Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -26 oC

1942 сыллаахха Тверь уобалаһын Холм-Березуевскай диэн дэриэбинэтин иһин кыырыктаах кыргыһыыга охтубут буойуттар ааттара тааска суруллан үйэтитиллэн тураллар.

1942 сыллаахха Тверь уобалаһын Холм-Березуевскай диэн дэриэбинэтин иһин кыырыктаах кыргыһыыга охтубут буойуттар ааттара тааска суруллан үйэтитиллэн тураллар.

Бу бөһүөлэк билигин суох. Манна, 2020 сыллаахха, хорсун саха буойуттарыгар анаан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбата өйдөбүнньүк мэҥэ тааһы туруорбута. 

ч-_1.jpeg

Пааматынньыкка атыттары кытта сэргэстэһэ биир аат суруллубут. Ол -- ытык Тааттаттан төрүттээх, номоххо киирбит ат баайааччы Гаврил Иннокентьевич Чабыкин аата буолар. Кини «Көрдөрүүлээх» холкуос пиэрмэтин сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ, 1941 с. сэриигэ ыҥырыллыбыта. Ржев сиригэр-уотугар өстөөҕү утары кыырыктаах кыргыһыыга олоҕун толук уурбута. Соҕотох кыыһа Татьяна Гаврильевна Саввина аҕатын олорботох олоҕун салҕаан, бу орто дойдуга тоҕус оҕону төрөтөн, хорсун буойун удьуора саҥа көлүөнэнэн тэнийэр. Биһиги Тааттаттан буор илдьэн, Гаврил Иннокентьевич көмүллэн сытар сиригэр уонна саха буойуттара сытар мемориалларыгар уурдубут.

ВК_-_1.jpeg

Мемориаллары көрө барарбытыгар Ржев куорат баһылыгын социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Елена Ямщикова тырааныспарынан хааччыйан, Зубцово куорат дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтин исписэлииһигэр Екатерина Чекуроваҕа төлөпүөнүнэн эрийэн, поисковик Елена Болюнованы сырдатыыга анааннар, суоппар Эдуард Арушанян сүрдээх үчүгэйдик илдьэ сырытта.
Үтүө санаалаах салайааччыларга, үлэһиттэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

  • 5
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением