Ол туһунан сокуоҥҥа номнуо илии баттаммыт. Докумуон Арктика балаһатыгар үлэлиир урбааны өйүүргэ туһуланар. Ону сэргэ кини резиденнэрин быраап өттүнэн статустарын, ону ылыы төрүөтүн уонна бэрээдэгин чопчулуур, бигэргэтэр.
Арктикаҕа регистрациялаах ханнык баҕарар урбаанньыт эбэтэр тэрилтэ 1 мөл. солк үөһэ суумалаах бырайыагы олоххо киллэрэр буоллаҕына, резидент статуһун ылыан сөп. Оччотугар нолуокка уонна да атыҥҥа толору чэпчэтиилэринэн туһанар бырааптанар. Ол гынан баран, бу чэпчэтиилэр саҥа олоххо киирэр бырайыактарга эрэ сыһыаннаахтар.
Өскөтүн эрэгийиэн бэйэтин туһатыгар ылар нолуогун кыччатар түгэнигэр, сокуон федеральнай хааһынаҕа төлөнөр барыс нолуогун 10 сылга тохтотор. Ону сэргэ сиртэн хостонор баай нолуогун төнүннэрэргэ, страховой төлөбүр сорҕотун эрэ төлүүргэ кыаҕы үөскэтэр. Аны туран, портарга, эаропортарга уонна резидент бэйэтин сиригэр-уотугар көҥүл таможня зонатын көҥүллүүр.
РФ Бырабыытылыстыбатыгар этэллэринэн, маннык дьаһал түмүгүнэн, Арктикаҕа 10 сыл устата 6 трлн солк инвестиция уонна 30 тыһыынча саҥа үлэ миэстэтэ тахсара сабаҕаланар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0