Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хас биирдии ыалтан хорсун-хоодуот эр бэртэрэ төрөөбүт дойдуларын  көмүскүү туруммуттара. Ини-бии Семен, Прокопий, Василий Каратаевтар үһүөн сэриигэ барбыттара...

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр хас биирдии ыалтан хорсун-хоодуот эр бэртэрэ төрөөбүт дойдуларын  көмүскүү туруммуттара. Ини-бии Семен, Прокопий, Василий Каратаевтар үһүөн сэриигэ барбыттара...

Мин  хос эһэм Каратаев Семен Николаевич 1942 сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр Кыһыл аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыт. Ол барарыгар, кэргэнэ Жиркова Варвара Ивановна уонна 4 саастаах уол оҕото (мин эһэм Каратаев Василий Семенович) сайыһа хаалбыттар.  

Семен

Хос эһэм Сэмэн үчүгэй уус киһи эбит. Өкүчүгэ тутуллубут улахан оскуоланы тутуспут дьонтон биирдэстэрэ. Сэриигэ барыан иннинэ хонууга өр сылларга  биригэдьииринэн үлэлээбит. Үлэтигэр олус эппиэтинэстээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах, хос тыла-өһө суох чиэһинэй киһи буолан, дьоно-сэргэтэ олус убаастыыра үһү. Кини сэрииттэн төннүбэтэҕэ... 1943 сыл арҕаа сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүтэ.

Кыра быраата Василий Николаевич Каратаев 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр сэриигэ барбыт. Кини үөрэҕэр олус үчүгэйэ, холкуос биир бастыҥ ыччата эбит. Сэттис кылааһы бүтэрэн баран, бастаан арыы нолуогун тутааччынан, онтон ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Василий учуутал буолар баҕалааҕа үһү. 1943 с. дьонугар "сураҕа суох сүттэ" диэн биллэрик кэлбит.

Василий
   Орто уол Прокопий Николаевич Каратаев Мукучутааҕы маҕаһыыҥҥа атыыһытынан үлэлии олорон, 1943 с. Кыһыл аармыйаҕа ыҥырыллыбыт. Кини Забайкальскай байыаннай уокурук 36-с аармыйатын  210-с дивизиятын 649-с стрелковай полкатыгар рядовой саллаатынан сулууспалаабыт. Японияны утары сэриигэ кыттыбыт. Сэриигэ барыан иннинэ убайдаах быраатын кылгас суруктарын туппут. "Улахан сэриигэ бэлэмнэнэбит"  диэн суруйбуттар. Ол кэннэ Василийтан да, Сементан да туох даҕаны сурах-садьык кэлбэтэх.

Прокопий3

Прокопий сэрииттэн кэлэн баран, Степанов диэн киһиттэн убайа Сэмэн сэриигэ хайдах өлбүтүн истибит. Семен уонна Василий ханнык фроҥҥа сылдьан сэриилэспиттэрэ, ханна көмүллүбүттэрэ, хомойуох иһин, биллибэт.

Эһэм Баһылай тулаайах хаалан, убайыгар Прокопийга иитиллэн, киһи-хара буолбута. Баһылай аҕатын туһунан кинини билэр дьонтон, абаҕатыттан  истэн билэрэ. Дьонун хаартыскаларын ыаллартан ылан, кэриэс гынан харайан сылдьыбыт. Эһэбит оҕолоругар дьонун туһунан кэпсиирэ эрэ хаартыскалар этэ. Билигин биһиги кинилэр тустарынан эбээбититтэн, ийэбититтэн эрэ истэн билэбит, Интернет ситимин нөҥүө көрдүүбүт.

Василина Михайлова, 

Мукучу, Кэбээйи.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением