Оонньуулары тэрийэр кэмитиэт уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата национальнай көрүҥнэр спартакиадата үрдүк таһымҥа ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр.
«Бу спартакиада өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын култууратын, үгэстэрин, оонньууларын, өйүн-санаатын, талаанын түмэр тэрээһин буолар. Улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар спартакиада улахан суолталаах. Ол курдук, 19 оробуочай хамыыһыйа састааптаах тэрийэр кэмитиэт улахан үлэни ыытан, Горнайга элбэх тутуу барда. “Спорт — норма жизни” федеральнай бырайыак чэрчитинэн элбэх хайысхалаах спортивнай комплекс үлэҕэ киирдэ. 1000 миэстэлээх, мобильнай трибуналарын кытта аахтахха, 3000 миэстэлээх стадион, ытыы көрүҥүн сайыннарарга аналлаах комплекс, 150 миэстэлээх универсальнай спортивнай былаһаакка, ипподром баар буолла. Бэрдьигэстээх иһинээҕи суоллары оҥордулар, тыын суолталаах хааччыйар эбийиэктэргэ саҥардар үлэлэр ыытылыннылар. Горнай улууһун дьоно-сэргэтэ Манчаары оонньуулара үрдүк таһымҥа баралларын туһугар бары биир санаанан турунан бэлэмнэммиттэригэр уонна спортсменнар биһиэхэ спорт бырааһынньыгын бэлэхтээбиттэригэр махтанабын», — диэн эҕэрдэлээтэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, оонньуулары тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников.
Спартакиадаҕа барыта 40 хамаанда балтараа тыһыынча спортсмена 11 национальнай көрүҥҥэ куоталаспытын 248 судьуйа дьүүллээтэ. Уопсайа 191 кэмпилиэк мэтээл оонньонно. Төһө да көрөөччүтэ суох ыытылыннар, кыттааччылар бэрт дьулуурдаахтык, азартаахтык, көхтөөхтүк күрэхтэстилэр. “Саха” НКИХ тохтоло суох быһа эпииринэн көрдөрөн, бары да ол түһүлгэҕэ сылдьыбыт курдук сананныбыт.
- Остуол оонньууларыгар абсолютнай чөмпүйүөн Владислав Попов (Амма)
- 70 кг диэри ыйааһыннаах эр дьоҥҥо многоборье чөмпүйүөнэ Леонид Филиппов (Амма)
- 70 кг үөһэ ыйааһыннаах эр дьоҥҥо многоборье кыайыылааҕа Николай Матаннанов (Таатта)
- Наартаны ойууга рекорд олохтообут Валентина Борисова (Дьааҥы)
Кылаабынай судьуйа Семен Говоров бу оонньууларга 4 рекорд олохтоммутун киэн тутта эттэ: “Хаҥаластан Валерия Олесова 25 м 36 см кылыйда, ХИФУ хамаандатыттан Антонина Санникова хотугу многоборьеҕа сүгэни 99 м 36 см ыраахха диэри бырахта, Өймөкөөнтөн Георгий Софронов наартаны 720, оттон Үөһээ Дьааҥыттан Валентина Борисова 331 төгүл ойдулар”.
Кылыыга абсолютнай чөмпүйүөн буолбут эдэркээн Валерия Олесоваҕа уонна эр дьоҥҥо бастаабыт Кай Адамовка СӨ Атах оонньууларыгар федерацията массыына күлүүһүн туттаран үөртэ.
Дыгын оонньууларыгар өрүү ситиһиилээхтик кыттар, таас көтөҕүүтүгэр иннин биэрбэт рекордсмен, мас тардыһыытыгар аан дойду чөмпүйүөнэ Дьулустаан Ноговицыҥҥа Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев, ини-бии Контоевтар уонна биир дойдулаахтара спорт национальнай көрүҥнэрэ сайдыытыгар өҥөтүн иһин “УАЗ-Патриот” массыынаны бэлэхтээтилэр.
Меценат Василий Николаев туруорбут массыынатын ох саанан ытыыга абсолютнай чөмпүйүөн Дарья Фомина (Чурапчы) ылла.
Түмүк түөрт бөлөҕүнэн таҕыста:
--Бу күннэр устата сүрдээх уустук, ханнык эрэ түгэҥҥэ ыарахан, ыксаллаах быһыы-майгы үөскээн ылбытын үрдүнэн, ол харгыстары бары түмсүүлээх буоламмыт этэҥҥэ ааһан, күн бүгүн Манчаары XXI оонньуулара Бэрдьигэстээххэ ситиһиилээхтик түмүктэннилэр. Төһө да хамсык дьаҥын кэмэ буоллар, улууһум дьоно бу ыарыы утары быһыыны күргүөмүнэн ыланнар, Ил Дархан спартакиаданы ыытарга быһаарыныыны ылынан, түөрт сыл бэлэмнэммит тэрээһиммитин көһөрбөккө кэмигэр ыыппыппытыгар бар дьоммор, аҕа баһылыкпытыгар, тэрийэр кэмитиэккэ уонна бары кыттыбыт дьоҥҥо махтанабын. Бары вакцинацияланнахпытына, уруккубут курдук, маннык элбэх киһилээх, киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри ыытыахпытын сөп эбит диэн өйгө-санааҕа бары да кэллэхпит буолуо, онон кытаатан бары быһыыбытын ылыаххайыҥ -- диэн ыҥырда Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев.
Манчаары кэлэр XXII оонньуулара 2025 сылга Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр ыытыллыаҕа. Горнайдар оонньуу бэлиэтин таатталарга, баһылык М.М. Соровка, үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар.
2025 сылга ытык Тааттаҕа көрсүөххэ диэри!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0