220 үөрэнэр уонна кырачааннар сылдьар 100 миэстэлээх оскуола-уһуйаан Өктөм олохтоохторугар бэртээхэй бэлэх буолла.
«Өктөм оскуолатын саҥа дьиэтин тутуутун боппуруоһа көтөҕүллүбүтэ ыраатта. Наукаҕа уонна инновационнай бэлиитикэҕэ судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлиир кэммэр 4 сыл Өктөм сэлиэнньэтин курируйдаабытым, онон бу өр күүппүт баҕа санааларын туолуута буоларын билэбин», -- диэн эттэ Ил Түмэн доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Любовь Явловская.
Ситэриилээх былаас отчуотугар өктөмнөр оскуола саҥа дьиэтин тутуутун мэлдьи туруорсаллара. «Бүгүн норуот дьокутаатын быһыытынан эһиги үөрүүгүтүн үллэстэбин. Бу оскуола кэскилгэ, билиигэ, ситиһиигэ, сайдыыга ааны арыйыаҕа», -- диэн парламентарий эҕэрдэлээтэ. Үтүө суобастаах үлэлэрин уонна өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин салаатыгар кылааттарын иһин Любовь Леонидовна Өктөм П.И. Шадрин аатынан орто оскуолатын кэлэктиибигэр Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, иһитиннэриилэри киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева Махтал суругун туттарда. Өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар өҥөтүн иһин Ил Түмэн Бочуоттаах грамотатынан Өктөм нэһилиэгин баһылыга Александр Большаков наҕараадаланна. Александр Николаевичка норуот дьокутаата таһаарыылаах үлэтин иһин махтанна, бу оскуола тутуутугар улахан үтүөлээҕин бэлиэтээтэ.
Оскуола-уһуйаан саҥа дьиэтин аһыллыытын сиэрэ-туома, үгэс курдук, алгыһынан саҕаланна. Алын уонна үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэрэ, итиэннэ учууталлар эҕэрдэ үҥкүүтүн толордулар. Оскуола хора үөрэнэр кыһаларын өрөгөйүн ырыатын ыллаан ньиргиттэ.
Ил Дархан Айсен Николаев: «2018 сыллаахха учууталлары уонна үөрэнээччилэри кытары көрсүбүтүм уонна оскуола саҥа дьиэтин туттарар туһунан быһаарыныы ылыммытым», -- диэтэ. Кини «Сэттэ» тутуу тэрилтэтигэр махталын биллэрдэ. “Сэттэлэр” нэһилиэктэргэ үөрэх тэрилтэтин дьиэлэрин тутууга көхтөөхтүк кытталлар, хаачыстыбалаах, тупсаҕай оҥоһуулаах эбийиэктэри болдьоммут кэмигэр киллэрэллэр”, -- диэн хайҕаата. «Күндү оҕолор, эһиги оскуола-уһуйааҥҥыт бачча үчүгэй саҥа дьиэтигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, кыһаллан үөрэниҥ уонна дойдугут дьоһун дьоно буола улаатыҥ», -- диэн Айсен Николаев туһаайан эттэ.
СӨ Баһылыга судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда, оскуолаҕа үөрэнээччилэри таһар оптуобус атыылаһарга сэртипикээт бэлэхтээтэ. Маны таһынан Ил Дархан Хаҥалас улууһун сиригэр турбут ойуур баһаарын бохсууга үлэлээбит дьону наҕараадалаата.
Өктөм олохтоохторун Хаҥалас баһылыга Олег Иренеев улуус олохтоохторун аатыттан эҕэрдэлээтэ. Оскуола-уһуйаан аныгылыы саҥа дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитинэн өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанна.
Оскуола-уһуйаан саҥа дьиэтэ «Үөрэх» национальнай бырайыагынан тутуллубут. Эбийиэк иэнэ 5300 кв. м. тэҥнэһэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0