– Ити соруктары быһаарарга биһиги Арктика кытылыгар инфраструктураны сайыннарыахтаахпыт. Өрүстэргэ пуорт-пууннарыы уонна муора пуордун тутуохтаахпыт. Онон Булун улууһугар Найма сэлиэнньэтин таһыгар пуорт тутуллуон сөптөөх сирин-уотун көрдүбүт, – диэн СӨ Бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко бэйэтин инстаграм сирэйигэр суруйбут.
Кини этэринэн, Найба сэлиэнньэтэ пуортка олус табыгастаах сирдээх. Бастатан туран, дириҥ хомолоох, кумаҕа бытааннык хамсыыр, тыала-кууһа биир хайысханан үрэр. Маннык хомоҕо улахан уу ааллара холкутук киирэр кыахтаахтар. Аны туран, сөптөөх хайысхалаах тыал ууну түргэнник муустан ыраастыыр. Найбаттан Арктика атын нэһилиэнньэлээх пууннарыгар эрэйэ суох тиийиэххэ сөп. Ол курдук, дьону-сэргэни, таһаҕаһы тиэрдии түргэтиир, барыстаах уонна сэрэхтээх буолар чинчилээх.
– Билигин Найбаҕа туох да суоҕун кэриэтэ. Кыылы иитэр ферма үлэлиир. Таба идэһэлиир пуун тутулла турар. Сэлиэнньэ дьоно-сэргэтэ, таһымнаах испэсэлииһэ аҕыйах. Холобур, быраастарга уонна учууталларга анаан тутуллубут 16 кыбартыыралаах дьиэ аҥаарыгар эрэ ыаллар олороллор. Онон Арктиканы дьон ыраах эрэ түөлбэ курдук саныыр буолбакка, үлэлии-хамсыы, олохсуйа кэлэрин курдук сайыннарыахтаахпыт, олоххо-дьаһахха табыгастаах оҥоруохтаахпыт, – диэн Андрей Владимирович суруйуутун түмүктээбит. #Якутия#Арктика#Семорпуть
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0