Төрөппүттэр уонна «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүүлэр саҥа оскуолаҕа саха оҕото төрөөбүт тылынан үөрэнэригэр, төрүт итэҕэлин, култууратын иҥэринэригэр сөптөөх усулуобуйа тэриллиэ дуо диэн долгуйаллар. Ол иһин тохсунньу 31 күнүгэр «Россия — моя история» түмэлгэ бэрт истиҥ кэпсэтии буолан ааста. Кэпсэтиигэ «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү көхтөөх дьоно, оскуола дириэктэрэ уонна төрөппүттэр кытыннылар.
«“Прометейга” 90% сахалар олороллор, биллэн турар, кинилэр оҕолорун сахалыы үөрэтиэхтэрин баҕараллар. Төрөппүттэр оҕобутун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа төрөөбүт тылбытынан үөрэтэбит диэн Төрүт сокуонунан мэктиэлэммит бырааптаахтар.
Айылҕаттан наһаа сэмэй, көһүүн буолан, ол быраабынан туһанар, туруулаһар киһи бэрт аҕыйах. Үгүстэр саха кылааһа суох диэни иһиттэхтэринэ оҕону оскуолаҕа киллэрбит эрэ киһи диэн нуучча кылааһыгар биэрэн кэбиһэллэр», — диэн этэр Виктор Борисов, «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү биир көхтөөх киһитэ.
Төрөөбүт тылын билбэт оҕо төрөөбүт литературатын, төрүт итэҕэлин, национальнай култууратын билбэт буолан барытыттан тэйэн хаалар. Улаатан баран оҕо төрөөбүт тылын билбэтиттэн кэмсиммэтин, атын омуктар сирэй-харах астахтарына сирэйэ кытарбатын туһугар төрөппүттэр билигин сөпкө дьаһаныахтаахтар.
Таҥнары аҕытаассыйаҕа киирэн биэримэҥ
Вилюяна Никитина, «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү салайааччыта кэпсииринэн, оҕону нууччалыы кылааска киллэрэ сатаан, куорат сорох оскуолалара араас албаһы тутталлар.
Холобур, «Саха кылааһа кыайан арыллыбат, ол иһин нууччалыы суруйуҥ», — дииллэр. Оччотугар оскуолаҕа киирэ сатыы сылдьар дьон уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, нууччалыы кылааска оҕолорун биэрэн кэбиһэллэр.
Аны сайабылыанньаҕа тыл киэнигэр харандааһынан суруттарар оскуолалар эмиэ бааллар. Түмүгэр харандааһынан суруллубут сайабылыанньалар нууччалыы диэн буолан хаалаллар.
«Итинниккэ киирэн биэрбэт туһугар төрөппүттэр сайабылыанньаны барытын түмэн, биирдэ илдьэн биэрээччибит. Сорох төрөппүттэр саха тылын биридимиэт эрэ быһыытынан үөрэтэбит диэн талаллар. Нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ саха тылын үөрэппит оҕо куоракка «нуучча» буолар, бэйэтин санаатын сахалыы кыайан эппэт. Оскуолаҕа оҕону сахалыы үөрэтиини тутуһар дьон ол санааларыттан туоруо суохтаахтар», — диэн быһаарар Вилюяна Никитина.
Төрөөбүт тылынан үөрэнэр оҕо икки тыллаах буолар, икки тылынан толкуйдуур, бэйэтин санаатын толору этэр кыахтанар.
Дьон көҕүттэн тутулуктаах
Марина Прокопьева, 39 №-дээх оскуола дириэктэрэ этэринэн, сахалыы кылаастар төһө сайаапка киирэринэн таҥыллыахтара. Саҥа дьыл иннинэ «Ийэ тыл кэскилэ» түмсүү төрөппүттэртэн илии баттааһын хомуйбут, оҕобутун сахалыы үөрэтэбит диэн 300 тахса киһи илии баттаабыт, оттон оскуола 990 миэстэлээх.
Онон «Прометей» түөлбэтигэр аһыллар саамай улахан оскуолаҕа төһө элбэх оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэрэ, сахалыы эйгэ хайдах тэриллэрэ төрөппүт көҕүттэн, кини туруорсуутуттан быһаччы тутулуктаах. Оскуола кэнсиэпсийэтэ төрөппүт баҕатын учуоттаан, ыраас илиистэн суруллуоҕа. Баҕалаах дьон иккис «Айыы кыһатын» да оҥоруохтарын сөп.
Өскөтүн төрөппүттэр улахаҥҥа уурбакка аһардан кэбистэхтэринэ, куоракка олохсуйбут нууччалыы иитиигэ охтон хааллахха, төрөөбүт тылларын билбэт, сахалыы сатаан саҥарбат дьон тахсыахтара. Оннук дьону хайа омук ытыктыай?
P.S. Саҥа аһыллар оскуолаҕа оҕону төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ анаммыт кэпсэтии туһунан сиһилии «Ил Түмэн» хаһыакка ааҕыҥ.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0