Хаппыыстаны түргэнник тууhуур ньымалар
Ѳлгѳм үүнүүнү биэрбит ѳҥ сайын кэлэн ааста. Сир аhын, оҕуруот аhын дэлэгэйдик ыллыбыт. Олортон хачыгырас сибиэhэй хаппыыстаны тууhааттахха, доруобуйаҕа олус туhалаах, иҥэмтиэлээх аска кубулуйар.
Билиҥҥи дьон, бириэмэлэрин харыстыыр буолан, аҕыйах кэм иhигэр элбэҕи ситиhэ сатыыллар. Онон бүгүн уhун бириэмэни ылбат ырысыаптары ылан туhаныҥ.
Бастакы ырысыап. Хаппыыстаны бэрт түргэнник тута бааҥкаҕа тууhуохха сѳп. 2 кыра хачаан хаппыыстаны, 2 моркуобу, 3 остолобуой ньуоска тууhу, 1 остолобуой ньуоска саахары ылабыт.
Хаппыыстаны синньигэс гына кырбыыбыт. Моркуобу түѳркэлиибит. Улахан эмалированнай иhиккэ угаттаан, мас лаппаахынан булкуйабыт. Эрдэттэн стерилизацияламмыт үс лиитэрэлээх бааҥканы ылан, моркуоптаах хаппыыстаны ыга симэбит. 0,5 лиитэрэ ууга туус кутан баран, оргутабыт. Бу ууну бааҥкалаах хаппыыстаҕа кутабыт. Бааҥкабытын сѳрүүн сиргэ, миискэ эбэтэр бодунуос үрдүгэр уурабыт. Кѳрѳ сылдьан, салгынын таhаарабыт. Анньан кѳрѳргѳ суши мас палочкатын туттуохха сѳп. Оттон ороhуола ыгыллан тахсыбат буоллаҕына, ол аата хаппыыста бэлэм. Халадьыылньыкка ууран баран, аҕыйах хонугунан аhылыкка туттуохха сѳп.
Иккис ырысыап. Эмиэ түргэн. Хаппыыстаны аны кѳстүрүүлэҕэ тууhуубут. Онно икки орто хачаан хаппыыста, 4-5 моркуоп, туус, саахар уонна 3 лавровай лиис барар.
Хачааннары лиистэргэ араарабыт, модьу чаастарын быhан быраҕабыт. Хас да лииhи холбуу тутан баран, синньигэс гына кырбыыбыт. Кырбаммыт хаппыыстаны улахан миискэҕэ угабыт. Билигин саахары уонна тууhу хаппыыста үрдүгэр тэҥнээн кутабыт. Манан суоттаныҥ: 10 кг хаппыыстаҕа 250 г туус, 300 г саахар. Хаппыыстаны тууhу уонна саахары кытта булкуйабыт. Моркуоптары ыраастыыбыт уонна сууйабыт. Оттон бѳдѳҥ гына түѳркэлиибит. Оттон хаппыыстаҕа эбэн баран, хаппыыста сүмэhинэ тахсарын курдук эллии-элии булкуйабыт. Хаппыыста моркуобу кытта холбоhон саhархай ѳҥнѳнѳр.
Билигин хаппыыстаны барытын улахан кѳстүрүүлэҕэ кѳhѳрѳбүт. Онуоха миискэттэн хаппыыста суогун эмиэ кутабыт. Оттон хас да лавровай лииhи угабыт. Ол иннинэ лавровай лиистэри ууга сайҕыыбыт.
Бу ырысыапка миискэҕэ хаппыыстаны хаста да чаастаан бэлэмниэххэ сѳп. Хаппыыстаны кѳстүрүүлэҕэ уктаххыт аайы, илиигитинэн ыга баттаан, дьаптайан биэрэргитин умнумаҥ. Тиhэххэ хаппыыста үрдүгэр баттык уурабыт. Ол улахан тэриэлкэ буолуон сѳп. Сорох хаhаайкалар ону таhынан хаппыыстаны быылтан харыстаан, кѳстүрүүлэни маарыланан сабаллар.
Дьэ ол кэнниттэн хаппыыста 18-20 кыраадыс хос температуратыгар 7 күн устата турар. Хас күн аайы гаас таhаарар сыалтан, хапыыстаны түгэҕэр диэри уhун мас паалканан дьѳлѳ анньыллар. Бу турарын тухары хаппыыста сыттанар уонна күүгэннирэр. Оттон ороhуол дьэҥкир буоллаҕына, күүгэнэ ааhар. Ол аата хаппыыста бэлэм буолбут уонна тымныы сиргэ ууруллар. Хаппыыста бэйэтин ороhуолунан ситэри бүрүллэ сылдьара наада. Оннук буолбатаҕына, үѳhээҥҥи араҥата түргэнник буортуйар. Буортуппут түгэҥҥитигэр, үрдүн ылан быраҕыллар.
Моркуобу уонна сүбүѳкүлэни сибиэhэйдии харайыы
Кыhын моркуоп уонна сүбүѳкүлэ аска ордук элбэхтик туттуллар уонна амтаны тупсарар оҕуруот астара буолаллар.
Дьэ балар кыhын устата сииргэ хайдах хараллыахтарын сѳбүй? Оҥкучахха, эбэтэр подвалга моркуобу, хаппатын наадатыгар, мас дьааhыкка уган туруораллар. Мас дьааhык түгэҕэр кураанах ѳрүс кумаҕын, мас кѳѳбүлүн эбэтэр рябина кураанах сэбирдэхтэрин угаллар. Бу араҥа халыҥа 4 см буолуохтаах. Онно моркуоптары бэйэ-бэйэлэрин таарыйбаттарын курдук ууруллар. Оттон бу эрээт 5 см халыҥнаах кумаҕынан бүрүллэр. Маннык ньыманан биир дьааhыкка 15-тэн элбэҕэ суох моркуоп угуллар. Үѳhээҥҥи араҥата эмиэ кумах буолуохтаах. Итинник моркуоптаах хас да мас дьааhыктары бэйэ-бэйэлэригэр үрүт-үѳhээ ууруохха сѳп. Кыhын оҥкучахха температура 4 кыраадыстан үрдүѳ суохтаах.
Ѳссѳ биир кыhыны оҥкучахха үчүгэйдик туоруур оҕуруот аhа — сүбүѳкүлэ. Кинини эмиэ, моркуоп курдук, кураанах, ыраас ѳрүс кумахтаах эбэтэр куурдуллубут мас кѳѳбүллээх мас дьааhыктарга уган харайыллар. Ол эрэн мас дьааhыктар ойоҕосторугар кыра дьѳлѳҕѳстѳрдѳѳх буолуохтаахтар. Оттон бэйэлэрэ муостаттан 15 см үѳhээ тирээбилгэ, итиэннэ, салгын үчүгэйдик киирэрин туhугар, истиэнэттэн 20 см диэри тэйиччи туруохтаахтар.
Отонноох мастары кыстатыы
Билиҥҥи кэмҥэ элбэх киhи тэлгэhэлэригэр мас, сэппэрээк арааhын, ол иhигэр биhиги Сахабыт Сирин тыйыс айылҕатыгар мэнээк үүммэт соҕурууҥҥу да кѳрүҥнэри, олордоллор. Кыhын чугаhаан, бу култуурунай үүнээйилэр эмиэ туспа харалтаҕа наадыйаллар. Онтон аҕыйах холобуру ыллахха манныктар.
Дьиктитэ диэн, биhиэхэ вишня курдук отонноох мас олус табыллан үүнэр буолбута ырааппыт. Ордук «Песчаная» (Бессея), итиэннэ кэнники «Войлочная» суортары хото олордоллор. Оттон күhүн үчүгэй үүнүүнү ылан, вишня бѳдѳҥ, хараҥа кыhыл отоннорунан уонунан ахсааннаах 3 лиитэрэлээх бааҥкаларга минньигэс бэйэлээх хомпуот оҥороллор. Оҥкучахха, эбэтэр подвалга бэркэ турар, кыhын остуолга бэртээхэй ас. Дьокуускайга уонна улуустарга. Бу вишнялар үнүгэстэрин Крестьянскай ырыынактан саас 1,5 тыh. солкуобайга кини олордуутунан дьарыктанар олохтоох дьонтон кѳҥүл атыылаhыахха сѳп. Сорохтор атын эрэгийиэннэртэн да аҕалыналлар.
Билэр дьон этэллэринэн, вишня хаар анныгар туох да буолбакка кыстаан тахсар. Сүрүнэ, кыра быраабыланы тутуhуохха наада. Вишня маhын сиргэ сэрэнэн сыhыары тардан, лабааларын тоhуппат курдук баттатыллар. Оччоҕо хаарынан бүтүннүү бүрүллэр.
Эмиэ итинник кыстатар ньыма малинаҕа туттуллар.
Оттон хаптаҕас уонна моонньоҕон хайдах үүнэн туралларынан кыстыыллар.
Аны винограды 10 лиитэрэлээх биэдэрэҕэ эбэтэр атын иhиккэ тэпилииссэҕэ үүннэрэр ньыма элбээбит. Онон виноград кыстыыра да судургу. Элбэх сыллаах үүнээйини иhитин кытта оҥкучахха ууруллар. Саас буолла да, эмиэ хат тыллар. Манна даҕатан эттэххэ, элбэх сыллаах биэрэс эмиэ итинник кыстыыр, кѳннѳрү хоско да туруон сѳп.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0