Алтынньы 13 күнүгэр норуот дьокутаата Виктор Федоров «Сахамедиа» былаһааккатыгар «Ил Түмэн 2023 сылга» диэн ааттаах аһаҕас түһүлгэ иккис кэпсэтиитин ыытта. Бэлитиичэскэй баартыйалар фракцияларын салайааччылара, Ил Түмэн дьокутааттара, биллэр уопсастыбанньыктар, суруналыыстар уонна блогердар бэйэлэрин санааларын, тус уопуттарыгар олоҕуран, профессиональнай көрүүлэрин тиэртилэр. Кыратык тыл бырахсан, мөккүһэн да ыллылар.
Ил Дархан Айсен Николаев анал туһаайыытыгар «парламент федеральнай сокуоннары эридьиэстээһининэн эрэ муҥурдаммакка, 90-с сылларга курдук, сокуону оҥорууга инники күөҥҥэ сылдьар лиидэр-эрэгийиэн буоларын ситиһиэхтээхпит» диэн чопчу соругу туруорар. Маныаха Саха сирин аҕа баһылыга Ил Түмэн аппараатын аччатан туран, бастайааннай төрүөккэ үлэлиир дьокутааттар ахсааннарын 35-кэ диэри элбэтиэххэ сөбүн ыйар. Итиэннэ бэлэтиичэскэй баартыйалартан быыбарданар дьокутааттар ахсааннарын 25%-ҥа диэри аччатан туран, уокуруктар бэрэстэбиитэллэрин элбэтэр ордук суолталааҕын бэлиэтиир. «Парламент айдаан, мөккүөр уйата буолбакка, ситиһии, дьоһуннаах көҕүлээһин төрдө буолуохтаах», – диэн этэр.
Кэпсэтиини көҕүлээччи Виктор Федоров иһитиннэрбитинэн, Ил Түмэҥҥэ кулун тутар ыйга Алексей Еремеев салалталаах оробуочай бөлөх бу боппуруоһу ырытан баран, парламент кэлэр ыҥырыытын 48 дьокутаттаах оҥорорго диэн эрэкэмэндээссийэлээбит. Маннык түгэҥҥэ 25 дьокутаат бастайааннай төрүөккэ үлэлиир кыахтанар, онтон баартыйа бэрэстэбиитэллэрэ дьокутааттар уопсай ахсааннарыттан 25%-нын ылыахтаахтар эбит.
Виктор Николаевич аһаҕас түһүлгэ кыттыылаахтарыгар ахсынньы ыйга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар уларытыылар киириэхтээхтэрин санатта. Ол кэннэ 2023 сылга ыытыллар Ил Түмэн быыбарын хааччыйар сокуоннары бэрийэрбит наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Туох ханнык иннинэ сэттис ыҥырыылаах мунньах дьокутааттарын ахсаанын чопчулуох кэриҥнээхпит. Бу түгэн барыбытын долгутар. Онон араас санааны истиэхтээхпит. Барытын сыныйан, сыаналаан, ыйааһыннаан көрүөхтээхпит», – диир уопуттаах дьокутаат Виктор Федоров.
Николай Бугаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ:
– Саҥардыллыбыт Конституциянан Арассыыйа Бэдэрээссийэтигэр биир кэлим публичнай былаас систиэмэтэ тэриллиэхтээх. Биллэн турар, бу тиһиккэ сокуону оҥорор, бэрэстэбиитэллээх уонна хонтуруоллуур уорган, Ил Түмэн, ураты суолтаты ылар. Онон Судаарыстыбаннай Мунньах кэлэр ыҥырыытын хайдах тутуллаах уонна ис хоһоонноох тэрийэрбит барыбытын интэриэһиргэтэр. Бу туһунан аһаҕас кэпсэтиини уопсастыбаннай балаатаҕа эмиэ ыытыахпыт. Барыбыт санаатын истэн, уопсай түмүккэ кэллэхпитинэ, официальнайдык билиһиннэриэхпит. Онтон тус бэйэм көрүүбэр, дойдуга да, өрөспүүбүлүкэҕэ да баартыйа тиһигэ сайдыахтаах. Холобур, урукку сылларга Госдуума быыбарыгар ортотунан 30-тан тахса баартыйа кыттар кыахтаах эбит буоллаҕына, быйыл 14 эрэ бэлэтиичэскэй баартыйа куоластааһыҥҥа киирдэ. Парламент сокуону оҥорор былаас уоргана буоларын быһыытынан, дьокутааттар аҥаардас уокуруктары эрэ буолбакка, бэлэтиичэскэй баартыйалар интэриэстэрин эмиэ көмүскүөхтээхтэр. Оччоҕо эрэ нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын хабабыт.
Гаврил Парахин, ЛДПР Саха сиринээҕи салаатын координатора:
– Олус тоҕоостоох боппуруос. Парламент үлэтин ис хоһоонуттан, кыаҕын төһө туһанарыттан Сахабыт сирин сайдыыта быһаччы тутулуктаах. Мин 8 сыл Ил Түмэн дьокутаата, 10 сыл өрөспүүбүлүкэҕэ баартыйа салайааччыта буолан туран, парламент дьокутааттарын састааба 50 да 50% гына тэҥник талыллара сөп дии саныыбын. Ол эрэн өр сылларга дьокутаат быһыытынан үлэлээн баран, Ил Түмэни хаачыстыба уонна таһым өттүнэн сайыннарар наадатын бигэргэтэбин. Былаас баартыйата дьокутааттар ахсааннарын уонна уокуруктан, биитэр баартыйаттан талыллааччылар бырыһыаннарын хамнатыыта мээнэҕэ буолбатах. Уларытыынан сирэйдээн, бэйэлэрин барыстарын көрүнэ сатыыллар. Өрүү баһылыыр өттүгэр сылдьаары. Тиһэх быыбар түмүгэ да көрдөрдө, нэһилиэнньэ былаас баартыйатыгар эрэнэрэ улам аччаан иһэр. Кэлиҥҥи сыллары ылан көрүөххэйиҥ: олохтон туораабыт биитэр дуоһунастарыттан босхоломмут кэмитиэт бэрэссэдээтэллэрин оннугар солбуктара суох!.. Биһиги быйыл «Халыма-Индигиир» уонна «Университет» уокуруктарыттан икки эдэр дьону: Евгений Рябченконы уонна Семен Макаровы туруорбуппут. Бу ыччаттар курдук буолуохтаахтар Ил Түмэн дьокутааттарын куорпуһа. Онтон билигин норуот итэҕэллээхтэринэн кимнээх талыллалларый? Үлэлэрин кыайбакка уурайбыт миниистирдэр, улуус баһылыктара. Эбэтэр университет ректордара. Кинилэр бэйэлэрин үлэлэрэ хара баһаам. Онтон тоҕо университеттан эдэр специалист, салайааччы турумматый? Ол иһин парламент таһыма үрдээбэт! Барыта дьокутаат тус хаачыстыбатыттан, бириэмэлээҕиттэн, үлэлиир, айар-тутар кыахтааҕыттан тутулуктаах эбээт. Түмүккэ этиэм этэ, ЛДПР Ил Түмэҥҥэ 70 дьокутаат хааларын туруорсар.
Вячеслав Макаров, Ил Түмэҥҥэ КПРФ фракциятын чилиэнэ, норуот дьокутаата:
– «Оптимизациянан» үлүһүйүүбүт сайдыыга тиэрдибэт. Көдьүүстээх буоллар диэн дьаһанабыт да, төттөрүтүн кыахпытын сарбыйабыт. Ол түмүгэр үлэ миэстэтэ аҕыйыыр. Онон КПРФ дьокутааттар ахсааннарын оннунан хаалларары ирдиир. Ил Түмэҥҥэ 70 дьокутаат буолара саамай сөптөөх. Салгыы өрөспүүбүлүкэ сайдыытын тэтимин батыһа өссө элбэтиэххэ баара. Сойуус саҕана Саха АССР бэрэстэбиитэллээх уорганыгар 160 киһи этэ. Ол дьон үлэ кэлэктииптэрин, олохтоох омуктары көмүскүүр, кинилэр кыһалҕаларын, санааларын тиэрдэр соруктаахтара. Син ол кэриэтэ билигин даҕаны уопсастыба араас араҥатыттан, улахан тэрилтэлэриттэн дьокутааттар туруохтарын сөп этэ. Кинилэр сонун этиилэрэ, сэргэх идиэйэлэрэ сокуон олуга, тирэҕэ буолуохтаахтар. Оччоҕо эрэ дьоҥҥо-сэргэҕэ үлэлиир, туһалыыр докумуоннар тахсаллар. Билигин 70 буолан олороммут уокуруктарбыт бары нэһилиэнньэлэрин хабарбытыгар кыахпыт, сороҕор күүспүт да тиийбэт. Аны туран Ил Түмэн бэрэстэбиитэллээх уорган эрэ буолбатах, хонтуруоллуур эмиэ бырааптаах. Маныаха ханнык сокуон дуу, бырабыыталыстыба дьаһала, биитэр судаарыстыбаннай миэрэтэ миэстэтигэр хайдах үлэлиирин эмиэ сыныйан үөрэтиэхтээхпит, кэтээн көрүөхтээхпит.
Евгения Михайлова, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бэрэсидьиэнэ:
– Мин бүгүн университеты эрэ буолбакка, «Биир ньыгыл Арассыыйа» «Дьүөгэлиилэр» диэн бастайааннай форумун аатыттан саҥарабын. Дьахтар аймах бэйэтин айылҕатынан эйэни олохтуурга, кыһамньылаах уонна харыстабыллаах буоларга дьулуһар. Ол, биллэн турар, гражданскай уопсастыбаны тутарга сирдьит, төһүү күүс буолар. Бары билэбит, Арассыыйаҕа былаас төрдө – норуот бүттүүнэ. Дьон бэйэтин баҕатынан түмсэр, бодоруһар аналлаах. Маныаха уопсастыба судаарыстыбаны салайсарга бэйэтэ талбыт дьокутааттарын нөҥүө кыттыһар кыахтаах. Ол наадатыгар парламент боломуочуйата кэҥиэх тустаах уонна сокуону оҥорор хаачыстыбата үрдүөхтээх. Холобур, бүддьүөт, нолуок, баай-дуол, сир-территория боппуруостара бырабыыталыстыба кыттыыта суох быһаарыллыбаттар. Онтон хаачыстыба туһунан этэр буоллахха, быыбардааччы үлэлиир, чахчы накааһы толоруон сөптөөх киһиэхэ куолаһын биэриэхтээх буоллаҕа дии. Оччоҕо эрэ түөлбэ, улуус, уокурук кыһалҕатын быһаартарар кыахтанар. Ханнык быыбардааччы куоластыай, өскөтүн баартыйа салайааччыта дойду таһымыгар Уһук Илик уокурук бары эрэгийиэннэрин холбоон, биир субъект оҥоруохха диэн этиини күөрэттэҕинэ? Мин тус бэйэм бу көрүүнү хайдах да ылынар уонна сөбүлэһэр кыаҕым суох. Эбэтэр биир баартыйа лиидэрэ «Уһук Илик уокурук үөрэнээччилэригэр БКСЭ-ни тохтотуохха, оҕолор ол сиргэ эрэ баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнниннэр» диэн. Хайдах оннук буолуой? Конституциянан мэктиэлэммит киһи бэйэтин бырааба буоллаҕа эбээт…
Василий Попов, «Эдэр гвардия» («Биир ньыгыл Арассыыйа») Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта:
– Манна кэлиэм иннигэр Ил Дархан көҕүлээһинин бэйэбит испитигэр ырыттыбыт, санаа атастастыбыт. Биһиги толкуйдуурбутунан, бастатан туран, парламеҥҥа норуот бэрэстэбиитэлистибэтэ баһылыыр оруоллаах буолуохтаах. Оччотугар, биллэн турар, баартыйаттан талыллар дьокутааттар ахсааннара аҕыйыыр. Кэпсэтиигэ баартыйалаахтар тоҕо айдаараллара биллэр. Кинилэр баартыйа испииһэгинэн быыбарданар буолан, бэйэлэрин тус интэриэстэрин көрөр буолуохтарын сөп. Иккиһинэн, быыбар аҕытаассыйатын саҕана дьон хандьыдаат профессиональнай таһымын болҕойбот. Ордук сирэй-харах олоруута, үп-харчы оонньооһуна, туох-хайдах өйдөбүл үөскээбитэ быһаарар оруолланар. Дьэ, онтон талан бүтэн баран биирдэ үлэ түмүгэ суоҕуттан, тыл дьыалаҕа ыпсыбатыттан хомойо эрэ сылдьабыт. Түмүккэ баҕа санаа быһыытынан эттэххэ, дьокутааттар эдэр өттүлэрэ, уопутура иликтэрэ анал үөрэххэ сылдьаллара, сокуон оҥоруу ымпыгын-чымпыгын баһылыыллара бэрт этэ. Холобур, бу хайысхаҕа ХИФУ юридическай факультета тирэх, көмө буолуон сөп.
* * *
Кэпсэтии бүтүүтэ аһаҕас түһүлгэни тэрийээччи Виктор Федоров бүгүҥҥү күҥҥэ Ил Түмэн кэлэр ыҥырыылаах мунньаҕар бастайааннай төрүөккэ үлэлиир дьокутааттар ахсааннарын 19, 25, эбэтэр 35 гынар туһунан санаа баарын бэлиэтээтэ. Ааспыт көрсүһүүгэ 25 ахсааҥҥа сөпсөспүт буоллахтарына, бүгүн 70 дьокутааты хайдах баарынан хаалларары туруорустулар.
«35 киһини бүддьүөттэн үбүлүүр, бастайааннай төрүөккэ тутан олорор кыахпыт суох. Уонна, аһаҕастык эттэххэ, өрөспүүбүлүкэбит холугар 19, 25 сөп буолар ээ», – диир Виктор Николаевич. Кэпсэтии атын кыттыылаахтара ахсааны «көннөрү» этэн кэбиспэккэ, үлэ уопсай объемуттан аттарар ордугун ыйдылар. Ким Ил Түмэҥҥэ кэлбититтэн сис кэмитиэттэри арыйбакка, бастаан үлэ хайысхаларын, кыһалҕаларын арааран, сыалын-соругун көрөн олорон, парламены тэрийдэхпитинэ биирдэ хаачыстыба таһымыгар тахсар кыахтаахпытын диэн түмүк санааны ылыннылар.
Кэпсэтии салгыы ыытыллар, чопчулааһын үлэтэ салҕанар…
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0