Муҥ саатар, чуолкай информация суоҕа үгүс дьону буккуйда. «Амма кытылынан үүнэр уонна ураты харыстанар зонаҕа мас кэрдиллибэт», «Аммаҕа маһы кэрдэр туһунан информация сымыйа», «Маһы барытын буолбакка, үүнэн бүппүт, сиппит эрэ маһы кэрдэллэр», «Ааспыт экспертиза түмүгүнэн аккаас кэлбитэ. Билиҥҥи туругунан саҥаттан көрөр буоллулар»...
Чэ, ити курдук уҥуоҕа суох эриллэҕэс этиинэн дьон төбөтүн булкуйуу, хомойуох иһин, баар суол.
Киһи да сонньуйар: кэрдэбит эрээри — кэрдэн испэппит, кэрдибэппит эрээри — кэрдиэх курдукпут... Ким эрэ куттанан саҥарбат, ким эрэ толлон тохтуур. Ким эрэ сэрэнэр-сэрбэнэр.
Түксү. Баары-баарынан кэпсиэххэ, этиэххэ наада.
Маһы күһүҥҥэттэн кэрдиэхтэрэ
Иккис экспертиза Амма баһыгар маһы кэрдэри боппута. Ол туһунан официальнай докумуон СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сытар. Маһы кэрдии докумуонугар, арай, уларытыылар киирбиттэр. Ол курдук, «маһы Амма өрүс сүнньүнэн буолбакка, Амма эбэ тайаан сытар территориятынан, итиэннэ Алдан, Томмот эҥэр туох баар ирдэбили тутуһан туран кэрдэбит» диэн суруллубут. «Ураты харыстанар тыа кыыла-көтөрө, үүнээйитэ кэрдиллэр учаастакка көстөр түгэнигэр, ол тыаны ырааҕынан ойдом хаалларабыт», — диэн эрэннэрэр арендатор.
Маһы кэрдии боппуруоһа күөрэйээтин кытта, “Эйгэ” уопсастыбаннай экологическай түмсүү салайааччыта Валентина Дмитриеваны кытта кэпсэппитим. Кини этэринэн, Георгий Маслобойников уопсастыбаннай экологтар ыйбыт пууннарын барытын учуоттаан туран, көннөрүллүбүт докумуону иккистээн экспертизаҕа биэрбит.
—Хайыы-үйэ «положительнай» хоруй кэлбитин кэннэ, биирдэ биһиэхэ эрийэн: "Уопсастыбаннай экспертизаны хос ыытаҕыт дуо?" — диэн ыйыттылар. Дьиҥэр, эрдэттэн сэрэтиэхтээх этилэр. Оччотугар сылааһына дьону хомуйан, уопсастыбаннай экспертизаны кэмигэр оҥоруохтаах этибит. Хомойуох иһин, уопсастыбаннай экспертиза түмүгүн мэктиэлиир (рекомендациялыыр) сурук эрэ быһыытынан ылыналлар, — диир Валентина Дмитриева.
Маслобойников туох диир?
Дьэ, "ытырбытын ыыппат" диэн «Ангара» уонна «Вудленд24» тэрилтэлэр генеральнай дириэктэрэ Георгий Маслобойниковы ааттыахха сөп эбит. Бу үлүгэр утарылаһыы буола турдаҕына, кыратык да ымыттан көрбөккө, тэппит атаҕын кубулуппат киһи буолан биэрдэ.
—Мин сиппит эрэ маһы кэрдэр соруктаахпын. Итиэннэ маһы кэрдии бары технологиятын учуоттаан туран үлэлиэҕим. Манна сир кырсын алдьаппат гына эрэһиинэ тирэхтээх тиэхиньикэни туттабын. Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри тыытыам суоҕа диэн эрэннэрэбин. Охторуллубут мас тас дойдуга хоро таһыллыа суоҕа. Олохтоох нэһилиэнньэни үлэлэтэргэ бэлэммин. Кыаммат ыалга чэпчэки сыанаҕа дьиэ-уот тутуутугар, оттук маска көмөлөһүөхпүн, сэрии, тыыл бэтэрээннэрин өйүүр бырагыраамаларга ылсыахпын сөп, — диэн этэр «андаҕар» тыла уларыйбат.
Этнологическай экспертиза оҥоһуллубатах
Ол да буоллар, "Уу ханан баҕарар быыс булар" диэн өс хоһооно баар. Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева: "Мас кэрдиллэр сиригэр-уотугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар төрүт общиналарын бултуур-алтыыр сирдэрэ киирэ сылдьар", — диэн эттэ.
—Өскөтүн бу сиргэ мас кэрдиитэ барар түгэнигэр, төрүт община аһаан-таҥнан олорор усулуобуйатыгар уларыйыылар тахсаллара саарбахтаммат. Маннык киэҥ далааһыннаах бырамыысыланнас кэллэҕинэ, булт-алт тэскилиирэ чахчы. Онон балысхан бырайыагы олоххо киллэриэх иннинэ, бастатан туран, этнологическай экспертиза ыытыллыахтаах этэ. Онон бу боппуруоска салгыы үлэлиэхпит, — парламентарий тоһоҕолоон эттэ.
Ирбэт тоҥ көмүскэлгэ наадыйар
Алдьархай ааҥныы илигинэ айылҕабытын харыстыыр наадатын бары билэбит. "Сокуон тыла ыйааһыннаах" диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ үһү дуо? Төһө да айман, сулан-кэлэн, ууга талаҕынан суруйбут тэҥэ. Онон сокуонунан көмүскэллээх буолуу бары өттүгэр баһыйар өрүттээх буоларын бэркэ биллибит. Амма тыатын кэрдиитин суут эрэ тохтотор кыахтаах. Ол аата бары өттүттэн докумуон үлэтэ сиппит-хоппут, дьэҥкэ буолуохтаах.
Мантан сиэттэрэн, Арктика кыһалҕаларын тула мунньах буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ ирбэт тоҥу анал сокуонунан хонтуруолга ылар наадатын эттэ. Парламент сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев: "Ирбэт тоҥу сөптөөхтүк туһаныы уонна харыстааһын" диэн федеральнай сокуон барылын парламент оҥорбута", — диэн иһитиннэрдэ. «Мантан салгыы докумуон федеральнай таһымҥа ылыллара наада. Оччоҕуна аҥардас олохтоох эрэ нэһилиэнньэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа сирэ-уота чөл, ол аата экэниэмикэ, олох-дьаһах бары эйгэтэ бигэ туруктаах буолуоҕа. Хоту сиргэ вахтанан үлэ, сири туһаныы, табаһыттар, булчуттар, балыксыттар бырааптара мантан быһаччы тутулуктаах», — диэн Владимир Михайлович быһааран эттэ.
Сир ириитэ араас төрүөттээх. Манна киһи дьайыыта биир сүрүн оруолу ылар. Кэрээнэ суох маһы кэрдии, бырамыысыланнас экосистиэмэни алдьатар адьынаттаах.
2020 cыл ыам ыйын 29 күнүгэр Норильскайга улахан саахал буолбута ирбэт тоҥу кытта быһаччы сибээстээх. Манна ТЭЦ-3 резервуара уонна бетон былаһаакката сир ириититтэн көөрөттөн, 21 163 туонна ньиэп Далдыкан уонна Амбарнай өрүстэргэ түһэн, тулалыыр айылҕаҕа сүдү хоромньуну таһаарбыта. "Маны үпкэ таһаардахха, 147,8 млрд солкуобайга тэҥнэһэр", — диэн Росприроднадзор иһитиннэрэр.
Онон алдьархай ааҥныы илигинэ, эрдэттэн дьаһанар хаһан баҕарар ордук. Ирбэт тоҥу сокуонунан харыстыыр саамай сөптөөх дьаһал буолуох тустаах.
Уопсастыбаннас эрэ кыайар кыахтаах
От ыйын 22 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбаннай палаататын көҕүлээһининэн мунньах буолла. Бу мунньахха Амма, Алдан тыатын арендатора Георгий Маслобойников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Экологияҕа миниистирэ Сахамин Афанасьев, Амма, Алдан улууһун бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннас көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Мунньах видео-кэмпириэнсийэ киэбинэн барда. Онно этиллибит бары санааны хаһыат балаһатыгар батарар кыах суох. Биллэн турар, уопсастыбаннас маһы кэрдэри утарар. Экология министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, итиэннэ Георгий Маслобойников бэйэтэ эрэннэрбитинэн, маһы кэрдии бары ирдэбилэ толору туһаныллар, итиэннэ туох баар ыытыллар үлэ СӨ Экологияҕа, айылҕа баайыгар уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин хонтуруолугар ылыллар.
Ол эрээри Георгий Маслобойников: “Мас кэрдиллиэхтээх. Оччоҕо ойуур ыраастанар. Ол сиргэ саҥа мас үүнэр. Сыллата улахан баһаардар оччолоох ойууру суох оҥороллор буолбаат?» — диэн эппитин үгүстэр сөбүлүү истибэтилэр. Экологтар, чуолаан, ураты харыстанар кыыл-сүөл, үүнээйи дьылҕатын турууластылар. "Өскөтүн мас кэрдэ сылдьан, эндемит үүнээйини көрсө түстэххэ, бүтүн тыаны арыылаан, атын сиргэ баран кэрдиэҥ дуо?" — диэн ыйыттылар, арендатортан туоһуластылар.
Аны туран, дьон: "Ол харыстанар үүнээйи көрүҥүн араарар дьон үлэлиэ үһү дуо?" — диэн саарбахтыылларын эттилэр. Кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйини алдьатар-кэҕиннэрэр сокуон өттүнэн Маслобойниковка да сыанан аҕаабат ини. Кылаабынайа, тустаах хонтуруол дьэҥкэтик үлэлиэн наада.
Атырдьах ыйын саҥата уопсатыбаннас түмсэн, кэрдиллэр сир-уот туругун, үлэ хаамыытын билсэ, Алдаҥҥа аттаныахтаах. Дьэ, онно Амма, Алдан тыатыгар дураһыйбыт Георгий Маслобойниковтыын атах тэпсэн олорон, миэстэтигэр көрсөн, сүбэлэһэн, салгыы дойдубут айылҕатын хайдах көмүскүөххэ сөбүн торумнаһар күүстээх үлэ күүтэр.
Дойду туһугар сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар дьон санаатын истиэх
Айылҕа харыстабыла сокуоҥҥа олоҕуруохтаах
Степан Нестеров, Амма улууһа:
—От ыйын 17 күнүгэр «Проблемы освоения и сохранения природных ресурсов Арктики на примере РС(Я)» диэн тиэмэлээх Ойуур национальнай форумун онлайн "төгүрүк остуола" буолла.
Мунньахха РФ Бырабыыталыстыбатыттан, араас министиэристибэлэриттэн, уопсастыбаннай тэрилтэтэриттэн — барыта 87 киһи Арассыыйа араас муннуктарыттан кытыннылар. Сугулааны РФ Судаарыстыбаннай Думатын айылҕа ресурсаларыгар уонна сир сыһыаннаһыыларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев ыытта. Саха сириттэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, сис кэмитиэттэр бэрэссэдээтэллэрэ Владимир Прокопьев, Елена Голомарева, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Сахамин Афанасьев уо.д.а. кытыннылар.
Тугу көрбүппүттэн-истибиппиттэн адьас кылгастык бэйэм санаабын эттэххэ маннык: "төгүрүк остуолга" кыттыбыппыттан астынным даҕаны, кыһыйдым даҕаны...
Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ бэйэлэрин көрүүлэрин суруйаллара, көрдөрөллөрө чахчы. Оттон мин айылҕабытын утары бу буолбут, буола турар куһаҕан дьайыылар барыта Арассыыйа үрдүнэн айылҕабыт харыстабылыгар туһуламмыт сокуоннарбыт ситэтэ суохтарыттан эбит диэн санаабын бигэргэттим.
Икки холобуру кэпсиим: бастатан туран, Сахамин Миланович сокуон ситэтэ суоҕуттан федеральнай үп мөлтөхтүк кэлэрин, алта сыл устата Саха сиригэр тыа баһаарын умулларыыга 150 мөл. солкуобай иэстээхтэрин эттэ. Иккиһинэн, Елена Христофоровна Саха сирин төрүт олохтоохторун көмүскүүр сокуон ситэтэ суоҕуттан кэлии бырамыысыланнай хампаанньаларга барыта көҥүлүн, онтон олохтоох киһи түөрт балыгы туттаҕына, улахан ыстыраапка сууттанарын иһитиннэрдэ.
Ол эрээри, доҕоттоор, биһиги өбүгэлэрбит айылҕа сокуонунан олорон, айылҕа оҕото буолан, баччаҕа диэри тиийэн кэллэхпит. Онон сокуон сокуонунан, оттон айылҕаҕа сыһыаммыт кини сокуонугар олоҕуруохтаах.
"Аммам туһугар сүрэхпинэн-быарбынан ыалдьабын"
Иоганн Максимов, учуонай, уопсастыбаннай деятель, Саха АССР атомнай бырамыысыланнаһын бэтэрээнэ:
— Мин эколог буолабын, айылҕа-киһи-үс кут чөл буоларын туһугар туруулаһабын. Амма маһын кэрдиини Ийэ айылҕаҕа, бүтүн Саха сирин айылҕатыгар дураһыйыы курдук ылынным. Амма айылҕата олус нарын, уйан. Олохтоохтор тус наадаларыгар эрэ тутталларыгар мас кэрдэр бырааптаахтар.
Урут сэбиэскэй былаас саҕана киэҥ-куоҥ далааһыннаах бырайыактар бүтүн Хотугу Азияны хабар соруктаахтара. Онно Амма тыатын кэрдии былааҥҥа эмиэ баара. Ол саҕана бүтүн дойду Ангара ыраас уутун туһунан ырыаҕа ыллыыра... Сибиир улуу суруйааччыта Валентин Распутин Сибиир айылҕатын чөл хаалларар туһугар төһөлөөх сыратын-сылбатын, доруобуйатын ууран туран турууласпытай? Билигин Ангара барахсан Сибиири баһылааһын, дьон сири-уоту хайдах айгыратарын туоһулуур сааттаах хара мэҥ буолбутун бары көрөбүт...
Олоҕум муҥур уһугар тиийбиччэ, аныгы электроннай толкуйдаах ыччакка киһи айылҕаҕа сыһыана төлкөнү түстүүр, дьылҕаны быһаарар суолталаах диэн тиэрдиэм этэ. Кэнники 80-100 сылга, бэрт кылгас кэм иһигэр диэххэ, «икки атахтаах илиэһэй” (тылбын-өспүн баалаамаҥ) технократическай дьайыытынан тулалыыр эйгэ химиятын тосту уларытта, олохпут биосферата оҥоһуу “техносфераҕа” кубулуйда. Харчыга охтуу, ырыынак үйэтэ экология сатарыйыытын өссө күүһүрдэр. 80-c cылларга аммалар, норуот ырыаһыта О.П. Иванова-Сидоркевич буоланнар, Үөһээ Аммаҕа мас кэрдиитин былаанын тохтотон турардаахтар. Ол саҕана социальнай араҥанан араастаһыы суоҕа, уопсастыба тэҥ социальнай балаһыанньалааҕа. Билигин хартыына чыҥха атын: аҥардастыы бас билэр, туһанар адьынаттаах уопсастыбаҕа олоробут, майгы-сигили ырыынак эргииригэр хам баттаммыта быданнаата. “Айылҕа суотугар, Айылҕаны утары уонна Айылҕа сэмнэҕэр капитализм бэйэтин олоҕун оҥосто сатыыр ", —диэн З. Бзежинский эппитэ уот харахха.
Маннык салгыы барар табыллыбат. Олоҥхоҕо кэпсэммит Орто туруу бараан дойду хайыы-үйэ ынчык ырыатын ыллыыр. Ааспыт сыллааҕы Өлүөнэ эбэ уолуутун санааҥ, Сибиир тыатын кытайдар тараахтаан эрбээбиттэрин ылан көрүҥ. 2020 сыл бүтүн аан дойдуну атыйахтыы аймаата. Бу барыта Ийэ Айылҕа этэ сатыыр элэ-была тыла буолар.
"Амма маһын кэрдии тохтотулунна", — диэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бэйэтинэн эппитэ эбээт. Ол да буоллар, СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ быһаарарынан, тыа күөх зонатыттан ураты кэмиэрчэскэй кэрдии барар. «Ангара» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни кытта үс көлүөнэни уҥуордуур (2065 сылга диэри) дуогабар түһэрсиллэн турар. Уопсастыбаннас Забайкальеҕа, Красноярскай кыраайга холоонноох алдьатыылаах-кээһэниилээх кэрдиини утарсар. Уопсастыбаннай хонтуруол ойууру кэрдии технологиятын эрэ хонтуруоллуур кыахтаах. Итиэннэ экспертиза географияҕа эрэ сыһыарыллан оҥоһуллубут. Геофизика, биология өттүттэн Амма эбэ уутугар хайдах бу дьайыаҕа ыйыллыбатах. Хомойуох иһин, маннык балысхан бырайыак хоруйа суох ыйытыыта олус элбэх...
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0