Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Бииргэ төрөөбүт эдьиийим 1941 сыл кулун тутар 2 күнүгэр, мин 1942 сыл тохсунньу 13 күнүгэр күн сирин көрбүппүт. Ити сайын бэс ыйыгар аҕабыт Капитон Егорович Михайлов (төрөөбүтүнэн Сидоров) Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биир бастакынан ыҥырыллан, төрөөбүт сириттэн Адаҕалаахтан аттанар.

Бииргэ төрөөбүт эдьиийим 1941 сыл кулун тутар 2 күнүгэр, мин 1942 сыл тохсунньу 13 күнүгэр күн сирин көрбүппүт. Ити сайын бэс ыйыгар аҕабыт Капитон Егорович Михайлов (төрөөбүтүнэн Сидоров) Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биир бастакынан ыҥырыллан, төрөөбүт сириттэн Адаҕалаахтан аттанар.

Үс сыл курдук бииргэ олорбут тапталлаах кэргэнин Татыйыынаны, ийэ кыннын, кырдьаҕас эбэбитин Маарыйа эмээхсини уонна биһигини, быыкаайык кыргыттарын, хаалларан, баара-суоҕа 23 саастааҕар барбыт. Ииппит аҕата Дьөгүөркэ ити кэмҥэ өлбүт. Онон ийэбит биһигини көрдөрөөрү, ийэтигэр көмөлөһүннэрээри, бииргэ төрөөбүт убайа Охонооһой Дьарааһынаптан 9 саастаах Кэтириис кыыһы иитиигэ көрдөһөн ылбыт. Онон биһиги 9 саастаах эдьиийбит Кэтириис илиитигэр киирбиппит. Ийэбит оҕо көрөөччүлэнэн, холкуос үлэтигэр туруору сылдьыбыт. Эр дьон сэриигэ бараннар, дьахталлар, оҕонньоттор, эмээхситтэр эр дьон үлэлэригэр умса анньыллыбыттар. Ол курдук, ийэбит сэрии сылларын былаһын тухары кыһынын ат көлөнөн от таһан, мас мастаан сылдьыбыт.

Уоруйахтар халаабыттара

Аҕабыт сэриигэ бардаҕын сайыныгар күрүөйэхтэр киирэн халаан барбыттар. Ол туһунан эдьиийим Кэтириис кэпсээнинэн, эбэбит Маарыйа сайынын күһүн оттор маһын сүгэнэн мастаан, сүгэһэринэн сүгэн сордоноро. Ол барыта кыыһын кыһыҥҥы кыһалҕатын кыччатар баҕаттан, кыайбат буола-буола сордоноро.

Арай биирдэ маһын сүгэн киириитигэр, тыаттан биир киһи киирэн кэлбит. Эбэбититтэн ону-маны ыйыталаспыт уонна кэлбит сирин диэки тахсан барбыт. Эбэбит эмиэ маһыгар тахсыбыт Онтон киириитигэр, аны үс аттаах дьон тиийэн кэлбиттэр. Эбэбитин уонна эдьиийбитин Кэтирииһи дьиэҕэ баар үүт умуһаҕар саанан куттаан киллэрбиттэр. Ыараханынан баттатан кэбиспиттэр. Мин олоппоско хонноҕум анныттан кэлгиллэн олорор үһүбүн. Эдьиийим Аана таһырдьа сылдьара эбитэ үһү. Онно «оонньоо» диэн туос иһити ылан биэрбиттэр. Оонньуу олорон, иккитин да туола илик эдьиийим дьоллоох утуйан хаалбыт. Эбэбит аах умуһахха олорон иһиттэхтэринэ, мин алдьархайдаах ытааһын үһүбүн. Халабырдьыттар тугу эрэ улаханнык кэпсэтэ-кэпсэтэ киирэллэр-тахсаллар үһү. Онтон, дьэ, им-ньим буолбут. Мин даҕаны, ытаан-ытаан баран, ыҥыргыыр эрэ буолбутум кэннэ, эбэлээх эдьиийим умуһахтан нэһиилэ тахсыбыттар. Тахсан көрбүттэрэ, аһыыр аспыт сыыһын олоччу илдьэ барбыттар. Аҕабыт ииппит аҕата Дьөгүөркэ кыанар олохтоох кырдьаҕас эбитэ үһү. Инньэ гынан ампаарын аанын алдьатан, кыһын кэтиллэр түүлээх таҥастарын, сэбин-сэбиргэлин, ыҥыырдарын, араас иһити-хомуоһу – бүтүннүүтүн ылбыттар.

Былыргы дьон барахсаттар буоллаҕа, үрүҥ тыыммытын өллөйдөөн,тыыннаах хаалларбыттарыгар махтана эрэ санаахтаабыттар. Эбэбит хараҕынан мөлтөх буолан, кимнээҕин билбэтэх, эбэтэр соруйан эппэтэҕэ дуу… Ол кэмтэн ыла эбитэ буолуо, эбэбит киэһэ ыт үрдэр эрэ, ол түүн олох утуйбакка турарын туһунан кэпсиирэ.

Ийэбит биирдэ эмэтэ үөлээннээх эмээхситтэрин кытары кэпсэттэҕинэ: «Көмүскэлэ суох хаалбыт дьону ол курдук атаҕастаан, аһыыра да суох хаалларан тураллар», -- диэн отур-ботур саҥаран ылар буолара. Суукка үҥсэ барбатахтар. Кырдьаҕас эмээхсин, тоҕустаах кыра кыысчаан, күүстээх хара үлэҕэ баттата сылдьар үөрэҕэ суох дьахтар тугу ыйан-хайан үҥсүөх этилэрэй? Тыыннаах хаалларбыттарыгар махталлаах буоллахтара.

Өлбүтэ биллибэт диэн...

Эдьиийбинээн кыракый сааспытыгар ийэ уонна аҕа сылаас тапталларын билбэтэхпит. Өйдүүрбүт эрэ эдьиийбит Кэтэриинэ уонна эбэбит этэ. Аанньа көрүүтэ-истиитэ суох, кэмчи аһылыкка сылдьар оҕо араас ыарыыга ыалдьара кэмнээх буолуо дуо? Эдьиийим түөһэ, атахтара бааһыраннар, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан хаалбыта. Ийэбит Ньыыкан кырдьаҕаһы ыҥыран эмтэтэн, түөһүн бааһын үтүөрдүбүтэ. Оттон атахтарын кыайбатах быһыылааҕа. Ол курдук, эдьиийим уҥуоҕун сиэтэн, алдьархайдаах ыарыыга ылларан сыттаҕына, хата, холкуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир, ийэбитинэн аймахпыт Михайлов Данил Николаевич түбэһэ кэлэн, ийэбин эмиэ да сэмэлээн, эмиэ да сүбэлээн, оҕону Үөһээ Бүлүүгэ киллэрэр. Кэргэнэ Павла Федотовналыын балыыһаҕа көрдөрөн, дөкүмүөнүн толорторон, айанын тэрийэн, Дьокуускайга эпэрээссийэҕэ ыытан өрүһүйбүттэр. Ити сэрии бүппүтүн кэннэ, куорат балыыһатыгар 3,5 сыл сытан, онно нууччалыы үөрэнэн, көнтөс атахтаннар да, үтүөрэн дойдутугар төннөн кэлбитэ. Сахалыы билбэт этэ, Үөһээ Бүлүүгэ нуучча кылааһыгар үөрэммитэ.

Миигин, аҕата сураҕа суох сүппүт, сэриилэһэ сылдьан өлбүтэ чуолкай биллибэт диэн, интэринээккэ ылбаккалар, 9 сааспын туолан баран, 1951 сыллаахха оскуола аанын аспытым. Аҕабыт сураҕа суох сүппүт аатыран ийэбит туох да көмөҕө тиксибэтэҕэ. Сэрии огдооботун аатыгар туруорсан  көрбөтөх, ким да сүбэлээбэтэх. Бэйэтэ хантан кэлэн ол туһунан билээхтиэй? Сэрии ыарахан сылларыгар эр киһи күүстээх үлэтин көдөрүйбүт, кыайыы туһа диэн сэрии бары сылларын аччык аҥаардаах туораабыт, бэйэтин харыстамматах сэрии огдообото мөлтүүр-ахсыыр сааһыгар 12 солкуобай кээмэйдээх биэнсийэҕэ тахсыбыта. Оттон мин көлүөнэ оҕолор холкуос үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлээбиппит.

Ханна көмүллүбүтэ биллибэт

Ийэбит эдэр эрдэҕинэ ыарахан үлэҕэ харса суох үлэлээн, араастаан тоҥмута-хаппыта таайан, атахтара ыалдьаннар, холкуос үлэтиттэн тохтууругар тиийбитэ. Кэтэх сүөһүнү тутан, ыалларга дьукаахтаһан, маһыгар-отугар көмөлөһүннэрэн, биһигини атахпытыгар туруорбута.

Өр сылларга аҕабыт сураҕа суох сүппүтүн туһунан 1943 сыллаахха кэлбит биллэриинэн муҥурданан сылдьыбыппыт. Олох кэлин, 1992 сыллаахха, “Өйдөбүнньүк” кинигэ 1-кы чааһыгар аҕабыт аата-суола 474 №-нэн суруллан сылдьарыгар түбэһэ түспүппүт. Онно бу курдук суруллубут: «474 Михайлов Капитон Егорович, 1919 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун Дүллүкү сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. 1942 сыллаахха Бүлүү оройуонун байыҥкамаатынан ыҥырыллыбыт. 1943 с. 07. Өлбүт. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт».

2011 сыллаахха төрөөбүт нэһилиэгим Дүллүкү төрүттэммитэ 100 сааһын туолар үбүлүөйүгэр кэргэмминээн айаннаабыппыт. Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн, ийэм ииппит кыыһа Кэтириис оҕолоругар барыларыгар кэрийэ сылдьан күүлэйдээн, бэркэ сынньанан, улаханнык үөрэн-көтөн төннүбүппүт. Онно аҕам дьылҕатын билиэхпин баҕаран, улуус байыҥкамаатыгар сылдьарга санаммытым. Ол санаабын хоно сытар балтыбар, Кэтириинэ кыра кыыһыгар Розалия Николаевнаҕа, эппитим. Онуоха күтүөтүм Апанаас остуолтан туран, саалаҕа киирэн, көмпүүтэрин хасыһан барбыта. Сотору соҕус илиитигэр кумааҕы тутан тахсан, миэхэ ууммута. Онно бу курдук суруллан сылдьар этэ: «Номер записи: 2156659  Фамилия: Михайлов. Имя: Капитон. Отчество: Егорович. Дата рождения: 1919. Место рождения: Якутская АССР, Верхневилюйский р-н, 3-й Удигиский с/с. К-з  «Альбанда». Дата и место призыва: Вилюйский РВК. Якутская АССР. Последее место службы: 193 СД. Воинское звание: красноармеец. Причина выбытия: пропал без вести. Дата выбытия: 27.10.1942 г. Место выбытия: Сталинградская обл. г. Сталинград. Название источника информации: ЦАМО. Номер фонда источника информации 58.»

«Ил Түмэн» хаһыат анал сыһыарыытыгар «Кыайыы 75 сылыгар «Саха буойуннара -- Сталинградтааҕы кыргыһыыга» кинигэ тахсар буолбутун ааҕан баран, олус диэн үөрдүм, долгуйдум. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Эһиги хорсун быһыыгыт -- көлүөнэлэр сүрэхтэригэр» Ыйааҕа саамай сөптөөх. Сталинграды көмүскээбит саха буойуннарын туһунан кинигэ тахсара хайҕаллаах дьыала.

Мария Турнина-Михайлова,

 Таатта улууһун Тыараһа нэһилиэгин олохтооҕо,

үлэ бэтэрээнэ

12 солкуобай биэнсийэ...

Мария Турнина-Михайлова ахтыыта толору бэрилиннэ.

турнина

Мария оҕо сааһа, сэрии сылларынааҕы бары оҕолор дьылҕаларын хатылаабыт эбит. Икки кыра кыыс дьоллоро диэн, үтүөкэннээх дьонноох: ийэлээх, эбэлээх, 9 саастаах эдьиийдээх буоланнар, этэҥҥэ тыыннаах ордубуттар. Сэрии ыар сылларыгар төһөлөөх оҕо, дьахтар, кырдьаҕас сор суолламмыттарын аны кэлэн чопчулуур кыаллыбат дьыала буолбута ырааттаҕа. Быһа барыллаан, “бачча-оччо” эрэ диир кыахтаахпыт. Сэбиэскэй дойдуга, бэл, сэрии ыарахан сылларыгар, дьону хоргуйан өлбүттэринэн билинии төрдүттэн бобуулааҕа. Муҥутаан ыалдьан өлбүттэринэн ааҕыллаллара.

Сэриигэ сураҕа суох сүппүтүнэн ааҕыллыбыт Капитон Михайлов дьиэ кэргэнэ, аҕаларын туһунан дьиҥнээх сураҕы, кини өлбүтэ 50 сыл ааспытын кэннэ билбиттэр. Оччотооҕу тыа сирин дьоно соҕуруунан-хотунан эргитиһэн өлбүттээхтэрин көрдүүр, туоһулаһар кыахтара суоҕа. Ол туһунан билбэттэрэ да сыттаҕа.

Сэрии огдооботун, тыыл дьиҥнээх байыаһын 12 солк. суумалаах биэнсийэтэ… Сэбиэскэй кэмнээҕи 12 солкуобайга бу ыал ыйга иһэр чэйин уонна тардар табааҕын атыылаһыахха сөп эбитэ буолуо. Байыас Хаппытыан Михайлов кэргэнэ Татыйыына Михайлова ити харчыга даҕаны сүрдүк үөрбүт буолуохтаах. Кэргэнэ сураҕа суох сүппүт аатыран, сэрии огдообото 50 сыл тухары хаан уруу бырабыыталыстыбатыттан биир алтан кэппиэйкэни көмө диэн ылбакка сылдьаахтаабыт муҥа баар дии!

12 солкуобай биэнсийэ. Бу харчы суолтатын мин эмиэ өйдүүр курдукпун. Ийэм Даарыйа 1908 сыллаах төрүөх, биирдэ дьиэтигэр эгди буолан кэлбитин өйдүүбүн. Ити 1958 сыллаахха. Ол кэмҥэ 70 саастаах аҕабын кытта кэпсэтэллэриттэн өйдөөбүтүм, ийэбэр 12 солкуобайдаах биэнсийэ анаммыт эбит. Санаалара кэлэн, нус-хас кэпсэтэллэрин өйдөөн хаалбыппын. Үтүө саастарын холкуоска көлөһүн күнүгэр нотууранан төлөбүр иһин үлэлээтэхтэрэ. Холкуоспут дьадаҥыта бэрдэ эбитэ дуу, кинигэҕэ сурулларын курдук, сыарҕанан эти, бурдугу, арыыны сыннаран аҕалбыттарын өйдөөбөппүн. Чэ, ити курдук. Оттон сэрии огдообото Татыйыына Михайлова, сэрии сылларыгар хара ньуура суох үлэлээн, 12 солк. биэнсийэлэммититтэн өссө үөрбүт буолуохтаах диир санаабын кубулуппаппын. Хомолтолооҕо, сэриигэ охтубут кэргэнин иһин, быыкаайык да буоллар, эмиэ харчы сыыһа ананыахтаах этэ. Барахсаҥҥа, били умнаһыт бурдугун тыал көтүппүтүгэр дылы буоллаҕа...

Прокопий ИВАНОВ бэчээккэ бэлэмнээтэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением