Эт сыаната кэнники сылларга үүнэ-тэһиинэ суох үрдүүр, онон сотору кэминэн сүөһү да, сылгы да этэ «деликатес» буоларыгар тиийдэ.
Бу күһүн олохтоох оҥорон таһаарааччылар, бааһынай хаһаайыстыбалар эт сыанатын биллэрдик үрдэппиттэрин дьон бэркиһээн, социальнай ситимнэргэ суруйбута.
Сыананы тоҕо хонтуруоллаабаттарын туһунан ааҕааччыларбыт ыйытыыларыгар СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Галина Служаева хоруйдууругар көрдөстүбүт.
– Дойду статистикатын дааннайын 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ, Арассыыйа үрдүнэн бородуукта сыаната 7,4% үрдээбит. Экспердэр салгыы өссө үрдүүрүн сабаҕалыыллар. Саха сирин ас-үөл ырыынагар, ол иһигэр Аартыка уонна хотугу оройуоннарга, сыана үрдээһинин балаһыанньата хайдаҕый?
– Балаҕан ыйынааҕы туругунан, Саха сиригэр бородуукта сыанатын үрдээһинэ биир тэҥ соҕус. Инникитин да сыана үрдээһинэ бэлиэтэммэт. 2020 сыллааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, бараан этэ, тоҥ балык, мас арыыта, куурусса сымыыта, саахар, гречка, хортуоппуй, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ, биэрэс сыаналара үрдээбит. Оттон сэлиэһинэй куруппа уонна дьаабылыка сыаната түспүт.
Аартыка оройуоннарын этэр буоллахха, 2020 с. ахсынньы ыйынааҕы көрдөрүүнү кытта тэҥнээтэххэ, мас арыыта, үүт, бэрмисиэл, хортуоппуй, хаппыыста, эриэппэ луук, моркуоп, помидор, мандарин, банан сыаналара үрдээбит. Ынах, сибиинньэ, бараан этигэр уонна сүбүөкүлэҕэ сыана улааппатах.
Аартыка эҥээр бородуукта сыаната түспүт төрүөтэ – СӨ Бырабыыталыстыбатын көмөтүнэн Абый оройуонун Белай Горатыгар уонна Усуйаана улууһун Уус Куйга бөһүөлэгэр «Якутоптторг» АУо эргиэн-логистическай кииннэрин арыйан үлэлэппитэ буолар. Билигин манна олохтоох нэһилиэнньэ оҕуруот аһын, фруктаны удамыр сыанаҕа атыылаһар кыахтанна. Тырааныспар ороскуота кытта аччаата. 2022 сылга эбии 4 маннык киин аһыллыахтаах: Черскэйгэ, Баатаҕайга, Эдьигээҥҥэ уонна Орто Халымаҕа. Аныгылыы тэриллибит кииннэр олохтоох бородууксуйаны атыылыырга, оҥорон таһаарыыны тэнитэргэ, оҕуруот аһын харайыыга анал оборудованиеларынан уонна тоҥорор камераларынан хааччыллыахтара.
Санатар буоллахха, быйыл бородуукта хоту дойду олохтоохторугар көтөр аалынан тиэрдиллибитэ. Ол эрээри АН-2 сөмөлүөт көтөр-түһэр анал балаһата суох буолан, Аллайыахаҕа хортуоппуйу, хаппыыстаны, сүбүөкүлэни, моркуобу уонна эриэппэ луугу парашютунан быраҕан тиксэрбиттэрэ.
— Ас- үөл сыанатын хонтуруола хайдах ыытылларый?
— Бородуукта сыаната судаарыстыбанан сүрүннэммэт. Табаары тиэрдии, тиэйии ороскуоттарын учуоттаан туран, хаһаайыстыбаннай тэрилтэлэр сыананы бэйэлэрэ быһаллар. Социальнай суолталаах ас-үөл сыаната үрдүүрүн хонтуруоллуурга судаарыстыбаҕа «атыы-эргиэн надбавката» диэн олохтонор. Социальнай суолталаах бородуукта испииһэгин хас биирдии улуус эбэтэр муниципалитет миэстэтигэр бэйэтэ быһаарар уонна бигэргэтэр. Билиҥҥитэ сүрүн социальнай суолталаах бородуукталар ахсааннарыгар киирэллэр: килиэп, үүт, гречка, саахар, мас арыыта, куурусса сымыыта, о.д.а.
Холобур, Дьокуускайга социальнай суолталаах бородуукта испииһэгэр 13 ас-үөл көрүҥэ киирэр: үрдүк уонна 1 суортаах бурдуктан килиэп, сэлиэһинэй бурдуктан хара килиэп, үрдүк суортаах бурдук, 1 суортаах рафинированнай мас арыыта, үүт, 3,2% сыалаах үүт утаҕа, суорат, саахар, ириис куруппата, гречка (ядрица), куурусса сымыыта, хара чэй, оҕо аһылыга (булкааһыктаах үүт бороһуога, оҕуруот аһын, фрукта, отон пюрелара, эт уонна балык эбииликтээх кэнсиэрбэ, утах). Бу бородуукталар сыаналарын тустаах судаарыстыбаннай уорганнар «атыы-эргиэн надбавкатын» туһанан хонтуруоллууллар. Ыйыллыбыт испииһэккэ киирбэтэх атын бородуукталар сыаналарын урбаанньыттар бэйэлэрэ олохтууллар. Билигин ас-үөл сыанатыгар хонтуруолу ыытар боломуочуйа борокуратуура уорганнарыгар эрэ баар.
Сыананы үүнэ-тэһиинэ суох үрдэппэттэрин туһунан саарбахтааһыннар үөскээтэхтэринэ, борокуратуураҕа (ас-үөл көрүҥэ, сыаната, ону тэҥэ маҕаһыын аадырыһа суруллар) эбэтэр сыана бэлиитикэтин судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр сайабылыанньа суруйаҕыт.
— Дьокуускайга эт сыаната ортотунан 700-800 солк. тэҥнэстэ. Маны ким хонтуруоллууруй? Бас быстар үрдээһинин төрүөтэ тугуй?
— Үөһэ этиллибитин курдук, эт сыанатын судаарыстыба сүрүннээбэт. Сүөһү этигэр «атыы-эргиэн надбавката» туһаныллыбат. Сыананы оҥорон таһаарааччы уонна атыыһыт бэйэтэ быһар. Итинэн сибээстээн, сыана үрдээһинин биричиинэтин атыыһыттан ыйыталаһыаххытын эрэ сөп.
Сыл саҕаланыаҕыттан сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэт аатыгар сыана үрдээһинин боппуруостарынан барыта 232 араас ыйытык киирбитэ. Ол иһигэр 56-та бородуукта сыанатын туһунан этэ. Мантан 30 сайабылыанньа өрөспүүбүлүкэтээҕи борокуратуураҕа ыытыллыбыта.
Статистика көрдөрөрүнэн, дойду уонна Уһук Илин эрэгийиэн үрдүнэн Саха сирин инфляциятын таһыма иккис сылын намыһах.
Социальнай суолталаах бородуукта испииһэгэр туох киирэрий?
СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ бородууктаҕа «атыы-эргиэн надбавкатын» бэрээдэктиир сыалтан муниципалитеттарга 10 сүрүн ас-үөл көрүҥүн социальнай суолталаахтарга киллэрэргэ сүбэлиир:
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0