Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -19 oC

Норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама үлэлээбитэ эһиил 5 сылын туолар. Бу кэм устата элбэх муниципальнай тэриллии куонкуруһунан субсидия ылары ситистэ, ону нэһилиэктэрин ис-тас көстүүтүн, инфраструктуратын тупсарыыга туһанна.

Норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама үлэлээбитэ эһиил 5 сылын туолар. Бу кэм устата элбэх муниципальнай тэриллии куонкуруһунан субсидия ылары ситистэ, ону нэһилиэктэрин ис-тас көстүүтүн, инфраструктуратын тупсарыыга туһанна.

Саха сиригэр бырагыраама норуот сэҥээриитин ылыаҕын ылла: тыа сирин олохтоохторо тутуу матырыйаалыгар үп-харчы хомуйуутугар көхтөөхтүк кытталлар, ол түмүгэр сыл ахсын олоххо киирбит сөҕүмэр бырайыактар ахсааннара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбиир.

Биир тиһиккэ ситимнээн

Былырыыҥҥыттан бырагыраама «Тө­рөөбүт куоратым уонна нэһилиэгим» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак чэрчитинэн үлэлиир.

Норуот көҕүлээһинин бырайыактарын талыы «One Cliсk Yakutia» платформаҕа уонна социальнай ситимнэринэн ыытыллар. Оттон муниципальнай тэриллии дьаһалтарыттан сайаапка, отчуот, туһааннаах ыйытыктары биэрии «One Click Yakutia» модульга толору көһөрүллүбүтэ.

2021 11 18 20 21 44

Бырайыа­гы көҕүлээччилэр олохтоохтор ордук туохха болҕомтолорун ууралларын онлайн куоластааһын түмүгүнэн быһаараллар. Чуолаан оҕо уонна спорт былаһааккаларын тутуу, бөһүөлэк иһинээҕи суолу-ииһи оҥоруу, култуура эбийиэк­тэрин өрөмүөннээһин, киин ититэр сис­тиэмэни, уу сайыҥҥы ситимин тардыы курдук үлэлэр тыа сирин олохтоохторун ордук интэриэһиргэтэллэр эбит.

2021 11 14 23 01 35

 Санаттахха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этиитинэн, норуот көҕүлээһинин хамсааһыннара «Төрөөбүт куоратым уонна нэһилиэгим» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама иһинэн биир тиһиккэ түмүллүбүтэ. 2020 с. ахсынньы 1 күнүнээҕи 1542 №-дээх ыйааҕынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыакка «Тупсаҕай куорат эйгэтин үөскэтии», «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы», «Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама» уонна «Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһыннара киирбиттэрэ. Үбүлээһинэ түөрт былаас эркиниттэн хааччыллар: федеральнай, судаарыстыбаннай, муниципальнай бүддьүөттэртэн уонна нэһилиэнньэ  көмөтүнэн.

2021 11 18 20 23 55

«2022 сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэк тэлгэһэлэрин саҥардыыга, тупсарыыга уонна тутууга өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыак бүддьүөтүттэн кырата суох 1,5 млрд солк. үп ороскуоттаныаҕа», -- диэн Айсен Николаев бэлиэтээбитэ.

Кыайыылаах муниципалитеттар аадырыстаах испииһэктэрэ ахсынньы 10 күнүгэр диэри куоластааһын түмүгүнэн оҥоһуллуоҕа. Бигэргэммит былаанынан, дьоҕус иэннээх тиэргэннэр үүнэр сыл ыам ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри үлэҕэ киириэхтээх­тэрэ мэктиэлэнэр. Бастыҥ бырайыактар 10-тан тахса усулуобуйаҕа сөп түбэһэллэрэ ирдэнэр. Хас биирдии киирбит сайаапка кытаанах сүүмэрдээһини ааһар, ол кэнниттэн бастыҥ көрдөрүүлээх бырайыак эрэгийиэн бүддьүөтүттэн үбүлэнэр.

Дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттар

Сыл түмүктэрин сырдатар кэм кэллэ. Бу бырагыраама тэрээһиннэрин хаамыы­тын туһунан сиһилии СӨ Үп министиэристибэтин норуот көҕүлээһинин бүддьүөттээһиҥҥэ отделын начаалынньыга Светлана Колодезникова кэпсиир:

Svetlana Kolodeznikova

— Норуот көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама көмөтүнэн билигин тыа сирин нэһилиэктэрэ сытыытык турар кыһалҕаларын быһаараллар. Уопсастыбаннай инфраструктураны сайыннарыы бырайыактарын үбүлээһинигэр СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн сыллата 500 мөл. солк. көрүллэр. Олохтоохтор мунньахтарга түмсэн, тутаах бырайыактары куоластааннар талаллар. Бырайыактары таларга бырааһынньыкка курдук сылдьаллара, өссө сэргэхситэн, кэнсиэр тэрийэллэрэ. Ортотунан нэһилиэк иһинэн 100-400 киһи кыттыы­лаах сүбэ мунньах буолара биллэр. Маннык тэрээһиннэргэ нэһилиэнньэ кыттара тус бэйэтин көҥүлэ. Холобур, 2019 сыллаахха нэһилиэнньэттэн 2212 этии киирбититтэн 565 биһирэммитэ, оттон былырыын 1832 этиилэртэн 507 сөптөөҕүнэн ааҕыллыбыта. 2021 сылга 480 сайаап­каттан куонкуруһу 331 ааспыта, суумата 694,3 мөл.солк. тэҥнэспитэ. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 500 мөл. солк., олохтоох салайыныы үбүттэн – 134,6 мөл. солк., нэһилиэнньэттэн – 23,1 мөл. солк. уонна спонсордартан – 36,6 мөл.солк.

Бырайыактары хайысхаларынан араарар буоллахха маннык:

2021 11 18 20 28 14

Бу этиллибит түмүктэргэ сыһыаран, ордук чорботон, чурапчылары ахтарбыт наадалаах. Кинилэр Саха сирин чиэһин көмүскээн, норуот көҕүлээһинин өйүүр бырайыактар Бүтүн Арассыыйатааҕы V куонкуруһугар иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксибиттэрэ. Быйыл дойду 60 эрэгийиэниттэн барыта 915 бырайыак кыттыбыт. «Уопсастыбаннай кыттыы» диэн номинацияҕа Чурапчы сэлиэнньэтигэр баар 2 этээстээх «Айылгы» норуот айымньытын таас дьиэтин өрөмүөннээһин бырайыага хабылынна. Бырайыак олоххо киириитигэр 3000 кэриҥэ киһи кыттыыны ылбыта биллэр. Нэһилиэнньэ уонна урбаанньыттар көмөлөрүнэн 275 тыһ. солк. хомуллубут, онтон олохтоох бүддьүөтүттэн 225 тыһ. уонна өрөспүүбүлүкэттэн 1,5 мөл. солк. үп туһаныллыбыт.

kentik news 119082287 359251148441435 1817236268963833780 n

Кэнтик холобуругар

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн икки сүдү суолталаах тэрээһиҥҥэ – Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Олоҥхо ыһыаҕар – бэлэмнэнии үлэлэр Үөһээ Бүлүүгэ ураты быһыылаахтык быыстала суох ыытыллаллар.

Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо, бэлэмнэнии кэмин болдьоҕо кылгаһын өйдөөннөр, хара маҥнайгыттан күүскэ ылсан үлэлииллэр.

1

Нэһилиэк баһылыга Валерий Николаев этэринэн, бу бырагыраамаҕа 2017 сылтан кэнтиктэр көхтөөхтүк кытталлар.

—Биэс сыл тухары нэһилиэнньэҕэ сытыытык турар кыһалҕалары быһааран, ыра санааларын олоххо киллэрэр сыаллаах араас таһымнаах үлэ тиһиктээхтик ыытылынна. Үтүө түмүктэрдээх үлэлэрбит элбэҕэ үөрдэр. Үс сыл устата нэһилиэк иһинээҕи суолу саҥардан, чөлүгэр түһэрбиппит. Нэһилиэккэ киирии ааркабатын саҥардыбыппыт, салгыы ыһыахтыыр сиргэ саҥа тутуулар баар буолбуттара. Талыллыбыт бырайыактары тиһэҕэр тиэрдиигэ нэһилиэнньэ утарсыыта суох улгумнук сөбүлэһэн кыттар: ким эрэ харчынан, сорох дьон тиэхиньикэ уларсар, атыттар субуотунньуктарга кытталлар. Былырыын Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн, норуот маастардарыгар аналлаах, ураты көстүүлээх «Уустар куораттара» диэн бырайыак тутуута икки түһүмэҕинэн саҕаламмыта. Ыһыахтыыр сиргэ хорчуоппа миэстэтэ, саҥа ураһалар, быыстапка павильона баар буоллулар. Эһиил «Уустар куораттара» бырайыакпыт ситэн түмүктэнэригэр эрэнэбит. Кэлэр сылга ыһыахтыыр сиргэ аар баҕах сэргэ уонна дьон олорор трибуналара тутуллуохтаахтар.

2021 11 18 20 18 32

Кэнтигим бар дьоно куруутун маннык түмсэн, баҕа санаабытын олоххо киллэрэн, үүнэр көлүөнэ туһугар туһалааҕы, кэскиллээҕи оҥороллоруттан үөрэбин, киэн туттабын. Туох баар саҕалааһыннарбытын, бачыымнарбытын өйүүр-өйдүүр биир дойдулаахтарбар барҕа махталбын тиэрдэбин! 

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением