Мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров уонна тыа хаһаайыстыбатын министирэ Александр Атласов кыттыыны ыллылар. Мунньах кыттыылаахтарын болҕомтотун Александр Жирков туох ханнык иннинэ Ил Дархан тыа улуустарыгар сүөһү иитэр хаһаайыстыбалары отунан кэмигэр уонна толору хааччыйар туһунан бу дьыл атырдьах ыйын 6 күнүгэр биэрбит сорудахтарын халбаҥа суох толорор туһугар туох суһал дьаһаллар ылыныллыахтаахтарыгар туһаайда.
«Ааҕыныы быһыытынан, бэйэбит ходуһаларбытыттан быйыл 380 тыһ. тонна оту ылыахпыт. Ол аата кыстыгы туоруурга өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн 70-80 тыһ.туоннаттан итэҕэһэ суох оту эбии булунуохтаахпыт», - диэтэ Александр Жирков.
Ил Дархан Бырабыыталыстыба уонна улуустар дьаһалталарын иннигэр быйылгы дьылга сүөһү ахсаанын энчирэппэккэ, кыстыгы этэҥҥэ туоруур туһугар уталытыллыбат дьаһаллары эрдэттэн ылыналларыгар, дьаһаналларыгар сорук туруорбута.
Маны таһынан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сүөһү аһын бэлэмнииргэ идэтийбит хаһаайыстыбалары тэрийэн туруктаах кормовой базаны олохтуур үлэни саҕалыырга сорудахтаабыта.
Ил Дархан сорудахтарын кэмигэр уонна ситэри толорор туһуттан Бырабыытылыстаба, тыа хаһаайыстыбатын уонна атын туһааннаах министиэристибэлэр сөптөөх үбү-харчыны түмүөхтээхтэр, баар үбү-харчыны толору уонна саталлаахтык туһаныахтаахтар, эбии дьаһаллары, сорудахтары ылынан туһааннаах хаһаайыстыбаларга тириэрдиэхтээхтэр.
Мунньахха Саха сирин тас өттүттэн: Амур уонна Магадан уобаластарыттан, Забайкальскай кыраайтан оту атыылаһыыны уонна тиэйэн аҕалыыны сүрүннүүр биир операторы улуустарга тэрийэн үлэни саҕалыыр туһунан быһаарыы ылылынна. Ордук ыарахан туруктаах, дьыл ортотугар да диэри тиийэр ото суох хаһаайыстыбаларга, чуолаан Уус Алдан, Томпо уонна Өймөкөөн улуустарын сорох хаһаайыстыбаларыгар, өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн от атыылаһан, эрдэ тиэйиллэрин хааччыйар инниттэн өрөспүүбүлүкэ аатыттан тустаах төлөбүрү мэктиэлиир докумуоннары бэлэмнии охсоллоругар дьаһал бэрилиннэ.
Александр Жирков Ил Дархан дьаһалларыгар этиллибит өссө биир сүрүн сорукка анаан тохтоото. «Уот кураан биир сыллаах буолуо суоҕа,– диэтэ бастакы вице-спикер, – Илин Эҥэри уунан хааччыйыыга анаан 90-с сылларга икки хайысханан тутуллубут уу ситимнэрэ үгүс сылларга кыахтарын аҥарынан эрэ үлэлээн кэллилэр. Биһиги Ил Дархаммыт өр кэмнээх кормовой базаны олохтуур туһунан дьаһалын толорорго бу икки водопровод толору үлэлиэхтээхтэр. Ол аата – өрүстэн ууну ыларга эбии насостар туруохтаахтар, уу ситимэ тардыллыбыт сирин былаһын тухары уу мунньар уонна сири ньүөлсүтэр тутуулар чөлүгэр түһэриллиэхтээхтэр, турбалары өрөмүөннүүргэ, быһыттары сөргүтэргэ уонна оҥорорго анал үп-харчы көрүллүөхтээх, улуустарга мелиориативнай, ньүөлсүтүү үлэлэрэ толору тэриллиэхтээхтэр».
Мунньах түмүгүнэн Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта М.В. Никифоров: «Уот уонна кураан хоромньулара ааҕылла тураллар. Ол эрэн күн бүгүн даҕаны тахсыбыт хоромньуну толуйууга сүүһүнэн мөлүйүөн эбии үп көрүллүөхтээҕэ биллэр. Онуоха сөптөөх докумуоннары тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суһаллык бэлэмнии сылдьар. Хоромньу үгүс өттө өрөспүүбүлүкэ быйылгы уонна эһиилги бүддьүөттүттэн толуйуллуоҕа диэн эрэнэбит», - диэтэ.
Мунньахха Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев кыстыгы тэрийиигэ атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи дьаһалларын халбаҥа суох толорор инниттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин быйылгы уонна кэлэр сыллааҕы бүддьүөтүгэр сөптөөх уларытыылары киллэрэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ анаан дьарыгырар хаһаайыстыбалары тэрийиигэ үлэни уталыппакка саҕалыырга сүбэлэһии буолла.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0