Саха аһа-үөлэ дэлэй эрээри, сыаната ыарахан
Маннык санааны үгүс киһиттэн иһиттим. Биллэн турар, оҥорон таһаарааччылар үгүс үлэни, сыраны көрсөллөр. Ким да ночооттоохтук үлэлиэн баҕарбат. Ол эрээри бэйэ бородууксуйатын нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар таһаарыы билиҥҥи кэм ирдэбилэ. Дьон-сэргэ чөл олоххо, доруобуйатын туругар болҕомто уурара улаатта.
Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэбитигэр бэйэ бородууксуйатын элбэтии биир тутаах уонна кэскиллээх хайысха буолар диэн этэн турардаах. Өрөспүүбүлүкэ сайдар хайысхаларыгар төрүт аспытынан бэйэбитин бэйэбит хааччыныахтаахпыт диэн баҕа санаалаахпыт. Дойдубут ураты баайын убаһа, таба этин уонна сир аһын экспорка таһаарыы инники былааҥҥа турар.
Сыл аайы үүт, эт соҕотуопкатын үлэтэ күүстээхтик барар. Эти астыыр пууннар, арыы собуоттара уо.д.а. бэйэ бородууксуйатын астыыр, тутар сирдэр өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн, итиэннэ араас граннар нөҥүө тутуллан, үлэҕэ киирэн иһэллэрэ үөрдэр.
“Сделано в Якутии” диэн ааттаах бренд нөҥүө 100-чэкэ оҥорон таһаарар тэрилтэ бэйэтин бородууксуйатын биир кэлим тиһик нөҥүө батарар.
Оҕуруот аһын дэлэтэр сорук турар
Үүт, эт, балык ас-үөл кыһыннары-сайыннары тиһигин быспакка атыыга тахсар кэскиллээх эбит буоллаҕына, оҕуруот аһа туспа боппуруос. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Ас-үөл бырамыысыланнаһын департамена иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр үүннэриллэр хортуоппуй өрөспүүбүлүкэни 60 % хааччыйар эбит буоллаҕына, атын оҕуруот аһа баара-суоҕа 20 % эрэ сабар.
Бу кыһалҕаны туоратарга гидропоника диэн ньыма үөдүйбүтэ хас да сыл буолла. Буора суох, аҥаардас ууга олордон оҕуруот аһын үүннэрэн, дьон-сэргэ киэҥ дьүүлүгэр тахсыбыта. Дьон ити ньыманан үүннэриллибит оҕурсу, помидор амтанын сайын тэпилииссэҕэ үүннэриллибиттэн уратыта суох диир. Ити салгыы сайыннаҕына, тымныы тыйыс кыһыммытыгар сибиэһэй оҕуруот аһа атыыга баар буолар чинчилээх.
Амтаннаах ас-үөл дэлэйэрэ атыы-тутуу сайдыытыттан быһаччы тутулуктаах. Оттон атыыны-эргиэни хамсатар күүс маркетинг, реклама уонна сиэрдээх күрэстэһии (конкуренция) буолар. Оҥорон таһаарааччы ас хаачыстыбатыгар, амтаныгар уонна тас көстүүтүгэр улахан болҕомто ууруох тустаах. Нэһилиэнньэ эрэбилин ылыы бастакы күөҥҥэ турар. Чахчы туһалаах, иҥэмтэлээх аһынан хааччыллыыттан чэгиэн, чөл олох олуга ууруллар.
Быйыл “Саюри” тэпилииссэлэрэ таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. 2021 сылга кыһыннары-сайыннары тохтоло суох үлэлиир тэпилииссэ үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Оччоҕуна нэһилиэнньэ 30 %-на сибиэһэй оҕуруот аһынан хааччыллара ситиһиллиэхтээх.
3,5 мөл. солк. бородуукта атыыга барда
Ас-үөл дьаарбаҥката сылын аайы ыыра кэҥиир. Оҥорон таһаарар бородууксуйа арааһа элбиир. Быйыл Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийбит өрөбүл күннээҕи дьаарбаҥкатыгар өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан элбэх оҥорон таһаарааччы кыттыыны ылла.
Бастакы нэдиэлэҕэ 15 туочукаҕа атыы-тутуу барда. Онно 2 мөл. солк. суумалаах бородууксуйа атыыламмыт. Дьаарбаҥка иккис нэдиэлэтигэр 22 туочука үлэлээбит. Уопсайа 1,5 мөл. солк. суумалаах атыы барбыт.
Дьоҕус лааппы аайы дьон үмүөрүһэриттэн сылыктаатахха, бэйэ оҥорбут аһа-үөлэ атыыга хото барар.
Дьон ордук сөбүлээн ханнык бородууксуйаны атыылаһарый? Уочаракка турар дьонтон сэмээр ыйыталастым.
Атыылаһааччылар санаалара
Айталина Павлова:
-- Маннык дьаарбаҥка тэриллибитэ олус үчүгэй. Мин ордук үрүҥ аһы атыылаһабын. Кэлии ас доруобуйаҕа охсуулаах дии саныыбын. Кэлин аллергия арааһа элбээтэ. Ити экологияттан, сиир аспытыттан быһаччы тутулуктааҕа чуолкай. Аспыт-үөлбүт барыта бэйэбит киэнэ эбитэ буоллар…
Лена Собакина, бибилэтиэкэр:
--Чурапчы кефирин, «Дойдум аһа» диэн фирма бородууксуйатын ордук атыылаһабын. Ынах арыытын кэлии арыыттан быдан ордоробун. Дьаарбаҥкаҕа үксүн уочарата бэрт диэн сылдьааччым суох. Хата, дьиэм таһынааҕы маҕаһыыннарга бэйэ бородууксуйатын тиһигин быспакка аҕалар буолан, ыраах көрдүү барбаппын. Ас хаачыстыбатын өттүн көрдөххө, холобур, тефтель минньигэс эрээри этэ аҕыйах буолааччы. Оҥорон таһаарар дьон итиннэ болҕомто уураллара буоллар.
Сардаана Скрыбыкина, дьиэ хаһаайката:
-- Маннык дьаарбаҥкаларга сыана араас. Ол курдук, маҕаһыынтан атыылаһардааҕар чэпчэки эбэтэр ыарахан буолар. Биһиги дьиэбит таһыгар Мэҥэ-Хаҥалас, Хаҥалас бородууксуйата кэлээччи. Сыаната ыарахан да буоллар, атыылаһабын. Оҕуруот аһа сайыҥҥы кэмҥэ дэлэйэ сырытта. Дьиэм таһыттан сип-сибиэһэй помидор, оҕурсу атыылаһан күн аайы салааттаан сиибит. Хомойуох иһин ыкса күһүн мантыбыт атыыга тахсыбат буолан хаалар.
Анастасия Малышева:
--Мин үүт аһы наһаа сөбүлээн атыылаһабын. Саамай хомолтолооҕо диэн кыһын буолла да, үүт ас хаачыстыбата биллэ мөлтөөн барар, хос амтаннаах буолааччы. Сайынын сорох бородууксуйа аһыйан хаалар. Чөчөгөй диэн ылбытым хойдон, аһыы сүөгэйгэ кубулуйбут буолар. Билигин бэйэ бородууксуйатын элбэтии саамай наадалаах. Экология, сир-дойду уларыйыыта бара турдаҕына, үчүгэй ас киһи доруобуйатын, иммунитетын күүһүрдэригэр олус улахан наадалаах.
Баҕа санаам диэн ити сорох дойдуларга курдук аһыйбыт эҥин, болдьоҕо ааһан эрэр бородууксуйаны чэпчэки сыанаҕа атыылыыллара буоллар. Холобур, аһыйбыт үүт-ас хаһан да таах хаалбат. Бурдук аһы астыырга олус үчүгэй, дьиэ кыылыгар эҥин сиэтиэххэ сөп.
Александр Тимофеев, биэнсийэлээх:
-- Маннык дьаарбаҥканы тэрийбиттэрэ олус үчүгэй. Тугу баҕарар булуохха сөп. Арай, сарсыардааҥҥы күөрчэҕи эрэ булбаппыт буолуо. Үүт үрдүн холбуйан ылан күөрчэхтэниллэр. Тыа сиригэр эрэ итинник оҥоһуллубут күөрчэҕи амсайыахха сөп. Түгэнинэн туһанан, биири бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, сайынын эт ас тиийбэт. Сибиэһэй киирдэҕинэ даҕаны өр гыммакка бүтэрэн кэбиһэллэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0