Балаһыанньа уустук
Кэпсэтиини норуот дьокутаата, “Ил Түмэн” издательскай дьиэ АТ генеральнай дириэктэрэ- кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова иилээн-саҕалаан ыытта. Улуус баһылыктара, солбуйааччылара, нэһилиэк баһылыктара, ты хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччылара, бэрэстэбиитэллэрэ, АПК тэрилтэлэрин салайааччылара, бааһынай хаһаайыстыбалаахтар кытыннылар.
Мунньах саҕаланыыта норуот дьокутаата билиҥҥи балаһыанньа уустугун ыйда. Онон, СӨ Тыа хаһаайыстабатын бырагырааматыгар үбүлээһин улааппытын, маныаха Ил Дархан Айсен Николаев соторутааҕыта кэккэ сорудахтары биэрбитин, дьокутаттар хонтуоруолларыгар сылдьарын эттэ.
Төгүрүк остуолга СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Прокопий Николаев, Сүөһү иитиитигэр, племенной кэтээн көрүүгэ уонна кэпэрээссийэҕэ хаһаайыннааһын дьоҕус көрүҥэр департаменын салайааччыта Николай Питимко, Үүнээйи салаатыгар, мелиорацияҕа, материальнай-тэхиниичэскэй хааччыйыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын информатизациятыгар департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев тустаах тиэмэҕэ иһитиннэрии оҥордулар, мунньах кыттааччыларын ыйытыыларыгар хоруйдастылар. Улуустар кыстык хаамыытын, кыһалҕаларын үллэһиннилэр.
Ыарахан кыстык буолара күүтүллэр
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Прокопий Романович оту бэлэмнээһин 90 бырыһыана быйыл туолбутун туһунан эттэ. Тиийбэт оту өрөспүүбүлүкэ иһигэр бэлэмнээбиттэр. Уопсайа былаанынан 24 504 туонна от хаһаайыстыбаларга тиэрдиллиэхтээх. Ол иһигэр, 5993 туонна тас улуустартан, улуустар истэригэр - 1382 туонна, мобильнай биригээдэлэртэн - 17127 туонна. Оту тиэрдии үлэтэ номнуо саҕаламмыт. Ол курдук, Бүлүү улууһугар 1020 туонна оттон 712 туонната билиҥҥи күҥҥэ тиэрдиллибит. Горнайга 2658 туоннаттан 1324 туонна таһыллыбыт, оттон Кэбээйигэ 2976 туоннаттан 1234 туонната. Ахсынньы саҥатыгар улуустарга 135 мөл.солк. маныаха тустаах көмө харчыта ыытыллыахтаах.
Маны тэҥэ, кыстыкка анаан 1119 туонна комбикорму “Якутоптторг” тэрилтэ тиэрдэр. Ол иһигэр 109 туонна - Кэбээйигэ, 90 туонна - Горнайга, 172 туонна - Бүлүү оройуонугар, 140 туонна - Өлүөхүмэҕэ, 408 туонна - Чурапчыга.
Племенной кэтээн көрүүгэ уонна кэпэрээссийэҕэ хаһаайыннааһын дьоҕус көрүҥэр департаменын салайааччыта Николай Питимко иһитиннэрбитинэн, быйыл кыстык хас биирдии улууска кэккэ ыарахаттардаах. Ол курдук, кыстыкка сүөһү аһынан хааччыллыы 9,1 центнер уотурба көрдөрүүлээх үктэммиппит. Исписэлиистэр билэллэринэн, бу көрдөрүү ортотунан 12 центнерга тэҥнэһиэхтээх. Онон билигин көрдөрүүнү тэҥнииргэ үлэ барар.
Быйыл эрэгийиэҥҥэ тастан оту тиэйэн киллэрбэт сорудах турар, билигин ол тутуһуллар, өрөспүүбүлүкэ таһыттан биир да туонна от киирэ илик. Сэтинньи 24 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, уопсайа 211 тыһ. тахса хороҕор муостааҕы иитэбит. Ааспыт сыл көрдөрүүтүттэн, 1,8 бырыһыан хаалыы баар. Оттон ыанар ынах ахсаана ааспыт сыллааҕар 1,7 бырыһыан элбээбит, 77 тыһ. 768 төбөҕө тэҥнэспит. Сыспай сиэллээхпит ахсаана 229 524 төбө. Былырыыҥҥыттан 0,7 бырыһыан намыһах. Оттон биэ ахсаана 120 тыһ. куоһарбыт, былырыыҥҥытааҕар 2,6 бырыһыан элбээбит. Онон саҥа өйөбүл миэрэлэрэ көдьүүстээхтэрин дакаастаан эрэллэр диэн бэлиэтээтэ.
Сылгыны эбии аһатыыга билиҥҥитэ 473 төбө турар, оттон былырыын баччаҕа 2 тыһ. тахсаны аһата турбуттар. Быйыл сылгы хаһан аһыырыгар кэккэ ыарахаттар баар буолуохтарын сөбүн ыйда. Ол курдук, кэккэ оройуоннарга күһүн хойут күүстээх ардахтар түспүттэрэ оруолу оонньуон сөп.
“Быраабыла быһыытынан сылгыны эбии аһылыкка туруоруу эмискэ саҕаланар. Нэдиэлэ иһигэр сыыппара чыҥха атын буолуон сөп. Онон, сэрэтэр сыаллаах, “Якутоптторг” улуустарынан зернофураж тиэйиитин саҕалаата. Уопсайа оройуоннарынан 1700 туонна тиэрдиллиэ. Маны тэҥэ, кыһыммыт хойутаан тымныйда. Онон маассабай сүөһү өлөрүүтэ дьэ саҕаланан эрэр. Маныаха от ороскуота эмиэ үрдээтэ”, - диэн иһитиннэрдэ. Быйыл бары да улуустарга ыарахан отттооһун хампаанньата ыытыллыбытын эттэ. Арыыйда балаһыанньа Хаҥалас, Нам, Амма улуустарыгар олохтоммут.
Мобильнай биригээдэлэр бэлэмнээбит отторо тиэрдиллэр
Үүнээйи салаатыгар, мелиорацияҕа, материальнай-тэхиниичэскэй хааччыйыыга уонна тыа хаһаайыстыбатын информатизациятыгар департаменын салайааччыта Вячеслав Гаврильев иһитиннэрбитинэн, быйыл от тиэйиитэ былырыыҥҥы курдук элбэх буолбатах. Ол курдук, 20-чэ улуустарга эбии мобильнай биригээдэлэри тэрийэн, 50 тыһ. тахса от бэлэмнэммит. Маныаха бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн 80-тан тахса мөл. солк. көрүллэн тыырыллыбыт. Билигин ол бэлэмнэммит оту хаһаайыстыбаларга тиэрдии үлэтэ саҕаламмыт. Бэрээдэк быһыытынан, оту 60-тан тахса км тиэйэн аҕалыыга көмө харчы бэриллэр, онтон кыра буоллаҕына, хаһаайыстыба бэйэтэ уйунарын ыйда. Быйыл 15 улуустан 25 тыһ. оту тиэйтэриигэ сайаапка киирбит. Ол Кэбээйи, Булуу, Горнай, Таатта, Чурапчы, Өлөөн, Эдьигээн, Эбээн Бытантай, Нам, Үөһээ Бүлүү, Өймөкөөн, Үөһэ Дьааҥы, Амма уонна Уус Алдан улуустара. Тустаах үбүлээһин харчыта ахсынньы ортото улуустарга тиийэрин этэн туран, миэстэтигэр түргэнник тийээччи анал суоттарыгар ыытарга бэлэм буолуохтаахтарын сүбэлээтэ.
Миэстэтиттэн санаалар
Сүрүн иһитиннэриилэр кэннэ, улуус баһылыктара, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччылара, тыа хаһаайыстыбатыгар миэстэтигэр үлэлии сылдьар дьон санааларын эттилэр, кыһалҕаларын кэпсээтилэр, сүбэ ыйыттылар.
Ыраах Үөһээ Дьааҥы улууһугар быйыл уустук сайын ааспытын бары билэбит. Баһылык Владислав Иванов ардахтаах сайынтан 17 нэһилиэккэ уу киирэн,ыксаллаах быһыы-майгы буола сылдьыбытын санатта. Ол эрэн нэһилиэнньэ түмсэн, оттуурга бары туруммуттара. Маныаха тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна салалтатыгар мобильнай биригээдэлэри тэрийэн оттуулларыгар үп-харчы көрбүттэригэр махтанна, дьон санаата көтөҕүллүбүтүн кэпсээтэ.
“Кыһалҕалаах кэмҥэ көмө кэлэн, 70,2 бырыһыан от былаанын толордубут. Сорох нэһилиэктэр көрдөрүүлэрэ, 90, 86 бырыһыан буоллаҕына, ууга барбыт нэһилиэктэр көрдөрүүлэрэ кыра. Холобур, Дулҕалаах нэһилиэгэ - 46,8, Суордаах - 44, 2, Верхоянскай куорат - 42,3 бырыһыан оттоохтор. Онон билигин, хороҕор муостаахха, сыспай сиэллээххэ төбө ахсаанын аччаппат туһугар үлэлиибит. Бу кыстыкка 2151 сүөһүнү кыстыкка киллэрээри олоробут, сылгыбыт ахсаана - 7026. Оту бэйэбит улууспут иһигэр була сатаатыбыт. Ыраах нэһилиэктэн тиэйиигэ улуус бүдьүөтүттэн үп-харчы көрдүбүт. Хас биирдии хаһаайыстыба, ханнык ыйга отторо бүтэринэн кыраапык оҥоһулларыгар сорудахтаатым, бастатан ыарахан туруктаахтарга тиэрдиэхпит.
Маны тэҥэ, 602 туонна концентрированнай эбии аһылыгы “Якутоптторг” (биир кэлим оператор) улууска тиксэрихтээх. Салалтаны кытта атах тэпсэн олорон, Дьокуускай куоракка командировка кэмигэр кэпсэппиппит”, - диэн эттэ.
Мелиоративнай үлэни сөргүтүөххэ наада
Төгүрүк остуолга мустубуттар үксүлэрэ сири оҥорууга ураты болҕомто ууруллуохтааҕын эттилэр. Маныаха өрөспүүбүлүкэҕэ мелиорация үлэтигэр туттуллар тиэхиникэ 90-ча бырыһыана хаарбахтыйбыта этилиннэ, соһутта, мунаарыы санаалары киллэрдэ. “Кэлэр сылы Сири оҥоруу (Мелиорация) да сылынан биллэрэр үчүгэй буолуо этэ”, - диэн этиллибит санааны бары да өйөөтүлэр. Оҥорон таһаарыы, ас-үөл үксээһинин туллар тутааҕа, сүрүн төрүтэ – оҥоһуулаах сир. Кэнники кэмҥэ күн-дьыл туруга уларыйбытын, ириэрии, уу сута буолар куттала улаханын, сорох сирдэргэ курааннаан эрэйдиир чинчилээҕин бары көрө сылдьабыт. Онон, сиргэ, мелиорацияҕа үлэлэһии булгуччу ыытыллыахтаах диэн кыттааччылар бэлиэтээтилэр.
Сүөһү-сылгы аһын бэлэмигэр бырагыраама күүскэ үлэлээн эрэрэ үөрдэр. Толору буоларын туһугар мелиоративнай үлэни сөргүтүөхпүтүн наада. Улуустар оту тиэрдии-таһыы ороскуотун сабынарга көрүллэр үбүлээһин кэмигэр кэлэрин күүтэллэрин бэлиэтээтилэр.
Аны тэрээһиннээх уонна улахан бааһынай хаһаайыстыбаларга тыынар салгын оруоллаах “Үбүнэн чэбдигирдии” бырагырааматын үбүлээһинэ олунньуттан тардыллан, хойутаан тиийэрэ эмиэ этилиннэ. Министиэристибэ тустаах бырагыраама үбүлээһинин ыытыыга тэриллэр куонкуруска сайаапкалары, улуустар сэтинньи 24 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри ыыта охсуохтаахтарын иһитиннэрдэ. Усулуобуйата судургутуйда, кэлэ сатаабакка, онлайн-ыыталлар диэтилэр.
Бу бырагыраамаҕа уопсайа 301 мөл. солк. көрүллүбүт. Оттон былааннаммытынан, барытын толору хааччыйарга 360 мөл. солк. ирдэнэр. Онон, билиҥҥитэ былааннаммыттан 82-83 %-на тиийэр туруктаах. Бу иннинэ Тустаах бырагыраамаҕа 186 хаһаайыстыба хапсар эбит. Улуустар бэйэлэрин өттүттэн күүтүүлээх үбү кэмигэр тиийдэ да, түргэнник тыыра охсон, үп аналыгар туттуллуутун хааччыйыахтаахтара этилиннэ.
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0