Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Кулун тутар 20 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьевтыын киин куораты сайыннарыы туһунан кэпсэттэ. Тутуу саҥа сезонугар бэлэмнэнии уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев былааннаммыт эбийиэктэр болдьоҕор үлэҕэ киириэхтээхтэрин, онуоха тиэтэйииттэн сылтаан тутуу, ол иһигэр суолу оҥоруу хааачыстыбатамөлтүө суохтааҕын эттэ. Быйыл Дьокуускайга хаарбах туруктаах 79 дьиэ көтүрүллүөхтээх.  Куорат 2,4 тыһ. кэриҥэ олохтооҕо саҥа дьиэлэниэҕэ. «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар»национальнай бырайыагынан Ленин проспегынөрөмүөннээһин салгыы ыытыллыаҕа. Барыта 21 км уһуннаах уулусса саҥардыллыаҕа.

Кулун тутар 20 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьевтыын киин куораты сайыннарыы туһунан кэпсэттэ. Тутуу саҥа сезонугар бэлэмнэнии уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостарын көрдүлэр. Айсен Николаев былааннаммыт эбийиэктэр болдьоҕор үлэҕэ киириэхтээхтэрин, онуоха тиэтэйииттэн сылтаан тутуу, ол иһигэр суолу оҥоруу хааачыстыбатамөлтүө суохтааҕын эттэ. Быйыл Дьокуускайга хаарбах туруктаах 79 дьиэ көтүрүллүөхтээх.  Куорат 2,4 тыһ. кэриҥэ олохтооҕо саҥа дьиэлэниэҕэ. «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар»национальнай бырайыагынан Ленин проспегынөрөмүөннээһин салгыы ыытыллыаҕа. Барыта 21 км уһуннаах уулусса саҥардыллыаҕа.

Кулун тутар 20 күнэ. Айсен Николаев «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Ларионовы кытта навигацияҕа бэлэм буолуу боппуруостарын ырытта. Былырыын 1,5 мөл. тахса туонна таһаҕас тиэллибитэ. Быйыл тиэйии кээмэйэ өссө улаатыахтаах. «Росатом» судаарыстыбыннай корпорация Уус Куйгаҕа  дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйа оҥоһуутугар элбэх тутуу матырыйаалын тиэйтэриэҕэ. «Полиметалл» сир баайын хостуур хампаанньа хантараагын уһатыахтаах. Таһаҕаһы тиэйиигэ барыта 300 хараабыл үлэлиэҕэ. Олортон билигин 25 %-на үлэлииргэ бэлэм. 400 курсант — анал үөрэх тэрилтэлэрин устудьуоннара практикаларын кэмигэр навигацияҕа үлэлиэхтэрэ.

Кулун тутар 21 күнэ. Ил Дархан Саха сирин олохтоохторун Сылгыны үөрдээн иитээччи күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Быйыл ураты тымныы кыһын ааспытын, онуоха идэтийбит сылгыһыттардаах буоламмыт, сыспай сиэллээхпит тыһыынчанан ахсааннаах үөрэ бу томороон тымныы ыйдары этэҥҥэ туораабытын бэлиэтээтэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ сылгы ахсаана 182 тыһ. куоһаран, Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр бастаан иһэр. Бу – сылгыны үөрдээн иитээччилэр өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыгар ыраах сытар мэччирэҥ сирдэри көдьүүстээхтик туһаныыны хааччыйар сыралаах үлэлэрин түмүгэбуолар.

Кулун тутар 21 күнэ. Айсен Николаев Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельнягы уонна улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһын солбуйааччыта Ольга Горюнованы кытта доруобуйа харыстабылын эбийиэктэрин саҥардан оҥоруу туһунан дьүүллэстилэр. Ил Дархан хапытаалынай өрөмүөнү ыытыыны тэтимирдэр соругу туруорда. Онуоха анаан бырабыыталыстыбаҕа үбүлээһини хааччыйарга сорудахтаата. Оройуон баһылыгар үлэ хаамыытын уонна хаачыстыбатын тус хонтуруолугар ыларыгар ыйда.

Кулун тутар 22 күнэ. Ил Дархан уонна ХИФУ ректора Анатолий Николаев эрэгийиэҥҥэ улахан научнай тэрээһиннэри ыытыы боппуруостарын көрдүлэр. Бэс ыйын саҥата университет көҕүлээһининэн «Университеты и развитие геостратегических территорий России» диэн улахан форум ыытыллыахтаах. Онно дойду национальнай сыалларын ситиһиигэ, эрэгийиэннэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар университеттар оруолларын ырытыахтара. Билигин Саха сиригэр килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар аан дойду таһымнаах улахан кэмпириэнсийэтин суолтатын ырыттылар. 

Кулун тутар 22 күнэ. Айсен Николаев сенатор Егор Борисовтыын Дьокуускайга ыытыллыахтаах Федерация Сэбиэтин мунньаҕын туһунан кэпсэттилэр. Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сыһыаннаах Федерация Сэбиэтин уурааҕын чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэри, чуолааан социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэри тутууну ырыттылар. Ол курдук, Дьокуускайга салгын аалын түһэр сирин бырайыактааһыҥҥа уонна саҥалыы уларытан оҥорууга, өрөспүүбүлүкэтээҕи инфекционнай килиниичэскэй балыыһаны, Ленскэй, Уус Куйга, Зырянка, Маҕан уонна Полярнай пуортарын, Амма-Сулҕаччы үрдүк күүрүүлээх уот ситимин уонна Амма 110 кВ подстанциятын , ХИФУ мэдиссиинэ институтун үөрэнэр-лабораторнай куорпуһун, Музыка үрдүкү оскуолатын тутууга тохтоотулар.

Кулун тутар 23 күнэ. Ил Дархан Быраабы билии күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Гражданскай уопсастыба сайдыытыгар быраап култуурата ураты суолталааҕын бэлиэтээтэ. Сокуону, бэйэ быраабын уонна эбээһинэстэрин билии хас биирдии киһи олоҕо куттала суох уонна чөллөөх буолуутун хааччыйар. Бу күн үгэс быһыытынан юристар тэрилтэлэригэр аһаҕас аан күннэрин ыыталлар, дьоҥҥо босхо консультациялары, сүбэни-аманы биэрэллэр, сокуоҥҥа уларыйыылар туһунан кэпсииллэр.

Кулун тутар 23 күнэ. Айсен Николаев килиимэт уларыйыытын боппуруостарыгар аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ чэрчитинэн омук СМИ-лэрин бэрэстэбиитэллэрин кытары көрүстэ. Көрсүһүүгэ Греция, Монголия, Индия, Турция, Венгрия, Вьетнам, Пакистан, Ливан, Казахстан хаһыаттарын, агентстволарын, телевидениеларын суруналыыстара кытыннылар. Айсен Николаев килиимэт уларыйыытыгар, ирбэт тоҥ ириитин, сааҥсыйа усулуобуйатыгар Саха сирин сайдыытыгар, Арассыыйа доҕордуу дойдуларын кытары бииргэ үлэлээһин хайысхаларыгар сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаата.

Кулун тутар 23 күнэ. Ил Дархан Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтин ураты сорудахтарга посола, Арктика сэбиэтин ыстаарсай дуоһунастаахтар кэмитиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Николай Корчуновы кытары көрүстэ. Дипломат килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар Дьокуускайга ыытылла турар аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэ суолтатын бэлиэтээтэ. Айсен Николаев Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтигэр кэмпириэнсийэни ыытарга Саха сирин көҕүлээһинин өйөөбүтүгэр махтанна. Арктика сэбиэтигэр Арассыыйа бэрэссэдээтэллээһинин дьаһалларын былаанын чэрчитинэн Саха сиригэр «Туруктаах сайдыыга Хотугу форум» диэн аан дойдутааҕы III уонна IV форумнар, Дьокуускайга «Арктика – сайдыы сирэ-уота» диэн куорат табыгастаах эйгэтин хааччыйарга аналлаах кэмпириэнсийэ ыытыллыбыта. Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр таба иитиитигэр норуоттар икки ардыларынааҕы бастакы чемпионат буолан ааста. Бу тэрээһиннэри аан дойдутааҕы килиимэт кэмпириэнсийэтэ түмүктүөҕэ.

Кулун тутар 23 күнэ. Айсен Николаев Монголия бэрэсэдьиэнин сүбэһитэ, хотун Мунхмарал Тумэннасаны кытта көрүстэ. Ил Дархан Саха сирэ Монголияны кытта экэниэмикэ, култуура боппуруостарын бииргэ үлэлэһэрин эттэ.

«Саха сирэ Монголияны урут-уруккуттан ыкса сибээстээх. Кэлиҥҥи сылларга киинэ уонна успуорт эйгэтигэр үлэ барар. Убатыллыбыт айылҕа гааһын экспорга таһаарыыга болҕомто ууруллар, бу хайысхаҕа үлэ тэтимирэригэр интэриэстээхпит»,  -– диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга үллэһиннэ.

Монголия бэрэсэдьиэнин сүбэһитэ бу курдук доҕордуу сыһыан социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыга улахан сабыдыаллааҕын бэлиэтээтэ.

Кулун тутар 23 күнэ. Килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕар Гидрометеорологияҕа уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрүүгэ федеральнай сулууспа, СӨ Бырабыыталыстыбата, Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаата,  М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, СӨ Наукаларын академията килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин чинчийии боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии түһэристилэр. Докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев, Росгидромет салайааччыта Игорь Шумаков, РНА Сибиирдээҕи салаатын бэрэссэдээтэлэ Валентин Пармон, ХИФУ ректора Анатолий Николаев, СӨ Наукаларын академиятын бэрэсидьиэнэ Леонид Владимиров илии баттаатылар.

Ил Дархан бу сөбүлэһии Дьокуускайга ыытыллыбыт норуоттар икки арадыларынааҕы бастакы научнай-практическай кэмпириэнсийэни түмүктүүр дьоһун суолталаах докумуон буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирэ килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин, киһи олоҕор дьайыытын, социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы боппуруостарыгар сабыдыалын   кэлимник үөрэтии киинэ буоларынан, бу үлэҕэ өрөспүүбүлүкэ бары научнай институттара кыттыыны ылалларын, онон Саха сирин уопутугар тирэҕирэн, холбоһуктаах үлэ кэлимник, өссө далааһыннанан ыытыллыаҕын туһунан эттэ. Сөбүлэһии чэрчитинэн, холобур, карбоновай​ полигон тэриллиэҕэ.

Ирбэт тоҥ туругун чинчийиигэ улахан суолталаах хардыынан дойду үрдүнэн мониторинг саҥа тиһигэ олохтонуоҕа. 2025 сылга диэри бу ситимҥэ 140 кэтээн көрөр пуун киириэҕэ.

Кулун тутар 24 күнэ. Ыччакка аналлаах «Муус Устар» бэстибээл чэрчитинэн Дьокуускайга «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһыгар ГТО-ну туттарыы  финала ыытылынна. То5ус улуустан кэлбит хамаандалар 11 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр. Кыттааччылары Айсен Николаев, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа олимпийскай чөмпүйүөн Камила Валиева, спортивнай гимнастикаҕа олимпийскай чөмпүйүөн Никита Нагорнай, кини кэргэнэ, спортивнай гимнастикаҕа олимпиада призера Дарья Нагорная, художественнай гимнастикаҕа олимпийскай чөмпүйүөн Ксения Дудкина, юниордарга Европа, аан дойду чөмпүйүөнэ Лала Крамаренко кэлэн өйөөтүлэр.

«Дойду Бэрэсидьиэнэ тоҕус сыллааҕыта ГТО хамсааһынын сөргүппүтэ. «Муус устар» бэстибээл чэрчитинэн ГТО комплексыгар хайысха баар буолбута хайҕаллаах. Дойдубутугар патриотизм, успуорт уонна култуура үтүө үгэстэрэ сөргүтүллэллэрэ үөрдэр. Ыалдьыттарбыт, биллэр спортсменнар, холобурдарын ыччаппыт, оҕолорбут батыһыахтарыгар  эрэнэбин», — диэн Ил Дархан эҕэрдэлээн эттэ.

«Успуортка карьерам саҕаланыытыгар маннык хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтарын олус баҕарарым. Эһиги манна кытта сылдьаргыт табыллыыгыт буолар. Айсен Сергеевичка успуорт хамсааһынын өйүүрүгэр махтанабын», — диэн Никита Нагорнай бэлиэтээтэ.

Кулун тутар 24 күнэ. Ил Дархан уонна «Система» АФК дойду бөдөҥ инвестиционнай хампаанньатын төрүттээччи Владимир Евтушенков VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мин идэм — ИТ» куонкурус кыттыылаахтарын уонна тэрийээччилэрин кытта 39 №-дээх оскуолаҕа көрүстүлэр. Манна 75 хамаанда, 225 оскуола үөрэнээччитэ уонна студеннар кытыннылар. Кинилэргэ информационнай технологияларга бастыҥ экспердар сүбэ-ама биэрдилэр, үөрэттилэр. Кыайыылаахтар дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар анал миэстэнэн наҕараадаланыахтара.

Кулун тутар 25 күнэ. Айсен Николаев култуура эйгэтин үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлээтэ уонна бу эйгэ ситиһиилэрин бэлиэтээтэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 10 тыһ. тахса киһи тыйаатырдарга, мусуойдарга, култуура-сынньалаҥ кииннэригэр, бибилэтиэкэлэргэ, Олоҥхо дьиэлэригэр, киинэ хампаанньаларыгар уонна да атын култуура тэрилтэлэригэр үлэлииллэр. Кэлиҥҥи сылларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн култуура 45 саҥа эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ. Култуурунай араас хабааннаах тэрээһиннэргэ нэһилиэнньэ сылдьыыта 1,6 төгүл улаатан, 19,5 мөл. тэҥнэспит. Саха сирэ Арассыыйа үрдүнэн киинэни оҥорууга Москва уонна Санкт-Петербург кэнниттэн эрэгийиэннэр ортолоругар инники күөҥҥэ иһэр. Арассыыйа эрэгийиэннэригэр Дельфийскэй рейтининэн Саха сирэ тохсус миэстэлээх.

Кулун тутар 25 күнэ. Ил Дархан Орто Халымаҕа үлэлээтэ. Улууска тиийээт, кини сааскы халаан уута куттала суох ааһарыгар бэлэмнэнии боппуруоһугар мунньаҕы ыытта.  Былырыын Орто Халыма сэлиэнньэлэрин уу ылан, кутталы үөскэппитэ.

«Халыма өрүскэ халаан өрүү судургута суохтук ааһар. Зырянкаттан Орто Халымаҕа диэри саамай уустук учаастак буолан, сылын ахсын манна харгыс үөскүүр. Ону учуоттаан, муниципальнай, эрэгийиэннээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи сулууспалар бары бииргэ үлэлиэхтээхтэр. Халаан кэмигэр быһыы-майгы мүнүүтэ иһигэр уларыйар. Биир сүрүннээх үлэттэн, суһал быһаарыныылары ылынартан халаан этэҥҥэ ааһара тутулуктаах. Үлэ былаанын оҥорон, билиҥҥиттэн саҕалыахха наада, — диэн Айсен Николаев эттэ.

Халыма өрүскэ харгыс тахсыан сөптөөх сирдэргэ мууһу чарааһатыы үлэтэ Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар барар. Мууһу хараардыы үлэтэ муус устар 5 күннэриттэн ыам ыйын 5 күннэригэр ыытыллар. Орто Халымаҕа биэс учаастакка итинник үлэ сыллата ыытыллара көдьүүстээҕэ көһүннэ.

Кулун тутар 25 күнэ. Орто Халыма улууһугар сырыытын кэмигэр Айсен Николаев  байыаннай дьайыыга кыттар байыас ийэтэ Валентина Ляшколыын көрүстэ. Ярослав байыаннай дьайыыга сулууспалыы былырыын муус устарга барбыт. Бэс ыйыгар кини подразделениета ахсааннарын быдан баһыйар өстөөхтөрүн утары киирсиигэ киирбит. Кини киирсии кэмигэр бииргэ сылдьар байыастарын көмүскүүр сыалтан өстөөхтөрү утары уоту аспыт. Байыаннай дьайыыга ыарахан бааһырыыны ылбыт, Москваҕа  операцияланан, Хабаровскай госпиталыгар эмтэниини ааспыт. Ахсынньыга уоппускатыгар дойдутугар кэлэн дьонун көрсүбүт. Салгыы байыаннай чааһыгар төннөн уонна байыаннай дьайыы буола турар сиригэр тиийбит. Соторутааҕыта Орто Халыма дьаһалтатыгар командованиеттан махтал сурук кэлбит. Ярослав «Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ» диэн статуһу ылбыт. Ил Дархан Айсен Николаев байыас ийэтигэр махтанна уонна РФ Оборонаҕа министиэристибэтиттэн көрүллэр бары төлөбүрү ыларыгар, сөптөөх көмөнү оҥороллоругар соруйда.

Кулун тутар 26 күнэ. Айсен Николаев Орто Халымаҕа быыһааччыларга халыҥ хаар, бадараан устун холкутук айанныыр, устар, элбэх таһаҕаһы тиэйэр ыарахан уйуктаах, ичигэс тиэхиньикэ күлүүһүн туттарда. Красноярскайтан Дьокуускайга соторутааҕыта аҕалбыт анал тиэхиньикэни Орто Халымаҕа кыһыҥҥы суолунан Саха сирин быыһааччыларын сулууспатын үлэһиттэрэ «Куттала суох Арктика» экспедиция чэрчитинэн сүүрдэн аҕалбыттар. Былырыын биэс улууһу хааччыйар Орто Халыматааҕы сулууспаҕа анал быыһыыр массыына биэрбиттэрэ. Ити тиэхиньикэлэри өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагыраамматын суотугар атыыласпыттара.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Төһө да хаарбыт арахсан биэрбэтэр, уулларан, кырыыһаттан таммах кыллыгырыыра сааскы санааны саҕар. Сүөһүбүт, сылгыбыт энчирээбэтин быһаарар эппиэттэх кэммитин этэҥҥэ  туоруоххайыҥ.

СѲ Баhылыгын уонна СѲ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын хаартыската.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением