Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Ахсынньы 9-12 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха Сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациялара тэриллибитэ 33 сылыгар туһуламмыт киэҥ бырагыраамалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үтүө үгэһинэн тэрээһиннэри СӨ Тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар, Аартыканы сайыннарыы уонна СӨ норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэлэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ салайдылар.

Ахсынньы 9-12 күннэригэр Дьокуускай куоракка Саха Сирин хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациялара тэриллибитэ 33 сылыгар туһуламмыт киэҥ бырагыраамалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Үтүө үгэһинэн тэрээһиннэри СӨ Тас сыһыаннаһыыларга уонна норуоттар дьыалаларыгар, Аартыканы сайыннарыы уонна СӨ норуоттарын дьыалаларыгар министиэристибэлэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ салайдылар.

Манна даҕатан эттэххэ, уопсастыбаннай тэрилтэ 1989 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр төрүттэммитэ. Онон бу күн быйыл Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан доҕордоһуу дьиэтигэр уопсастыбаннас түмсүүлээх мунньаҕа ыытылынна, “Тоҥ балык - Тала- 2022” күрэхтэһии буолла. Бу иннинэ «Эхо тундры и тайги-2022» аҕыйах ахсааннаах Хотугу норуоттар X эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бэстибээл-куонкурус,  «Кружало» атыы-эргиэн эрээттэригэр «Айар Уус» быыстапка-дьаарбаҥка о.д.а. тэриллибиттэрэ.

Уопсастыбаннас мунньаҕа

Сүрүн тэрээһин ахсынньы 12 күнүгэр уопсастыбаннас мунньаҕыттан саҕаланна.

Президиумҥа Ассоциация бэрэсидьиэнэ, норуот суруйааччыта Андрей Кривошапкин эҕэрдэ тылыгар ахсынньы 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаевтыын кэпсэтии буолбутун туһунан сырдатта. Кинилэр Хотугу сир Аартыка эргимтэтигэр сытар оройуоннар олохтоохторун долгутар боппуруостарын ырыппыттар. Манна даҕатан эттэххэ, Ассоциация сиппит-хоппут, элбэх биллэр ситиһиилэрдээх  түмсүү буолар. Онон үгүс тыын боппуруос кинилэр нөҥүө быһаарыллара саарбахтаммат. 

Ил Түмэн бэрэсэдээтэлин солбуйааччыта  Виктор Губарев Ил Түмэн аатыттан истиҥник эҕэрдэлээтэ:

- Саха Сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын Ассоциациятын күнэ улахан бырааһынньык. Бу күннэргэ 33 сыл тухары ыытыллыбыт үлэ түмүктэрин таһаараҕыт, инники торумнары уураҕыт. Бу буола турар тэрээһин дойдубут үрдүгэр чэпчэкитэ суох балаһыанньа саҕана ыытыллар. Сахабыт Сириттэн, ол иһигэр Уһук Хотугу сир оройуоннарын кыра нэһилиэктэриттэн биһиги уолаттарбыт дойдубут туһугар киирсэллэр. Уолаттарбыт бары этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Анал байыаннай дьайыыга сулууспалааччыларга, бааһырыы ылбыттарга биир сомоҕо буолан биир дойдулаахтарбыт көмө оҥороллор. Бу үтүө холобур  уҕараабат, онуоха барыгытыгар махтанабыт.

Үгэс быһыытынан бу күн уопсастыбаннай тэрилтэлэр бастыҥ үлэлэрин билиһиннэрдилэр. үбүлүөйдээх бэтэрээннэри чиэстээтилэр.

Култуурабыт сөргүтүллэр

img 20221211 wa0035

Түөрт хонук устата ыытыллыбыт тэрээһиннэри Норуоттар доҕордоһууларын култуура дьиэтин Аҕыйах ахсааннаах норуоттары кытта ыкса үлэлиир салаата иилээн-саҕалаан ыытта. Бу туһунан исписэлиис Ольга Охлопковалыын сиһилии кэпсэттибит. Кини этэринэн, тэрилтэҕэ Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын 14 уопсастыбаннай түмсүүтэ кииирэр. Ол иһигэр араас ансаамбыллар, Ыччат сэбиэттэрэ бааллар.

10 сыл устата үтүө үгэскэ кубулуйбут сайыҥҥы бырааһынньыктары ыытабыт, ол иһигэр бакалдын, эвинек, һэйра, кильвэй. Умнуллан эрэр бырааһынньыктары сөргүтүү күүскэ барар. Холобур, туундара тиллиитэ, маҥнайгы күнү көрсүү, үрүҥ тугут төрөөһүнүн, булчут буолууну, эдэр дьону булка киллэриини о.д.а. Чукчалар отой умнууга хаалбыт кыһыҥҥы Альтаир сулус күнүн бэлиэтиир буоллулар – Пэгэтти бырааһынньыга.  Эбэҥкилэр элбэх бырааһынньыктары сөргүттүлэр. Маныаха Ассоциациялар Ытык сүбэлэрин ахтар тоҕоостоох. Кинилэр бэйэлэрин холобурдарынан ыччаты үөрэтэллэр. Төрүт култуураларын, тылларын умнубаттарыгар кылааттарын киллэрэллэр.  Олус үчүгэйдик Ыччат сэбиэтэ үлэлиир. Бэйэлэрин сугулааннарын ыытан, тиһигин быспакка кыһалҕаларын ырыталлар. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциацияларын күнэ урут биир күнүнэн түмүктэнэр эбит буоллаҕына, билигин дэкээдэ быһыытынан ыытыллар. Быйыл олус туһалаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр буоллулар, кыра норуоттар реестирдэрин толорууга, тылларын, култуураларын сөргүтүүгэ туһуланнылар.

img 20221211 wa0039

Бары билэрбит курдук, кэлиҥҥи сылларга Аартыкаҕа болҕомто улаатта. Манан сиэттэрэн, Хотугу норуоттар култуураларыгар ураты сыһыан үөскээтэ. Үҥкүүгэ туттууну-хаптыыны, таҥас киэргэлигэр, моһуонугар тиийэ атын норуоттар интэриэһиргиир буоллулар. Онон билигин аҕа уустарынан таҥастарын чөлүгэр түһэрии бара турар. Маастардар сойуустара маныаха күүстээх тирэх буолар. Кинилэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт таҥастарын айар  лабораториятын тэрийэн үлэлэтэллэр, уопут атастаһаллар. Бу салааны энтузиаст Михаил Андреев салайар. Кини  технология уонна дизайн кэллиэһин выпускнига, араас тэрээһиннэргэ таһаарыылаахтык кыттар эдэр киһи. Ассоциация күнүн чэрчитинэн мраморнай саалаҕа улахан быыстапка турда. Уус Майаттан кэлбит ыалдьыттарбытын бэлиэтиэм этэ. “Эчэчивэл” норуот ансаамбыла быйыл 30 сылын туолла. Бэртээхэй экспонаттары аҕалан көрдөрдүлэр, үҥкүүлэринэн киэргэттилэр. Ыччат көҕүлээһининэн ыытыллыбыт “Новое поколение” кэнсиэр дьон сэҥээриитин тарта. Эдэр көлүөнэ култууратыгар, тылыгар-өһүгэр дьиҥ чахчы интэриэстээҕин көрдөрдө. Үксүн араас үөрэх кыһаларын устудьуоннара, бэйэбит үлэһиттэрбит буолан түмсүбүт бырайыактара.

Эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ырыа куонкуруһугар 18 оройуонтан, Дьокуускай куораттан, маны тэҥэ Красноярскай кыраайтан, Бурятияттан, Амурскай уобаластан кытыннылар. Таһыммыт биллэ үрдээбитин бэлиэтээтибит, ол олус үөрдэр.

крив строганина

Норуокка үөрэтэр, тарҕатар иэстээхпит

Этэн аһарбытым курдук, Ассоциация күнүгэр араас Хотугу сир эргимтэ оройуоннарыттан кыттаачылар кэлбиттэр. Холобур, Томпо улууһун Тополиное нэһилиэгиттэн алта киһилээх “Маранга” ансаамбыл ырыанан, үҥкүүнэн кыттыыны ылла, быыстапка туруорда. Биир аҕам саастаах, ытыктыыр кыттааччылара Тамара Абрамова буолар. Кини табаһыт дьиэ кэргэниттэн төрүттээх, бэтэринээр бырааһынан 41 сылтан ордук үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон ииһинэн дьарыктанар.  Тамара Семеновна 60 сааһын туолан баран, сынньалаҥ кэмигэр араас күрэхтэһиилэргэ, куонкурустарга кыттыыны ылар буолбутун туһунан кэпсиир:

Киэҥ хабааннаах тэрээһиннэргэ кыттыыны ылан, онно сылдьан  олус сэргэхсийэбин. Култуурабытын тарҕатарбытыттан астынабын. Ыраах айаҥҥа сылдьарбытыгар бырайыаспытын толуйаллар, онон ороскуот суох. Бу кэтэн турар таҥаспытын илиибитинэн таба тириитин таҥастаан тигэбит. Инчэҕэй тириини таһырдьа салгыҥҥа, дьиэ иһигэр таҥастаан, араас дьэрэкээн оҕуруонан киэргэтэн кэтэбит, өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһабыт. Билигин араас оҕуруо дэлэй, киэргэтиигэ туһаныллар таҥас-сап, тирии да баар буолла, ону эмиэ кэлин үгүөрү туттар буолан эрэллэр. Бэйэбит эбээннэрбит. Таба иитиитинэн хас эмэ үйэ дьарыктанабыт. Хомойуох иһин, таба ахсаана билигин лаппа аҕыйаата. Урукку сылларга 22 тыһ. тиийэр этэ. Ол эрэн санаабытын түһэрбэппит. Бөһүөлэкпит сайдар, тупсар, олус үчүгэй саҥа дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирэллэрэ эрэли саҕар.

d415ee84 c9b8 4989 857e 7ca9e035e432

Онтон Антонина Левина эдэр сааһыттан 45 сыл устата табаһыттарга таҥас тигээччинэн үлэлээбит. Халыҥ таҥастарын эрэ буолбакка, балааккаларга тиийэ кичэйэн иистэнэ сылдьыбытын кэпсиир. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кэмигэр тирииттэн араас паннолары, киэргэллэри, олбохтору, таҥастары тигэн, норуотун култууратын билиһиннэрэр. Холобур, эбээннэр олохторун көрдөрөр паннотугар хараҕым хатанна. Тымныы, тыйыс кыһын кэнниттэн саас кэлэрэ, күн тахсыыта, тугуттар күн сирин көрөллөрө араас хартыына буолан түмүллүбүт. Панноҕа табаһыттар тугуттары адьырҕалартан харыстаан сүүрэ сылдьаллара, үлэ кэннэ дьонноругар төннөр үөрүүлэрэ көстөр. Сааскы кэмҥэ ыстаадаларынан мустан таба бырааһынньыгар наарта нөҥүө ыстанан эрээччилэр, һээдьэ тэбэн үҥкүүлээччилэр арылыччы көстөллөр.

- Бу үлэбин хас да сыл тикпитим. Кыра чаастарынан иистэммитим. Ситэ илигинэ Бурятияҕа көрдөрөн турардаахпын. Онно килиэйинэн сыһыарыы буолбакка, илиинэн таҥан тигиллибитин көрөн олус сөхпүттэрэ. Таба Хотугу норуокка суолтата ураты, барыта туһаҕа барар. Тириитэ таҥаска, этэ аска, оттон туйахтара оҕо оонньуура, муусука үнүстүрүмүөнэ буолаллар. Киэҥ култууралаах норуоппут симэлийбэтигэр, саҥата-иҥэтэ, таҥаһа-саба умнуллубатыгар биһиги, кырдьаҕастар, бэйэбит кылаапппытын киллэрэр, киэҥ араҥаҕа тарҕатар соруктаахпыт, - диэн кэпсиир Антонина Левина.

 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением