Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

Хайыы-үйэ чиэппэрин кэриҥин эмтэритэн кэлбит бу олорор үйэбитигэр, билигин аан дойду кыахтаах судаарыстыбалара Аартыканы хаттаан саҥалыы сыһытыахтаах уонна баһылыахтаах баараҕай былааннарын олоххо киллэрэллэригэр, ол муус дойду кинилэр уйаннарын-хатаннарын кытта үчүгэйдик билсиэхтээх добун түһүлгэлэригэр кубулуйар буолла диэн «үрдүк сүүстээх» элбэх сылыктааччылар эппиттэрэ-тыыммыттара ыраатта.

Хайыы-үйэ чиэппэрин кэриҥин эмтэритэн кэлбит бу олорор үйэбитигэр, билигин аан дойду кыахтаах судаарыстыбалара Аартыканы хаттаан саҥалыы сыһытыахтаах уонна баһылыахтаах баараҕай былааннарын олоххо киллэрэллэригэр, ол муус дойду кинилэр уйаннарын-хатаннарын кытта үчүгэйдик билсиэхтээх добун түһүлгэлэригэр кубулуйар буолла диэн «үрдүк сүүстээх» элбэх сылыктааччылар эппиттэрэ-тыыммыттара ыраатта.

 арктика1

Ол сабаҕалааһын ханнык да сыыһата суоҕа адьас дьэҥкэ. Икки атахтаах Улуу Куйаарга ыттан, мантан антах ыйга, онтон да атын планеталарга дугуйданар былаанын кистээбэт. Онуоха холоотоххо, Аартыка төһө да чымаан кытаанах усулуобуйалааҕын иһин, Сир ийэбит бэйэтин биир маанылаах өһөс майгылаах уола буоллаҕа. Иҥсэ-мэнэгэй кээстэрбит туолбат куртахтаахтарга, тыытылба тыҥырахтаахтарга, дьэ, кырдьыга даҕаны, били былдьаһыктаах бырта сыата буолан көөчүктүөн көөчүктээн эрдэҕэ. Аартыка планетабытыгар ситэ толору чинчиллибэккэ турар «үрүҥ бээтинэнэн» сокуоннайдык ааҕыллар. Сирин-уотун, айылҕатын баайыгар сыһыаннаан эттэххэ.

Арассыыйа, өскөтө Аартыка инникитин күөнтэһиилээх түгэннэрдээх да буолар түбэлтэтигэр, кыратык эмэтик даҕаны кэтэмэҕэйдии, чугуруҥнуу барыа суоҕа. Аартыка кини сирин-уотун улахан сорҕото буолар. Чуолаан сэбиэскэй кэмҥэ Аартыканы тус сыаллаах күүскэ баһылааһын барбытын ким да мэлдьэһэр кыаҕа суох. Дойду Бэрэсидьиэнэ В.Путин Аартыкатааҕы зонаҕа судаарыстыбаннай бэлиитикэ сүрүн хайысхаларын туһунан ыйааҕа уонна сайыннарыыга стратегията норуот билиитигэр тахсан тураллар.

Аартыканы саҥалыы баһылааһын

Сахабыт Сирэ Аартыка хонноҕор-быттыгар биир сөҕүмэр улахан иэннээх балаһаны баһылаан сытар өрөспүүбүлүкэ буолар. 13 улууспут сирэ-уота манна хабыллар. Өссө тыһыынчанан сылларга бу муус килиэ дойдуга уот оттон, оҕо-уруу төрөтөн, бэйэлэрин уратылаах култуураларын төрүттээн иччилээн кэлбит, кэлин Арассыыйа судаарыстыбатын састаабыгар киириэхтэн, официальнайа суох харабыл оруолун толорбут Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттардаахпыт.

--Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана А.Николаев Аартыканы сайыннарыыга ыйаааҕа уонна стратегията эмиэ тахсан тураллар, - диир Аартыка сайдыытыгар уонна Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар дьыалаларыгар миниистир Владимир Черноградскай.   

черноградский

  – Быйылгыттан бу дөкүмүөннэргэ этиллэр соруктары олоххо киллэрии саҕаланар. Оҕуһу – тутатына муоһуттан диэбиккэ дылы, Аартыкатааҕы улуустарбыт сайдыылара энэргиэтикэттэн тутулуктаах. Сайдыылаах энэргиэтикэ баар буолуо: бырамыысыланнас төрүттэниэ, тутуу барыа, суол-иис оҥоһуллуо, инфра-устуруктуура тэриллиэ, сайдыы барыа. 90-с сылларга экэниэмикэ уопсай сууллуутугар Саха Сирин соҕуруу өттүнээҕи чох бырамыысыланнаһа уонна АЛРОСА тоҕо эстэн хаалбатахтарай? Нерюнгритааҕы ГРЭС уонна Бүлүүтээҕи ГЭС баар буоланнар. Эмиэ ол курдук Красноярскай кыраай, Маҕадаан уобалаһа ГЭС-дээх, Чукуотка аатам ыстаансыйалаах буоланнар, бырамыысыланнастара чөл ордон хаалбыттара.

Депутатскайдааҕы ХБК, Үөһээ Дьааҥытааҕы, Өймөкөөннөөҕү хостуур бырамыысыланнастар кэхтэргэ барбыт биричиинэлэрэ биир – хас эмэ тыһыынчанан килэмиэтирдээх ыраахтаах пууннартан тиэллэн кэлэр диисэл уматыгынан хааччыллан олоруу булгуччулаах содулугар оҕустарбыттара.

Депутатскайдааҕы хайа байытар кэмбинээт оччотооҕу Сойууһу хорҕолдьунан хааччыйар соҕотох эбийиэк этэ. ХБК-ны уонна бөһүөлэги Сойуус барыта туппута диэххэ сөп. Оччолорго Усуйаана оройуонун нэһилиэнньэтэ 48 тыһыынча киһиэхэ тиийэ сылдьыбыта. Билигин Усуйаана улууһугар 55 МегаВатт кыамталаах (бу дьоҕус кыамтанан ааҕыллар) аатам төрүтүгэр үлэлиир ыстаансыйа туруоруллан, 2028 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Уопсастыбаннай экологическай истиилэр, нэһилиэнньэни кытта дьүүллэһэр, быһааран биэриилээх түмсүүлэр ыытылыннылар. Инникитин өссө даҕаны ыытыллыахтара. Аатам ыстаансыйата бастакы холонуу буолбатаҕын бэлиэтиир наада. Омук дойдуларыгар туһаныллыбыттара ыраатта. Чугастыы холобуру аҕаллахха, Чукуоткатааҕы ыстаансыйа ааспыт үйэ инньэ 70-с сылларыттан үлэлии турар.

Дьааҥы өрүс сүнньүнээҕи улуустар сирдэригэр-уоттарыгар көмүс, хорҕолдьун, о.д.а. туһалаах баай сытар. «Күчүс» көмүһүнэн улахан баайдаах сир туһаҕа таһаарыллыытыгар 38 МегаВатт кыамталаах эниэргийэни ирдиир. 55 МегаВатт кыамталаах ыстаансыйа собуокка оҥоһуллан тахсыбыттартан саамай дьоҕус кыамталаахтара буолар. Аатам ыстаансыйата олохтоммут үлэлиир болдьоҕо – 60 сыл. Ол кэнниттэн улахан бэрэбиэркэни ааһан, сулууспалыыр болдьоҕо уһатыллан бэриллиэн сөп.

Эргиэн логистикалаах кииннэрэ тэриллиэхтэрэ. Хортуоппуйу, оҕуруот астарын, араас аһы-үөлү харайарга анал эбийиэктэр тутуллуохтара. Нэһилиэктэргэ дьоҕус авиация сөмөлүөттэрэ түһэллэригэр-көтөллөрүгэр аналлаах кыра аэропортар баар буолуохтара. Бырабыыталыстыба «Эдэр табаһыт» бырагырааматынан дьиэ туттарга эдэр киһиэхэ 1 мөл. солк. харчы олохтоммута. Хотугу улуустар кииннэригэр уонна нэһилиэктэригэр балыыһа, оскуолалар, спорт эбийиэктэрэ үлэҕэ кииртэлээн бардылар. «Аартыка оҕолоро» федеральнай бырагыраама оҥоһуллар. Оҕолор ыраата сынньана баралларыгар, төрөөбүт тылларын үөрэтэллэригэр үөрэнэр босуобуйа бэчээттэниитигэр, о.д.а. үгүс тэрээһиннэр бу бырагыраама иһинэн киириэхтэрэ.

Хотугу муора суолун боппуруоһа сытыытык туруоҕа. Арассыыйа аан дойду муоратааҕы суолугар саҥалыы киириэҕэ. Тиксии муора пуордугар билигин 6 миэтэрэ дириҥнээх тимириилээх хараабыллар эрэ киирэллэр. Оттон аныгы хараабыллар дириҥ олоруулаахтар, онон онно эппиэттиир гына оҥоһуллуон наада. Тиксии байыаннай уонна наука суолталара улаханнар. Стратосфераны кэтээн көрүү лабаратыарыйата Арассыыйа үрдүнэн соҕотох Тиксиигэ эрэ баар.

 Аартыканы саҥалыы баһылааһын сэриигэ тиэрдиэ суоҕа гынан баран, билиҥҥи мучумаан кэмҥэ, аан дойдуга син олоҕуран кэлбит сиэр, бэрээдэк тутуһуллубат буолан эрэр быһыытыгар-майгытыгар, тас дойдулар өттүлэриттэн, үгэс курдук, араастаан киирии-тахсыы, үтэн-анньан көрүү, атахтыы сатааһын баар буолуон сөп. Ол гынан баран, Арассыыйаны онон чаҕытыаҥ, буолаары буолан, хотутуоҥ суоҕа. АХШ 1922 сыллаахха Врангель арыытыгар бэйэтин былааҕын анньан кэбиһэн турардаах эбит. Эдэр сэбиэскэй былаас салалтата бырачыастаан, ол былаахтарын бэрт түргэнник уһултарбыт. Сыалаах куһуокка ымсыырааччы, кулук-халык буолааччы, иннигинэн-кэннигинэн сүүрүкэлээччи, мунааҕа суох, уруккутааҕар билигин өссө элбэҕин да иһин, араас кыыбаҕалаах сыалларын-соруктарын ситиһиэхтэрэ суоҕа. Күллээх хокуосканы ылыахтара.

эвекн

Уйуохпут дуо?

Миниистир кэпсээнэ итинник. Ол «үрдүк сүүстээх» сабаҕалааччылар, сылыктааччылар тугу да туойдуннар. Арассыыйаны бүк баттаан, былдьаан ылбыт билиҥҥитэ ким да суох. Миигин, төрүт олохтоох киһини, атын суол долгутар. Ханнык да саарабыла суох, бу үйэҕэ Аартыка айылҕатын баайыгар уопсай киэҥ хабыылаах кэрээнэ суох кимэн киирии саҕаланаары турар быһыылаах. Туох барыта төлөбүрдээх буолар, ол иһигэр сайдыы эмиэ. Этиллэр сайдыы дааргытык олоххо киирэр буоллаҕына, ол төлөбүрэ өссө улахан буолуон сөп.

Биһиги, хотугу сир олохтоохторо, олохпут сайдарын туһугар биэрэр төлөбүрбүт быдан улахан буоларын курдук, Айбыт, быһыыта, айан кэбиспит быһыылаах. Сахабыт Сирэ сайдарын туһугар түгэҕин түөрэ хостуохха наада. Сайдыыта суох олорор сатаммат, кыаллыбат да курдук. Оттон атыннык олорорго баҕалаах буоллахпытына, ити этиллэр ыарахан төлөбүр булгуччу төлөнүөн наада.

Арассыыйа Аартыката, урукку таһымтан сыаналыыр буоллахха, сайда сылдьыбыт кэмнээх. Онон, бу былааннанар сайдыы олоххо киллэриллэр толору кыахтаах. Арай киһи сээбэҥниирэ диэн баар: аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттарбыт ол кэлиэхтээх сайдыыны уйуохтара дуо? Бу этэрбин бэйэҕит төһө баҕарар сайыннаран, кэҥэтэн биэриҥ.

Прокопий Иванов

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34
Уопсастыба

«Үрүччэ» 35 сыла!

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускайга «Сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан» диэн тылынан уус-уран айымньы…
10.12.24 09:22