Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Саха Сирэ быйылгы кыстыгы туоруур астаах-үөллээх дуо? Билиҥҥи байыаннайдыы балаһыанньа кэмигэр киин сиртэн бородуукта, табаар кэлиитигэр туох эмэ харгыстар үөскээтилэр дуо? Уопсайынан, хааччыллыыбыт туруга хайдаҕый?

Саха Сирэ быйылгы кыстыгы туоруур астаах-үөллээх дуо? Билиҥҥи байыаннайдыы балаһыанньа кэмигэр киин сиртэн бородуукта, табаар кэлиитигэр туох эмэ харгыстар үөскээтилэр дуо? Уопсайынан, хааччыллыыбыт туруга хайдаҕый?

Бу туһунан          “Талбан” биэриигэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоровтыын кэпсэттилэр.

никифоров

-- Олунньу 24 күнүгэр Бэрэсидьиэн Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэни саҕалыырын туһунан биллэрээтин кытта, Ил Дархан анал дьаһалынан суһал ыстаап тэриллэн, кулун  тутар 1 күнүттэн үлэлээн барбыта. Маныаха бастакы боппуруоһунан аһынан-үөлүнэн хааччыллыыбыт хайдаҕын быһаарыы этэ. Иккиһинэн, соҕурууттан таһаҕаһы аҕалыы. Ол күнтэн ыла хамыыһыйа нэдиэлэ аайы мониторинг оҥорор: өрөспүүбүлүкэҕэ туох бородуукта тиийбэтин, ону хас вагон тиэнэн иһэрин, о.д.а. Инньэ гынан саас өрүс эстэр да кэмигэр хааччыллыыбыт быстыбатаҕа. Холобура, бу бүтэһик дааннайынан, кууһунан атыыга 113 хонукка, оттон бытархай атыыга 57 хонукка тиийэр саппаастаахпыт.

--Байыаннай дьайыылар саҕаланааттарын кытта, дьон-сэргэ аһы-үөлү хаһаанаары, маҕаһыыннар долбуурдарын  кураанахтаабыта. Этэргэ дылы, паника буола сылдьыбыта. Итинник көстүү быйыл хатыланыа дуо?

 --Ити ажиотаһы дьон бэйэтэ оҥорбута. Сыана үрдүө диэн, кэлбит табаары барытын кууһунан аатыылаһан кэбиспиттэрэ. Иккиһинэн, кырдьык, тырааныспар-логистика өттүгэр кэккэ күчүмэҕэйдэр бааллара. Таһар вагоннар аҕыйаабыттара -- бойобуой дьайыылар наадаларыгар ылбыттара. Инньэ гынан поставщиктан таһаҕас 3 күн иһинэн тиэйиллэр эбит буоллаҕына, ити кэмҥэ 1,5-2 нэдиэлэ күүттэриилээх буолбута. Ол тардыллыы бородуукта кырыымчыгын үөскэтэ сылдьыбыта.

10402912 1574519842607914 4136965431167499332 n

-- Соҕурууттан табаар тимир суолунан эрэ кэлэр дуо?

--Биһиги суол-иис өттүгэр элбэх хааччахтааһыны көрсөр эрэгийиэн буолабыт.  Саас-күһүн өрүһүнэн суолбут сабыллар. “Куһаҕан үчүгэйдээх” дииллэринии, хата, эрдэттэн сайаапкалары оҥорон, элбэҕи хааһанан кэбиһэр идэлээхпит.

Сүрүн таһаҕас тимир суолунан Аллараа Бэстээххэ кэлэр. Дьэ, онтон салгыы тиэнэн  бараллар. Хоту уонна Аартыка 13 оройуонун “Якутоптторг” диэн анал тэрилтэ хааччыйар. Ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга быһаччы тиэрдэр эбээһинэстээх.

Кыһынын арҕаа оройуоннарбытыгар -- Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Бүлүү сүнньүн улуустарыгар -- Иркутскайтан, Новосибирскайтан сиринэн аҕалаллар. Сайынын Иркутскайга быһа тахсар суол суох. Штыров саҕаттан оҥороллорун туруорсабыт. Ол тутулуннаҕына, дьэ, абыраныа этибит. Оттон салгынынан оннук айылаах элбэҕи таспаккын. Сыаната да ыарахан.

Дьэ, бу нэдиэлэҕэ историческай түгэн буолла. Сэбиэскэй Сойуус эстиэҕиттэн бастакытын “Северный морской путь” дэнэр суолунан, хотугу муораларынан айаннаан, толору таһаҕас тиэммит СТК борохуот кэллэ. “Якутоптторг” бу борохуотун Санкт-Петербурга кыстаппыта. Өрөмүөннээн баран, дьэ, бу 700 туонна бородууктаны, 800 туонна тутуу матырыйаалын тиэнэн аҕалла. Билигин Черскэйгэ сүөкүү сылдьаллар. Ити тутуу матырыйаалынан 5 эргиэн-логистика киинин тутуохтаахпыт.

Оннук киини былырыын Уус Куйгааҕа уонна Белай Гораҕа арыйбыппыт. “Якутоптторг” бас билиитэ, онон бородууктатын сыаната удамыр. Иккиһинэн, аһы сибиэһэйдии харайарга аналлаах үчүгэй усулуобуйалаах. Урут көннөрү ыскылааттарга сытыйара, буорту буолара ханна барыай? Оттон билигин уурар сирдэрэ барыта аныгылыы оҥоһуулаах, холодильнига арааһа элбэх.

Борохуотунан аҕалар экэнэмиичэскэй өттүнэн барыстаах. Онон-манан эргийбэккэ, быһа кэлэр буолан, сыанатыгар да сабыдыаллаах, чэпчэки буолар.

--Хотулар ас арааһа аҕыйах дииллэр.

--“Якутоптторг” социальнай суолталаах бородуукта 20 көрүҥүн хааччыйар: туус, саахар, бурдук, о.д.а. Сотору сэтинньигэ-ахсынньыга “күөх рейстэр” буолуохтара. Онно хортуоппуй, хаппыыста, о.д.а. тиийиэҕэ. Оттон сымыыты, фруктаны эҥин урбаанньыттар сүрүннээн аҕалаллар.

3marta 34000

-- Бассаабынан таһаҕаһы парашютунан быраҕаллара тарҕаммыта дии...

--Ити былырыын Аллайыахаҕа этэ. Онно сөмөлүөт түһэр балаһата суох, ол иһин итинник ньыманы туһаммыппыт. Хата, бэркэ табыллыбыта. Оттон бөртөлүөтүнэн наһаа ороскуоттаах, биир чааһа “Ан-2” ааллааҕар икки-үс бүк ыарахан. Уонна аҕыйах да таһаҕас батар буоллаҕа дии. Ол иһин сөмөлүөтүнэн бары өттүнэн сүүйүүлээх.

-- Бу  дьалхааннаах дьылга бурдук, саахар курдук сүрүн аспыт саппааһа төһө баарый?

-- Аҕыйах хонуктааҕыта РФ тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Патрушев отчуоттаан турар. Онно быйыл үүнүү дойду үрдүнэн үчүгэйин бэлиэтээтэ. Бурдук номнуо 140 мөл. туонна хомуллубут. “Өссө 150-ҥа тиийэрэ буолуо”,-- диир. Бу кэнники сылларга ситиспэтэх улахан көрдөрүүбүт! Итинтэн 80 мөл. туоннатын экспорка таһаараллар. Биһиэхэ 60-70 мөл. туонна сөп буолар эбит. Саахардаах сүбүөкүлэ үүнүүтэ эмиэ куһаҕана суох, онон саахар да баар буолуо.

Уопсайынан, Арассыыйа барытын бэйэтэ хааччынар кыахтаах. Арай ынах этигэр эрэ ол кыаллыбат --  наадабытын 70 бырыһыанын эрэ толуйабыт.

Оттон өрөспүүбүлүкэбитин ылар буоллахха, оҕуруот аһылыга аҕыйаҕа биллэр, үүт аһылыгынан 50, этинэн 27 бырыһыан эрэ бэйэбитин хааччынар кыахтаахпыт. Онон соҕурууттан атыылаһан ылабыт. Сыана хайдах буолара бу сааҥсыйалартан, байыаннай балаһыанньаттан тутулуктаах. Ол эрээри кууһунан атыылыыр поставщиктарбытыгар билиҥҥитэ сыана түһэ турар.  Тоҕо диэтэххэ, дойдуга үүнүү үчүгэй.

-- Өскөтүн ол соҕуруу сыана түһэр буоллаҕына, биһиэхэ тоҕо үрдүүрүй? Ынах арыыта 900 солк. буолбут дии...

-- Ырыынак сыһыаннаһыыта “спрос и предложение” сокуонунан салаллар. Бэйэ этинэн-аһынан 27 бырыһыан эрэ хааччынабыт. Онтон атына соҕурууттан кэлии. Онон дьиҥнээх төрүт саха ынаҕын этин киилэтин 1000 солк. да былдьаһыгынан ылаллар. Оттон кэлии эт сыаната ортотунан 450 солк. Кинилэр иитэр усулуобуйалара чэпчэки, ол иһин  итинник. Оттон биһиги 8 ый устата хотоҥҥо туруоран аһатабыт. Ороскуоппут улахана бэрт. Ол барыта ааҕыллан, сыанатын итинник (600 солк) быһаллар. Ол эрээри өйдөөҥ, Госкомцен онно дьайар бырааба суох, бу тэрилтэ сыана надбавкатын уонна социальнай суолталаах  бородуукталары эрэ хонтуруоллуур кыахтаах.

Оттон арыы сыаната ыараабыта үүт соҕотуопката аччаабытыттан. Өскөтүн 2020 сылга былаан 80 тыһыынча туонна эбит буоллаҕына, тыа хаһаайыстыбатын саҥа мэхэньиисимэ киирэн, төбөҕө 35 тыһ. солк. субсидия бэриллэр буолан, итиэннэ үүт лиитэрэтэ 35 солкуобайтан 50 солкуобайга улаатан, соҕотуопка былаанын 2021 сылга 57 тыһыынча туоннаҕа диэри кыччаппыппыт. Быйыл 2022 сылга 62 тыһ. туоннаҕа диэри улаатыннардыбыт. Бу саҥа мэхэньиисим икки сыллаах уопутун ырытан-үөрэтэн көрүөхпүт, итэҕэһин суох гынарга үлэлэһиэхпит. Биһириир да киһи элбэх, утарааччылар да бааллар.  Дьиҥэр, билигин кэтэхтэр үүт туттаралларыгар ирдэбил кытаатан турар. Санитарнай өттүнэн илиинэн ыыллара бобуллар. Аппараат баар буолуохтаах. Ол иһин “төбөҕө” субсидия ылаллара ордук курдук.

Аны туран, ол үүт туттарыыта аҥаардас “төбө” субсидиятыттан эрэ аччаабыт буолбатах. Ынах-сүөһү уопсай ахсаана аҕыйаата. Холобура, 2000 сылларга Чурапчы улууһугар төбөлөөҕүнэн 28 тыһ. баара. Быйыл тохсунньу 1 күнүнээҕи чахчынан --  18000. Уон тыһыынчанан көҕүрээбит. Ол төрүөтэ туохха? Сүөһү көрөр дьоммут сааһырда. Кыайан көрбөт буолан эстилэр. Солбуһук суох. Ол иһин тэрээһиннээх хаһаайыстыбаҕа кыттыһар ордук. Олор эбии аһаталлара да үчүгэй. Холобура, Кириэстээххэ Үлэ Дьоруойа В.А. Михайлов 2021 с. биир ынахтан 4300 кг ыата. Тэрээһиннээхтэр сиилэһи, комбикорманы эбии аһаталлар. Ынах үүтэ тылыгар буоллаҕа эбээт.

i

--Премьер-миниистирбит Андрей Тарасенко үүт аһылык 15-20 бырыһыанын “сухой” үүтүнэн оҥороргэ эппитин туох дии саныыгын?

-- Дьиҥэр, итинник быһаарыы экэнэмиичэскэй өттүнэн табыгастаах. Үүтү оҥорон таһаарааччыларбыт кыһынын үлэлээбэккэ 4-5 ый олороллор. Ол кэмҥэ хаарыан оборудованиелара туһаныллыбат дьиэ-уот оттулла турар. Маныаха  “сухой” үүтүнэн кэпиир, суорат, йогурт оҥордуннар ээ. Суоттаабыппытынан, онно анаан 400-чэкэ туонна “сухой” үүт аҕалыахтаахпыт. Улуустарынан түҥэтэбит. Дьокуускайдааҕы үүт собуотун киллэрбэппит, кинилэр бэйэлэрэ туспа чааһынайдар. Тиэйиитин субсидиялыахпыт. Дьарыктаах, дохуоттаах буолуо этилэрэ буолуох этилэрэ.

--“Ынах үүтэ – тылыгар” диэтиҥ. Быйыл оппут 87 бырыһыана туолбутун отчуоттууллар.

-- Быйыл интэриэһинэй сайын ааста. От үүнүүтэ, дьиҥэр, куһаҕана суох. Ол оннугар тохтообот ардахтартан, былырыыҥҥы баһаардар содулларыттан ууга баран,  аны оппутун көрөн туран кыайан оттооботубут. 443 тыһыынча туонна былаантан 385 тыһыынчатын эрэ толордубут. Кыһалҕаттан 57 мобильнай биригээдэни тэрийэн, олор билиҥҥэ диэри оттуу сылдьаллар. Былырыын Забайкальскай кыраайтан, Амурскай уобаластан, Магадаантан оту атыыласпыппыт. Быйыл бэйэбит испититтэн булунуохтаахпыт. Итиэннэ 8 саамай эмсэҕэлээбит оройуоҥҥа концентрированнай аһылыгы аҕалаары гынабыт. 500 туоннаттан тахса  комбикорманы, фураһы, гранулаламмыт оту.

-- Эбии аһалыгы тоҕо бэйэбит оҥорбоппут? Холобура, комбикорманы?

--Комбикорманы 2014 сыллаахха диэри “Сахазернопродукт” Хаптаҕай собуотугар оҥороро. Ол эрээри моҥкуруут барбыта. Технологията да эргэ этэ, балаһыанньа ирдэбилигэр да сатаан эппиэттээбэтэҕэ. Дьокуускайга көтөр фабриката  кууруссаларыгар бэйэтэ сылга 12 тыһ. туонна комбикорманы оҥорон сиэтэр. Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар былырыын  2021 сыллаахха бэйэлэрин бурдуктарыттан 2000 туонна комбикорманы оҥордулар. Өлүөхүмэ уонна Сунтаар бу дьыалаҕа ылсаары гыналлар.

Андрей Тарасенко анал сорудаҕынан, собуот тутуллуохтаах. Билигин бырайыактыыр-симиэтэлиир үлэтэ бара турар. Сылга 70 тыһ. туонна комбикорм оҥоһуллар буолуоҕа.

--Бородууктанан, табаарынан саамай хааччыйар дьон – урбаанньыттар. Олорго туох эмэ өйөбүл бу кириисистээх кэмҥэ оҥоһулунна дуо?

 --Эппитим курдук, байыаннай эпэрээссийэ биллэриллээтин кытта, Ил Дархан суһал ыстаап тэрийэн, бырабыыталыстыба экэнэмиичэскэй туруктаах буолууга туһуламмыт кэккэ миэрэлэри ылына охсубута. Ол курдук, “АлмаасЭргиэнБаан” олох кыра бырыһыаннаах сойуому урбаанньыттарга биэрэригэр этиллибитэ. Уопсайа 1 млрд 900 мөл. суумалаах  кирэдьиити ылан туһаммыттар. 2021 сылтан нолуогу саамай алын кээмэйигэр диэри намтаттыбыт.

-- Оччо көмөнү ылар эрээрилэр, тоҕо сыаналарын үрдэтэллэрий?

--Ол соҕуруу поставщиктартан тутулуктаах. Анараалар сыаналарын үрдэттилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Уһук Илин уокуругар Саха Сирэ сыана улааппатыгар бастакы миэстэҕэ сылдьар.

-- Михаил Викторович, сиһилии кэпсээниҥ иһин махтанабыт.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31