Илья Николаевич Попов эдэр сылдьан, 1929-30 сылларга, Булуҥҥа, үрүҥнэр өрө турууларыгар кыһыл этэрээккэ пулеметчыгынан сылдьыбыта. Биллэрин курдук, гражданскай сэрии саҕана урууну-аймаҕы аахсыбакка, идиэйэ туһугар охсуһуу сахалары улахан алдьархайга тиэрдибитэ. Илья саҥа олох иһин хабааннаах хапсыһыыга хорсунун көрдөрөн, бэйэтин аата суруллубут анал кыһыл көмүс чаһынан, браунинг бэстилиэтинэн наҕараадаламмыта. Сэрии иннинэ Илья Николаевич хас да сыл Үөһээ Дьааҥы, Саккырыыр, Булуҥ улуустарыгар сэбиэскэй-хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ үлэлээбитэ.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Илья Николаевич Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр балыксыттар биригээдэлэригэр үлэлии сылдьан ыҥырыллыбыта. Дьокуускайтан 1942 с. бэс ыйын 29 күнүгэр борохуотунан хоҥнубуттар. Саха уола маҥнай ыарахан артиллерияҕа орудие, онтон миномет суотун (расчетун), кэлин боепитание взводун хамандыыра буолан, хорсуннук сэриилэспит. Старшай сержант званиеламмыта, 1943 сыллаахха хомуньуус баартыйатыгар киирбитэ.
Суруйааччылардыын көрсүһүү
1944 с. кулун тутарыгар Москваттан көҥүл суругу ылан, суруйааччылар Сергей Васильев уонна Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон Саха сирин дэлэгээссийэтин састаабын кытта бэс ыйыгар арҕааҥҥы фроҥҥа командировкаҕа барбыттара. Кинилэр 4 ыйтан ордук бириэмэҕэ фроннары кэрийэн, Кыһыл Аармыйа килбиэннээх байыастарыгар саха норуотуттан итии эҕэрдэ тыл тиэрдибиттэрэ, Саха сирэ фроҥҥа туох көмөнү оҥорорун кэпсээбиттэрэ. Бу кылгас кэмҥэ кинилэр көрбүттэрэ – күлгэ-көмөргө кубулуйбут куораттары, истибиттэрэ -- саллааттар ыар ынчыктарын, көрсүбүттэрэ -- саха хорсун буойуннарын, билбиттэрэ – кинилэр ньиэмэс фашистарын, халабырдьыттарын, өлөрүөхсүттэрин утары кыргыһыыга дьоруойдуу охсуһууларын.
Арҕаа Украинскай фроҥҥа тиийэн, суруйааччы Исай Никифоровы көрсүбүттэрэ. Түөрт буолан (Сергей Васильев, Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, Исай Никифоров, Илья Попов) хаартыскаҕа түспүттэрэ кэлин Саха сирин үрдүнэн киэҥник тарҕаммыта. Ол үөрүүлээх түгэни Суорун Омоллоон ахтыытыгар маннык суруйбут:
“Блиндажпытыгар кэлбиппит, Исай өссө биир табаарыһын, Илья Николаевич Попов диэн старшай сержаны, ыҥыртаран аҕалбыт. И.Н.Попов “Хорсунун иһин” диэн мэтээли түөһүгэр анньына сылдьар. Кини ыскылааттартан батареяларга снарядтары атынан таһар взвод хамандыыра эбит. Дьэ, үөрүүбүт дөссө үрдээтэ. Манна, Исайга кэлэн, үс саханы көрүстүбүт. Исай фотограбы буллара охсон, аны төрдүөн хаартыскаҕа түстүбүт. Бу хаартысканы Исай сэрии бүппүтүн кэннэ миэхэ бэлэхтээбитэ.”
Суруйааччылар сэрии диэни илэ харахтарынан көрөн, улаханнык саллыбыттара. Ол туһунан Суорун Омоллоон “Ахтар, суохтуур эбиппин” диэн ыстатыйатыгар суруйбута:
“Бастаан утаа ньиэмэстэр сөмөлүөттэрин тыастарыттан, бу буомбалыы кэллилэр диэн, олус куттанарбыт. Уопсайынан даҕаны, фронт линията бүтүннүү түүннэри-күннэри ньириһийэ олороро, уот күөһэ субу баар курдук кытаран көстөрө, сирдиин-халлаанныын титирэстии олорорго дылыта... Илья Николаевич Попов биһигини ат тэлиэгэтигэр олордон, бэйэтин взвода саһан сытар, букатын инники кирбии ыксатыгар баар взводугар илдьэн, байыастарын кытта көрүһүннэрэн баран, аҕаларыгар быһаарыныы буолла. Дьэ, биһиги таһаҕас тэлиэгэтигэр олорсон, паара атынан айаннаатыбыт. Тыаны бүтэрэн, толоон саҕатыгар тиийиибитигэр, Попов эттэ: «Суол бу учаастага ньиэмэстэртэн көстөр, онон түргэнник айанныахпыт», -- диэтэ уонна аттарын уунаҥныыр сүүрдүүнэн ыытта. Мин этим, хайдах эрэ, дьар гына түстэ, кирийэн, төбөбүн кистии тутуннум. Сотору соҕус гынан баран, суолтан туораан, аппаҕа тиийэн кэллибит. Манна күлүккэ, суол арҕаһын кэтэҕэр, миномет турар эбит. Ол аттыгар кэлэн тохтоотубут. Попов минометчигы кытта кэпсэтэ түһэрин кытта: «Кэлиҥ манна, сахалар ааттарыттан өстөөххө миинэтэ ыытыҥ», -- диэн буолла... Мин Сэргэйбин, сонньуйбут көрүҥнээҕини иһин, сэргэхситээри, кинини “ыт” диэтим. Сэргэй ылан, снаряды миномет иһигэр түһэрэрин кытта, дьэ, тыас бөҕө төлө барда. Салгын хамсаан, илир гына охсон ылла...Мин салынным, дойдуну былдьастахха сөп буолсу дии санаатым”.
Өлүүлүүн кэккэлэһэ сылдьан
Исай Никифоров Илья Поповтан чугас Украинскай фроҥҥа сэриилэспитэ. Кини биир дойдулааҕа хайдах курдук кутталлаах, өлөр өлүү хас чаас аайы кэккэлэһэ сылдьар сиригэр хорсуннук кыргыспытын туһунан “Сүрэх кэпсиир” диэн кэпсээнигэр суруйбута:
“Биһиги дивизиябытыгар сахалартан Попов Илья Николаевич диэн старшай сержант баара. Кини чугастааҕы ыскылааттан артиллерийскай батареяларга көлөнөн снаряд тиэйэр взводка хамандыырынан сулууспалаабыта. “Хорсунун иһин” мэтээллээх, күөгэйэр күнүгэр сылдьар эдэр саастаах киһи этэ. Кини взвода биһигиттэн ырааҕа суох аппаҕа сынньалаҥҥа турбута. Мин сөп буола-буола, киниэхэ сатыы баран кэпсэтэн кэлэрим. Түөрт уонча аты аппа эниэтигэр, буору хаһан, хайа да өттүттэн көстүбэт гына маскировкалаан, саһыаран тураллар этэ. Кини дьоно эмиэ үксүлэрэ сибиряктар этилэр. Попов үлэтэ кыргыһыы кэмигэр олус түбүктээҕэ уонна кутталлааҕа. Хайа баҕарар быһыыга-майгыга, буулдьа иһиирэ, снаряд эстэ, сөмөлүөттэр буомбалыы турар сирдэригэр инники кирбиигэ, үксүгэр прямой наводкаларга турар орудиелары снарядынан быыстала суох хааччыйар эбээһинэстээҕэ. Ити эбээһинэһин кини взвода эҥкилэ суох толорорун иһин хайҕанара...”
Исай Никифоров бу уоттаах сэриигэ Илья Попов взвода маҥнайгы күөҥҥэ сылдьан, сиэмэх өстөөҕү саа уотунан самнаралларын, суостаах тааҥканы кыранаатанан кыраҕатык кыыратан уматалларын, артиллерия уонна миномет уотунан өстөөх тиэхиньикэтин, бөҕөргөтүүтүн урусхаллыылларын, саллааттар күн аайы көрсөр кыргыһыыларын маннык диэн бэлиэтээбитэ:
“Кыргыһыы хонуутугар ытыллар орудиелар, буомбалааһыннар тыастара ньиргийэ турара. Киэһэ буоллар эрэ, халлаан илин саҕатыттан арҕаа саҕаҕар тиийэ түүнү быһа сып-сырдык уот умайан күүдэпчилэнэрэ... Быһатын эттэххэ, инники кирбиигэ бары тыас-уус барыта силлиһэн, биир кэм тыһыынчанан миэлиҥсэлэр, молотилкалар, тыраахтардар, триердар тыастара холбоспутугар эбии этиҥ этэн күһүгүрэтэрин курдук дэлбэритэ ыстанар тыастар ньиргийэллэрэ”.
Суруктара -- дууһатын туоһулара
Илья Николаевич быыс буллар эрэ аймахтарыгар, атас-доҕор дьонугар сурук суруйара. Сэрии толоонуттан суруктара – кини тыыннаах дууһатын туоһулара. Манна кини патриот, киһи быһыытынан үтүө сэбэрэтэ чаҕылхайдык көстөр. Бу суруктар Илья олус хорсун, хоодуот сэрииһитин, Ийэ дойдутун муҥура суох таптыырын кини көмүскэлигэр сырдык тыынын биэрэргэ бэлэмин уонна биир дойдулаахпыт бойобуой олоҕун суолун туһунан арылхайдык кэрэһэлииллэр. Илья Николаевич аҕыс уонча сыл анараа өттугэр суруйбут буорах сыттаах суруктара хайа да киһи сурэҕин долгуппат буолар кыахтара суох.
“Дьонум Василий Николаевич уонна оҕолор!
Дьоллоох төрөөбүт дьоннорбун үрүҥ күн сырдыгынан эҕэрдэлиибин. Итии күннээх соҕуруу кыраайтан бар дьоммор красноармейскай эҕэрдэбин ыытабын!!! Хааннаах кыргыһыы бара турар...
Урукку суруктарга суруйарым курдук, 99 хонукка сир иһигэр блиндажка 7-ис окуопаттан тахсыбакка, дойду көмүскэлигэр Дон биэрэгэр турбутум. 99 хонукка итии уоттаах дьиэни көрбөтөҕүм, 99 хонукка үрүҥ күнү, сырдык халлааны оппуохаттан тахсан көрбөтөҕүм. 99 хонукка хараҥа түүн харахтаммытым, түөкүн курдук түүн сырыыламмытым, абааһы курдук хараҥаҕа дьарыктаммытым. 99 хонукка өстөөх үгүс снарядын анныгар олорбутум. 99 хонугу быһа сэллээбэккэ, биир да чааһы көтүппэккэ, өстөөх орудиета этиҥнии тиҥийбитэ, снаряда быыстала суох көппүтэ.
Эһиги хаһыаттан билэргит курдук, Кыһыл Аармыйа 25/1-27/1 1943 сыллаахха наступлениены саҕалаан, өстөөҕү үлтү аспыта. Уонунан тыһыынча нэһилиэнньэлээх пууну, сүүһүнэн куораты босхолуурга кыттыыны ылан, Аҕа дойду иннигэр эти-хааны биэрбиппин дьолунан ааҕабын. Үгүс олох оһоллоруттан соргулаахтык куотуталаатым, инники өттүгэр хайдах буолар... Билиҥҥи суостаах-суодаллаах сэриигэ өлүүнү биирдии сөкүүндэ аайы күүтүөххэ сөптөөх. Ол эрэн сэбиэскэй буойун эр сүрэхтээх, кытаанах санаалаах буолар. Онон өлбөккө, өстөөҕү өрөгөйдөөн, төрөөбүт дойду дьолуттан үллэстиэхпит диэн эрэнэбит. Современнай сэрии суоһун-суодалын хаһыаттан билэн эрдэххит. Кыһыл Аармыйа үрдүк тиэхиньикэлээх суостаах сэбигэр орудиеҕа хамандыырдыыр үрдүк чиэспин харыстыыр.
Дойду көмүскэлигэр күүстээхтик-күүдэхтээхтик охсуһуом. Тыылга күрэхтээхтик үлэлээ! Бар дьоммор привет, миигин ыйыппыкка сиһилии кэпсээ. Биһиги өстөөҕү кытта эрэллээхтик кыргыһыахпыт, эһиги тыылга күрэхтээхтик үлэлээҥ! Сэбиэскэй сир ийэни өстөөхтөн көмүскүөхпүт!...Илья. 10.05.1943 с.”
Ойуунускайдааҕы кытта тэҥҥэ сылдьар чулуу киһи этэ
Илья Попов бииргэ төрөөбүт тапталлаах убайа Дмитрий Николаевич гражданскай сэрии кыттыылааҕа, саҥа сэбиэскэй былааһы олохтоспут киһи буолар. Устуоруйаҕа киирбит киирсиигэ, Верхоянскай куоратын үрүҥнэр этэрээттэрэ биэс ый устата төгүрүктээн олордохторуна, Дмитрий Николаевич куорат оборонатын тэрийсэн, тус бэйэтинэн салайан, босхолонууну ситиспитэ.
Гражданскай сэрии кэнниттэн Дмитрий Николаевич Попов, Москватааҕы Плеханов аатынан норуот хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, экэнэмиис идэтин баһылаабыта.
1924 сыллаахха түһэриллибит хаартыскаҕа баартыйа уобаластааҕы кэмпириэнсийэтин кыттыылаахтарын кытары Дмитрий Николаевич маҥнайгы эрээккэ Платон Алексеевич Ойуунускай уонна Илья Егорович Винокуров икки ардыларыгар олорор.
Кини Дьокуускайга “Холбос” бэрэссэдээтэлэ буолан олордоҕуна, Нам оройуонугар райком I сэкирэтээринэн анаабыттара. Онно үлэлии сырыттаҕына, 1937 сыллаахха “аҕата кулубалаабытын кистээбит” диэн, үлэтиттэн уураппыттара. Онон сэриигэ барыар диэри буҕаалтырдаабыта.
Дмитрий Николаевич Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Москваттан чугас Калининскай фроҥҥа сапернай батальоҥҥа, ыстаапка суруксутунан сулууспалаабыта. Байыаннай госпитальга ыалдьан, хоргуйан өлбүтэ. Кини көмүс уҥуоҕа Торжок куорат байыаннай кылабыыһатыгар хараллан сытар.
Илья Николаевич Попов 1945 сыллаахха дьонугар суругар этэн турар: “Мин фронтан бэйэм суруйан турабын 64 киһиэхэ”. Олор истэригэр баара -- саха норуота киэн туттар киһитэ, дириҥ, киэҥ өйдөөх-санаалаах ыччата, төрөөбүт норуотун дьылҕатыгар бигэ бэриниилээх бөдөҥ салайааччы, Саха АССР Миниистэрдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, бэрэссэдээтэлинэн уонна обком бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбит, Саха сирин биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэлэ Илья Егорович Винокуров. Кинини кытта Илья Николаевич эдэр сааһыгар Булуҥҥа, Верхоянскайга сэбиэскэй былааһы олохтоһууга бииргэ үлэлээн, чугас доҕордуу буолбуттара. Бэйэ-бэйэлэригэр олус истиҥник сыһыаннаһыылара Илья Попов бу суругуттан көстөр:
«Мин саҥардыы Илья Егорович Винокуровтан сурук ылбытым. Мин кимтэн да күүппэт этим маннык истиҥ суругу. Биһиги аҕабыт революцияҕа сыһыаннааҕын, биһиги убайбыт хайдах ыраас сүрэхтээҕин, чиэһинэй болшевегын туһунан суруйан баран, Якутскай, республика олоҕун, Дьааҥы олоҕун барытын подробно суруйбут. Ону таһынан мин билэр дьонум тугу гыналларын, куоракка дьиэ турбутун подробно суруйбут. Ол суругу эһиэхэ ыытыах буолбутум да, бомбежкаҕа түбэһэн, туох баар малым күдэҥҥэ көппүтэ”.
Илья Николаевич саха суруйааччыларыгар суруга атырдьах ыйын 22 күнүгэр 1944 сыллаахха “Кыым” хаһыакка бэчээттэммитэ.
“...Фронтан эҕэрдэлиибин төрөөбүт дойдум дьонун. Саха норуота уодаһыннаах өстөөҕү бүтэһиктээхтик кыайыы туһугар бэйэтин күүстэрин сомоҕолоон, түүлээҕи бултуоҕа, хонууттан быйаҥ үүнүүнү ылыаҕа, үскэл сүөһүнү үөскэтиэҕэ диэн бигэтик эрэнэбин. Мин, саха киһитэ, эһигинэн албаммыт бойобуой оружиебынан кыраммыт өстөөҕү кыдыйыам диэн эрэннэрэбин.
“Хорсунун иһин” мэтээллээх старшай сержант Илья Николаевич Попов.”
Киһи киһи буоларыгар төрөөбүт, сирэ-уота, тулалыыр айгыр-силик айылҕата сүҥкэн суолталаах. Илья кыра оҕо эрдэҕиттэн Дьааҥытын дьыбардаах тымныытыгар тоҥон, уот куйааһын сыралҕаныгар буһан, булка-аска эриллэн улааппыта, ол иһин даҕаны кини айылҕаны кытта ыкса ситимнээх этэ. Төһө да Арассыыйа, Украина, Польша, Германия айылҕалара, Саха сиригэр холоотоххо, ырай дойдутугар маарынныыр буоллаллар, Илья Николаевич суруктарыгар өргөс хайалардаах таастаах Дьааҥыта өссө ордук кэрэтэ, күндүтэ.
“Таптыыр дьонум Вася, Татьяна, Егорша, Коля-Ээччээн, Рая, Лия, кыра Митя!
Күндү күөх кырса хаанынан устубут кыргыс салҕанан бара турар итии күннээх кыраайтан дьиҥ аймахтыы приветтэ тутуҥ уонна, эһиги доруобуйаҕыт тупсан, дьоллоохтук олороргутугар баҕарабын...
Бу дойдуга төһө да кыһына суох сайыннааҕын иһин, төһө да быстыбат быйаҥнааҕын иннигэр, аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон суохтабыллаах буолар эбит.
Ото-маһа сиппитин кэннэ көрүөххэ -- күндү дойду: киэргэл тыалардаах, көнө хонуулаах. Ол да буоллар, кини быстыбат быйаҥын, итии күнүн, киэргэ тыатын, киэҥ хонуутун, көҕөрөр саадын, бөдөҥ таас дьиэлэрин мин тымныы тыыннаах Дьааҥыбар тиэрдибэппин, мин аан дойдубун атыылаабаппын. Дойдум барахсан кылгастык кэлэр сайына олус күндү буолара. Аан дойдубун быыстала суох ахтабын...
Бу хааннаах кыргыһыыттан ордон, аан дойдуга төннөн тиийэн, кини амтаннаах аһын аһаан, көрдөөх олоҕор кыттан, кини күөх кырсыгар көрүлүүр – күн дьолунан буолуох этэ. Дойдум иһирик ойуурдарыгар көрүлүү сылдьан бултуур үчүгэй да эбит. Тоҕо эрэ, төрөөбүт дойдубун ахтар-саныыр буоллум. Эдэр сааспар көрүлээн үөскээбит, иитиллибит ийэ дойдубун маннык ахтар-саныыр буоллум: 1.Сырдык сайыҥҥы түүнүн. 2.Сааскы сырдык түүн көтөрдүү-күүлэйдии сылдьарбын. 3. Сааскы чуумпу түүн, сырдык уулаах үрүйэм тыаһын. 4. Күһүҥҥү чэгиэн күн иһирик ойуурга куобахтыы сылдьарбын. 5. Күһүҥҥү киэһэ-сарсыарда барыарга куһу ытаары сытарбын. 6. Чэгиэн уулаах төрөөбүт өрүспэр хаптаһын тыынан устарбын. 7. Киэҥ кураанах хонуунан түүн үтүө атынан күүлэйдиирбин. 8. Төрөөбүт өрүспэр балыктыы оонньуурбун. 9. Эһиги кэргэн ортотугар көрүлүү, кэпсэтэ үөскээбиппин. 10. Доҕотторбун, табаарыстарбын кытта көрүлээн үөскээбит, үүнэн ааспыт эдэр сааспын. 11. Сааскы чэгиэн күн күөрэгэй ыллыырын кэрэхсии истэрбин. 12. Саас көтөр кэлэн көрүлүүрүн. 13. Хойуу оттуктаах күөх кырыска төкүнүйэрбин. 14. Үөскээбит Андылаахпын, төрөөбүт Үөттээхпин – балар быйаҥнарыгар көрүлүү үөскээбит эдэр сааспын. 15. Аһаан үөскээбит, үрдүк хаачыстыбалаах төрөөбүт-үөскээбит аспын: а) сүөгэй үрүҥнээх аһыы кымыспын; б)сүөгэй тумалаах ньулуун суораппын; в) сүмэһиннээх буспут эмис эппин; г) аһыйбыт сүөгэйи, буспут, соркуойдаммыт андым этин; д) арыыга буспут саламааппын, алаадьыбын, о.д.а. 16) Эдэр сааспар дьоллоохтук олорбут дьылҕалаахпын...
Эһигини ытыктааччы Илья. Челябинскай уобалас”.
Ыстаарсай сержант Илья Попов Курскай, Воронежскай уобаластары, Украинаны, Польшаны өстөөхтөн босхолоспута. Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн Германия Бреслау куоратыгар көрсүбүтэ. Ол тухары бэрт үгүс кырыктаах кыргыһыыларга кыттан, хорсун-хоодут быһыылары көрдөрбүтэ. Ол туоһута “Кыһыл сулус” уордьанынан уонна “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта буолар. Кини 1945 cыллааҕы ыам ыйын умнуллубат күннэригэр тиийбит суола, эрэйдээх-муҥнаах уонна унньуктаах уһун сэриитэ сэбиэскэй норуот кыайыытынан түмүктэммитин туһунан Германияттан суруйбута.
“Бреслау куорат. 22. 06. 1945 с. Бүгүн уоттаах сэрии саҕаламмыта түөрт сыла туолла. Бу түөрт сыл устатыгар үгүс мөлүйүөн үтүө, мөкү умсубута. Үгүс мөлүйүөн хаана үрэх буолан халыйбыта. Мөлүйүөнүнэн тулаайах хараҕын уутунан сууммута. Тыһыынчанан ахсааннаах биирдии кыргыска умсара. Ол аҥаардас төрүттэммитэ ороспуой Гитлер былаанынан. Хаан утахтаах капиталистическай Германия үйэтигэр сүһүөҕэр турбат гына тобуктаата... Бу сэрии ким да санаабатах уонна история да билбэтэх улуу кыргыһыыта буолла. Бүгүҥҥү от ыйын 22 күнэ историяҕа биллэр күнүнэн буолар. Бүгүн мин уонна табаарыстарым үөрүүлээх күммүт буолар. Бүгүн биһиги аан дойдубут, Россия ийэбит диэки айаҥҥа турдубут. Салгыбыт туора дойдубутуттан араҕан, ахтылҕаннаах аан Ийэ дойдубут диэки хайыспыт күммүт буолар. Эһигини сыллыыбын, ууруубун Илья.”
Илья Николаевич саҥа дьоллоох олоххо олорор, ахтылҕаннаах ийэ дойдутун туһугар үлэлиир, айар-тутар баҕа санаалаах этэ. Ол эрээри Дьылҕа Хаан ыйааҕа кытаанах. Ити үлүгэрдээх сэрии инники кирбиитигэр сылдьан, хааннаах сэрииттэн бүтүн ордон, Илья Николаевич дойдутугар төннөн иһэн, 1947 сыллаахха Өлүөхүмэ куоратыгар тиийэн, пересыльнай госпитальга улаханнык ыалдьан өлбүтэ. Хомойуох иһин, кини ыра санаата туолбатаҕа, тапталлаах Дьааҥытын буоругар үктэммэтэҕэ, таптыыр чугас дьонун кууспатаҕа...
Илья Николаевич убайа Василий Николаевич, кини кэргэнэ Татьяна Лазаревна уонна бииргэ төрөөбүттэрэ, оҕолоро, фронтан Илья суругун туттахтарына, муҥура суох үөрэллэрэ. “Кэллэҕинэ, суруктарын бэйэтин кытта бары бииргэ олорон хаттаан ааҕыахпыт, кэпсэтиэхпит” диэн баҕа санаалаахтара.
Бу иллээх дьиэ-кэргэн тапталлаах, күүтүүлээх киһилэрэ Илья Николаевич фронтан ыыппыт суруктарын харайан, ууран, кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдибиттэрэ -- туохха да тэҥнэммэт күндү бэлэх, өйдөбүнньүк буолар. Күннэр-дьыллар ааһан, убайдарын кэриэһин толорон, Поповтар оҕолоро улаатан, үлэһит маанылара буолбуттара. Оттон Илья убайа Василий кыыһа, оччолорго 8 саастаах кыракый Лия, киниэхэ фроҥҥа сурук суруйан, Илья Николаевиһы үөрдэн турардаах. Лия улаатан, элбэх ыччаты үрдүк таһымнаахтык үөрэппит учуутал буолбута: РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “Көҥүл Арассыыйаны көмүскээччи” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, Верхоянскай куорат уонна Үөһээ Дьааҥы улууһун Бочуоттаах гражданина. Лия Васильевна Попова убайа Илья Николаевич Попов фронтан суруктарын Верхоянскайдааҕы кыраайы үөрэтэр «Тымныы чыпчаала» мусуойга туттаран, билигин дьон көрүүтүгэр алдьархайдаах сэрии дьиҥнээх туоһулара буолан, кичэллээхтик хараллан сыталлар.
Кини фронтан суруктарынан РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх учуутала, СӨ култууратын туйгуна, тыыл бэтэрээнэ, Дьааҥы оройуонун уонна Верхоянскай куорат Бочуоттах гражданина Варвара Захаровна Кириллина салайааччылаах Верхоянскай кыраайы үөрэтэр «Тымныы полюһа» түмэлэ 2004 сыллаахха «Эҕэрдэ эһиэхэ, үрүҥ күн сырдыгынан, кэлэр кэскил дьолунан...» диэн кинигэни бэлэмнээн таһааран үйэтитэн, Дьааҥы чулуу киһитэ Попов Илья Николаевич аата дорҕооннук ааттанан, бүтүн Саха сиригэр билиннэ.
Кини кэриэс курдук кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо суруйбута үйэттэн үйэҕэ умнуллуо суоҕа диэн бигэ эрэллээхпит:
“… Аҕа дойду көмүскэлин иннигэр бэйэ эдэр олоҕун, инники кэскилин, эттээх-хаанын харыстаабакка охсуһар күн кэллэ. Уол оҕо уйана-хатана биллэр күннэрэ буоллулар. Мин бэйэм тус санаам -- Аҕа дойду иннигэр, кини көмүскэлигэр уһун уҥуоҕум ханна да урусхал буоларыгар кыһаммаппын. Бар дьоммуттан көрдөһөрдөөхпүн, аан дойдубар төннүбэт күннээх да буоллахпына, ол курдук кытаанах санаатын сүтэрбэт бэлиэтин суруйара диэн кэлэр ыччакка кэпсииргитигэр. Аан дойду дьоллоох илгэтиттэн үллэстэр, кини көрдөөх бултун бултуур, амтаннаах аһын аһыыр, күөх кырсыгар күөлэһийэр, ыраас салгынынан тыынар дьоллоох буоллахпына, кыайыыны кытта эргиллиэм. Онтон эргийбэтэхпинэ даҕаны, кэлэр ыччат кэскилигэр умсуом буоллаҕа. Онон-дьонум сэргэм, эҥин дьүһүн да буолан хааллахпына аһыйар, аһынар буолаайаҕыт.
Илья. 15.08.1942 с. Челябинская область, станция Чебаркуль, 5-ая батарея, курсант Попов».
Анна Слепцова
Верхоянскай куорат бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0