Баҕар, ким эмэ “полифабрикат эрэ элбэх ини” дии саныаҕа. Ол гынан баран, дьиҥнээх 1 суортаах эттэн, балыктан, биир да туора эбиилиги туттубакка эрэ астыыр киһи тарбахха баттанар. Үгүс урбаанньыт полуфабрикка 2-с суортаах сырьену, тобох-ибэх аһы-үөлү, оту-маһы туттар.
Күн бүгүн эдэр урбаанньыттар бородууксуйаларын элбэх киһи биһирээтэ. Ол өйдөнөр даҕаны. Сыстыганнаах ыарыы тарҕана турар кэмигэр, чөл туруктаах сылдьарга, иҥэмтэлээх ас-үөл тугунан да солбуллубат.
– Дьоҕус сыах арыйар туһунан санаа хаһан киирбитэй?
Василиса: Идиэйэтэ быйыл саас үөскээбитэ. Биир үтүө күн оскуолатааҕы доҕорум Андрей: “Полуфабрикаттарынан кыттыһан дьарыктанан көрбөппүт дуо?” – диэн этиилээх киирэн кэлбитэ. Кини бэйэтэ асчыт идэлээх. Саха политехническай лиссиэйгэ шеф-поварынан үлэлиир. Мин кини идиэйэтин сөбүлээбитим. Онон ону уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка, балаһыанньаны ырытыһан баран, биисинэс-былаан суруйбуппут. Онтон “Мин биисинэһим” кииҥҥэ тиийбиппит. ИП-бытын регистрациялаабыппыт.
Андрей: Манна биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Урбаанньыт буолуон баҕалаах дьоҥҥо “Мин биисинэһим” киин олус туһалаах эбит. Үлэһиттэрэ наһаа эйэҕэстик, кыһамньылаахтык сыһыаннаһаллар. Барыны бары быһааран, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Ханнык баҕарар мунаахсыйар боппуруоска толору хоруйу ылыахха сөп. Билигин судаарыстыба көмөтө, чахчы, улааппыт дии санаатым. Туохха барытыгар көмөлөһүөх, сүбэлиэх курдуктар. Холобур, биһиги олус кылгас кэм иһигэр урбаанньыт буоллубут. Ону таһынан, анал сайаапка толорон, Биисинэс-инкубатор кэтэхтэн резиденнэринэн киирдибит. Инньэ гынан эрэкэлээмэҕэ, биисинэһи сайыннарыыга араас өйөбүллэринэн, чэпчэтиилэринэн толору туһанар кыахтанныбыт.
Онон, судаарыстыба үлэлиэн баҕалаах дьоҥҥо усулуобуйа бөҕө олохтуурун илэ биллибит.
– Эмискэ ыллыҥ да, саҥа дьыаланы саҕалаабат буоллаҕыҥ. Бастакы хапытаал наада. Эһиги сыаххытын арыйаргытыгар хантан үп-харчы буллугут?
Андрей: Бэйэбит эрдэттэн уурунуу харчылаах этибит. Ону барытын уган, сыахпытын арыйдыбыт. Үчүгэйэ диэн, биир да кирэдьииккэ киирбэтибит. Барытын иккиэн кыттыһан ыллыбыт. Аһынан-үөлүнэн дьарыктанар буоллаххына, СанПин, о.д.а. элбэх ирдэбиллэри тутуһуоххун наада. Ону барытын тэрийэргэ элбэх харчы ирдэнэр. Онон уопсайа 1 мөлүйүөн солк. курдук ороскуотурдубут.
– Сыах оҥосторго туох оборудование ирдэнэрий? Ону хантан ыллыгыт?
Василиса: Сыахпыт малын-салын барытын Дьокуускайтан атыыластыбыт. Онон транспортировкатыгар ороскуотурбатыбыт. Ас астааһына – олус элбэх ирдэбиллээх дьарык эбит. Холобур, балыкка, эккэ, кууруссаҕа тус-туһунан остуоллары, халадыынньыктары, о.д.а. көрдүүллэр. Ити барыта олус сыаналаах.
– Коронавирус дьаҥа элбэх урбаанньыты эстэ. Оттон эһиги үлэҕит-хамнаскыт билиҥҥитэ ситиһиилээхтик баран иһэр. Сакаас да элбэх эбит. Туох кистэлэҥнээххитий?
Василиса: Кистэлэҥмит үлэбит сүрүн идиэйэтигэр сытар. Ол курдук, биһиги бородууксуйабыт барыта “натуральнай”, ол аата туох да эбиилигэ суох сибиэһэй ас-үөл. Маны барытын “Сахаагропродукт” тэрилтэттэн дуогабарынан ылабыт. Билиҥҥитэ кэпэрэтииби кытта сыһыаммыт олус үчүгэй. Кинилэр биһигини сибиэһэй этинэн-аһынан хааччыйаллар уонна оччо суумалаах бородууксуйанан төттөрү төлөбүрү ылаллар. Биллэн туран, эт-ас (сырье) бородууксуйа буоллаҕына, сыаната биллэ үрдээн тахсар. Онон ити сыана араастаһыытыгар үөскүүр ордук бородууксуйа бэйэбитигэр хаалар. Ону батараммыт эбии дохуот оҥостобут. Судургутук эттэххэ, “Сахаагропродукт” этин-аһын астаан биэрэбит. Оччоҕо сырье уонна бородууксуйа сыаналарын араастаһыытыгар тахсар ордук бородууксуйа бэйэбитигэр хаалар.
– Аныгы дьон диэх курдук. Барыстаах ньыманы тобулбут эбиккит. Бородууксуйаҕыт көрүҥэ төһө элбэҕий?
Андрей: Билиҥҥитэ көрүҥэ аҕыйах. Уопсайа, 8 көрүҥү астыыбыт. Ынах, балык эриллибит этин, тефтели, фрикадельканы, миин пельменин, о.д.а. оҥоробут.
Василиса: Биһиги бородууксуйабыт сүрүн уратыта – үрдүк хаачыстыбалаах, 1 суортаах этинэн астыыбыт. Холобур, эриллибит эти биир кэлим эттэн эрийэбит. Тугу да эппэппит. Инньэ гынан биирдэ ылан амсайбыт дьон наһаа сөбүлүүллэр, мэлдьи сакаастыыллар. Ити курдук, аспыт-үөлбүт барыта туох да эбиилигэ, албына-көлдьүнэ суох.
– Аһара үрдүк хаачыстыбалаах сырьеттан астанар бородууксуйа сыаната үрдээн тахсыбат дуо?
Андрей: “Сахаагропродукт” тэрилтэни кытта быһаччы үлэлиир уонна онтон сырьену удамыр сыанаҕа ылсар-бэрсэр буоламмыт, “конечнай” бородууксуйабыт сыаната олус үрдээбэт. Ол суотугар билиҥҥитэ улахан барыһа суохпут. Ол гынан баран, үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥоруохха уонна батарыахха сөп эбит диэн номнуо дакаастаатыбыт. Онон инникитин дьыалабыт кэскиллээх буолуон сөп.
Василиса: Билиҥҥитэ орто хамнастаах дьон курдук сылдьабыт. Ол эрээри, бу үлэбит инникигэ инвестиция тэҥэ. Урбаан эйгэтэ барыта сатарыйа турар кэмигэр, биһиги, кыра да буоллар, эбии дохуоттаах үлэлии сылдьабыт. Ити улахан ситиһии дии саныыбыт.
– Сыаххыт тоҕо “Кытыл” диэн ааттаҕый? Мээнэ түбэһиэхчэ ааттаммыта дуу эбэтэр туох эмэ маркетинговай устуоруйалаах дуу?
Василиса: Бастаан тэриллэрбитигэр аат бөҕөтүн сыымайдаабыппыт, талбыппыт. Этэргэ дылы, хараабыл хайдах ааттанар да, оннук устар буоллаҕа. Ол иһин бу боппуруоска олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыппыт. Аатырбыт асчыт Иннокентий Тарбаахапка кытта сүбэлэттэрэ тиийэ сылдьыбыппыт. Судургу эрээри, дьоҥҥо барытыгар өйдөнөн хаалар ааты толкуйдуохтаах буоллахпыт. Онон “Кытыл” диэн аакка кэлэн тохтообуппут. Бу аат суолтата иккиэммитигэр чугас уонна күндү. Бастатан туран, хантан төрүттээхпитин ыйар. Кытыл диэн Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕын иккис аата. Иккиһинэн, “кытыл” диэн тылы саха да, нуучча да дьоно холкутук саҥараллар. Онон “Кытыл” диэн сүрэхтээбиппит.
– Инстаграмҥа @kytyl_ykt диэн страницаҕытыгар киирэ сылдьыбытым. Онно “Дьобулҕа” диэн пельмени дьон олус хайҕаан суруйбут этэ. Ити туох уратылаах бүлүүдэний?
Андрей: Ити пельмени бэйэм фирменнэй ырысыаппынан астыыбын. Сүрүн уратыта – састаабыгар. Бастатан туран, эт үс араас көрүҥүттэн оҥоһуллар. Ынах, убаһа, таба эриллибит эттэрин булкуйабын. Онно күөх луугу, биэрэһи, тууһу кутабын. Онон бүтэр. Сүрүнэ састаабын, ханнык эт хайа өлүүтүн таба кутары, булкуйары эрэ сатыахха наада.
– Онон коронавирус кэмигэр ас-үөл салаатыгар ситиһиилээхтик үлэлиэххэ сөп эбит дуо?
Василиса: Ханнык баҕарар уустук кэмҥэ киһи үүтү-хайаҕаһы була сатыахтаах. Холобур, биһиги хаачыстыбаҕа күүскэ үлэлээтибит. Онон билигин мэлдьи сакаастаах, бэйэбит холбутугар кыра барыстаах үлэлии олоробут. Инникитин өссө сайдан иһиэхпит дии саныыбыт.
Андрей: Билиҥҥитэ оҥорон таһаарар кээмэйбит кыра. Ону маҕаһыыннарынан тарҕатан атыылаттарабыт эбэтэр дьиэҕэ тиэрдэн биэрэбит. Дьиэҕэ тиэрдиигэ доҕотторбут, аймахтарбыт көмөлөһөн абырыыллар. Түгэнинэн туһанан, кинилэргэ махтаныахпытын баҕарабыт. Бородууксуйабыт Хаҥалас нэһилиэктэригэр уонна Дьокуускайга хамаҕатык атыыга барар. Сайаапкалары хомуйан баран, күннэтэ тарҕатабыт. “Ил Түмэн” хаһыат ааҕааччылара эмиэ биһиги бородууксуйабытын – “Кытыл” диэн суруктаах аһы-үөлү -- амсайаргытыгар баҕарабыт.
– Василиса уонна Андрей, үлэҕит-хамнаскыт туһунан сиһилии сырдаппыккытыгар барҕа махтал!
Илья ОКОНЕШНИКОВ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0