Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы бырагырааматын үбүлээһин икки бүк эбилиннэ.

Тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы бырагырааматын үбүлээһин икки бүк эбилиннэ.

Олунньу 13 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. Өрөспүүбүлүкэ Наукаларын академиятыгар Төрөөбүт тыллары чинчийиигэ, чөл хаалларыыга уонна сайыннарыыга эрэгийиэннээҕи киинэ тэриллибитин, Национальнай библиотекаҕа Саха сирин норуоттарын тылларын уонна култуураларын үйэлээх баайын сыыппараҕа киллэрии киинэ, виртуальнай музей, «Книгакан» сыыппара библиотеката үлэлиирин бэлиэтээтэ. Национальнай уус-уран музей альбомнарын-каталогтарын, Музыка үрдүкү оскуолатын архыыбыттан видео- уонна аудиокассеталары сыыппараҕа көһөрөр үлэ ыытыыллыаҕын туһунан эттэ.

Олунньу 13 күнэ. Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа федеральнай бырагыраамалары, чуолаан байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сыһыаннаахтары суһаллык толорууну хааччыйарыгар сорудахтаата. Ол курдук, хомуурга хабыллыбыт урбаанньыттарга сиргэ уонна атын баай-дуол бары көрүҥнэригэр куортам төлөбүрүн төлүүр болдьох сулууспалыылларын кэмигэр уонна ол кэннэ 90 хонукка уһатыллыбыт.

Федеральнай бырайыагынан эрэгийиэннэргэ дьоҕус куораттарга уонна историческай нэһилиэнньэлээх пууннарга уопсастыбаннай эйгэни тупсаран оҥорууга куонкурус ыытыллар. Айсен Николаев муниципальнай тэриллиилэртэн сайаапкалары биэриини хааччыйалларыгар соруйда.

Өрөспүүбүлүкэ федеральнай бүддьүөттэн 67 мөл. солк. субсидияны туризм эйгэтигэр дьоҕус уонна орто урбаан олохтоох тэрилтэлэрин өйөөһүҥҥэ ылыаҕа.

Бу сылга дойдуга 2,5 тыһ. тахса киһи — Чернобыллааҕы АЭС содулун туоратыыга кыттыбыттар уонна Уһук Хоту дойдуттан көһөн барааччы дьон федеральнай бүддьүөт суотугар дьиэ-уот сэртипикээтин ылыахтара, Саха сиригэр итинник сертификат 80-тан тахса киһиэхэ бэриллиэҕэ.

Олунньу 13 күнэ. Ил Дархан Ил Түмэн сис кэмитиэтин дьокутаата Елена Голомаревалыын Хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылларын харыстааһын боппуруостарын кэпсэттилэр. Чуолаан НВК «Саха» иһигэр анал редакция үлэтин сөргүтүүгэ, бу сылга ыытыллыахтаах аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар тылларын учууталларын сийиэһигэр бэлэмнэниигэ тохтоотулар.

Олунньу 13 күнэ.  Опера уонна балет театрыгар Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан кытынна. Тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы бырагырааматын үбүлээһин икки бүк эбиллэн, 100 мөл. солк. тэҥнэспитин, салгыы ити таһымтан түспэккэ үбүлэниэҕин туһунан эттэ. Бу сылтан сокуон барыллара бары Ил Түмэн көрүүтүгэр нууччалыы уонна сахалыы тылынан киирэр буоллулар. Ааспыт сылга 471 мультфильм нууччалыыттан тылбаастанан, «Түннүк. Саха кидс» диэн рутуб ханаалга киирбит, бу үлэ салҕанар. Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ 21 саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээҕиттэн хас биирдиитигэр сахалыы тыллаах кылаастар аһыллыахтара. Саха тылын 15 туомнаах академическай быһаарыылаах тылдьытын электроннай көрүҥэ таҕыста. «Барҕарыы» фонда оҕолорго төрөөбүт тылга аналлаах тэрээһиннэри, куонкурустары ыытарыгар анаан өрөспүүбүлүкэ  бүддьүөтүттэн 15 мөл. солк. итэҕэһэ суох үбүлээһини хааччыйарга Ил Дархан  бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата. Айсен Николаев саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис сийиэстэрин быһаарыыта туолуутун тус хонтуруолугар ылбытын бэлиэтээтэ. Төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга кылаатын иһин С.А.Новгородов аатынан Ил Дархан бириэмийэтэ өрөспүүбүлүкэ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевка ананна.

Олунньу 14 күнэ. Быйыл Саха сиригэр национальнай бырайыактар чэрчилэринэн муҥутуур элбэх социальнай эбийиэк тутулларын учуоттаан, өрөспүүбүлүкэ борокуратууратын кытта кэтээн көрүүгэ бииргэ үлэлэһэллэр. Буолан ааспыт кыттыгас мунньахтарыгар Ил Дархан Айсен Николаев национальнай бырайыактарынан тутуллар кэккэ эбийиэк болдьоҕун уһатыы-кэҥэтии баарын ыйда, бары таһымҥа быһаарыыны ылары тэтимирдэргэ сорудахтаата уонна олору толорууга бырабыыталыстыба чилиэннэрэ тус эппиэтинэстээхтэрин санатта.

«2023 сылга социальнай суолталаах эбийиэктэр кээмэйдэрэ улаханын учуоттаан, национальнай бырайыактар туолуулара саҥа тэтиминэн барыахтаах. Тутуу болдьоҕо тардыллыбатын туһугар борокуратуураны кытта кыттыгас миэрэлэри ылыныахтаахпыт. Биэдэмистибэлэр салайааччылара бырайыак бары түһүмэҕэр хаачыстыбалаах үлэ, Саха сирин олохтоохторун усулуобуйатын тупсуута инники күөҥҥэ турарын өйдүөхтээхтэр», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга эттэ.

Олунньу 14 күнэ. Айсен Николаев “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа уопсастыбаннай приемнайыгар биирдиилээн дьону кытта көрүстэ. Любовь Белоусова Ил Дархаҥҥа байыастар, ол иһигэр байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар бэйэтин сиэнэ санитарнай массыына наадатын туһунан көрдөһүүлэрин тириэртэ. Саха сириттэн 5-с аармыйа батальонугар мэдиссиинэҕэ чааһыгар сулууспалааччылар анал тэрилинэн хааччыллыбыт санитарнай массыынаны ыыталларыгар көрдөспүттэр. Ил Дархан Саха сириттэн сылдьар байыастарга суһаллык анал тэрилинэн хааччыллыбыт санитарнай массыынаны ыытарга сорудахтаата. Онон тиэхиньикэни бу күннэргэ Доннааҕы Ростовка тиэрдиэхтэрэ.

Марха түөлбэ олохтооҕо коррекционнай оскуолаҕа үөрэнэр инбэлиит оҕото хараҕар уустук эпэрээссийэни ааспыт. Хараҕынан атын эмиэ ыарыылаах эбит, ол эрээри оҕону инбэлиититтэн устубуттар уонна уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар көһөрөргө быһаарбыттар. Айсен Николаев Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр оҕо доруобуйатын кичэйэн көрөллөрүгэр сорудахтаата.

Искэн ыарыытынан эпэрээссийэлэммит уонна инбэлииккэ тахсыбыт киһи санаторийга барарыгар көмө көрдөстө. Прием түмүгүнэн медкииҥҥэ чинчийии  ааһарыгар уонна  киниэхэ санаторийга путевка көрүллэригэр быһаарыы ылылынна.

Мархаҕа микро-оройуонугар байыаннай сулууспалаах дьиэтэ-уота олунньу 12 күнүгэр уокка былдьаммыт. Ыал аҕа баһылыга байыаннай дьайыы буолар сиригэр баар. Кэргэнэ уонна икки оҕото уоттан быыһаммыттар. Кыл түгэнигэр бу ыал дьиэтэ, гарааһа, массыыната уонна мала-сала суох хаалбыт. Айсен Николаев “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа Саха сиринэҕи салаатын исполкомугар байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр саҥа дьиэ тутарга, сайын киллэрэргэ, билигин гуманитарнай көмө оҥорорго соруйда. Маны сэргэ Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа көмөлөһөргө сорудах биэрбит.

Олунньу 14 күнэ. Эрэгийиэн баһылыга Саха сиригэр аэропортары саҥардыыга мунньах ыытта. 2023 сылга алта аэропорду чөлүгэр түһэриэхтэрэ, уопсай ахсаанынан аҕыс аэропорка үлэ ыытыллар. Сүрүн болҕомтону Ил Дархан Дьокуускай аэропордугар 1800 миэтирэлээх көтөр-түһэр балаһаны үлэҕэ киллэриигэ уурар. Эбийиэк бэс ыйын 15 күнүттэн үлэтин саҕалыахтаах. 2024 сылга Дьокуускай, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Черскэй, Бүлүү, Нерюнгри, Удачнай уонна Уус Ньаара аэропортара оҥоһуллан бүтүөхтээхтэр. Бу сылга Уус Ньара, Өлүөхүмэ, Черскэй, Дьокуускай көтөр-түһэр балаһаларын саҥардыахтара. Ону тэҥэ Нерюнгри аэропордун пассажирдары сулууспалыыр дьиэтин уонна Бүлүү аэропордун инфраструктуратын өйүүр эбийиэктэрин тутуу үлэтэ түмүктэниэҕэ.

Олунньу 14 күнэ. Ил  Дархан Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, КПРФ баартыйа парламеҥҥа фракциятын салайааччыта Виктор Губаревтыын көрсөн, дойду саҥа эрэгийиэннэрин, анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн туһунан кэпсэттилэр. Баартыйа Госдума фракциятын нөҥүө Саха сирин көмө оҥорууга уопутун тарҕатыы туһунан этилиннэ. Маны сэргэ «Саһыл Сыһыы» мемориальнай комплексын сөргүтэн оҥоруу хаамыытыгар тохтоотулар.

Олунньу 15 күнэ. Ил Дархан эрэгийиэн Идэлээх сойуустарын федерациятын салайааччыта  Николай Дегтяревы кытта көрүстэ. Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын табаарга уонна өҥөҕө сыана үрдүүрүнэн сыллата индексациялааһын бэрээдэгин оҥоруу уонна ылыныы туһунан этиини өйөөтө. Тэрилтэлэри уларыта тутуу боппуруостарын быһаарыыга тустаах салаа идэлээх сойуустарын кытыннарар туһунан этии эмиэ өйөннө.

Олунньу 15 күнэ. Ил Дархан «Сахатранснефтегаз» АУо ааспыт сыллааҕы үлэтин барыллаан түмүгүн уонна бу сылга былаанын көрдө. Социальнай гаастааһын бырагырааматынан 2900 дьиэҕэ күөх төлөн киирбит. Дьокуускайдааҕы гааһы переработкалыыр собуоту саҥатытан оҥоруу түмүктэммит. Онон убатыллыбыт гааһы оҥорон таһаарыы быйыл 14,5 тоннаҕа тиийэ улаатыаҕа. Айсен Николаев Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа өттүгэр Газпрому кытта сөбүлэҥҥэ олоҕуран, гаас ситимин тутууну саҕалыырга сорук туруорда. «Кыһыл-Сыр – Мастах – 84 км» гаас магистраалын тутуу салҕаныаҕа.

Олунньу 15 күнэ. Айсен Николаев интернационалист-буойуттары, байыаннай дьайыы уонна анал байыаннай эппэрээссийэ кыттыылаахтарын кытта көрүстэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ снайпердары бэлэмнииргэ аналлаах ытыы киннэ тутуллуоҕа. Эбийиэк бастакы түһүмэҕэ бу саас үлэҕэ киириэҕэ. Көрсүһүү кыттыылаахтара үөрэх тэрилтэлэригэр патриотическай иитиини күүһүрдүүгэ туһуламмыт бырайыактарын өйөөтө.

Олунньу 15 күнэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга ГТРК «Саха» ханаалыгар «Быһа кэпсэтии» биэриигэ тахсан, нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга хоруйдаата. Аллайыаха олохтооҕо хоту улуустарга биир туһаайыыга үлэлиир быраастар тиийбэттэрин эттэ. Айсен Николаев итинник кыһалҕа баарын ыйда: “Быйыл быраастар мобильнай биригээдэлэрин тэрийэн ыытарга сорудахтаабытым. Билигин ити курдук биригээдэлэр түөрт хоту улууска үлэлии сылдьаллар, дьон бу пилотнай бырайыагы үчүгэйдик ылынна.  Аллайыахаҕа биригээдэ кулун тутарга тиийиэхтээх”, – диэн Ил Дархан быһаарда.

Быһа эфиргэ мобилизацияламмыт байыас оҕото төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэрин, истипиэндьийэ ылар бырааптааҕын туһунан ыйытыы киирдэ. Айсен Сергеевич  орто да, үрдүк да үөрэххэ үөрэнэ сылдьар оҕо истипиэндьийэ ылар бырааптааҕын, мобилизацияламмыт биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн биир сүрүн сорук буоларын чопчулаата. «Билигин ити өйөбүлү кэҥэтэргэ үлэлии сылдьабыт, байыастар төннөн кэлэн эрэллэр, кинилэр үөрэххэ туттарыстахтарына эмиэ эбии истипиэндьийэ төлөнүөхтээх», — диэн хоруйдаата.

Ил Дархантан “1000  тиэргэн” бырагыраама салгыы үлэлиирин туһунан ыйыттылар. Айсен Николаев бырайыак салҕанан барарын эттэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнүн 60-тан тахса тиэргэн, ол иһигэр куоракка 21 тиэргэн саҥалыы көрүҥнэнэрэ былааҥҥа баар. Быйыл оҥоһуллар үлэ болдьоҕор, хаачыстыбатыгар ураты болҕомто ууруллуоҕа. Тоҕо диэтэххэ 2022 сыл туттарыллыбыт сорох үлэлэргэ кэккэ боппуруостар үөскээбиттэрин ыйда.

Олунньу 16 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жиркову кытта көрсөн, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ туһунан сүбэлэстилэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга Ил Дархан ылыммыт анал бырагырааматын суолтатын уонна бырагыраамаҕа көрүллүбүт соруктары толорууга Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн, туһааннаах министиэристибэлэр үлэлэрэ күүһүрүөхтээҕин бэлиэтээтилэр.

Айсен Николаев уонна Александр Жирков сэтинньигэ ыытыллыбыт саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын II сийиэһин түмүктэрин туһунан кэпсэттилэр. Ил Дархан делегаттар этиилэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт тыллары харыстааһыҥҥа  оҥоһуллар бырагымааҕа киириэхтэрэ диэн бэлиэтээтэ.

Олунньу 16 күнэ. Навигацияҕа бэлэмнэнии туһунан Айсен Николаев ЛОРП салайааччыта Сергей Ларионовы кытары көрсөн кэпсэттэ. Билигин уу тырааныспарын тэрилтэлэрэ техникаларын көрүнэллэр, үлэ графигы тутуһан ыытыллар. Навигацияҕа барыта 600 суудуна уста тахсыаҕа. Экипаж бэлэмнэниини, үөрэтиини ааһар. Практикаҕа курсаннары, устудьуоннары ылыахтара. Таһаҕаһы тиэйии кээмэйэ быйылгы былаанынан ааспыт сыллааҕар эбиллиэҕэ. Холобур, 2022 сылга 2021 сыллааҕар 20% улаатан, 1,5 мөл. туонна таһаҕас тиэрдиллибитэ.

Олунньу 16 күнэ. «Сибиир күүһэ» гаас ситимин кыйа Саха сирин соҕуруу, арҕаа туһаайыытыгар баар нэһилиэнньэлээх пууннары гаастааһыҥҥа бэлэм үлэтэ саҕаланыаҕа. Бу туһунан Ил Дархан гастааһыҥҥа ыстаап мунньаҕын ыытарыгар иһитиннэрдэ. Итиэннэ Өлөчөй, Эбэ, Харбала-1, Үрүҥ Күөл сэлиэнньэлэригэр гаас ситимин тардыы саҕаланыаҕа. Мэҥэ Хаҥалас Лоомтукатыгар, онтон салгыы Амма улууһун Сатаҕайыгар, Алтаныгар бырайыактыыр үлэ барыаҕа. Социальнай гаастааһын бырагырааматын олоххо киллэриигэ Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ бастыҥ, дойдуга бэһис  көрдөрүүлэннэ. Быйыл 1813 дьиэҕэ күөх төлөн холбонуоҕа. 2030 сылга диэри 15 тыһ. тахса дьиэҕэ гаас киириэҕэ. Айсен Николаев улахан болҕомтону сэрии, тыыл бэтэрээннэригэр уонна дьоҕус дохуоттаах ыалларга гаас холбонуутугар аадырыстаах көмөнү оҥорууга ууралларыгар соруйда. Бу испииһэккэ байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар байыастар, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ уонна дохуотуттан тутулга суох элбэх оҕолоох ыаллар киирсэллэр. Көмө суумата 150 тыһ. диэри солк. тэҥнэһэр. Маннык көмөнү 2022 сылга 1206 киһи ылбыта.

Олунньу 17 күнэ. Айсен Николаев бу күн Мииринэйгэ үлэлээтэ. Кини салалтатынан улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар мунньах буолла. Саха сиригэр бастакынан Мииринэйгэ сервиснэй экэниэмикэ элбэх хайысхалаах киинэ тэриллэн, дьоҕус уонна орто урбааны өйүүр былаһаакканан буолуоҕа. Итиэннэ алмаастаах куорат маастар-былаанын олоххо киллэриигэ дьоһун оруоллаах буолуоҕа. Манна урбааньыттары сэргэ олохтоохтор сынньанар уопсастыбаннай эйгэлэрэ оҥоһуллуоҕа. Бу бырайыагы РФ Уһук Илин, Арктика сайдыытыгар минстиэристибэтэ, «АЛРОСА» АК үбүлүөхтэрэ. Тутуу кэлэр сылтан саҕаланыаҕа.

Айсен Николаев «АЛРОСА» хампаанньаҕа тэриллибит Корпоративнай университекка Каадыры бэлэмниир кииҥҥэ сырытта, Техническэй колледж үлэтин кытта билистэ. Салгыы политехническэй лицей үөрэнээччилэрин кытары көрүстэ. Киэһэтин «Алмазный край» олохтоох телехампаанньанан быһа эфиргэ тахсан, нэһилиэнньэ ыйытыытыгар хоруйдаата.

Бу күн Оҕо дыбарыаһын тутуутун хаамыытын көрдө. Баараҕай эбийиэк 5 мэндиэмэннээх, икки куорпустаах буолуоҕа, уопсай иэнэ — 6700 кв. м. Биир симиэнэҕэ 420 оҕо сылдьыаҕа. Спортивнай, техническэй, естественнэй уонна научнай хайысхаларга 2500 оҕо дьарыктаныаҕа. Манна «IT-куб» сыыппара киинэ баар буолуоҕа уонна «Кванториум» оҕо технопаарката аһыллан үлэлиэҕэ.  Эбийиэк «АЛРОСА» хампаанньа үбүлээһининэн былырыын ахсынньыттан тутуллар.  Тутуу барыытыгар графиктан улахан хаалыы суох, ититиини номнуо биэрэн эрэллэр. Кэлэр нэдиэлэттэн дыбарыас ис бараанын оҥорууга үлэ саҕаланыаҕа. Тустаах тэрил, миэбэл барыта атыылаһыллан таҥарга бэлэмнэр.

Мииринэйдээҕи техническэй колледжка оҥорон таһаарыы үлэтигэр бэлэмниир үөрэх кластера баар буолуоҕа. Маныаха Ил Дархан бырамыысыланнас тэрилтэлэрин кытары ыкса үлэлэһэр идеологияны быһаарыы сүрүн оруоллааҕын ыйда. Колледжка орто сүһүөх исписэлиистэрин бэлэмниир 18 бырагыраама уонна  квалификациялаах оробуочайдары бэлэмниир 14 бырагыраама баар. Сүрүн сакаасчытынан «АЛРОСА» АК буолар. Билигин колледжка 1200-тэн тахса киһи үөрэнэр. «Россия цифровой экономиката» национальнай бырагыраама чэрчитинэн, кэлиҥҥи сылларга ньиэп, гаас салааларыгар үөрэтии бырагыраамата кэҥээн иһэр. Санатан эттэххэ, 2022 сылга Мииринэйдээҕи техническэй колледж үөрэтии хаачыстыбатынан дойду бырабыыталыстыбатын бириэмийэтин лаурета буолбута. Колледж иккис сылын бириэмийэни ылан, Уһук Илиҥҥэ үөрэтии хаачыстыбатыгар үрдүк наҕарааданы ылбыт соҕотох орто анал үөрэх кыһата буолар.

Мииринэйгэ Айсен Николаев байыаннай дьайыыга кыттыылааҕын дьиэ кэргэни кытта көрүстэ. Султановтар икки оҕолоохтор, ийэлэрэ кыра оҕотун көрөн олорор. Дьиэ кэргэн олохтоммут өйөбүл миэрэтин ылбыт. Бу ахсынньыга, хомойуох иһин, дьиэлэрэ уокка былдьаммыт. Олорор дьиэ пуондатыттан үс хостоох кыбартыыра бэрилибит. Ол эрээри дьиэ кэргэн чааһынай дьиэлэниэн баҕарар эбит. Айсен Сергеевич байыаннай дьайыыга сылдьар байыас дьиэ кэргэнигэр дьиэ тутан биэрэргэ сорудах биэрдэ. «Эһиги көрдөһүүгүтүн өйдүүбүн, биһиги хайаан да көмөлөһүөхпүт, дьиэ туттар үбү булуохпут», — диэн кини эппиэттээтэ. Айсен Николаев ыал аҕата этэҥҥэ төннөн кэлэригэр баҕа санаатын эттэ.

Олунньу 18 күнэ. Ил Дархан Өлүөхүмэ куоратыгар кэлээт, улууска гаастааһын боппуруоһугар мунньах ыытта.  Улуус 10 нэһилиэнньэлээх пуунун гаастааһын быйылгыттан саҕаланыаҕа уонна 2026 сылга түмүктэниэҕэ. Бу нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга уонна улуус сайдыытыгар улахан хамсааһыны таһаарыаҕа.

Бу күн Айсен Николаев улуустааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэлэригэр 200 миэстэлээх олорор куорпус аһыллыытыгар кытынна. Манна 7 тыһ. кв.м. иэннээх куорпуска олорор блоктары сэргэ мастарыскыайдар уонна спорт, култуура тэрээһиннэригэр аналлаах саала баар. Билигин интэринээт-дьиэҕэ 370-тан тахса киһи олорор.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга байыаннай эпэрээссийэҕэ сырдык тыыннара быстыбыт сулууспалаахтары — СӨ «ОДьКХ» ГУП филиалын үлэһиттэрэ Александр Добриновка уонна Александр Петровскайга оҥоһуллубут мемориалга сибэкки дьөрбөтүн уурда. Александр Добринов өрөмүөннүүр инженеринэн, Александр Петровскай суоппарынан үлэлээбиттэр. Кинилэр иккиэн балаҕан ыйыгар  мобилизацияланан сулууспалыы барбыттар.

«Бүгүн биһиги дойдубутун көмүскээри олохторун биэрбит дьоруойдары кэриэстиибит. Кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр туһугар үлэлэһиэхпит. Өлүөхүмэтээҕи филиалга көҕүлээһиннэрин иһин махтанабын. Дьоруойдарбыт дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһүөхпүт, өйүөхпүт. Байыастарбыт албан ааттара үйэлэргэ умнуллубатын», – диэн Ил Дархан бэлиэтээн эттэ.

Эрэгийиэн салайааччыта улуустарга сылдьарыгар, хайаатар да байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсөр. Өлүөхүмэҕэ Несмеловайдар диэн ыал аҕа баһылыга байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барбыт, медик буолан анал взводка сулууспалаабыт, билигин бааһыран Ижевскайга эмтэнэр. Кэргэнэ этэринэн, бары төлөбүрү уонна өйөбүлү ылаллар, хаар ыраастыырга, оттук мас бэлэмнииргэ олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ көмөлөһөр. Айсен Николаев дьиэ кэргэн аҕа баһылыга этэҥҥэ сылдьан, дойдутугар төннөрүгэр баҕа санаатын эттэ.

Эрэгийиэн баһылыга  Өлүөхүмэҕэ волонтердар кииннэригэр актыбыыстары кытары көрүстэ уонна биир волонтер көҕүлээһинин өйөөтө. Ол курдук, Алексей Митюков Айсен Николаевтан СӨ биир тирэх пуунугар үлэлии, көмөлөһө барарын өйүүрүгэр көрдөспүт. Кини эрдэ байыаннай дьайыы балаһатыгар сылдьыбыт, эмтэнэр балыыһаларга гуманитарнай көмөнү тириэрдибит. Волонтер сэттэ оҕо амарах аҕата буолар.

Айсен Николаев Өлүөхүмэ волонтердарыгар махтанна. Улуустан туоннаттан тахса гуманитарнай көмө ыытыллыбыт, байыастар бөлөхтөрүн кытары үлэ салҕанар.

Күндү Сахам  дьоно! Халлааммыт сылыйан, сорох сиргэ тымныйталаан, төһө да бэйэтин санаттар, саас кимэн иһэр, муус булууска угуллан, хаһаас ас хараллан, аны сүөһү төрөөн, удьуор утуму салгыыр түбүк бүппэтэ инникигэ эрэли бигэргэттин.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением