«“Үҥсүү кинигэтэ” диэн ырыынак экономикатын кэминээҕи эргэрбит өйдөбүл. Конкуренция үйэтигэр саҥалыы сыһыан ирдэнэр», - диэн ааптардар бэлиэтииллэр. «Ордук саастаах дьон интернеккэ отзыв суруйарын ыарырҕатар. Маны сэргэ бары атылааһааччыл интернеттээх буолбат, сайтка киирэн атыылаһар да дьон отзыв суруйбат”, - диэн Арассыыйа атыылаһааччылар Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Петр Шелиц этэр.
Маны таһынан, саҥа быраабылаларынан, Арассыыйаҕа тас дойдуттан киирэр сорох бородууксуйалары атыыга таһаарарга бэдэрээлинэй хааччахтааһын уонна бобуу киириэн сөп. Бэдэрээлинэй бэрээдэктээһиҥҥэ өссө дьиҥнээх үүт бородууксуйатын уонна үүттэн оҥоһуллубут табаары атыылыырга ирдэбиллэр кытааттылар.
Итиэннэ саҥа быраабыла быһыытынан, маҕаһыыҥҥа сылдьан эрэ табаары хаартыскаҕа түһэрэр көҥүллэнэр. Оттон атыыһыт мантан инньэ табаарын сыанатын, ыйааһынын көрдөрөр тэриллэри туруоруохтаах.
Салгыы аны дистанционнай атыы быраабылаларын чопчулуур сорук турар. Онлайн атыы-тутуу эмиэ бэрээдэктэнэрэ ирдэнэр. Ол курдук, атыылаһааччыны кытта оферта дуогабара дьэҥкэ буолуохтаах, атыылаһааччы табаары төннөрөр тиһигэ эмиэ чуолкайданыахтаах. Бу өттө өссө ситэ оҥоһулла илик, салгыы үөрэтиллэн, саҥа быраабылаҕа киириэхтээх.
Саҥа быраабылалар кэлэр сыл тохсунньутуттан олоххо киирэллэрэ былааннанар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0