Түннүгү көрбүтүм: дьыбардаах. Ол аата халлаан тымныйбыт.
“Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук,
Мин төрөөбүт аан ийэ дойдум
Халыҥ хаарынан
Саҥата суох сабыллан сытар...
Сүүрүктээх үрэҕим
Сүүнэ үлүгэр мууһунан
Сөллүбэт гына сүгэһэрдэнэн турар...
Хара тыам
Халыҥ үлүгэр хаар бэргэһэнэн
Хаппахтанан турар...
Буруолаах балаҕаҥҥа,
Модун тымныы бохсон,
Боростуой дьон бука бары
Бокуйан сыталлар...”
Алампа ити хоһоонун кытары харахпар Иннокентий Корякин “Тымныы оҕуһа” диэн хартыыната көстөн кэллэ. Манна даҕатан эттэххэ, кини бу күн, бастыҥ худуоһунньук быһыытынан, Алампа бириэмийэтин туппута.
Ити уруһуйга курдук, Дьылбыт оҕуһа бууһурҕаччы тыыннаҕына, ахсым тымныы аныһыйар. Оччоҕо үөһэттэн көрдөххө, туох ханна баара биллибэт гына күдэрик туман оргуйар.
Дьэ, оннук көстүүттэн “Биһиги кыһыммыт” киинэ саҕаланна. “Бу айылаах будулҕан быыһыгар, күдэн-үөдэн түгэҕэр, ама, олох баар үһү дуо?” дии саныыгын.
Баар, доҕоттоор, баар! Онно эн, мин, кини — биһиги олоробут! Чысхаантан чаҕыйбакка, сылааска, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан…
Никифоровтар эмиэ соннук, кыыдааннаах кырыа кыһынтан кыаһыламмакка-кыһарыйтарбакка, күн ахсын саҥаны-сонуну айарга-тутарга дьулуһар эдэр ыал буолаллар: Лида (Ирина Михайлова) бырайыактары толкуйдуур, Дима (Илья Яковлев) төлөпүөннэри өрөмүөннүүр. Лида үчүгэй үлэһит буолан, киинэ бүтүүтүгэр начаалынньыкка тиийэ үрдүүр, оттон Дима бу чааһынай тэрилтэтэ син дохуоттаах буолан, ипотекаларын аҕыйах сыл иһинэн саппыттар.
Онон былааннаабыттарын курдук, дьэ, оҕо-уруу тэнитэн, ньир бааччы олоруохтарын, аны атын боппуруос күөдьүйэр – “Тоҕо туох да уларыйбатый?” диэн.
Иһэр дуу, үлэлээбэккэ олорор дуу эрдээх дьахтар: “Аһара туолан... Барытын уустугурдан... ” – диэн Лиданы сүөргүлүө этэ. Ол эрээри киһи олоххо ирдэбилэ кини хайдах бэйэтин сананарыттан улахан тутулуктаах эбээт. Лида олор курдук кыһалҕаны хаһан да билиэ суоҕа, тоҕо диэтэххэ, кыра да тэппини көрбөт сиэринэн, оннук сыһыаны тулуйуон кэриэтэ соҕотох сылдьыа этэ дии саныыбын. “Оччо бэйэтин үрдүктүк тутар киэмсик дуо?” – диэххит. Баҕар, буолуо. Оннооҕор бу хамнас өлөрөр, арыгы испэт, табах тардыбат, уҥа-хаҥас “хаампат”, үлэ кэнниттэн дьиэтигэр кэлэр, кэргэнин таптыыр, болҕомто уурар эриттэн сылайбыт, салҕыбыт аатырар. Туохха да тук буолбат төрүөтүн кини судургутук быһаарар: “Наар биир дии”, — диэн.
“Оҕото суох олох оннук чуҥкук буоллаҕа”, — диэн аһына санаабыппыт, ол киниэхэ бириичинэ буолбатах эбит: эрэ өссө сайдар сыала-соруга суоҕуттан кыйаханарын билинэр. Били, этэргэ дылы, элбэх эрэйи эҥээринэн тэлэн, эйэлээх эйгэни түстээбит дьоһун далбар хотуттар: “Барыта баарыттан с жиру бесится”, — дииллэрэ оччотугар оруннаах курдук буолан тахсар. Онуоха аныгы атаах кыргыттар: “Эс, мин эмиэ итинэн дуоһуйан олоруо суохпун”, — диэн сөпсөспөттөрүн биллэриэ, итинник биир тэҥ олох киһини муҥурданыыга тиэрдэрин, онтон быыһанар суол арахсыы эрэ буоларын этиэ этилэр.
Биһиги да геройдарбыт оннук быһаарыналлар – хас эмэ сыл туппут дьоллорун уйатын үрэйэллэр. Бэйэлэрин “кистэнэ сыппыт” дьоҕурдарын, талааннарын, сатабылларын таһаара, баҕалаах “интэриэһинэй” олохторун көрдүү туруналлар. Хайыаххыный, “самореализация” билиҥҥи ыччакка инники күөҥҥэ турар буоллаҕа эбээт. Онуоха бастакы дьыаланан үлэлэрин уларыталлар: Дима киинэ устуу түбүгэр түһэр, Лида кыбартыыралары дизайнныыр буолар.
Ол эрээри олох сокуона былыр да, билигин да биир. Ону кинилэргэ ыаллара эмээхсин Нина Васильевна (Зоя Багынанова), кэргэнин анараа дойдуга атаарар ыар күнүгэр, сааһын тухары өйдөһөн-өйөһөн олорбут киһитин туһунан истиҥ ахтыытынан өйдөтөр. Киһи сирдээҕи аналын туһунан бу курдук этэр: “Олох наһаа кылгас. Баары сыаналааҥ. Истиҥ иэйиилээх дьиҥнээх таптал киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр. Ону харыстааҥ. Ордугу булаары, дьолгутун мүччү тутумаҥ”, — диэн.
Ити тыллар кыһыны быһа чысхааннаах дьыбар туманыгар муммут Лидаҕа, сааскы күн сардаҥатын курдук, олоҕун бутуурдаах суолун сырдаталлар. Ол курдук, ыаллара оҕонньору атаарар тиһэх суол остуолуттан Диматын кытта аргыстаһан тахсыбыта, таһырдьа күн барахсан, биир киһи олоҕо түмүктэммитин мэлдьэһэ, сандаара сыдьаайбыт. Ол онтон дуу, биитэр өр сүтүктээбит доҕорун көрсүбүтүттэн дуу, биитэр туох баар куһаҕан барыта бу хаардыын ууллуоҕар эрэнэн дуу, кини оннооҕор маннык кутурҕаннаах түгэҥҥэ сүргэтэ көтөҕүллэн мичээрдиир…
Сылаас да тылга хаҕыстык хардарар бэйэтэ аны “кэл, олор” диэн судургу этииттэн үөрэр буолбут эбээт! “Туох да уларыйбат” диэн, Диматын уларыта сатаан кыҥкыйданара, хата, бэйэтэ уларыйбыт, доҕоор! Бириэмэ үчүгэй уруогу биэрбит ээ, быһыыта… Дима матасыыкылыгар олорсон, иккиэн айаннаан бара тураллар…
Режиссер Степан Бурнашев, эмиэ үгэһинэн, түмүгүн итинник аһаҕас хаалларар. Көрөөччү бэйэтин толкуйугар. Уйулҕа үөрэҕэр “обнуление” диэн ыраастаныы баар дии. Эрэйдээбит эргэни, баттаабыт баттыгы, самнарбыт санааны – барытын суох оҥорон баран, саҥаттан саҕалыыр ньыма. Баҕар, Лидалаах Дима оннук гыныахтара дуу? Биитэр алдьаммыты хаттаан саҥа гыммаккын дуу?..
Бу киинэни суруналыыстарга, блогердарга анаан көрдөрдүлэр. Степан Бурнашев “Хара хаарын” кэнниттэн “Биһиги кыһыммыт” диэни истэн баран, бастаан утаа эмиэ тымныыга туох эрэ быһылаан буолара буолуо дии санаабытым. Онтукам сылаас сыһыан тымныйыытын биһиги тыйыс кыһыммытыгар дьүөрэлээн ааттаабыт эбит. Сөп ээ, хата, ураты олохпут-дьаһахпыт барыта көһүннэ: кыыдааннаах кыһыммыт, будулҕан тумаммыт, онно эрэ кыһаммакка, тоҥуулаах хаарга оонньуур оҕолор, кылгас күммүт, икки хараҥаны ыпсаран үлэлиирбит, халыҥ таҥаспыт, массыыналарбыт сабыыта-бүрүөһүнэ суох сатаан турбаттара, оттук кыһалҕата (кыыс аҕата этэн аһарар), дэриэбинэ унаар буруота…
Үчүгэйэ диэн, бу киинэҕэ “Пугалоҕа”, “Бөртөлүөккэ”, о.д.а. киинэлэргэ курдук, өрөмүөн диэни өтөрүнэн билбэтэх эргэ дьиэ-уот көстүбэтэ. Оннооҕор лифт кытта ырааһа үөртэ. Дьэ, кыбыстыбакка, соҕуруу көрдөрүөххэ сөп.
Сценарист Светлана Таайко билиҥҥи олох лиэнтэтиттэн быһан ылан көрдөрбүт курдук кырдьыктаахтык суруйбут. Ол иһин киинэ геройдарыгар сорох бэйэтин билбит, ким эрэ эрин арыйбыт, хайалара эрэ дьүөгэтин көрбүт буолуохтаах. Дэлэҕэ киинэ сүрүн слогана “История, в которой каждый узнает себя…” диэн буолуо үһү дуо?
Илья Яковлев (Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа) киинэҕэ бу бастакы улахан оруола үһү. Бу иннинэ “Чыскы”, “Мой убийца”, “Иччи” уһулла сылдьыбыт. “Биһиги кыһыммыт” тыаһын-ууһун ылан баран, саҥата суох көрөрбүт буоллар, кини сирэйиттэн-хараҕыттан, туттарыттан-хаптарыттан, бука, киинэ проблематын, ис хоһоонун өйдүө эбиппит буолуо. Ол курдук кини ис туругун (кыыһырбытын, долгуйбутун, ааттаспытын, ньиэрбинэйдээбитин, ыксаабытын, ыгылыйбытын, о.д.а.) бэркэ көрдөрөр. Оттон Ирина Михайлова (Саха театра) букатын да итиннэ, чахчы, олорор курдук. Ким эрэ кинини кистээн уста сылдьарын курдук, итэҕэтиилээхтик оонньуур.
"Биһиги кыһыммыт" жанрын реализм хабааннаах психологическай драма диэм этэ. Ол эрээри Светлана Таайко бэйэтэ сытыы юмордаах, дьээбэ-хообо тэҥнэбиллэрдээх буолан, ол артыыстар саҥаларыгар иһиллэр. Чуолаан Дмитрий Баишев, бэйэтиттэн эбэн-сабан, уустаан-ураннаан, дьиҥ сахалыы көрүдьүөһү көҕүлүттэн тутан күллэртээтэ. СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова, улахан талааннаахтар диэн хайгыыр артыыстарым Георгий Бессонов, Гаврил Менкяров киинэни киэргэттилэр.
Бу киинэҕэ аны Ксения Собчак кыбыллан-кыттыһан хаалбыт. Били, Саха Сиригэр киноиндустрия сайдыытын туһунан Ютуб ханаалыгар уста кэлэ сырыттаҕына тутан ылан кытыннарбыттар.
“Киинэ иһигэр киинэ” диэбиккэ дылы, манна киинэни устуу ымпыга-чымпыга эмиэ көрдөрүллүбүт. “Төһөлөөх сыраттан тахсарын, таҥылларын, табылларын биллиннэр диэн, биир идэлээх уолаттарбын өйөөн, тустаах дьон болҕомтолорун тардаары, ити түгэннэри киллэрбитим ”, — диир режиссер.
Оттон биһиги ону атыннык ылынныбыт – “сир түгэҕинэн” ааттыыр хотугу кыраайдарыгар “тоҥмотох” сүрэхтээх, “мууһурбатах” дууһалаах, саҥаны-сонуну айарга-тутарга баҕалаах дьон олорор диэн.
Кинилэри бу кэлиҥҥэ кэмҥэ “Синет Сахавуд” курдук грантовай, итиэннэ судаарыстыбаннай программаларынан өйүүр буолбуттара хайҕаллаах. Санаабар, арҕаа эҥээр IT хайысхатыгар наһаа охтон, дьон айар кыаҕа сыппаабыт курдук… Тоҕо диэтэххэ, арай көрдөххө, урут аатырбыт киинэлэр ремейкэлэрэ эбэтэр салгыы саҥа чаастара эрэ тахсарга дылы.
Оннук тоҕоостоох кэми туһанан, саха киинэтэ үчүгэй сценарийынан, сонун тиэмэтинэн, ураты хартыыналарынан, талааннаах артыыстарынан киэҥ эйгэҕэ өссө тахсан иһиэ диэн эрэнэбит.
Холобура, бу “Биһиги кыһыммыт” Благовещенскай куоракка ыытыллыбыт «Амурская осень» фестивальга “Бастыҥ операторскай үлэ” ааты ылбыта. Чахчы, 50 кыраадыс тымныыга устар, бээ, манан дьыала буолбатах.
Киинэ өссө да атын куонкурустарга кыттар сураҕын истибитим. Оттон бу нэдиэлэҕэ Москва, Санкт-Петербург уонна Новосибирскай куораттар кэккэ саалаларыгар “Биһиги кыһыммыт” көстүөҕэ. Оттон Саха Сирин улахан экраннарыгар сэтинньи 24 күнүттэн тахсыаҕа. Кэлэн көрөөрүҥ диэн ыҥырабын.
- 7
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0