дьиэ кэргэнэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын сыллата ананар 300 тыһыынча солкуобай суумалаах бириэмийэтэ туттарыллар “Оҕону иитэ ылбыт ыал” уонна “Көмүс дьиэ кэргэн” 2 эбии аат олохтонно. Оҕону төрөтүүгэ уонна иитиигэ үтүөлэрин, дьиэ кэргэни бөҕөргөтүүгэ кылааттарын иһин 42 ийэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадалара туттарыллыбыта.

Демографическай быһыы-майгы үтүө туругун бөҕөргөтөр, ийэ статуһун үрдэтэр, ийэ буолууну уонна оҕо сааһы судаарыстыбаттан өйөөһүнү күүһүрдэр сыалтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана 2022 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылынан биллэрбитэ.

А.С. Николаев көҕүлээһининэн олохтоммут 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх “Сүүс сыл оҕолоро” эрэгийиэннээҕи тус сыаллаах хапытаал бу сыл оҕоломмут 9 545 ыалга ананна. Маны сэргэ элбэх оҕолоох уонна оҕону иитэ ылбыт ыаллары өйүүр эбии дьаһаллар ылыллыбыттара.

Култуура уонна успуорт судаарыстыбаннай тэрилтэлэригэр 3 уонна 4 оҕолоох элбэх оҕолоох ыалларга 50 бырыһыан кээмэйдээх, оттон 5 уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга босхо сылдьалларыгар чэпчэтии олохтоммута. Элбэх оҕолоох ыалларга 2023 сылтан саҕалаан төлөбүрэ суох сир учаастагын ылары былааннаабат ыалга сир учаастагын оннугар харчынан эбии төлөбүр бэриллэрин олохтуур өрөспүүбүлүкэ сокуона ылылынна. Дьиэ кэргэн бу харчыны ипотека кирэдьиитин сабарга, олорор дьиэни атыылаһыы эбэтэр тутуу дуогабарыгар туһаныан сөп.

Дьахталлар профессиональнай өттүнэн үүнэр-сайдар усулуобуйалара тэриллибитэ. Табыгастаах үлэни көрдүүргэ көмө көрдөөн дьарыктаах буолуу кииннэригэр кэлбит 7,5 тыһыынча дьахтар үлэнэн хааччыллыбыта. Идэҕэ, эбии идэҕэ үөрэтиини 1184 дьахтар барда.

2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, дьиэ кэргэни өйүүр бырайыактары олоххо киллэрэргэ уопсастыбаннай тэрилтэлэри граннарынан өйөөһүн 2 төгүл улаатта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар Төрөппүт сэбиэтэ тэриллибитэ, 3 тыһыынча төрөппүт кыттыылаах төрөппүттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи форумнара ыытыллыбыта.

Тыа сирин уонна куораттар олохтоохторо “Ийэҕэ көмөлөһүөххэ”, “#Барыбииргэбит”, “Ийэ илиитин сылааһа” волонтердар хамсааһыннарын акцияларыгар көхтөөхтүк кытталлар.

2020 сылтан доруобуйа харыстабыла өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа кэм тургутан көрүүлэрин күөнүгэр сайдар суолу тэлбитэ. Короновирус сыстыганнаах ыарыытын пандемията ураты быһаарыылары ылыыны, доруобуйа харыстабылын тиһигэр далааһыннаах уларыта тутууну модьуйбута. Кылгас болдьох иһигэр балыыһалары сыстыганнаах ыарыыны эмтиир хайысхаҕа уларыта тутар үлэ ыытыллыбыта, сөп буолар ахсаанынан куойка миэстэлэр тэриллибиттэрэ. Поликлиникалар үлэлэрин уларыта туппуттара, каадыры уонна атын кыахтары түмэ тардыы кыаллыбыта, эмп-томп уонна оборудование хасааһа торумнаммыта.

2018-2022 сылларга муҥутуур элбэх эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирбитэ: Өрөспүүбүлүкэтээҕи перинатальнай киин, Сүрэх уонна тымыр ыарыыларын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ, Окологическай диспансер (бастакы уочарата), 2 оройуоннааҕы киин балыыһа, 62 быраас амбулаторията уонна биэлсэр-акушер киинэ.

2018-2022 сылларга 229 араас көрүҥнээх массыына тырааныспара уонна 16 сүүрэр мобильнай комплекс, 663 медицинскэй оборудование атыылаһылынна.

Доруобуйа харыстабылын алын сүһүөҕүн саҥардан биэрии бырагырааматын олоххо киллэриигэ федеральнай бүддьүөттэн 4,7 млрд солкуобай, ол иһигэр 2022 сылга – 2,7 млрд солкуобай тардыллыбыта.

Саха сиринээҕи перинатальнай киин Россияҕа уон бастыҥ иһигэр киирэр. Саҥа төрөөбүт оҕону көрүүгэ-истиигэ саҥалыы сыһыан түмүгэр 2018 сылтан кыһыл оҕо өлүүтэ 24,3 бырыһыан аҕыйаата.

Таатта, Чурапчы, Уус Маайа, Муома оройуоннарыгар 2021 сылга саҕаламмыт киин балыыһалары тутуу үлэтэ салҕанна. 23 биэлсэр-акушер киинэ уонна быраас амбулаторията тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бүлүү к. балыыһа комплекса үлэҕэ киирдэ. Доруобуйа харыстабылын 18 эбийиэгин хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна.

2022 сыл кулун тутарга аныгы ирдэбиллэргэ толору хоруйдуур Сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтиир үрдүк технологиялаах киин үлэҕэ киирбитэ. Манна сүрэх уонна тымыр ордук ыарахан туруктаах ыарыһахтарыгар көмөнү оҥоруу тэриллибитэ. Саха сирин медиктэрэ Сүрэх-тымыр киинин аныгы үрдүк технологиялаах оборудованиетыгар тымыры эмболизациялыыр уустук эпэрээсийэлэри аан бастаан ситиһиилээхтик оҥорбуттара.

Дьокуускай к. 2019 сылтан Онкоклиническай киин тутуллар, үлэҕэ киллэрии 2023 сылга былаанннанар. 324 медицинскэй оборудование атыылаһыллыбыта. 24 медицинскэй тэрилтэ уонна амбулаториялаах онкологическай көмө 17 киинин баазатыгар онкоскриниг кабинеттара арыллыбыттара.

2022 сылга “Земскэй доктор/Земскэй биэлсэр” бырагырааманан 106 исписэлиис анаммыта (68 быраас уонна 38 биэлсэр), ол иһигэр Арктика оройуоннарыгар - 12 быраас уонна 10 биэлсэр. 2020 сылтан биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 2 төгүл улаатта: тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар анаммыт быраастар уонна биэлсэрдэр тустааҕынан 2 мөл. уонна 1 мөл. солкуобайы ылаллар. 50 тыһыынчаҕа диэри киһи олорор нэһилиэнньэлээх куораттарга үлэлии кэлэр быраастар 1 мөл солкуобайы, биэлсэрдэр - 500 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

“Үөрэх” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии хас биирдии педагог уонна үөрэнээччи бэйэ кыаҕын арыйарыгар аныгы сөптөөх усулуобуйаны үөскэттэ.

Норуоттар икки ардыларынааҕы II интеллектуальнай оонньууларга 634 үөрэнээччи, ол иһигэр 7 тас дойдуттан кэлбит 237 үөрэнээччи уонна Россия 16 эрэгийиэниттэн 165 үөрэнээччи кытынна. “Открытое образование – пространство возможностей” учууталлар уонна педагогическай уопсастыбаннас XIV сийиэстэрин түмүгүнэн 2030 сылга диэри үөрэх Кэнсиэпсийэтэ бигэргэннэ. Саха тылын, литературатын уонна култууратын иккис сийиэһэ буолан ааспыта.

2018-2022 сылларга 72 оҕо уһуйаана уонна 48 оскуола үлэҕэ киирдэ. 2018-2022 сылларга 12 оскуола, 6 оҕо уһуйаана, ону тэҥэ оскуоланы кытта холбоммут 120 дьааһыла миэстэлээх 3 эбийиэк үлэҕэ киирдэ. “Үөрэх” национальнай бырайыак чэрчитинэн “Үүнүү точката” диэн 110 үөрэх киинэ тэрилиннэ, 2 коррекционнай оскуола мастарыскыайынан хааччылынна. 67 оскуолаҕа сыыппара үөрэҕин эйгэтэ тэрилиннэ, тыа сирин оскуолаларын 52 успуорка саалата анал тэрилинэн хааччылынна уонна өрөмүөннэннэ. Мииринэйгэ “ИТ-куб” сыыппара үөрэҕин киинэ аһылынна.

Педагогтары тыа сиригэр уонна арктическай оскуолаларга үлэҕэ тардар сыаллаах 2020 сылтан “Земскэй учуутал”, “Арктика учуутала”, “Тыа сирин, арктическай уонна хотугу оройуоннар педагогическай үлэһиттэрин дьиэнэн хааччыйыы” бырайыактар үлэлииллэр.

2022 сылга Россия эрэгийиэннэригэр биир кэлим эксээмэни тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ 6-с миэстэни ылла. Оскуоланы 21 бүтэрээччи БКЭ-ни 100 баалга туттарда, онтон икки оҕо – 2 предмеккэ. Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт үөрэнээччилэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана 100 000 солк. кээмэйдээх биир кэмнээх бириэмиэйэни анаата. 473 оҕо оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрдэ.

“Эдэр профессионаллар” федеральнай бырайыак чэрчитинэн идэҕэ үөрэтэр орто үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 55 аныгы мастырыскыай тэрилиннэ, ол иһигэр 2022 сылга идэҕэ үөрэтэр 5 тэрилтэ баазатыгар 12 мастырыскыай арылынна.

Саха сирэ “Профессионалитет” федеральнай бырайыагынан ыытыллар сүүмэрдээһин кыайыылаахтарын ахсааныгар икки төгүл киирдэ. Үөрэтэр-оҥорон таһаарар кииннэри тэрийии уонна сайыннарыы гранын ылбыта: Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар уонна Саха сирин соҕуруу өттүнээҕи технологическай колледжка.

“Хоту дойду: бигэтик сайдыы сирэ-уота” научнай үөрэх киинин (“Хоту сир” НҮөК) бырайыагын ситиһиилээхтик олоххо киллэрии, 2021 сылга Россия Федерациятыгар Наука уонна технология сылын ыытыы уонна Россия Федерациятыгар Наука уонна технологиялар уон сылларын саҕалааһын түмүгэр Саха сиригэр кэнники сылларга научнай үлэҕэ-хамнаска үтүө уларыйыылар бэлиэтэнэллэр.

"Хоту сир" научнай үөрэх киинин бырайыактарыгар индустриальнай партнердар 240 тахса мөл. солкуобайдаах үптэрэ уонна 55,4 мөл. солкуобай суумалаах федеральнай грант тардыллыбыта.

2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Россия фундаментальнай чинчийиилэргэ пуондатын икки ардыларыгар түһэрсиллибит сөбүлэһии сүнньүнэн хас биирдии өрүт 30 мөл. солкуобай кээмэйдээх үбү көрөн 19 фундаментальнай научнай чинчийии бырайыага өйөммүтэ.

2022 сылга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин эдэр учуонайдарын уонна научнай үөрэҕин эйгэтин исписэлиистэрин бастакы сийиэстэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 5 мөл. солкуобай уопсай суумалаах 10 грана туттарыллыбыта.

2022 сыл сэтинньи 23 күнүгэр “Үлэ кыбартаала” Уһук Илиҥҥэ бөдөҥ креативнай кластер үлэҕэ киирбитэ, онуоха сүрүн болҕомто киинэ индустриятын сайыннарыыга ууруллубута. Манна 65 резидент үлэлиир, 2025 сылга резидент ахсаанын 150 диэри тиэрдии былааннанар, оттон кинилэр таһаарар үлэ миэстэлэрэ 1250 киһиэхэ тэҥнэһиэҕэ. Креативнай индустрияны өйүүр бастыҥ тиһиги тэрийбитин түмүгэр Саха сирэ креативнай эрэгийиэн быһыытынан билиниллибитэ.

Бүгүн “Якутия” технопааркаҕа уонна ИТ-пааркаҕа 152 инновационнай хампаанньа үлэлиир, кинилэр 2022 сылга 386 үлэ миэстэтин таһаардылар, уопсай барыстара 1,95 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. Бүддьүөттэргэ 104 мөл. солкуобайы нолуок уонна хомуур көрүҥүнэн киллэрдилэр, 163 мөл. солкуобай кээмэйдээх инвестицияны тартылар.

2022 сылга Алдан, Амма уонна Булуҥ оройуоннарыгар 3 ИТ-киин арылынна. 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 18 киин тэрилиннэ.

2022 сылга “Б8” акселерациялыыр бырагыраама нөҥүө 12 бырайыак холбоон 19,8 мөл. солкуобай суумаҕа үбүлэммитэ, уопсайа 136 сайаапка киирбитэ. 2019 сылтан 52 бырайыак холбоон 90,4 мөл. солкуобай суумаҕа үбүлэммитэ.

2022 сылга “IT – мин идэм” куонкуруһу ыытыы ньымата уонна кыттыылаахтар географиялара кэҥээн, 32 муниципальнай тэриллииттэн 6 893 киһи кыттыбыта.

Россия норуоттарын култууратын үйэлээх баайын сылын чэрчитинэн 700-тэн тахса тэрээһин ыытылынна. Үөһээ Бүлүү улууһугар 15 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыылаах Олоҥхо Ыһыаҕа үрдүк таһымнаахтык ыытылынна, итиэннэ Дьокуускайга 220 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыылаах Туймаада Ыһыаҕа тэриллибитэ.

Аан дойдутааҕы уонна эрэгийиэн икки ардынааҕы таһымҥа Саха сирин норуоттарын култууратын үйэлээх баайын өрө таһаарар бырайыактара: Норуоттар икки ардыларынааҕы «Олоҥхо дойдутугар ЮНЕСКО шедеврдэрин көрсүһүүтэ» («Встреча шедевров ЮНЕСКО на Земле Олонхо») IV фестивала, Норуоттар икки ардыларынааҕы “Аан дойду виртуоз хомусчута” (“Хомусист-виртуоз мира”) III куонкурса, Россия Национальнай тыйаатырдарын холбоһугун I конгреһа, Норуоттар икки ардыларынааҕы “Музыка барыбытыгар” (“Музыка для всех”) конгреһа олоххо киирдилэр. Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа өрөспүүбүлүкэ култуурунай бырагараамата бастыҥынан билиниллибитэ.

«Россия – мин историям» история паарката бэлэмнээбит «Саха сирин билиҥҥи историята» диэн дэҥҥэ көстөр мультимедийнай-предметнэй быыстапката Россия Президенин махтал суругунан бэлиэтэннэ.

Олоҥхо дьиэлэрин Биир кэлим тиһигэ тэриллиитигэр олоҥхоһуттарга, оһуохайы таһаарыччаларга уонна тимир уустарыгар ыйдааҕы истипиэндьийэ, айар бырайыактары олоххо киллэрэргэ уонна Олоҥхо дьиэлэрин матырыйаалынай-техниичэскэй баазаларын бөҕөргөтөргө субсидия анаабыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын быһаарыыта сүдү суолталаах сүдү суолталаах түгэнинэн буолла.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо толору хомуурунньуга саха тылынан хос бэчээттэнэн таҕыста.

Мариинскай тыйаатырга уонна Россия улахан тыйаатырыгар «Ньургун Боотур» опера премьерата көрдөрүлүннэ. Саха сирин историятын уонна култууратын 14 өйдөбүнньүгүн чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытылынна.

«Саха тылын национальнай корпуһа» иһитиннэрэр ыйынньык тиһигэ, «Саха тылын улахан быһаарыылаах тылдьыта» электроннай көрүҥэ, «Нууччалыыттан сахалыы юридическай тылдьыт: холуобунай быраап уонна дьыала көрүллүүтүн терминнэрэ» оҥоһулунна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын виртуальнай музейа тэрилиннэ.

2022 сылга 200 киһи кыттыылаах аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттар үгэс быһыытынан айылҕаттан туһанар сирдэрин-уоттарын Бастакы форума ыытылынна.

2020 сылтан омуктар култуураларын уонна итэҕэллэрин уратыларынан тэриллибит өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай холбоһуктарын 75 бырайыага уопсайа 85 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмөнү ыллылар. 2022 сылга Россия Федерациятын Президенин гранын  уопсайа 5,4 мөлүйүөн солкуобай суумалааҕы 6 бырайыак ылла, итини тэҥэ Ил Дархан 8,3 мөлүйүөн солкуобай суумалаах гранын 7 бырайыак ылла.

2018-2022 сылларга национальнай-култуурунай холбоһуктар, итэҕэл тэрилтэлэрин, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар көс ууһунан общиналарын, хаһаахтар уопсастыбаларын үлэлэрин өйүүр сыалтан куонкуруска олоҕуран уопсайа 118,9 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 275 бырайыак өйөннө.

2022 сылга “Култуура” национальнай бырайыак сүнньүнэн култуура 48 тэрилтэтин матырыйаалынай-техническэй баазата тупсарылынна (хапытаалынай өрөмүөн, музейдары, киинэ саалаларын тэрилинэн хааччыйыы, кулууптар нэһилиэнньэлээх пууннарынан сылдьалларыгар анаммыт массыыналары ылыы). 12 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирдилэр, ол иһигэр Нам улууһун Нам сэлиэнньэтигэр Култуура уонна духуобунай сайдыытын дыбарыаһа, Ньурба тыйаатырын дьиэтэ, Бүлүү улууһун Тааһаҕар сэлиэнньэтин Култууратын киинэ, Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин Култууратын киинэ о.д.а.

“Төрөөбүт сир култуурата” федеральнай баартыйа бырайыагын чэрчитинэн 18 култуура дьиэтин матырыйаалынай-техническэй баазата бөҕөргөтүлүннэ.

Национальнай киинэ оҥоруутун далааһынын сайыннарыы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын көмөтүнэн хааччыллар. Ол курдук “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр кинематография судаарыстыбаттан өйөбүл ыларын  туһунан” Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуона ылылынна. Өрөспүүбүлүкэ киинэни оҥорон таһаарыы ахсаанынан инники кэккэҕэ Москва уонна Санкт-Петербург куораттар кэннилэриттэн турар.

Дьокуускайдааҕы художественнай училище уонна Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжа “Россияҕа токкуйдаммыт” (“Придумано в России”) көҕүлээһин чэрчитинэн креативнай индустрия оскуолата тэриллэригэр федеральнай сүүмэрдээһин кыайыылаахтарынан буоллулар.

47 тыһыынчаттан тахса “Пушкин каартата” тарҕанна. Бу 14-тэн 22-гэр диэри саастаах эдэр дьон ахсаанын 38 бырыһыанын ылан, кинилэр 100-тэн тахса култуура тэрилтэлэригэр (киинэҕэ, тыйаатырга, музейга, быыстапкаҕа, кэнсиэргэ) сылдьалларыгар тоҕоостоох буолла.

2018-2022 сылларга култуура 45 эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, 139 кулууб матырыйаалынай-техническэй баазата тупсарылынна, култуура 19 тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 14 бибилэтиэкэ аныгы тэрилинэн хааччылынна, оҕо искусствотын 18 оскуолата музыкальнай инструменнарынан хааччылынна, кулууптар нэһилиэнньэлээх пууннарынан сылдьалларыгар анаммыт 5 массыына атыылаһылынна.

2018 сылтан 2021 сылга диэри Саха сиригэр бөдөҥ успуорт тэрээһиннэрэ: Амма улууһун Амма сэлиэнньэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VII спортивнай оонньуулара, успуорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр IV спартакиада, успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр ХIII спартакиада, “Манчаары оонньуулара” успуорт национальнай көрүҥнэригэр ХХI спартакиада, мас тардыһыытыгар аан дойду III чөмпүйэнээтэ ыытыллыбыттара.

2022 сылга Уус Алдан улууһун Бороҕон с. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларыгар 1836 спортсмен кыттыыны ылла, успуорт 16 көрүҥэр 206 мэтээл комплега оонньонно.

Мас тардыһыытыгар аан дойду IV чөмпүйэнээтигэр 42 дойдуттан, ол иһигэр Европа, Азия, Африка уонна Соҕурууҥҥу Америка дойдуларыттан, 203 спортсмен мустубута. Россия сүүмэрдэммит хамаандата уопсай хамаанданан аахсыыга бастакы миэстэни ылан Саха сирин спортсменнара 11 мэтээллэммиттэрэ.

2022 сылга Владивосток куоракка “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы сайыҥҥы VII оонньуулара ыытыллыбыттара. Оонньууларга Россия 8 эрэгийиэниттэн уонна 12 тас дойдулартан 1,5 (балтараа) тыһыынча спортсмен кыттыыны ылла, күрэхтэһиилэр успуорт 19 көрүҥэр ыытылыннылар, 273 мэтээл комплега оонньонно.

Кэнники 5 сылга успуорт дьиҥ таһымнаах тэрээһиннэригэр саастарын сиппит спортсменнар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ успуордун адаптивнай көрүҥнэригэр 2472 мэтээлинэн, ол иһигэр 897 кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаланнылар, 14-тэн 22-гэ диэри саастаах эдэр спортсменнар 2207 мэтээли, олиһигэр 643 кыһыл көмүс мэтээли ыллылар.

2018 сылтан 2022 сылга диэрифизическэй култууранан уонна успуордунан дьарыктанааччылар ахсааннара балтараа төгүл элбээн, нэһилиэнньэ ахсаанын 51 бырыһыаныгар тэҥнэстэ, успуорт сиэксийэлэригэр уонна бөлөхтөрүгэр дьарыктанааччылар ахсааннара 30 бырыһыанынан улаатта. Бары оройуоннарга “Үлэҕэ уонна оборуонаҕа бэлэммин” Бүтүн Россиятааҕы физическэй култуура уонна успуорт комплексын 42 тестиир киинэ аһылынна. ГТО нуорматын 157 тыһыынча киһи туттарбытыттан 9996 киһи ураты бэлиэни ылла.

“Успуорт – олох ирдэбилэ” федеральнай бырайыак сүнньүнэн 2022 сылга 25,0 мөлүйүөн солкуобай суумалаах успуорт тэриллэрэ атыылаһылынна. Судаарыстыбаннай оҕо-ыччат спортивнай оскуолалара волейбол уонна чэпчэки атлетика успуорт инвентардарынан, саамбанан, тхеквондонан, дзюдонан, бадминтонунан уонна көҥүл тустуунан дьарыктаныыга успуорт тэриллэринэн хааччылыннылар. Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Уус Майа уонна Эбээн Бытантай оройуоннарыгар ГТО дьоҕус спортивнай площадкаларыгар аналлаах спортивнай-технологическай оборудованиетын комплегынан хааччылыннылар.

2018-2022 сылларга өрөспүүбүлүкэ 20 оройуонугар уонна 2 куорат уокуругар успуорт 34 эбийиэгэ тутуллубутуттан 9 эбийиэгэ 2022 сылга үлэҕэ киирдэ.

Покровскайга тустуу саалата, Үөһээ Бүлүү улууһун Кырыкыйыгар култуурунай-спортивнай комплекса, Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр успуорт саалата, Уус Алдан улууһун Чараҥар 1024 миэстэлээх трибуналаах ипподром, Уус Алдан улууһун Бороҕонугар 1000 миэстэлээх трибуналаах, анал сүүрэр сирдээх стадион, Уус Алдан улууһун Мындаабатыгар 32 миэстэлээх уопсай дьиэлээх спортивнай күөн көрсүү универсальнай комплекса үлэҕэ киирдилэр.

Ону тэҥэ Газпром социальнай көҕүлээһиннэри өйүүр пуондатын үбүттэн Алдан куоракка уонна Нерюнгри оройуонун Чульман бөһүөлэгэр хаҥкылыыр сирдээх физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекстар үлэҕэ киирдилэр уонна Дьокуускайга бассейнаах, хаҥкылыыр сирдээх физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекс тутулунна.

2022 сылга дьарыктаах буолуу киинигэр үлэ көрдөөн 28 тыһыынча киһи кэллэ, онтон 17,5 тыһыынча киһи үлэ булла. Үлэтэ суох буолуу уопсай таһыма 6,5 бырыһыаҥҥа диэри намтаата.

2022 сылтан дьарыктаах буолуу көхтөөх бэлиитикэтин тэрээһиннэринэн 34,9 тыһыынча киһи хабылынна. Идэҕэ үөрэтиини уонна эбии идэҕэ үөрэтиини 5 349 тыһыынча киһи барда.

Биир кэмнээх үбүнэн көмө оҥоһуллубутун түмүгэр үлэтэ уонна дьарыга суох 331 киһи таҥастыыр эйгэҕэ, тутууга, эргиэҥҥэ, буҕаалтыр өҥөтүн оҥорууга, баттах кырыйыыга уонна да атын эйгэҕэ бэйэтин дьыалатын арыйда. 19 тыһыынча киһи федеральнай бүддьүөттэн социальнай төлөбүрү ылла.

«Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн дьахталлар анал үөрэҕи ылаллар. Социальнай ситимҥэ маркетинг эйгэтигэр аныгы технологиялар, онлайн-платформаларга урбаан, атыылаһыыны салайыы курдук дьахтарга үлэни уонна оҕону иитиини тэҥҥэ тутар кыаҕы биэрэр үөрэх бырагыраамалара ордук интэриэһи тардаллар.

«Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска» бырайыагы олоххо киллэрии салҕанар. Ол чэрчитинэн 45 хампаанньаҕа 2018 сылтан өрөспүүбүлүкэ 47,7 тыһыынча олохтооҕо, ол онтон 2022 сылга 12,1 киһи үлэҕэ киирдэ. «Навахту14.рф» бырайыак чэрчитинэн бырамыысыланнас 15 тэрилтэтигэр 633 киһи үлэ булла.

Оробуочай идэлэртэн ордук тутуу уонна нарылыыр үлэ маастардарыгар, силиэсэрдэргэ, уот монтердарыгар, сыбаарсыктарга, анал тиэхиньикэ машинистарыгар уо.д.а. наадыйаллар. Сулууспалаах идэлэртэн учууталларга, быраастарга, программнай инженердарга, атыыһыттарга, биэлсэрдэргэ, медицинскэй сиэстэрэлэргэ, бэтэринээрдэргэ наадыйаллар.

2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнаһы үрдэтиигэ хаһан да буолбатах дьаһаллар ылыллыбыттара.

Россия Федерациятын Президенин 2012 сыл «ыам ыйынааҕы» ыйаахтарыгар ыйыллыбыт бүддьүөт эйгэтин кэккэ категорияларын үлэһиттэрин хамнастара иккитэ үрдээбитэ. Бүддьүөт эйгэтин 50 тыһыынчаттан тахса үлэһитин хамнаһа категориятыттан тутулуктаан 3,6 бырыһыантан 25,8 бырыһыаҥҥа диэри үрдээтэ. Ыйааҕынан олохтоммут хабаан ситиһилиннэ.

Россия Федерациятын Президенин 2012 сыл «ыам ыйынааҕы» ыйаахтарынан хабыллыбатах бүддьүөт эйгэтин 35 тыһыынчаттан тахса үрдүк бэлэмнээх үлэһитин хамнаһа 2022 сылга 2 түһүмэҕинэн үрдээбитэ. Хамнас кээмэйин уопсай үрдээһинэ 10 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Бу үрдээһин бэтэринээрдэри, агрономнары, зоотехниктары, лесниктэри, баһаарынайдары, инженердэри, суоппардары, машинистары, повардары уонна атын категориялаах үлэһиттэри таарыйда.

2022 сылга гражданнар кэккэ категорияларын социальнай өттүнэн өйүүргэ ыытыллыбыт үп уопсай кээмэйэ 7,6 бырыһыан үрдээн, 26,9 млрд солкуобайга тэҥнэстэ (2021 сылга – 25,0 млрд солкуобай), ол иһигэр оҕолоох ыаллары өйүүр дьаһалларга – 15,5 млрд солкуобай.

Кыра дохуоттаах дьиэ кэргэни өйүүр дьаһаллар ылыллаллар. Чааһынай дьиэлэр гааска холбоннулар. Бу сыалга уопсайа 243,3 мөл. солкуобай көрүлүннэ.

Социальнай хантараакка олоҕуран судаарыстыба социальнай көмөтүн муҥутуур улахан кээмэйэ урбаанньыттарга 350 тыһыынча солкуобайга диэри, кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга 250 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта. Социальнай хантараакка олоҕурар судаарыстыба социальнай көмөтүн ылааччылар ахсааннара 2019 сылтан 4 төгүл элбээтэ.

2022 сылга арктическай оройуоннарга уонна суола-ииһэ суох ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга олоххо уустук быһыыга-майгыга түбэспиттэри быһаарар уонна кэлим социальнай өҥөнү оҥорор “социальнай участковайдар” баар буоллулар.

2019-2022 сылларга 65-тэн аҕа саастаах тыа сиригэр олорор дьону медицинскэй тэрилтэҕэ таһарга аналлаах 23 массыына тырааныспара атыылаһылынна.

2022 сыл сүрүн түгэнинэн “Muus uSTAR” ыччат фестивала буолла, онно  өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыттан уонна Россия регионнарыттан 18 тыһыынча киһи кыттыбыта, фестиваль онлайн площадкатыгар 200 тыһыынча киһи сырытта, аудитория уопсай хабаана 90 мөлүйүөн киһиэхэ тэҥнэстэ. Дьокуускайга, Горнай, Нерюнгри уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуоннарыттан ыччат 11 бастыҥ бырайыага уопсайа 5,1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах граннары ылла.

5 сыл иһигэр устудьуоннар этэрээттэрин эрэгийиэннээҕи ыстааба 10,8 тыһыынча устудьуону тутууга, бырамыысыланнаска, тыа хаһаайыстабытыгар, сервис өҥөтүгэр уонна оҕо сынньанар лааҕырдарын үлэтигэр быстах үлэнэн хааччыйда.

2022 сылга Ленскэй оройуонун сир баайа хостонор Чайыҥдатыгар 500 кэриҥэ байыас кыттыылаах норуоттар икки ардыларынааҕы «Север» диэн устудьуон тутар үлэтэ тэриллибитэ. 100 байыас Алдан оройуонугар эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы «Алдан» диэн устудьуон тутар үлэтигэр кыттыбыта.

 2020 сылтан социальнай хайысхалаах кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын граннарын быһыытынан көмө оҥоһулунна. 3 сыл иһигэр уопсайа 255,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 221 бырайыак, ол иһигэр 2022 сылга уопсайа 97,2 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 98 бырайыак өйөннө.

Саха сирэ Уһук Илин эрэгийиэннэр ортолоругар Президент граннарын пуондатын уонна култуура эйгэтигэр көҕүлээһиҥҥэ Президент пуондатын куонкурустарыгар киллэриллибит уонна өйөммүт бырайыактарын ахсаанынан бастыҥынан буолла. 5 сыл иһигэр Саха сирэ Президент граннарын пуондатыгар 1353 көҕүлээһини киллэрбититтэн 252 бырайыак эбэтэр хас 5-ис бырайыак өйөннө, ол бырайыактар олоххо киирэллэригэр Пуонда үбүттэн 237,2 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. 2021 сылтан култуура эйгэтигэр көҕүлээһиҥҥэ Президент пуондатыттан 62,3 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа 62 бырайыак өйөннө.

Бырабыыталыстыба үлэтигэр тутаах хайысханан инфраструктура сайдыытын хааччыйыы буолар.

Көтөр аалынан тиэйиигэ субсидия бырагыраамата хас да төгүл улаатан, өрөспүүбүлүкэ иһигэр да, Уһук Илин куораттарыгар да көтүү табыгастаах буолла. 2022 сылга үбүлээһин кээмэйэ 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ 3,4 төгүл улаатан 4,4 млрд солкуобайга тэҥнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ 303,3 тыһыынча олохтооҕо Россия киин куораттарыгар диэри айаныгар субсидиялаах билиэтинэн туһанна. Уһук Илиҥҥи Биир кэлим авиахампаанньа чэрчитинэн көтүү бырагырааматын хайысхата 5-тэн 16-ҕа диэри кэҥээтэ, федеральнай үбүлээһин 290 мөл. солкуобайтан 2,3 млрд солкуобайга диэри улаатта. Уһук Илин сиригэр-уотугар чэпчэтиилээх тиэйии бырагырааманан 163,8 тыһыынча пассажир туһанна. Социальнай суолталаах хайысхаларынан авиатарыып сыанатын 70 бырыһыаҥҥа тиийэ толуйан туран, 23 оройуоҥҥа 21,2 тыһыынча пассажир тиэйилиннэ. Арктика оройуоннарын кииннэриттэн Дьокуускай к. аэропордугар диэри уонна төттөрү 14 субсидияланар маршрутунан 34,5 тыһыынча пассажир айаннаата. 70 бырыһыаннаах субсидияны учуоттаан, авиабилиэт орто сыаната 6,5 тыһыынча солкуобайга, оттон 60 бырыһыаннаах субсидияны учуоттаан, улуустар икки ардыларынааҕы хайысхаларынан 11,5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэстэ.

2019 сылтан Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Ньурба, Мииринэй, Черскэй, Эдьигээн, Хаандыга, Белай Гора, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Депутатскай, Сангаар, Нерюнгри, Полярнай, Уус Ньара – өрөспүүбүлүкэ 15 кэлим аэропуордугар далааһыннаах уларыта тутуу ыытыллар. Өлүөхүмэ уонна Нерюнгри аэропуортарын көтөр аала түһэр-көтөн тахсар балаһалара үлэҕэ киирдилэр. Ахсынньыга Белай Гора, Депутатскай, Сангаар, Хаандыга 4 аэропуорду уларыта тутуу түмүктэннэ.

2020 сылтан сыл аайы 500 км итэҕэһэ суох массыына суола үлэҕэ киирэр, ол 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ 2 төгүл элбэх. 2018 сылтан 1 896 км суол, ол иһигэр 871 км федеральнай суол, 673 км эрэгийиэннээҕи суол, 352 км олохтоох суолталаах суол, өрөмүөннэннэ. 2022 сылга 581 км массыына суола үлэҕэ киирдэ. 2018 сылтан 47 муоста оҥоһулунна уонна уларытан оҥоһулунна. Дьокуускай куоракка 36,2 км суол кэрчигэ өрөмүөннэннэ, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ, 2023 сылга толору түмүктэниэхтээх.

2022 сыл бэс ыйыгар Өлүөнэ муостатын бырайыага Россия Федерациятын суолларын сайыннарыы биэс сыллаах былааныгар киирдэ.

2019 сылга 439 км уһуннаах “Беркакит-Томмот-Дьокуускай” тимир суол уонна Аллараа Бэстээх ыстаансыйаҕа сууккаҕа 100 пассажиры аһарар кыахтаах тимир суол вокзала арыллыбыттара. 2021 сылга Аллараа Бэстээхтэн Хабаровскайга, Владивостокка, Иркутскайга уонна Благовещенскайга диэри тимир суол маршруттарынан поезтан поезка көспөккө, быһаччы таһыы тэриллибитэ.

Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар 100 саҥа автобус ылыллан, Дьокуускай-Мохсоҕоллоох, Дьокуускай-Бэрдьигэстээх, Дьокуускай-Хатырык сүрүннэнэр тарыыптаах үс мэлдьи үлэлиир маршрутунан 17,7 тыһыынчаттан тахса киһи тиэйиллиннэ.

Үрдүк күүрүүлээх лииньийэлэр 220 кВ Майатааҕы хос ыстаансыйаҕа киириилэрин тутуу электроэнергетикэҕэ дьоһун суолталаах түгэнинэн буолбута, ол түмүгэр 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха сирин ойдом турбут Киин, Арҕаа уонна Соҕуруу өттүнээҕи энергоойуоннарын Уһук Илиҥҥи холбоһуктаах энергетическэй ситимигэр холбуур кыахтаммыппыт.

2018-2022 сылларга 18 дизельнэй электрическэй ыстаансыйа, ол иһигэр 2022 сылга Верхоянскай куоракка, Муома оройуонун Хонуу, Сааһыыр, Түбэлээх, Кулун Өлбүт бөһүөлэктэригэр 5 гибриднэй энергокомплекс үлэҕэ киирдэ.

2025 сыл бүтүүтүгэр диэри Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 иккис уочарата үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

“Росатом” корпорацияны кытта түһэрсиллибит сөбүлэһии сүнньүнэн Усуйаана оройуонун Уус Куйгаа б. эргин Күчүс көмүс көстүбүт сирин туһаҕа таһаарыыга кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйа бырайыагынан үлэ саҕаланна.

Саха сирэ олорор дьиэни тутан үлэҕэ киллэрии көрдөрүүтүнэн Уһук Илин эрэгийиэнигэр Приморскай кыраай кэнниттэн иккис миэстэҕэ турар. 2022 сылга 583,9 тыһыынча кв.м. иэннээх олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. 2018-2022 сылларга уопсайа 2,8 мөл. кв.м. иэннээх олорор дьиэ, ол иһигэр 1,4-түү мөл. кв.м. иэннээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ уонна биирдиилээн олорор дьиэ үлэҕэ киирдэ. 2019-2022 сылларга саахалланар туруктаах олорор дьиэ пуондатыттан 25,7 тыһыынча киһи, 2022 сылга 7,56 тыһыынча киһи көһөрүлүннэ. Уопсайа 165 элбэх кыбартыылаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. 2018 сылтан олорор усулуобуйаны тупсарыыга чэпчэтиилээх категорияҕа киирэр 5,5 тыһыынча кэриҥэ ыал судаарыстыба өйөбүлүн ылла. “Уһук Илиҥҥи ипотека” бырагырааманан 2022 сылга 6 159 киһи олорор усулуобуйатын тупсарда.

5 602,2 мөл. солкуобай кээмэйдээх олорор дьиэни кэлимник тутууга инфраструктураҕа бүддьүөт кирэдьиитин сайдыы саҥа инструменын көмөтүнэн инвестиция далааһыннаах бырайыактарын олоххо киллэрии салҕанар.

Дьокуускай куорат “Звезднай” микрооройуонугар уопсайа 265 тыһыынча кв.м иэннээх 30 олорор дьиэ тутуллуоҕа, онно 11 тыһыынча кэриҥэ киһи олоруоҕа. Сылааһынан-уунан хааччыйар ситимнээх 112 МВт кыамталаах кыбартаал хочуолунайын тутуу саҕаланна. 315 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутуллара былааннанна.

Нерюнгри куоракка толору инженернэй инфраструктуралаах 59 тыһыынча квадратнай миэтэрэ уопсай иэннээх элбэх кыбартыыраалаах 28 дьиэни тутуу былааннанар. Жатайдааҕы суднону тутар собуот саҥа үлэһиттэригэр анаан Жатайга 11 тыһыынча квадратнай миэтэрэ уопсай иэннээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ уонна уопсай дьиэ тутулла тураллар.

2018 сылтан кыһалҕалаах 25 эбийиэк, ол онтон 2022 сылга – 4 эбийиэк. боппуруоһа быһаарылынна. Өлүүлэһэн тутууга эмсэҕэлээбит 1 611 киһи, ол иһигэр 2022 сылга – 57 киһи бырааба чөлүгэр түһэрилиннэ.

2018 сылтан 399 тиэргэн сиригэр-уотугар уонна 52 уопсастыбаннай сиргэ-уокка тупсаҕай оҥоруу үлэтэ ыытылынна. Кыра куораттарга куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии бырайыагын Бүтүн Россиятааҕы куонкуруһугар Алдан, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Томмот куораттар кыайыылааҕынан тахсыбыттара.

Кэлиҥҥи биэс сылга 97 хочуолунай, ол онтон 2022 сылга – 14 хочуолунай тутулунна уонна уларытан тутулунна. Инженернэй инфраструктура 807,3 км уһуннаах ситимигэр хапытаалынай өрөмүөн уонна уларытар үлэ оҥоһулунна, ол хаарбах туруктаах ситим 13 бырыһыаныгар тэҥ. 2022 сылга – 68,4 км сылааһы биэрэр ситими уонна 14,1 км уунан хааччыйыы ситимин уларытар үлэ барда.

5 сыл иһигэр 6 606 дьиэ сылааһынан кииннээн хааччыйыыга холбонно, ол иһигэр 2022 сылга – 1 261 дьиэ, онтон саамай элбэх дьиэ Уус Алдан оройуонугар (118), Амма улууһугар (114), Таатта улууһугар (109) холбонно.

“Ыраас уу” федеральнай бырайыак чэрчитинэн2021 сылга Өлүөхүмэ уонна Покровскай куораттарга уу ыраастыыр икки ыстаансыйа, 2022 сылга Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөһээ Бүлүү уонна Андреевское сэлиэнньэлэригэр уунан хааччыйыы ситимин икки эбийиэгэ уларыта тутулунна.

Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр (2018 с.), Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээҕэр (2020 с.), Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр (2021 с.), Уус Алдан оройуонун Сыырдааҕар (2021 с.), Үөһээ Бүлүү оройуонун Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр (2022 с.), Жатайга (2022 с.) канализацияны ыраастыыр 6 эбийиэк тутулунна уонна уларыта тутулунна.

Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар көрүллүбүт уу ситимин сайыннарыы бырагырааматынан уунан хааччыйыы 27 эбийиэгэ тутулунна уонна уларытан тутулунна, ол иһигэр 10 уу ылар скважина, 16 ууну ыраастыыр модульнай ыстаансыйа, Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр б. ууну ыраастыыр ыстаансыйа саҥалыы оҥоһулунна.

2022 сылга 15 810 ыал олорор дьиэ уонна коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр 589,5 мөл. солкуобай суумалаах аадырыстаах субсидияны туһанна. Кэлиҥҥи 5 сылга ыйдааҕы субсидия орто кээмэйэ 24 бырыһыан үрдээн 3 107,24 солкуобайга тиийдэ.

Биэс сыл устата 5 765 дьиэ гаас ситимигэр холбонно. 2022 сылга 3 387 дьиэҕэ диэри гаас турбата босхо тардылынна, 2 877 олорор дьиэ гааска холбонно. 1 206 ыал олорор дьиэни гааска холбооһуҥҥа 168,4 мөл. солкуобай кээмэйдээх көмөнү ылла.

2018 сылтан 422,1 км уһуннаах, ол иһигэр 2022 сылга – 340 км уһуннаах бөһүөлэк иһинээҕи, уулусса, бөһүөлэктэр икки ардыларынааҕы уонна магистральнай гаас турбата тутулунна. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээҕэр Таратыгар, Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр, Чурапчы улууһун Туора Күөл, Дириҥ сэлиэнньэлэригэр гааһы киллэрии хааччылынна..

Ойуур баһаарын утары охсуһар тэриллиилэр үлэһиттэрин ахсаана 1 119 киһиэхэ диэри элбээтэ, Томпо, Үөһээ Халыма уонна Өймөкөөн оройуоннарыгар Көтөр аалынан ойууру харыстааһын эрэгийиэннээҕи баазатын 3 саҥа авиасалаата арылынна.

2022 сылга ойууру баһаартан көмүскүүргэ федеральнай үп 5,5 төгүл улаатан, 1,6 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр үп кээмэйэ 2,4 төгүл улаатан 912 мөл. солкуобайга тэҥнэстэ.

2018 сылтан 9 баһаарынай депо тутулунна, ону тэҥэ 2022 сылга Халыматааҕы, Алданнааҕы, Бүлүүтээҕи көрдүүр-быыһыыр этэрээттэр дьиэлэрэ тутулуннулар. Айылҕа алдьархайа уонна техногеннай хабааннаах ыксаллаах быһыыга-майгыга суһаллык хардарар аэромобильнай бөлөхтөр, ол иһигэр сир баһаарын умулларыыга тэрилиннилэр.

Верхоянскай уонна Кэбээйи оройуоннарыгар ардахтан үөскээбит халаан содулун туоратарга, олорор дьиэлэри чөлгө түһэрэргэ 2 955 киһиэхэ 14,8 мөл. солкуобай суумалаах биир кэмнээх матырыйаалынай көмө , күннээҕи олоххо-дьаһахха туттар мала суох хаалбыт 1 224 киһиэхэ 19,3 мөл. суумалаах үбүнэн көмө оҥоһулунна. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан эмсэҕэлээбиттэр олорор дьиэлэрин чөлгө түһэрэллэригэр биир дьиэҕэ 100 000 (сүүс тыһыынча) солкуобай кээмэйдээх биир кэмнээх үбүнэн көмө оҥоһулунна.

2020 сылга Саха сирэ дойдуга биир бастакынан Саха сирин Арктика оройуоннарын сайыннарыы эрэгийиэннээҕи стратегиятын ылыммыта, бу стратегия Арктикаҕа олох-дьаһах, инфраструктура соруктарын быһаарыыга, киэн далааһыннаах инвестиция бырайыактарын олоххо киллэриигэ тэрээһиннэри быһаарар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын көҕүлээһининэн 2019 сылга арктическай оройуоннар олохтоохторо баай-дуол, тырааныспар уонна сир нолуогун төлүүртэн босхоломмуттара.

2018-2022 сылларга 7 үөрэх тэрилтэтэ, 5 култуура уонна успуорт эбийиэгэ тутуллунна. Саахалланар туруктаах дьиэттэн 947 киһи көһөрүлүннэ.

“Эдэр табаһыт” пилотнай бырайыак саҕаланыаҕыттан үс сыл иһигэр 51 табаһыт олорор усулуобуйатын тупсарыыга биирдии мөлүйүөн солкуобайы ылла.

Сааскылаах, Белай Гора, Уус Куйгаа, Черскэй уонна Зырянка бөһүөлэктэригэр эргиэн-логистика кииннэрэ тэрилиннилэр. Бу сылга маннык кииннэр Орто Халымаҕа, Эдьигээҥҥэ уонна Тиксиигэ арыллыахтара. 2025 сылга эргиэн-логистика кииннэрэ Саха сирин 13 арктическай оройуонугар барытыгар баар буолуохтара.

"Арктика оҕолоро" бырайыак чэрчитинэн путевкалара уонна оройуон кииниттэн сынньанар сирдэригэр барар-кэлэр айаннара төлөнөн, 357 оҕо сынньанан кэллэ.

2020 сылга Өлөөн оройуонугар түргэн интэриниэт-сибээс баар буолбута. 2022 сылга Анаабыр оройуонун Сааскылаах сэлиэнньэтигэр сибээс оптическай магистральнай утаҕа тардылынна.

Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин бигэтик сайыннарыы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтү үөскэтэр сиэктэрин – бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын – сайыннарыыны кытта ыкса ситимнээх. Бырамыысылыннай оҥорон таһаарыы көрөрүүтэ 2021 сыл таһымын 110,1 бырыһыаныгар тэҥнэстэ, биэс сыл иһигэр 143,8 бырыһыаҥҥа тиийдэ.

“Газпром” публичнай акциялаах уопсастыба, “Сибиир күүһэ” (Чайыҥдатааҕы баайдаах сири сайыннарыы), «Сургутнефтегаз» публичнай акциялаах уопсастыба уонна «Таас-Юрях Нефтегазодобыча» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба оҥорон таһаарар кыахтарын улаатыннарыы түмүгэр ньиэп-гаас бырамыысыланнаһын көрдөрүүлэрэ үүннүлэр.

Элгээтээҕи чох комплексын, “Колмар” хампаанньа бөлөҕүн уонна “Якутуголь” холдинговай хампаанньа акциялаах уопсастыба эбийиэктэригэр оҥорон таһаарар кыахтары улаатыннарыы суотугар чоҕу хостооһуҥҥа үтүө уларыйыы ситиһилиннэ. Элгээтээҕи чох баайдаах сиргэ байытар фабрика үлэҕэ киирдэ, “АнтрацитИнвестПроект” ХЭУо туһаҕа таһаарыллар “Сыллаахтааҕы” баайдаах саҥа сиргэ хостуур үлэ саҕаланна.

2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 2022 сылга алмааһы хостооһун 10,5 бырыһыанынан улаатта. 2022 сылга көмүһү хостуур предприятиелар 46 туонна көмүһү хостоотулар. Ордук элбэх көмүһү “Нерюнгри-Металлик”, “Полюс Алдан”, “Селигдар”, “Тарынская золоторудная компания” уонна “Поиск Золото” хостоотулар.

Бырабыыталыстыба уонна бөдөҥ хампаанньалар икки ардыларыгар түһэрсиллибит 40 сөбүлэһии, ону тэҥэ оройуоннар дьаһалталарын уонна сир баайын туһанааччылары кытта түһэрсиллибит 97 сөбүлэһии үлэлиир. Сөбүлэһиилэр түһэрсиллиэхтэриттэн сир баайын туһанааччылар 22 млрд солкуобай кэриҥэ суумалаах көмөнү оҥордулар. 2022 сылга Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар уонна Дьокуускайга (Газпром) физкултуурунай-чэбдигирдэр комплекстар, Нам сэлиэнньэтигэр Култуура дыбарыаһа (АЛРОСА) тутуллан үлэҕэ киирдилэр, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан оройуоннарыгар айан суолларын, уот ситимнэрин уларыта тутар үлэ барда.

Өрөспүүбүлүкэ кэнники түөрт сыл устатыгар национальнай рейтиҥҥэ Инвестиция килиимэтин туругунан 30 бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар бигэтик киирэр. Биэс сыл устатыгар сүрүн хапытаалга 2 трлн инвестиция тардылынна.

2022 сылга сүрүн хапытаалга инвестиция кээмэйэ 485,4 млрд солкуобайга диэри эбэтэр 2021 сылтан 1,2 бырыһыан улаатта. Ленскэй оройуонугар ньиэп-гаас баайдаах сирдэри туһаҕа таһаарыы бөдөҥ бырайыактара, Нерюнгри оройуонугар чоҕу хостуур хампаанньалар олоххо киллэриллэр бырайыактара инвестицияны тардыыга биллэрдик дьайдылар.

“Якутия” ТОР (урутаан сайдыы сирэ-уота) уонна “Саха сирин соҕуруу өттө” ТОР резиденнэрин уопсай ахсаана 59 тэҥнэстэ, ол онтон 2022 сылга 12, ол иһигэр 11 дьоҕус уонна 1 орто урбаан субъега эбилиннэ. Резиденнэр 87,4 млрд солкуобай инвестицияны уктулар, 9 042 үлэ саҥа миэстэтин таһаардылар.

Жатайдааҕы суудуна собуотун уонна Аллараа Бэстээххэ таһаҕас терминалын, “Хотугу сулус” төгүрүк сыл үлэлиир оҕо лааҕырын, Аллараа Бэстээххэ кууһунан тыырыы киинин, "Үлэ кыбартаала" креативнай кластеры уонна Дьокуускай к. суортуур түһүмэхтээх бөҕү мунньар-тиэйэр ыстаансыйаны тутан олоххо киллэрии бырайыактарын сирдэригэр-уоттарыгар “Якутия” ТОР кэҥээн биэрдэ.

“Якутия” ТОР-га дьоҕус уонна орто урбаан субъектара универсальнай производственнай дьиэ-уот бэлэм иэннэрин чэпчэки сыананан (квадратнай миэтэрэни 150-180 солкуобайга) түүлэһэллэрэ кыаллар буолла.

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Инвестиция килиимэтин туругун национальнай рейтинигэр Россия Федерациятын субъектарыгар 13-с миэстэлээх. Рейтинг үлэ-хамнас хайдах-туох усулуобуйаҕа ыытылларын урбаанньыттар сыаналааһыннарын көмөтүнэн чопчуланар. Ол курдук 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, элэктэриичэстибэ ситимигэр холбонуу 30 үлэ күнүнэн, оттон бас билии быраабын регистрацията 5 үлэ күнүнэн кыччаабыт.

Урбаанньыттар сыаналыылларынан, 2022 сылга муниципальнай тэриллиилэргэ инвестиция килиимэтин  рейтинигэр Горнай, Ленскэй, Нам оройуоннара бастыҥнар кэккэлэригэр киирэллэр.

Тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын кээмэйинэн өрөспүүбүлүкэ Уһук Илиҥҥэ үһүс миэстэлээх, федеральнай уокурукка оҥоһуллар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уопсай кээмэйигэр өрөспүүбүлүкэ ирээтэ 12 бырыһыаны ылар.

2018 сылтан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларын туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа олоххо киллэриллэр, 2024 сылга диэри тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы тумус сыаллара чопчуламмыта.

2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыы кээмэйэ 1,2 бырыһыан улаатан, 2022 сылга 28,8 млрд солкуобайынан ааҕылынна (2017 с. кытта тэҥнээтэххэ, 0,4 бырыһыан). Нэһилиэнньэ бэйэтин бэйэтэ этинэн 27 бырыһыан, сымыытынан 62 бырыһыан, үүтүнэн 55 бырыһыан, хортуоппуйунан 61 бырыһыан, оҕуруот аһынан 36 бырыһыан хааччынар.

Россия Федерациятын субъектарын ортотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сылгыны үөрдээн иитиигэ инники күөҥҥэ сылдьар. Биэс сыл иһигэр сылгы ахсаана 178,2 тыһыынчаттан 182,1 тыһыынчаҕа диэри эбэтэр 2,1 бырыһыанынан элбээтэ. Сылгыны иитэр 178 бааза тутулунна.

2022 сылга Амма улууһун Иван Яковлевич Строд аатынан “Саха сылгытын иитэр собуот” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибигэр федеральнай статуһу иҥэрии сылгыны үөрдээн иитиигэ биир бэлиэ түгэни тосхойдо.

Табаны иитиигэ Саха сирэ Россияҕа үс бастыҥ эрэгийиэн ахсааныгар киирэр, дьиэ табатын ахсаана 146,6 тыһыынчаттан 168,7 тыһыынчаҕа диэри эбэтэр 15,1 бырыһыанынан улаатта. Табаны иитии салаатын саҥардан биэрэр сыалтан 5 сыл устатыгар 25 хараал тутулунна, 87 көһө сылдьар, маршрутнай дьиэ атыылаһылынна, Усуйаана, Булуҥ, Томпо оройуоннарыгар сменаҕа 25 төбөнү астыыр кыахтаах табаны өлөрөр-астыыр пууннар үлэҕэ киирдилэр.

Биэс сыл устатыгар агробырамыысыланнай комплексы өйөөһүн кээмэйэ  10,5 миллиардтан 13,7 млрд солкуобайга диэри, тыа сирин-уотун сайыннарыы кэлим программатын учуоттаан 16 млрд солкуобайга диэри улаатта. 2023 сылга үбүлээһин 14,2 млрд солкуобай кээмэйинэн былааннанна.

Ыаммыт үүтү оҥорон таһаарыы уонна астааһыны көҕүлүүр субсидия  биир лиитэрэҕэ 35 солкуобайтан 50 солкуобайга диэри улаатта. 2023 сылтан субсидия ыстаапката 60 солкуобай кээмэйинэн олохтонно.

Кэтэх хаһаайыстыбалар 1 ыанар ынахха 35 тыһыынча солкуобайдаах субсидияны ылар буоллулар. Ол түмүгэр тыа сирин 9 700 олохтооҕо сылын ахсын уопсайа 1,3 млрд солкуобайдаах өйөбүлү ылла. 2023 сылтан гражданнар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар ынах сүөһүнү иитиини өйүүр субсидия ыстаапката 35 тыһыынчаттан 37 тыһыынчаҕа диэри улаатта.

2023 сылтан сылгыны үөрдээн иитиини өйүүр субсидия ыстаапката эмиэ үрдээтэ, ол курдук биир биэ төбөтүгэр субсидия ыстаапката 1,5 тыһыынчаттан 5 тыһыынча солкуобайга диэри улаатта, хотугу дьиэ табатын иитиини өйөөһүҥҥэ биир таба төбөтүгэр субсидия кээмэйэ 4 999,5 солкуобайтан 5 335,4 солкуобайга диэри үрдээтэ.

2018-2022 сылларга үүтү уонна эти оҥорон таһаарыыга хайысхаланар 19 сайылык, 2 310 төбөнү көрөр кыахтаах сүөһү 17 комплекса үлэҕэ киирбитэ.

2019-2022 сылларга үлэлэрин саҥа саҕалаабыт фермердэргэ “Агростартап” 131 грана, тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр хотоннору тутууга, үлэни-хамнаһы өйүүр сыаллаах 64 грант бэрилиннэ. Потребительскай кэпэрэтииптэр нэһилиэнньэ ынах сүөһүтүн түмэр сыаллаах 1400 төбө турар 14 аныгы хотону үлэҕэ киллэрдилэр, 4 хотон тутулла турар.

Үүнээйини үүннэрии эбийиэктэрин саҥардан биэрии чэрчитинэн Амма, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар, Маҕан бөһүөлэгэр хортуоппуйу харайар эбийиэк үлэҕэ киирдэ, Дьокуускайга 5000 туонна оҕуруот аһын, хортуоппуйу харайар эбийиэккэ “Туймаада Агроснаб” акциялаах уопсастыба (“Якутоптторг” АУо) хапытаалынай өрөмүөнү ыытта, Амма улууһугар 1000 туонна бурдук сиэмэтин харайар кыахтаах эбийиэк тутулунна.

2018-2022 сылларга тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кээпэрэтииптэрин матырыйаалынай-техническэй баазаларын граннарынан өйөөһүн сүнньүнэн тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астыырга 53 бырайыакка өйөбүл оҥоһулунна, ас-үөл 6 кэмбинээтин оҥорон таһаарар эбийиэктэригэр саҥардан биэрэр үлэ ыытылынна. Ол түмүгэр үүт ас, эт бородууксуйатын арааһа кэҥээтэ.

2018-2022 сылларга тыа сиринээҕи сири-уоту кэлимник сайыннарыы чэрчитинэн тыа сиригэр олорор гражданнар уопсайа 65,8 тыһыынча кв. миэтирэ иэннээх 881 олорор дьиэни тутан үлэҕэ киллэрдилэр. Үөһээ Бүлүү, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас улуустарыгар олорор дьиэни наймылаһыы дуогабарынан 1,4 тыһыынча кв. миэтирэ уопсай иэннээх муниципальнай дьиэлэр үлэҕэ киирдилэр.

Үөһээ Бүлүү, Өлөөн, Сунтаар, Уус Алдан, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар оҕо уһуйааннара, Чурапчы, Эдьигээн улуустарыгар оскуола-саад, Сунтаар улууһугар успуорт-чэбдигирдии комплекса, Үөһээ Бүлүү улууһугар култуура-успуорт комплекса, Чурапчы оройуонугар тыа сиринээҕи сайдыы киинэ, Горнай улууһугар сууккаҕа 300 куб. м аһарар канализацияны ыраастыыр тутуу, Томпо, Хаҥалас улуустарыгар биэлсэр-акушер пууннара тутулунна, Бүлүү, Сунтаар улуустарыгар уулуссалары сырдатар үлэ ыытылынна, Чурапчы улууһугар уу дьоҕус ситимэ тардылынна, Эдьигээн оройуонугар орто оскуола үөрэҕин мастарыскыайын, Үөһээ Бүлүү улууһугар успуорт саалатын, Нам улууһугар норуот айымньытын киинин дьиэтин, Сунтаар улууһугар оройуоннааҕы уонна оҕо балыыһаларын хапытаалынай өрөмүөнэ ыытылынна, Нам улууһугар административнай-култуурунай кииҥҥэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэ уонна биэлсэр-акушер модульнай киинэ атыылаһылынна, Эдьигээн улууһугар ууну ыраастыыр модульнай ыстаансыйа туруорулунна.

Олорор дьиэлэри дьоҕус тутууну ыытарга анаан 4 учаастак оҥоһулунна, гражданнар олохтоох көҕүлээһиннэринэн 163 бырайыак олоххо киирдэ, 153,4 км уһуннаах уу дьоҕус ситимэ, 90,75 км уһуннаах гаас ситимэ тардылынна, 8,6 км уһуннаах массыына суола тутулунна.

Өтөрүнэн буола илик санкцияларынан тууйуу күүһүрбүт кэмигэр судаарыстыба өйүүр дьаһалларын ылыы түмүгэр урбаан эйгэтигэр улахан охсуу оҥоһуллубата. 2018 сылтан дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр үлэлиир киһи ахсаана 35 бырыһыанынан улаатта.

Өрөспүүбүлүкэ 17 муниципальнай тэриллиитигэр үлэлиир биисинэс-инкубатордар саҥа үлэлээн эрэр урбаанньыттарга көмөнү оҥороллор. Биисинэс-инкубатордар резиденнэрин ахсаана 284 буолла. 2022 сылга биисинэс-инкубатордар резиденнэрин предприятиеларын барыстара 291 мөл. солкуобайга тэҥнэстэ.

2019 сылтан “Мин биисинэһим” Киин тэриллибитэ, Дьокуускайга уонна 24 муниципальнай оройуоҥҥа өҥөнү оҥорор 31 түннүк үлэлиир. 2022 сылга “Мин биисинэһим” киин дьоҕус уонна орто урбаан субъектарыгар 24,8 тыһыынча сүбэлиир-иһитиннэрэр өҥөнү оҥорбута, 1,5 тыһыынча киһини хабан 92 үөрэтэр дьаһалы ыыппыта. 2022 сылга 5 оройуоҥҥа (Анаабыр, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Уус Алдан, Орто Халыма оройуоннарыгар) “Мин биисинэһим” киин эбии түннүктэрэ арыллыбыта.

“Дьоҕус уонна орто урбаан итиэннэ урбаанньыттар биирдиилээн көҕүлээһиннэрин өйөөһүн” национальнай бырайыак сүнньүнэн дьоҕус уонна орто урбаан 82 субъега субсидия көрүҥүнэн уопсайа 34,2 мөл. солкуобай суумалаах граны ылбыта.

Олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыыга үлэлиир урбаанньыттары өйүүр сыалтан дьоҕус уонна орто урбаан 120 субъегар 2020 сылтан 40 мөл. солкуобай суумалаах субсидия бэриллибитэ, ол суотугар 160 үлэ миэстэтин оннунан хаалларар уонна 200 үлэ саҥа миэстэтин тэрийэр кыах үөскээбитэ.

2020-2021 сылларга суол таһынааҕы сервис эйгэтигэр үлэлиир дьоҕус уонна орто урбаан субъектарын өйүүр сыалтан дьоҕус уонна орто урбаан 22 субъегар уопсайа 7,9 мөл. солкуобай суумалаах көмө оҥоһуллубута, ол суотугар 80 үлэ миэстэтэ оннунан хаалбыта, 15 үлэ саҥа миэстэтэ тэриллибитэ.

2021 сылга олох-дьаһах предприятиеларыгар аналлаах 2,8 мөл. солкуобай уопсай суумалаах субсидиянан дьоҕус уонна орто урбаан 9 субъега туһанна, ол түмүгэр 35 үлэ миэстэтэ оннунан хаалла.

2022 сылга Урбааны сайыннарыы пуондата дьоҕус уонна орто урбаан 591 субъегар уопсайа 1,8 млрд солкуобай суумалаах көмөнү оҥордо, ол 2021 сыллааҕар 3,2 төгүл элбэх.

Олохтоох туризмы сайыннарар сыалтан 2021-2022 сылларга дьоҕус уонна орто урбаан 21 субъегар дьону түһэрэр-хоннорор дьиэни-уоту тутарга 19,3 мөл. солкуобай кээмэйдээх субсидия бэриллибитэ. Урбаанньыттар дьону түһэрэр-хоннорор төгүрүк сыл үлэлиир 12 дьиэни туппуттара, 2023 сыл түмүктэниэр диэри өссө 7 дьиэ тутуллуохтаах.

2022 сылга “Дьокуускай” IT-паарка баазатыгар Саха сирин сыыппараҕа көһөрүү ыстааба тэриллибитэ. Электроннай өҥөлөрү хааччаҕа суох ким барыта туһанарын ситиһэр сыалтан 2022 сылга социальнай суолталаах маассабай өҥөлөр 100 бырыһыан электроннай көрүҥҥэ көстүлэр. Ол курдук, Россия Федерациятын судаарыстыбаннай өҥөлөрүн gosuslugi.ru порталын нөҥүө 1 979 531 сайабылыанньа, эрэгийиэн e-yakutia.ru порталын нөҥүө 220 856 сайабылыанньа бэрилиннэ.

Дьокуускай к. “Куттала суох үчүгэй оҥоһуулаах айан суола” национальнай бырайыак сүнньүнэн тырааныспар интеллектуальнай ситимин сайыннарыы салҕанар. 2022 сылга светофор 14 эбийиэгин саҥардан биэрэр уонна тырааныспар 7 детекторын туруорар үлэ толорулунна, эрэгийиэн таһымнаах Киин салайар пуун тэрилинэн хааччылынна, “Нам” айан суолун 17 км. динамическай информтабло туруорулунна.

Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү өрүстэригэр 10 паромунан туоратыы үлэтин-хамнаһын туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрэр сыалтан “Саха сирин паромнара” мобильнай сыһыарыы ырытыллан оҥоһуллубута, онно биричээллэр уонна паромнар сырыыларын, таһааччылар уонна тарыыптар тустарынан чахчылар киирбиттэрэ, ону тэҥэ тырааныспар уочаратын уонна тиэллэр-сүөкэнэр миэстэлэртэн онлайн-видеотрансляция ситимэ киллэриллибитэ.

Сибээһи туһаныыны хааччыйар үлэ салҕанар. 2022 сылга 600 км усталаах сибээс волоконнай-оптическай утаҕа тардылынна, 15 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно. Өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 91,9 бырыһыана олорор 378 нэһилиэнньэлээх пуунугар сибээс волоконнай-оптическай утаҕа тардылынна. 2018-2022 сылларга 9,2 тыһыынчаттан тахса км уһуннаах сибээс волоконнай-оптическай утаҕа (ВОЛС) тардылынна, 3G, 4G ыстандартаах суотабай сибээс 272 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа киирдэ (нэһилиэнньэ 89,4 бырыһыана).

Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Россия сыыппараҕа министиэристибэтин икки ардыларыгар 2023-2025 сылларга 86 арктическай уонна ыраах сытар суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 7000 км уһуннаах ВОЛС утаҕын тардар үлэни бииргэ ыытар туһунан сөбүлэһии түһэрсилиннэ.

Өрөспүүбүлүкэ, “Морсвязьспутник” федеральнай судаарыстыбаннай унитарнай предприятие уонна “АрктикТелеком” акциялаах уопсастыба икки ардыларыгар сөбүлэһии түһэрсиллибитэ, 2025 сылга уу аннынааҕы ВОЛС Булуҥ улууһун Тиксии бөһүөлэгин холбуур үлэ ыытыллара былааннанар.

Хотугу эргимтэҕэ 700 км уһуннаах ВОЛС утаҕар 4 нэһилиэнньэлээх пуун: Өлөөн улууһун  Өлөөн, Харыйалаах, Дьилиҥдэ сэлиэнньэлэрэ уонна Анаабыр улууһун Сааскылаах сэлиэнньэтэ холбонно.

Дохсун уларыйыылар тахса турар кэмнэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын уорганнарын үлэлэрин сүрүн сыалынан-соругунан уларыйыыларга сөп түбэһэр суолу сатабыллаахтык уонна суһаллык булуу, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн бигэ сайдыытын хааччыйыы, норуоту харыстааһын, тулалыыр эйгэни чөл хаалларыы уонна киһи хапытаалын элбэтии буолар.

Россия Федерациятыгар Педагог уонна настаабынньык тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев 2023 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылынан биллэрдэ. Үлэ сылын тэрээһиннэрэ үлэ идеологиятын киэҥник тарҕатыыга уонна Үлэ киһитин аатын үрдэтиигэ туһуланыаҕа.

Ыччаты дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар уонна өй-санаа, майгы-сигили өттүнэн иитиигэ кэлим былааны олоххо киллэрии былааннанар. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар бары өттүнэн кэлимник чөлгө түһэриини ыытыыга ураты болҕомто ууруллуоҕа.  Анал байыаннай дьайыыттан эргиллибит гражданнар, ону тэҥэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ үлэнэн хааччыллыахтара.

2023 сылга 72 социальнай эбийиэк, ол иһигэр 20 оскуола, 14 култуура эбийиэгэ, 24 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ, 5 оҕо уһуйаана, 8 успуорт эбийиэгэ, 1 эбии үөрэхтээһин эбийиэгэ тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ. Дьокуускайга 210 куойкалаах Онкоклиническэй киини тутуу түмүктэниэҕэ.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением