Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Быйыл бэрэпиэссэр В.В.Илларионов Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн ыытылларынан сибээстээн, биһиги хаһыаппытыгар олоҥхо ыһыаҕын туһунан элбэх ыстатыйаны суруйан бэчээттэппитэ. Бэйэтэ да суруйарынан, аммалар да билинэллэринэн, кини аммалардыын 1984 сылтан, ол аата 30 сыл, олоҥхо боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһэн кэллэ. Амма аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В.Захаров-Чээбий, Е.Е.Иванова олоҥхолорун бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга доцент Т.В.Илларионовалыын, “Бөтүҥ” түмсүү салайааччыта Т.П. Егоровалыын үлэлэспитэ. Аммаҕа ыһыахтары тэрийэн ыытыыга сүбэ-ама буолбуттааҕа. Онон Алгыстаах Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа хайдах тэриллэн ыытыллыбытын туһунан санааларын билсиһиннэрэр.

Быйыл бэрэпиэссэр В.В.Илларионов Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн ыытылларынан сибээстээн, биһиги хаһыаппытыгар олоҥхо ыһыаҕын туһунан элбэх ыстатыйаны суруйан бэчээттэппитэ. Бэйэтэ да суруйарынан, аммалар да билинэллэринэн, кини аммалардыын 1984 сылтан, ол аата 30 сыл, олоҥхо боппуруостарыгар бииргэ үлэлэһэн кэллэ. Амма аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В.Захаров-Чээбий, Е.Е.Иванова олоҥхолорун бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга доцент Т.В.Илларионовалыын, “Бөтүҥ” түмсүү салайааччыта Т.П. Егоровалыын үлэлэспитэ. Аммаҕа ыһыахтары тэрийэн ыытыыга сүбэ-ама буолбуттааҕа. Онон Алгыстаах Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕа хайдах тэриллэн ыытыллыбытын туһунан санааларын билсиһиннэрэр.

Билиҥҥи кэм ыһыахтара – төрүт үгэстэри үйэтитии

Быйылгы ыһыахтар, ханна да буоллун, дьон-сэргэ болҕомтотун тардардыы тэрээһиннээхтик ыытыллыбыттарын туһунан аныгы сибээс көмөтүнэн ыһыахха сылдьыбатах да киһи толору өйдөбүлү ылыан сөп. Ордук кэнники сылларга «Саха» НКИХ суруналыыстара ыһыаҕы анаан сырдатар буоллулар. Бу өттүнэн быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын уонна Туймаада туонатын ыһыаҕа сөптөөхтүк сырдатылынна, куйаар ситимнэригэр тахса сатаата. Доруобуйам туругунан, үксүн ыһыах тэрээһинин аныгы мультимедийнэй сибээс нөҥүө  харахпынан көрөн, кулгаахпынан истэн син толору өйдөбүлү ыллым диэххэ сөп.

Быйылгы ыһыахтарга, ордук Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар сахалыы таҥныбыт дьон-сэргэ олус элбэх. Биирдиилээн да, ыалынан да эҥин эгэлгэ сахалыы таҥаһы, норуот маастардара оҥорбут үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут илин-кэлин кэбиһэрдэри, ытарҕалары, бөҕөхтөрү, араас киэргэллэри, дьахталлар даҕаны, эр дьоннор даҕаны, эдэрдэр кэтэр буолбуттара киһини үөрдэр. Кыл сэлээппэ, төбөтүөйкэ, кур арааһа саха эр киһитин дьоһун көрүҥнүүр. Араас оһуор мандар саха дьахталларын киэргэтэр. Маннык уустаан-ураннаан оҥорууну саха маастардара былыр-былыргыттан тарбахтарын талаанынан дьүһүйбүттэрин Алгыстаах Аммаҕа төрөөбүт-үөскээбит  М.М.Носов альбомугар үйэтиппитин, биһиги кэмнэрбитигэр Мандар Уус Саха сирин улуустарынан сылдьан сыралаһан хомуйбутун искусствоведтар И.А.Потапов, В.Х.Иванов, З.И.Иванова-Унарова, этнограф учуонайдар Р.С.Гаврильева уо.д.а. научнай үлэлэригэр дириҥник чинчийбиттэрин, билиҥҥи норуот маастардара А.Н.Зверева, С.И.Петрова, «Симэх» галерея киэҥ эйгэҕэ таһаарбыттара дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдибиттэрэ  көстөр. ХИФУ фольклор уонна култуура хаапыдыратын дассыана С.И.Петрова Олоҥхо ыһыахтарын кэмпэриэнсийэлэригэр  үөрэнээччилэринээн улуустарынан сылдьан маастар кылаастары ыытара түмүктээх буолла. Ааһа баран археологическай хаһыыларга көстүбүт саха таҥаһын чөлүгэр түһэриини тэрийэн ыытар. Эбэн  эттэххэ, биллиилээх этнограф А.И.Гоголев арыйбыт Кулун Атах култуурата Амма сиригэр эмиэ баара. Аммалар онно көстүбүт туойтан оҥоһуктары эмиэ туһаннылар, ыһыах тэриллэрин оҥорор ыҥырыылаах  ыалдьыттарга сүбэниир быһыытынан туттартаатылар.

Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕа төрүт үгэстэри үйэтитиигэ, сөргүтүүгэ тускуллаах тэрээһиннэр, куонкурустар балачча  элбэхтик ыытылыннылар. Үгэс быһыытынан  ордук хото  саха таҥаһыгар, туойтан оҥоһуктарга, тимири уһаарыыга болҕомто күүһүрэн иһэрин бэлиэтиэххэ сөп. Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киириэҕиттэн, бу хайысхаҕа  биирдиилээн энтузиастар, маастардар, холбоһуктар айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ көстөр. Амматтан төрүттээх худуоһунньуктар  Н.Н.Рязанскай, У.М.Нохсорова, Н.А.Никифорова-Ойууна быыстапкалара ыһыах аһыллыан эрэ иннинэ бэрт сэргэхтик ыытылынна. Онон олоҥхоҕо уонна олоҥхоһуттарга сыһыаннаах түгэннэргэ тохтоон ааһар сиэрдээх.

 2.2.jpg

Амма — олоҥхолооһун биир сайдыбыт түөлбэтэ

Киин улуустартан аммалар номоххо киирбит Т.В.Захаров-Чээбий, олоҥхону тыйаатыр ускуустубатыгар сыһыарбыт, саха маҥнайгы оператын олоҥхоҕо олоҕуран айыыга сүдү оруоллаах У.Г.Нохсоороп, Саха Сирин олоҥхоһут дьахталларыттан биирдэстэрэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Е.Е.Иванова, олоҥхоһут-суруйааччы В.М.Нохсоо­роп ааттарынан киэн тутталлар. Олоҥхолооһун биир ураты түөлбэтэ Чээбийинэн сирэйдээн баар буола сылдьыбыта. Амма олоҥхоһуттарын олоҥхолорун сурукка-бичиккэ түһэрэн үйэтитиигэ биллиилээх этнограф-фольклорист В.Н.Васильев айымньылаахтык үлэлээбитэ биллэр. Кини  омугунан тоҥ нуучча, 1906 с. РНА эспэдиисийэтигэр кытта сылдьан, дойдутугар анаан кэлбитэ. Амма биллэр олоҥхоһуттарын Т.В.Захаров-Чээбий, М.Е.Новиков – Мэлэх Мэхээлэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олоҥхоһута Ф.Т.Егоров уонна Чурапчы биллиилээх олоҥхоһута И.Г.Теплоухов олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тиспитэ уонна Э.К.Пекарскай “Образцы якутской народной литературы” сиэрийэтигэр бэчээттэтээри биэрбитэ да, олох отуора алдьанан, бэчээттэммэккэ хаалбыттара. Саха фольклористикатын аксакала Н.В.Емельянов 1994 сыллаахха Чээбий “Ала Булкун” олоҥхотун “Образцы народной литературы”сиэрийэ салгыытын курдук бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онтон 2018 сыллаахха Чээбий төрөөбүтэ 150 сылыгар ХИФУ ХИНТуоК Үнүстүүтүн тылбаас хаапыдыратын дассыана И.В.Собакина салалтатынан тылбаастаан иккиһин таһаарбыппыт. Быйыл Олоҥхо ыһыаҕын көрсө ГЧ уонна ХААНП үнүстүүтүн фольклористара В.Н.Васильев суруйбут олоҥхолорун М.Е.Новиков-Мэлэх Мэхээлэ “Дуолан Баай Тойон, Арҕас Баай Хотун”, Ф.Т.Егоров “Дьохсоҕоллой оҕонньор,Сиэмийэхээн эмээхсин” диэннэри билиҥҥи академическай ирдэбиллэринэн бэчээттээн таһаарбыттара кэрэхсэбиллээх. Олоҥхолору бэчээккэ бэлэмнээбит А.Н.Данилова, Н.А.Оросина иккиэн миэхэ аспирантураны ааспыттара,  “Саха боотурдарыгар”, Олоҥхо ыһыахтарыгар тахсыбыт олоҥхолорго миигин кытта тэҥҥэ үлэлэспиттэрэ. Билигин бэйэлэрэ туспа буруо таһаарбыттара хайҕаллаах. Ол эрээри, тылбааһа суох олоҥхолору киирии ыстатыйаларын, кэмэнэтээрийдэрин нууччалыы суруйбуттара өйдөммөт. Саха  тылын сайыннарыахтаахпыт диэн этэбит да, үнүстүүт учуонайдара бааһынайдаан ылалларын биир бэйэм өйдөөбөппүн. Ол да буоллар, В.Н.Васильев өрөбөлүүссүйэ иннигэр суруйбут олоҥхолоро күн сирин көрбүттэрэ махталлаах.

3.3_copy_copy.jpg

Этнограф В.Н.Васильев Олоҥхо ыһыаҕын түһүн түһэрбитэ

Олоҥхолору суруйбут В.Н.Васильев фольклорист уонна этнограф быһыытынан өрөбөлүүссүйэ иннигэр балачча биллэрэ, сахалыы да билэрэ. Кини төһө да анал үөрэҕэ суох буоллар, бэйэтин баҕатынан уонна дьулуурунан билии эйгэтигэр биллэрэ, хас да этнографическай эспэдиисийэлэргэ кыттыбыта, оччотооҕу научнай сурунаалларга ыстатыйалара тахсыталыыра, кыттыбыт эспэдиисийэлэрин туһунан отчуоттары суруйара, академик Э.К.Пекарскайы кытта сибээс­тэһэрэ, түмэллэргэ, этнографияҕа кэлиэксийэлэрэ элбэх. Ол эрээри, кини туһунан киэҥ ааҕааччы бэрт кэмчитик билэр. Кини этнографияҕа суруйуулара, бэлиэтээһиннэрэ, отчуоттара билигин төрүт култуураҕа кэрэхсэбил үөскээбит кэмигэр научнай суолталара олус улахан.Амматтан төрүттээх А.Н.Ефремов ХИФУ историяҕа факультетыгар  үөрэнэр сылларыгар В.Н.Васильев научнай үлэлэрин түмэн, наардаан “Научные труды, экспедиционная деятельность и музейные коллекции по Сибири, Северу, и Дальнему Востоку” диэн дьоһуннаах кинигэни таҥан оҥорбут. Кинигэ ситэн-хотон тахсыытыгар Амма дойдунааттара (патриоттара) меценат Р.Е.Федотов спонсор быһыытынан, бэрэпиэссэрдэр Н.Н.Ефремов, А.А.Петров, музыковед В.Г.Григорьева редколлегияҕа кыттыспыттар. Ол түмүгэр Саха Сиригэр өтөрүнэн тахсыбатах академическай таһымнаах кинигэ тахсыбыт. Устуоруйа билимин дуок­тора Е.Н.Романова Саха Сирин бастакы  этнограф-историктарын В.Н.Васильев, А.А.Попов, Г.В.Ксенофонтов научнай нэһилиэстибэлэрин билим таһымынан үөрэтиигэ ситимнээхтик үлэлээһинин үтүө  түмүгэ диэххэ сөп. Амматтан төрүттээх В.Н.Васильев научнай нэһилиэстибэтэ дьоһуннаахтык Олоҥхо ыһыаҕар дьонугар-сэргэтигэр, дойдутугар ситэн-хотон тиийбитэ хойут Амматтан ааттаах-суоллаах эдэр чинчийээччилэр тахсалларыгар олук охсуоҕар саарбахтаабаппын. Кини Амма  олоҥхолорун сурукка-бичиккэ тиспитэ улахан суолталаах уонна Олоҥхо ыһыаҕа тэриллэн ыытыллар кэмигэр кини аата дьоһуннаахтык ааттаммыта биһигини барыбытын үөрдэр. В.Н.Васильев холобура суох научнай үлэтинэн Аммаҕа олоҥхо ыһыаҕын тэриллиитин түстээбит эбит диэн санааҕа кэлэҕин. Кэнники сылларга Аммаҕа төрүт култуураны сөргүтүүгэ, ыһыахтары тэрийэн ыытыыга, биллиилээх этнограф, фольклорист В.Н.Васильевтан тирэҕирэн айымньылаахтык үлэлээбиттэрин кэрэһэлиибин. Норуодунай суруйааччы Д.Ф.Наумов улуус баһылыга буолуоҕуттан ыһыахтары тэрийэн ыытыыга болҕомтотун туһаайбытын билэбин. Өр сылларга улуус баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит П.И.Емельянова бииргэ үлэлээбит баһылыктарын  А.Е.Артемьевы, А.А.Архиповы көҕүлээн, төрүт култуураны сөргүтүүгэ, сайыннарыыга аата-ахса суох тэрээһини тэрийбитэ уонна кинигэлэри, ол иһигэр олоҥхолорун бэчээккэ бэлэмнээн таһаарыыга Орто дойдуттан аттаныар диэри айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Василий ИЛЛАРИОНОВ,

ХИФУ бэрэпиэссэрэ Ааптар тус архыыбыттан

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением