Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -31 oC

Горнай -- Дьокуускай куораттан биир чугас улуус. Сирин иэнэ — 45,6 тыһыынча кв. км. Тоҕус нэһилиэктээх. Мытаах оройуон кииниттэн, Бэрдьигэстээхтэн, 25 км. тэйиччи сытар.

Нэһилиэккэ 11-с сылын баһылыгынан Иван Егорович Петров үлэлиир. Былырыын балаҕан ыйыгар дьонун сэргэтин итэҕэлин ылан, үһүс болдьоҕор талыллыбыт.

Горнай -- Дьокуускай куораттан биир чугас улуус. Сирин иэнэ — 45,6 тыһыынча кв. км. Тоҕус нэһилиэктээх. Мытаах оройуон кииниттэн, Бэрдьигэстээхтэн, 25 км. тэйиччи сытар.

Нэһилиэккэ 11-с сылын баһылыгынан Иван Егорович Петров үлэлиир. Былырыын балаҕан ыйыгар дьонун сэргэтин итэҕэлин ылан, үһүс болдьоҕор талыллыбыт.

Бөһүөлэк улаатар-кэҥиир

Мытаах нэһилиэгэ ып-ыраас салгынынан, мап-маҥан хаарынан, киэҥ-куоҥ суолларынан, амарах дьонунан көрүстэ. Бүтэһик биэрэпис түмүгүнэн манна 691 киһи олороро бэлиэтэммит. Бу 2010 сыллааҕы көрдөрүүнү 60-ча киһинэн куоһарбыт (оччолорго 636 эбит).

«Кыра нэһилиэккэ уон сыл уһун курдук эрээри, үлэлии-хамсыы сырыттахха биллибэт эбит”, - диэн Иван Егорович кэпсээнин саҕалыыр.

мытах туолбэ

--Нэһилиэкпитигэр орто оскуолалаахпыт. Биир дойдулаахпыт, саха норуодунай суруйааччыта Софрон Петрович Данилов аатын сүгэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар 129 оҕо үөрэнэр. Маны таһынан 50 миэстэлээх “Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин үлэлиир. Исписэлиистэринэн хааччыллыы толору.

 Кииннэммит ититиигэ нэһилиэк социальнай эбийиэктэрэ 100%, кэтэх дьиэлэр 90% холбонон тураллар. 12 үлэһиттээх ОДьКХ-быт хочуолунайбытын чоҕунан оттор, өссө иһэр уунан хааччыйар.

Кыстыгы этэҥҥэ туораан эрэбит

--Нэһилиэкпит тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Быйылгы кыстыкка 569 төбө сылгыны кыстатан турабыт, онтон биэтэ – 397. Хороҕор муостаахпыт – 540 төбө, итинтэн 241 – ыанар ынах. Хаһаайыстыбалар сибиинньэ, көтөр иитиитинэн, булдунан дьарыктаналлар. Бүгүҥҥэ күҥҥэ сүөһүлэрбитин уонна сылгыбытын 16 тэрээһиннээх хаһаайыстыба көрөр-истэр, 40-ча ыал кэтэх хаһаайыстыбалаах.

          Кыстык кэминэн баран иһэр. Төрүөх саҕаланна. Билиҥҥитэ 40-чэ  ньирэйдэннибит. Сылгы төрүөҕэ саҕаланара арыый эрдэ. Былырыын барыта этэҥҥэ ааспыта, охтуу суох этэ. Быйыл  эмиэ оннук буоллар.

Ааспыт сайын улууспутугар ойуур баһаардара тураннар, уустуктары үөскэппиттэрэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр 5 баһаар тура сылдьыбыта. Мантан иккитэ улаатан, кэлин холбоһон, бөһүөлэкпитигэр үс килэмиэтиргэ тиийэ чугаһыы сылдьыбыта. Өрөспүүбүлүкэ уонна улуус дьаһалтатын ыксаллаах быһыыга-майгыга ыстааптара, тустаах тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ биир сомоҕо буолан үлэлээбиппит. Көмөҕө кэлбит волонтердар өҥөлөрүнэн ходуһаларга уоту киллэрбэтэхпит, кэбиһиилээх оттор былдьамматахтара. Онон сылы кыстыыр оппутун хааччынан олоробут. Ол эрээри баһаар отой мэһэйдээбэтэҕэ диир сыыһа буолуо. Ол курдук, оппут былаанын 90% толорбуппут, кыра хаалыы баара. От хаачыстыбата, дьылбыт кураан буолан, олох үчүгэй. Билигин хаһаайыстыбалар сандал саас чугаһаан, томороон тымныылар бүтэн, кыстыгы этэҥҥэ туоруурга санаалара бөҕөх.

          --Балачча дохуоту аахсабыт

--Былырыын тыа хаһаайыстыбатын саҥа мэхэньиисимэ үлэлээн, кэтэхтэр ынах төбөтүгэр харчынан субсидия ылбыттара. Үүт туттарыан баҕалаах хаһаайыстыбалар бэйэлэрин кыахтарын учуоттаан туран дуогабардаһан, «Горнай-Аска” үүттэрин туттарбыттара. Быйыл эмиэ ол бэрээдэгинэн үлэ-хамнас былааннаахтык барыа. Мин тус санаабар, бу сөптөөх дьаһал. Бииринэн, хаһаайыстыба улаханыттан-кыратыттан тутулуга суох бэйэтэ баҕарар өйөбүлүн талан ылар кыахтанна.

Өскөтүн биһиги 2020 сыллаахха ортотунан 350 туоннаҕа былааммытын түһэрсэрбит. “Горнай-Аска” лиитэрэ үүтү 35 солкуобайга туттаран, нэһилиэк олохтоохторо холбоон 12 мөлүйүөнтэн тахса харчыны аахсаллара. Оттон 2021 сыл түмүгүнэн 270 туоннаны туттардыбыт. Төһө да үүт туттарыыта аччаабытын иһин, лиитэрэ үүт сыаната үрдээбитинэн, 12 мөлүйүөммүтүн өссө кыратык аһаран, 12 мөл. 150 тыһ. солкуобайы ааҕыстыбыт. Ону таһынан 80-ча төбөҕө 35-тии тыһ. солк. ылан, холбоон 3,5 мөл. солк. ыллыбыт. Урукку сыллардааҕар балачча дохуоту аахсыбыт курдук сананан олоробут.

Быйыл эмиэ, үгэс быһыытынан, «Горнай-Астары” кытары хаһаайыстыбалар үүт соҕотуопкатыгар дуогабардаһаллар. Маны таһынан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын нөҥүө ынах төбөтүгэр субсидияҕа дуогабар түһэрсэллэр.

Быйылгы сыллаах үүт былаана 270 туонна буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Ону таһынан 89 төбөҕө биирдиилээн хаһаайыстыбалар сөбүлэһэн дуогабардаһан олороллор. 

Быйылгыттан “Горный МясоПродукт” Бэрдьигэстээххэ эти тутар буолла. Астыыр сыаҕын арыйда, онон этинэн дьарыктанар хаһаайыстыбаларга эбии дохуот киллэринэллэригэр кыах үөскээтэ.

Нэһилиэккэ биир сайдыбыт салаанан оҕуруот аһын олордуута буолар. Үгүс ыал тэпилииссэлээх, оҕуруоттаах. Олохтоох оскуола кэлэктиибэ улахан учаастактаах. Оҕуруот аһын хото ыһан, үөрэнээччилэр сыл устата сииллэр, ордугун нэһилиэк маҕаһыыннарыгар туттараллар.

Эдэр дьон олохсуйар

--Нэһилиэнньэ эбиллэр. Эдэр ыаллар олохсуйуулара улаатта. Кэлиҥҥи 10 сыл устата сылга ортотунан 4-5 саҥа дьиэ тутуллан киирэр. Ититии ситимин кытары иһэр уу ситимэ киирэн, саҥа дьиэлэр толору хааччыллыылаахтар.

Оҕо да төрөөһүнүн көрдөрүүтэ үчүгэй. Сыл ахсын 10-тан тахса оҕо этэҥҥэ күн сирин көрөр. Былырыын 12 оҕо, быйыл икки ый устата 4 оҕо төрөөтө. Бу тэтиммит түспэтэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Амарах санаалаах нэһилиэкпит дьоно тулаайах, көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору иитэллэр. Ол курдук, 28 оҕо 9 дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр.

мытах многодетные

Олохсуйуу биир төрүөтүнэн, Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри аспаал суол оҥоһуллубута буолар дии саныыбын. Онон айаҥҥа-сырыыга эрэйдэммэппит. Бу бырабыыталыстыбабыт уонна улуус дьаһалтата күүстээх үлэлэрин түмүгэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибит.

Саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр

--Хаарбах дьиэттэн көһөрүү тус сыаллаах федеральнай бырагыраама нэһилиэктэргэ үлэлээн эрэриттэн олус үөрэбит. Ол курдук, 2022-2023 сылларга 12, онтон 2024-2025 сылларга 15, ол кэнниттэн 2025-2030 сылларга 18 кыбартыыралаах, толору хааччыллыылаах таас дьиэлэр тутуллаллара былааҥҥа турар. Уопсай дьиэлэрбит сопхуос саҕанааҕылар. Эргэрдилэр, хаарбахтар. Бырагыраамаҕа 22 дьиэ хабылынна.

Нэһилиэкпитигэр “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн култуура киинэ үлэҕэ киирдэ. Манна кулууппут, саха норуодунай суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар литературнай түмэллэрэ, сахалартан бастакы академик худуоһунньук Афанасий Осипов хартыыналарын галереята баар. Сүдү дьоммутунан киэн туттабыт, нэһилиэстибэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэргэ, үйэтитэргэ кыһаллабыт.

мытах клуб мытах матсерицы

Олохтоох бибилэтиэкэ дьаһалта дьиэтигэр баар. Икки сылынан урукку дьиэлэрин өрөмүөннээн, саҥардан, онно көһөрөр былааннаахпыт. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ уһуйаан тутуута боппуруоска турар. Билигин икки эбийиэгинэн үлэлии тураллар. Биирин хаарбах да диэххэ сөп. Онон олох туруорсабыт. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө анал бырагыраама куонкуруһугар кытта сылдьабыт. Быйыл өрөспүүбүлүкэ түһүмэҕин аастыбыт, күһүн федеральнай таһымҥа быһаарыы тахсыахтаах.

Кыһалҕаларбытын кэпсээтэххэ

--Кэнники сылларга суолбут-ииспит тупсан, интэриниэт оптоволоконнай ситимэ киирэн, уу уонна киин ититии ситимнэрэ тардыллан, тыа да сиригэр дьон куораттан итэҕэһэ суох дьаһанан олорор кыахтанна.

Ол эрэн, кэккэ уустуктар бааллар. Бастатан туран, үлэ миэстэтин таһаарыыга. Маныаха урбаанньыттар күүс-көмө буолаллар. Нэһилиэкпитигэр икки улахан пилорама, 11 минипилорама үлэлиир. Кыахтарынан сөп буолар тиэхиньикэлээхтэр. Мантан саас үлэни кыайар эдэр дьоммут бөһүөлэккэ көстүбэттэр. Кыттыһан, мас охторор сирдэригэр тахсыталаан эрэллэр. Ол даҕаны иһин буолуо, тутуу тиһигин быспакка барар. Маны тэҥэ чугас нэһилиэктэргэ матырыйаал атыылаан, эбии үптэнэллэр.

Горнай улууһун сирэ-уота киин уонна өрүс нөҥүө улуустартан уратылардаах. Сыһыылар, алаастар диэн биһиэхэ суохтар. Ол тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга уустуктары үөскэтэр. Ходуһаларын кыралаан оҥостоллор эрээри, ол улахан көдьүүһэ суох. Ол курдук, ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Горнайга, улуустартан бастакынан, лугомелиоративнай тэрилтэ тэриллэн, ходуһалары оҥоро сылдьыбыттара. Ол түмүгэр билигин оттуур сирдээхпит, олору харыстаан, окко-маска былдьаппат гына дьаһана сатыыбыт.

Бэрдьигэстээхтиир суолбут 90-с сылларга оҥоһуллубут кутуу суол буолар. Кураан дьыллар буоланнар, хаайтарыы, суол алдьаныыта диэн суох. Уулаах дьылларга уустуктардаах буолааччы. Ордук кыра массыынаҕа. Онон суол тупсарыгар, аспаал буоларыгар нэһилиэнньэ туруорсар. Мин көрүүбэр, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суолларга болҕомто күүскэ ууруллар. Онон соторунан муниципальнай суоллары эмиэ оҥоруохтара диэн эрэнэбит.

Сөптөөхтүк дьаһанан олоруохха

--Бу кыһын буолбут алдьархай биһиги нэһилиэкпит дьонун эмиэ олус долгутта. Бэйдиэ ыттар боппуруостарыгар олохтоох былаас, бэтэринээрийэ сулууспата, нэһилиэк олохтоохторо ылсан үлэлээтибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэккэ 69 ыт баар, онтон 6-та -- тыһы. Балачча элбээн, 100 ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыта.

Ыттары бэрээдэктиибит, үгүстэрэ чиптээхтэр, вакциналары кэмигэр туруортарабыт. Сорох түгэннэргэ босхо барыы баар. Үксүн күһүн, саас булт кэмигэр. Атын сиртэн кэлбит булчуттар ыттара нэһилиэги буулаан баран арахпат түгэннэрэ баар буолааччы. Онуоха хаһаайыттарын суһаллык булабыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьэллик ыт диэн суох.

Олохтоох бэйэни салайыныыга киирэр уларыйыыларга тохтуур буоллахха, мин бэйэм үлэлээбит уопуппуттан сылыктаан толкуйдуурбунан, куттанар төрүөт суох дии саныыбын. Туруору былаас киирдэҕинэ, үлэлииргэ табыгастаах буолуон сөп. Маныаха сирбитин-уоппутун миэстэтигэр хаалларарга кыһаллыахпытын наада. Улаханнык аймаммакка, сөптөөхтүк дьаһанан олоруохха.

  • 4
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24