“Саха” НКИХ “Хотугу сулус” академията 2016 сылтан сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Федор Кузьмич Попов олоҕун дириҥник үөрэтэн, кини чугас хаан-уруу аймахтарын уонна биир дойдулаахтарын кытары алтыһан кэллибит.
Аймаҕалаан туран хорсуннар
Биэс сыл анараа өттүгэр бастакы командировканан Баатара сиригэр барыы буолбута. Сыымах бөһүөлэгэр тиийэн, Ф.К.Попов аатынан мусуойу көрөн-истэн, тэлэбиидэнньэ оператора Евгений Лугиновка камераҕа уһултарбыппыт.
Олоххо баар биир дьикти чахчыны манна көрдүм ээ: Ф.К.Попов аймахтарыгар эмиэ дьоруойдуу быhыыны оҥорбут дьон хаһыалар даҕаны эбит. Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, "Хорсунун иhин" хас да мэтээл кавалера, сэрииттэн төннөн кэлэн, уйгулаах олоҕу уhансыбыт Петр Кононович Попов. Ленинград оборонатыгар сэриилэhэ сылдьан, охсуhуу хонуутугар охтубут Игнатий Назарович Попов. Кини көмүс уҥуоҕа хас эмэ сыл буолан баран көстөн, төрөөбүт алааһыгар Тыттаҕаттыга ийэ буорун булбут.
Игнатий Назарович уола Николай Игнатьевич Попов Сахалиҥҥа сулууспалаан, Ийэ дойдутугар ытык иэhин субу төлөөн кэлээри сылдьан, нуучча уола саллааты өрөһүйээрии суорума суолламмыт. Ф.К. Попов сиэн быраата Фёдор Фёдорович Сергучев, Уус Алдаҥҥа XI кылааhы бүтэрээри сылдьан, ууга түспүт оҕону быыһаары былдьаммыт. Дьэ, бу эбээт -- аймаҕынан хорсун буолуу холобура.
Убайдарын ытык сирдэрин көрөн-истэн олороллор
Федор Кузьмич чугас аймахтарын аҕа баһылыга, үлэ бэтэрээнэ Михаил Петрович Попов миэхэ албан ааттаах убайдарын олорон ааспыт сайылыгын, кыстыгын, төрөөбүт алааһын көрдөрбүтэ. Бу ыраах сытар Сыымахха сыырыбар эдэркээн олоҕун кыайыы туһугар толук уурбут саха чулуу уолун туһунан элбэҕи билэн, кини дьиҥ эйгэтин ылынан кэлбитим.
Баатара сиригэр Поповтар аймах ытык убайдарын үйэтитиигэ утумнаах үлэни ыыталлара хайҕаллаах суол. Биһиэхэ бэртээхэй маршрут оҥорон, сааскы кэмҥэ анаан-минээн суол астаран, айар бөлөххө уонна биһиги нөҥүө өрөспүүбүлүкэ тэлэбиидэнньэтин көрөөччүлэригэр ураты түгэннэри бэлэхтээбиттэрэ.
Поповтар оттуур сирдэригэр сылдьан баран, Атыыр Тириитэ сайылык сиргэ тиийэн, монументальнай пааматынньык-комплекс эбийиэктэрин кэрийбиппит.
Бу комплексы Поповтар аймахха ытыктанар дьон Марфа Петровна Филатова быраата Михаил Петрович Поповтуун оҥорторбуттар. Федор Попов сайылык дьиэтэ, субу бүгүн эрэ тахсан барбытын курдук хомуллан, ып-ыраас турара долгутуулааҕыан! Сыҥаһалаахха, төрөөбүт сиригэр, кыстык дьиэтэ кыра эрээри, эмиэ олох барыта орун-оннугар турара -- сотору төннөн кэлиэ диэбит курдук өйдөбүлү биэрэргэ дылы.
Дьэ, чахчы, Поповтар аймах ис дууһаларыттан бэриниилээхтик убайдарын ытык сирдэрин көрөн-истэн олороллоруттан киһи эрэ астынар. Михаил Петрович, Светлана Николаевна Поповтар кийииттэрэ, олохтоох поэтесса Мусьяна Сосина Дьоруойга анабыл хоһоон суруйбут. Сиэн оҕолор Федор Кузьмич туһунан дакылаат, реферат, араас презентация оҥороллор эбит.
Байам аҕатын ууһуттан тэнийэн
Федор Кузьмич аймахтарын кытта алтыһыым итинэн эрэ бүппэтэҕэ. Салгыы Мэҥэ Хаҥалас улууһун бастакы баһылыгынан талыллан таһаарыылаахтык үлэлээбит Аполлон Михайлович Попову кытта билсиим биир ураты өйдөбүлү хаалларбыта.
Аполлон Михайлович билэрэ-көрөрө элбэҕэ. Букатын оҕо эрдэҕинээҕитин ырылыччы өйдүүр эбит этэ. Ону истээччигэ умсулҕаннаахтык тиэрдэр ураты дьоҕурдаах. Ааспыт үйэтээҕи үтүмэн үлэни өрө туппут Дьоруой Попов аатынан сопхуос салайааччылара Михаил Санниковы, Валерий Попову ыҥыран, кэпсэтиибитин өссө ордук сытыырхатан уонна дириҥэтэн биэрбиппит. Кинилэр эдэркээн Федор Попов сэриигэ хайдах аттаммытын туһунан кэпсээбиттэрэ. Ол курдук, кинини көрбүт турукку кырдьаҕастар Сүөдэр олус кыахтааҕын, күүстээҕин, эт-хаан өттүнэн ураты кыанарын бэлиэтииллэрэ үһү. Баржанан сэриигэ айаннаан иһэн, оччотооҕуга да араас дьон баар буоллаҕа дии, тыл-тылга киирсибэккэ мөрөйдөһөн да туруох курдук буоллахтарына, Федор аргыый туран буойталаатаҕына, бу олох билбэт дьоно тохтуу биэрэллэр үһү. Мантан да көстөр -- Сүөдэр боччумнааҕа,эппиэтинэстээҕэ.
Байам аҕатын ууһуттан тэнийбит Поповтар аймах ытыктыыр эдьиийдэрэ, сааһын тухары Төҥүлү оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбит Марфа Петровна Филатова убайын Михаил Егорович Поповтуун Федор Кузьмич аатын үйэтитиигэ, Поповтар аймаҕы төрүччү оҥорон түмүүгэ үлэлэспиттэрин туһунан элбэхтэ истэбин.
Марфа Петровна суолун салҕаан, эмиэ учуутал идэлээх, Майаҕа олорор, Ф.К.Попов бииргэ төрөөбүт убайын кыыһа Аграфена Петровна Попова ис сүрэҕиттэн суккуллар сэһэнэ эмиэ киһи уйулҕатын таарыйар.
Кини оҕо эрдэҕиттэн Дьоруой аймахтара буолуу ураты эппиэтинэһин этинэн-хаанынан билэн улааппытын олус истиҥник кэпсиир. “Попов аймахха уол оҕо өрүү күндү, -- диир кини. -- Кыайыы күнэ биһиги аймахха курустук ааһара... Аҕам абаҕабын кытта Сүөдэр 1942 сыллаахха туруоран барбыт остуолбатыгар тахсан, элбэҕи эргитэ санаан киирэллэрэ”.
Бастакы уонна бастыҥ
Ахтан-санаан ылыаҕыҥ дуу, ааспыт араллааннаах Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэрин...
1943 сыл. Алтынньы 3 күнэ. Сарсыарда сырдаан эрдэҕинэ, тымныы Днепр өрүһү сэбиэскэй саллааттар туоруулларыгар бойобуой сорудахтаахтара. Дохсун сүүрүктээх өрүһү үрдүнэн үдүк-бадык туман бүрүүкээн турар кэмин тутуһуу буолуохтааҕа. Онуоха биһиги биир дойдулаахпыт Федор Попов бастакынан күһүҥҥү тымныы ууга ыстаммыта. Кини кэнниттэн доҕотторо эмиэ хорсуннук ууга киирэн барбыттара. Ол эрээри кыраҕытык кэтэнэн олорор өстөөх кинилэри билэ-көрө охсон, уотунан тыбыырбыта.
Федор Попов бастакынан өстөөх траншеятыгар ойон киирэн, 23 ньиэмэс саллаатын уонна офицерын кэйгэллээн, илии бөлүмүөтүн өстөөхтөн былдьаан, үһүс ротатын инники күөҥҥэ таһаарбыта. Фашистар олус күүстээхтик атаакалаабыттара. Авиация, артиллерия кыаҕын барытын туһаммыттара. Дьэ, тэҥэ суох киирсии манна этэ... Онуоха плацдармҥа ыксаллаах түгэн үөскээбитигэр, хамандыырдар атын позицияны тутуһарга сүбэ-соргу ылынан, туох күүс-кыах баарынан киирсэргэ бэлэмнэммиттэрэ. Фланговай киирсиигэ биһиги Сүөдэрбит улааппыт тыйыс айылҕатыныы кытаанах майгытын, модун санаатын көрдөрбүтэ: соҕотох бэйэтэ өстөөх 50 саллаатын уонна офицерын суулларбыта.
Биһиги байыастарбыт барахсаттар буулдьалара бүтэр уһукка тиийэн, сыыллан тиийэн, өлөн охто сытар ньиэмэс саллааттарын сааларын, аптамааттарын, гранаталарын ылан сэриилэспиттэрэ. Киэһэриитэ сидьиҥ фашист халыҥ кэккэтин күүһэ мөлтөөн, Кыһыл Аармыйа бөдөҥ холбоһуктара муостанан Днепр өрүһү туораабыттара.
Ити хабыр хапсыһыыга ылбыт баастарыттан алтынньы 13 күнүгэр эдэркээн Сүөдэр сырдык тыына быстар, хорсун сүрэҕэ тэппэт буолар.
Бастаан кини уҥуоҕун Белоруссия Гомельскай уобалаһын Глушец дэриэбинэтигэр кистээбиттэрэ. Онтон Лоевскай оройуонун Деражичи дэриэбинэтигэр бырааттыы көмүүгэ көһөрөн харайбыттара.
Албан аат бэйэтин дьоруойун булар аналлаах. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин 1944 сыл тохсунньу 15 күнүнээҕи ыйааҕынан, өстөөҕү утары командование бойобуой сорудаҕын уһулуччу хорсуннук толорбутун иһин кыһыл армеец Федор Кузьмич Поповка, өлбүтүн кэннэ, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа үрдүк аат иҥэриллибитэ. Кини сахалартан бастакынан бу маннык үрдүк наҕарааданан бэлиэтэммитэ.
Үчүгэй салайааччы этэ
Маннык хорсун эр бэрдэ ханна төрөөбүтүн, хайдах оҕо эбитин билэҕит дуо?
Федор Кузьмич Попов төрөөбүт төрүт сирэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун II Баатара нэһилиэгэ. Кини Сыҥаһалаах диэн алааска сэттэ оҕолоох Кузьма Самсонович уонна Прасковья Константиновна Поповтарга алтыс оҕонон 1921 с. ахсынньы 8 күнүгэр күн сирин күндүтүн көрбүтэ. Аҕалара кыра эрдэхтэриттэн оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэтэн-такайан улаатыннарбыта.
1930 сыллаахха «Октябрь» холкуоска дьиэ кэргэнинэн киирбиттэрэ. Сүөдэр 9 саастааҕар улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир буолбута.
1931 сыллаахха, 10 саастааҕар, оскуола аанын арыйбыта. Алааһыттан 9 килэмиэтир ыраах сиргэ сатыы баран үөрэнэн кэлэрэ. Үөрэҕин таһынан дьиэ ис-тас, иирбэ-таарба үлэтин толороро, дьонугар илии-атах буолара. Үөрэх дьыла бүттэ да, холкуоска үлэлиирэ.
Сыымахха Дьоруой мусуойугар сылдьан көрдөххө, буочара эчи кыраһыабайын, суруйара ырылыйан ырааһын! Манна Федя Попов үөрэммит паартата баар. Кэлин бу паартаҕа Сыымах оскуолатын туйгун үөрэнээччилэрэ эрэ олорор чиэскэ тиксэр буолбуттар.
1936 сыллаахха, V кылааһы бүтэрэн баран, аҕата ыараханнык ыалдьан, оскуолатыттан тохтообута. Мантан ыла саҕаламмыта холкуоска күүстээх үлэтэ. 1937 сыл кыһыныгар Сүөдэр үлэтин таһынан бииргэ үлэлиир дьонун, 20 киһини, ахсаан ааҕарга уонна суруйарга үөрэппитэ.
Сүөдэр балтытыгар Дуняҕа суруктара мусуой биир дьоһун экспоната буолаллар. Буойун төрөөбүт түөлбэтигэр хаалбыт балыһыгар таптала, кыһамньыта барыта бу суруктарга көстөр.
1940 сыллаахха, 19 сааһын туолбутун кэннэ, эппиэтинэстээх суруксут уолу «Октябрь» холкуоһугар биригэдьииринэн аныыллар. Сүөдэр наһаа ирдэбиллээх уонна кыһамньылаах үһү. Үлэһиттэрин соруйа-дьаһайа буолбакка, өрүү тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэр буолан, үчүгэй салайааччы быһыытынан хайҕанар эбит.
Биригэдьиирдии сылдьан туттубут тирии суумката кыстык дьиэтигэр ыйанан турар. Бу кэмҥэ толорбут докумуоннара мусуойга кичэллээхтик хараллан сыталлар.
Өлөн да баран сэриилэспитэ
Федор Попов биир дойдулаахтара, Мэҥэ Хаҥалас туруу үлэһит дьоно барахсаттар уолларын уоттаах сэрии толоонугар дьоруойдуу быһыытыттан өрө көтөҕүллэн, күөн туттан, харчы хомуйан, тааҥка тутуутугар ыыппыттара. Онуоха Үрдүкү Главнокомандующай Сталинтан телеграмма уонна тааҥка сэриилэрин генерал-майора Липодаев 16180 нүөмэрдээх хонуу почтатыттан махтал суругун туппуттара. Ол ис хоһооно маннык: “Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үлэһит дьоно хомуйбут үбүнэн “Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов” диэн тааҥка таҥыллан, генерал-полковник Рыбалко хамаандатыгар туттарылынна” диэн.
- Тааҥка куоппуйата Аллараа Бэстээххэ турар.
"1944 сыл күһүнүгэр генерал-полковник П.С. Рыбалко хамаандыссайдаах 3-с гвардейскай тааҥка аармыйатын 7-с гв. тааҥка куорпуһун 54-с гв. тааҥка биригээдэтэ «Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов» диэн суруктаах 5 тааҥканы сэбилэниигэ ылбыта” диэн суруйар суруналыыс Прокопий Иванов.
Онон уоттаах сэрии бүтүөр диэри “Дьоруой Попов” тааҥка Федор Кузьмичпыт бойобуой суолун салҕаабыта, Улуу Кыайыыны уһансыбыта.
Албаннаах аатын ааттаан
Федор Кузьмич Попов олох кыра сааһыттан күүстээх үлэҕэ миккиллэн улааппыта. Кини албаннаах аатын кэлин төрөөбүт дойдутугар холкуос, сопхуос, сылгы собуота чиэстээхтик сүкпүттэрэ. Дьоруой аата дьонун-сэргэтин үлэҕэ-хамнаска көҕүлүүр, күргүөмнээх, таһаарыылаах, кыайыылаах буоларга күөртүүр, кэрэҕэ-сырдыкка сирдиир.
Баатара сиригэр үөрэхтээһин эрдэттэн саҕаламмыта биллэр. Саамай күөн туттар үөрэнээччилэрэ Федор Попов аатын сүгэр Баатара оскуолата дириҥ устуоруйалаах кыһа. Дьоруой холобурунан сэбиэскэй кэм саҕаттан кэнчээри ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга, бэриниилээх патриот буоларга иитэллэр-уһуйаллар. Дьоруой аатын чиэстээхтик сүгэр кадет оскуолатын дириэктэрэ Геннадий Алексеевич Макаров ол үтүөкэннээх үгэһи тутуһар, Ийэ дойдуларын араҥаччылыырга, көмүскэһэргэ, харыстыырга бэлэм эр бэрдэрин иитэн-такайан таһаарарга үлэни туһаайар.
Дьокуускайга 20-с нүөмэрдээх оскуолата эмиэ Дьоруой Попов аатынан. Баатараҕа баар түмэл эмиэ. Майатааҕы кыраайы үөрэтэр мусуой дьиэтигэр Албан Аат хоһо Федор Кузьмич туһунан элбэҕи сэһэргиир. Дьокуускайга, Майаҕа, Баатараҕа уонна Белоруссияҕа нэһилиэнньэҕэ хорук тымыр буолар улахан уулуссалар кини аатынанааттаммыттара.
Көмүллэн сытар сиригэр
Баара-суоҕа 22 сааһыгар Ийэ дойду көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут убайдарын айхаллаах аатын аймах-билэ дьоно үлэҕэ-хамнаска уһулуччу ситиһиилэринэн, олоххо уҕараабат тапталларынан чиэстээхтик салгыыллар.
Дойдутун дьоно-сэргэтэ ытыгылаан, элбэх харах уутун иҥэриммит Белоруссия сиригэр баран сүгүрүйэр үгэстээхтэр.
Бастакы дэлэгээссийэ Саха сириттэн Белоруссияҕа тиийэ сылдьыбытын Аполлон Михайлович бу баардыы ахтар. Кини онно быраатын Сергей Попову кытта барсыбыттар эбит. Оччолорго букатын кыра оҕолор. Сыымахтан икки харыйа маһы илдьэ тиийэн олордубуттар. Ол харыйалара билигин да силигилээн үүнэ турар үһү.
А.М.Попов миэхэ тиксэрбит оччотооҕу видеотын көрөн, киһи олус долгуйар. Манна Сүөдэри кэриэстээн, Белоруссияҕа көмүс уҥуоҕа харалла сытар сиригэр сүгүрүйэ тиийбит хаан-уруу дьоно, биир дойдулаахтара бары көстөллөр.
“1975 сыллаахха Кыайыы 30 сылыгар Деражичи дэриэбинэҕэ Саха сириттэн 13 киһи тиийбиппит”. Айаны Саха АССР салалтата былааннаабыт буолан, Үрдүкү Сэбиэт, Миниистирдэр Сэбиэттэрэ бука бары бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыттара. Дэлэгээссийэ састаабыгар тэлэбиидэнньэ режиссера Елена Андреевна Лебедкина, оператор Арсен Сергеевич Зверев, Дьоруой эдьиийэ Мария Кузьминична Сергучева айаннарын ороскуотун Дьоруой Попов аатынан сопхуос уйуммута. Атырдьах ыйыгар Төхтүр сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Климент Егорович Попов салайааччылаах дэлэгээссийэ Лоевскай оройуоҥҥа тиийэн мунньах, көрсүһүү бөҕөҕө кыттыыны ылбыппыт”, -- диэн кэпсиир Аполлон Михайлович.
- Мария Кузьминична Сергучева
Ити Лоевскай оройуоҥҥа улахан уодаһыннаах, элбэх сүтүктээх сэрии буолбута. Аҥаардас Ф.К.Попов көмүллэн сытар сиригэр 1000-тан тахса саллаат, ол иһигэр 11 Дьоруой уҥуоҕа хараллыбыт.
А.М. Попов оҕотук өйүгэр хатанан хаалбыт түгэннэрэ дьэҥкэлэр. Кини кэпсииринэн, 1969 сыл муус устарыгар Федор Попов ротатын хамандыыра Сергей Михайлович Пинчук, сэрии кэннинээҕи кэмҥэ Лоевскай оройуон бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, биир нэдиэлэ устатата Саха сиригэр кэлэ сылдьан, Федор Кузьмич Попов дьиэ кэргэнин кытта билсибит.
Оччолорго кырачаан уолчаан Аполлон Попов сэбиэскэй хамандыыр Пинчуктуун Дьоруой бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Мария Кузьминична Сергучева уонна аймахтар буолан түспүт хаартыскаларын кичэллээхтик уура сылдьар эбит. Аны, 1980 сыл ыам ыйыгар Дьоруой сулууспалаабыт ротатын комсора Геннадий Николаевич Папинский Херсон куораттан эмиэ Саха сиригэр кэлэн барбыт. “Бу дьону кытта Поповтар суруйсарбыт, билсэрбит”, -- диир, олус истиҥник санаан.
Пааматынньык турдар...
«Хотугу сулус» академия дириэктэрэ Татьяна Афанасьевна Гоголева, эрэдээктэрдэр Саргылана Семеновна Лебедева, Светлана Хрисанфовна Элякова нөҥүө Дьокуускай куорат 38-с, 20-с нүөмэрдээх оскуолалара, Саха политехническай лиссиэйин үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара, Е.Ярославскай аатынан судаарыстыбаннай мусуой уонна ДОСААФ үлэһиттэрэ Федор Кузьмич Попов олоҕун үөрэтиигэ, дьоруойдуу быһыытын сырдатыыга ситимнээхтик үлэлэһэллэр.
Дьоруой төрөөбүтэ 100 сылын көрсө, “Хотугу сулус” бэлэмнээбит биэриилэрин ютуб ханаалыгар киллэрдибит. Оскуолалар уруоктарга, кылаас таһынан ыытыллар тэрээһиннэргэ туһаныахтарын сөп.
Саха чулуу уола Федор Кузьмич Поповпунан киэн туттан, кини хорсун быһыытын холобур оҥостон, үүнэр көлүөнэ Кыайыыны уһансыбыт дьоммутун ытыктыыр, сүгүрүйэр, махтанар буоларын ситиһэргэ бука бары сомоҕолоһон үлэлиирбит тоҕоостоох.
Баҕа санаабыт – Дьокуускайга Федор Попов аатынан уулуссаҕа дууһаны уйадыта долгутар, саха буойуннарын албаннаах ааттарын ааттатар, хорсун быһыыларын туоһулуур, киэн туттар санааны саҕар, ыччат дьоҥҥо аартыктары арыйар үйэлээх мэҥэ бэлиэ турдар диэн...
Саргылана Лебедева,
«Хотугу сулус» академия эрэдээктэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0