Бу сайын эмиэ бэс ыйын саҕаланыытыттан бырдах кый курдук түһэн, сылгы, сүөһү иэдэйдэ. Ол курдук, бэл диэтэр, бөһүөлэк таһыгар сылдьан, наар бырдахтан тумнастан, биэлэр, кулуннар өллүлэр.
Сылгылаах дьон тиэтэл муҥунан түптэҕэ хараххалары оҥорон, күнүстэри-түүннэри оттон, харабыллаан, сылбалара баранна.
Оттон ыраах учаастактарга баар сылгыһыттарга оскуола оҕолоро күүс-көмө буолаллар. Ол курдук, XI кылаас буолбут Артур Созонов уонна Ваня Ефимов 176 сылгыны сайылатар Тоҥуулаах учаастагар үлэһитинэн бардылар. Кинилэр икки ый устата түптэлээн, сылгылары хаһааҕа сойутан, хаһааны ыраастаан, сылгыһыт А.С. Слепцов көмөлөөһөөччүтүнэн үлэлииллэр.
Хара үлэттэн куттаммакка, ыарахантан чаҕыйбакка, уустук үлэҕэ ылсан, уолаттарбыт эр киһилии буһан-хатан уһаарыллан, эттиин-хаанныын, өйдүүн-санаалыын улаатан кэлиэхтэрэ, сайыннарын туһалаахтык атаарыахтара.
Изабелла Ноговицына,
Орто Халыма.
- 1
- 0
- 0
- 1
- 0
- 0