-Мин бу VIII спартакиада саҕаланыытыгар сырыттым, наһаа астынным. Уус Алдан дьоно-сэргэтэ бары сомоҕолоһон, мустан күүскэ үлэлээбиттэр. Халлааммыт, бары истэн олороллор, эмискэ баҕайы Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыгын арыйыы кэмигэр күүстээх баҕайы буурҕа түһэн, дьон эчэйиилээх киһи хомойор дьыалата буолан таҕыста. Ол гынан баран, олох аҕыйах кэм иһигэр Уус Алдан дьоно-сэргэтэ бары мустаннар, сомоҕолоһоннор, түргэн баҕайытык бу алдьатыыны-кээһэниини туораттылар, барытын үчүгэй баҕайытык оҥордулар. Онон кэлбит ыалдьыттар, спортсменнар онно улаханнык санааларын уурбатылар.
Күрэхтэһии былааннаммытын курдук бара турар. Мин бэйэм спордунан дьарыктаммыт киһи буоларым быһыытынан, биһиги сахалар олимпийскай оонньууларбытын наһаа астынабын, күрэхтэһиигэ элбэх билэр дьоммун кытта алтыстым.
Спортсменнар 4 бөлөххө арахсаннар күрэхтэһэ сылдьаллар. Холобура, элбэх нэһилиэнньэлээхтэр бастакы бастакы бөлөххө бааллар. Уһук Хоту аҕыйах ахсааннаах хоту улуустар -- төрдүскэ.. Күрэхтэһиигэ, кэтээн көрдөхпүнэ, наһаа тыҥааһыннаах. Ол курдук, илин-кэлин түсүһүүлэргэ, мин көрдөхпүнэ, бүгүн элбэх кыһыл көмүс мэтээллээх Мэҥэ Хаҥалас хамаандата бастакыга иһэр. Мин ааҕарбынан, билиҥҥитэ 10 кыһыл көмүс мэтээллээхтэр. Иккис миэстэҕэ Дьокуускай куорат иһэр – 8 кыһыл көмүс мэтээллээх. Мирнэй уонна Хаҥалас хамаандата 7-лии кыһыл көмүстээхтэр. ХИФУ 2 кыһыл көмүстээх. Ленскэй -- 1. Наһаа тыҥааһыннаах, дьон-сэргэ наһаа астыналлар, көрөөччүлэр элбэх баҕайылар. Иккис бөлөххө аан бастаан Уус Алдан иһэр. Уус Алдан 6 кыһыл көмүс мэтээллээх. Иккис миэстэҕэ тэбис-тэҥҥэ иһэллэр -- Үөһээ Бүлүү уонна Амма. Сунтаар 3 кыһыл көмүс мэтээллээх. Таатталар уонна Намнар 1-дии. Үһүс бөлөххө эмиэ тыҥааһыннаах баҕайы киирсии 2 улуус ыккардыгар бара турар -- Горнай уонна Кэбээйи. Холобура, Горнай улууһа 2 кыһыл көмүс, 2 үрүҥ көмүс, 2 боруонса мэтээллээх. Оттон мин дьонум, кэбээйилэр, 1 кыһыл көмүс, 4 үрүҥ көмүс, 3 боруонса. Онон бүгүн уопсай очукуонан горнайдар бастаан иһэллэр. Кэбээйи улууһа 6 бааллаах иккис миэстэҕэ иһэр. Төрдүс бөлөххө Эдьигээн улууһа 1 кыһыл көмүс мэтээллээх. Бу бөлөххө 11 хоту улууһа баар. Ол курдук, Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өлөөн, Усуйаана, Эбээн Бытантай кытталлар. Эдьигээн бастакы миэстэҕэ иһэр. Эдьигээн кэнниттэн Үөһээ Халыма.
Мин бэйэм тоһоҕолоон этэр буоллахпына, Артур Бурцев диэн Уус Алдан хамаандатыгар сүүрүүк уол баар. Ол уол сүүрэ сылдьан туран хаалбыта, сатаан күрэхтэспэт диэбиттэригэр наһаа хомойбуппут. Ону мин быраастары кытта көрсөммүн кэпсэппитим: “Бу уус алданнар эрэнэр уоллара, балаһыанньата, доруобуйата хайдаҕый? Туох эмэ көмө наада дуо?” – диэн ыйыталаспытым. Онуоха: “Бу наһаа итии, куйаас күннэр тураннар, күүскэ эрчиллибит буолан, сүүрэн истэҕинэ, обезвоживание буолан, уута аччаан иҥиирэ тардыбыт. Онтон үргүлдьү күнтэн “удар” ылбыт”. Куйааһа 34°C этэ. Онон быраас бэйэтэ быһаарыныы ылан, күрэхтэһииттэн туоратан кэбиспит. Уолбут түүн иһигэр бэттэх кэлэн, доруобуйата, эрчиллиитэ үчүгэй буолан, чөлүгэр түспүтэ. Иккис күнүгэр 5000 миэтэрэҕэ спартакиада чөмпүйүөнэ буолла. Артур Бурцев спартакиада кыайыылааҕа буолбутуттан сахалар, мин даҕаны, Уус Алдан дьоно наһаа үөрдүбүт. Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, спартакиадаҕа спортсмен доруобуйата мөлтүүрэ наһаа куһаҕан. Тоһоҕолоон эттэххэ, спортсмен, эр киһи быһыытынан бэйэтин күүһүнэн, модун санаатынан инники диэки барыыга, үөһэ диэки тардыһыыга ис сүрэҕиттэн баҕатын уонна эрчиллиитэ үчүгэйин көрдөрдө.
Мин бэйэм Кэбээйи улууһуттан төрүттээх киһи буоларым быһыытынан, дьоммун-сэргэбин наһаа күүскэ өйүүбүн. Кэбээйигэ суолбут-ииспит наһаа үчүгэйэ суоҕун. Холобура, бүгүн биһиги Дьокуускайтан Кэбээйигэ биир эрэ нэһилиэкпитигэр суоллаахпыт. Ону даҕаны Кэбээйи суолун аһара уһуннук тутан бараары гыммыттарын киирсэммит, былырыын олоххо киллэрбиппит. Суолбутун 30 сыл устата туппуппут. Онон биир сыл суоллаахпыт, онтубут дьайда дии саныыбын. Ол курдук, үһүс бөлөххө биһиги суоллаах-иистээх, өрүү күрэхтэһэр, кэлэр-барар, күрэхтэһиини кэрийэр, атын спортсменнары нэһилиэктэригэр күрэхтэһиннэрэр кыахтаах улууһу, күүстээх хамаанданы кытта тэбис-тэҥҥэ иһэбит. Биһиги саамай үөрүүбүт-көтүүбүт – 800 миэтэрэҕэ кыыспыт Татьяна Манжурьева кыһыл көмүс мэтээли ылла. Охчуттарбыт Дайаана Винокурова, Виктор Скрыбыкин эмиэ мэтээллээхтэр. Онон кэбээйилэр үөрүүбүт наһаа улахан. Ядрону быраҕыыга уолбут Софрон Григорьев үчүгэй көрдөрүүнү ситистэ.
Манна кэргэммин, биллэр режиссеру Татьяны Эверстованы, оҕолорбун, сиэннэрбин кытта улахан хамаанданан дойдубутугар кэлэн ыалдьа сылдьабыт. Мин икки кыыс оҕом Бороҕоҥҥо төрөөбүттэрэ. Онон кыргыттар төрөөбүт ийэ буордарыгар оҕолорун аҕалан, дьону-сэргэни кытта билиһиннэрэн көрдөрө сылдьаллар. Кэргэним Татьяна Эверстова 2005 сыллаахха Арчы дьиэтин ис сүрэҕиттэн дойдутун оскуолатыгар бэлэх ууммута. Бэйэтин үбүнэн-харчытынан балаҕан, ураһа туппута. Кэргэним сахалар диэн кимнээхпитин, биһигини айбыт саамай улахан аҕа баһылыкпыт Оҕустаах Хоро Оҕонньор диэн кимин, хас уоллааҕын, туох кэпсээн-ипсээн, үһүйээн баарын барытын оскуола оҕолоругар үөрэтии дьыалатын саҕалаабыта. Арчы дьиэтигэр дьон-сэргэ кэлэллэр, араас улуустан, дойдуттан дэлэгээссийэлэр сылдьаллар. Онон мин кэргэним Татьянанан киэн туттабын. Тоҕо диэтэххэ, кэнники сылларга Саха Сиригрэ Арчы дьиэлэрин, ураһа, балаҕан тутуута күүһүрдэ. Онно мин кэргэним Саха Сиригэр бастакы Арчы дьиэтин тутан холобур буолар.
Мин уонна мин кэргэним киэн туттарбыт диэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр маннык улахан спартакиада, сахалар олимпиадалара, 1996 сыллаахха Уус Алдаҥҥа, Бороҕоҥҥо,аан бастаан буолбута. Ахсыс спартакиадаҕа мин дьоммунаан-сэргэбинээн бары кэлэн сылдьарбытыттан наһаа үөрэбин. Уонна Ил Түмэн хаһыатын, саайтын ааҕааччылар, Ил Түмэн үлэтин-хамнаһын көрөөччүлэр-истээччилэр доруобай буолуҥ диэн барыгытыгар алгыс ыытабын. Уһуннук олоруҥ, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ, успуордунан дьарыктаныҥ!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0