Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC

 Эдьигээн улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Егорович Шамаев 2021 сыл алтынньы ыйыттан үлэлиир.

 Саҥа талыллыбыт састаап 15 дьокутааттаах. Олортон алтата -- “Биир ньыгыл Арассыыйа", биэс – “Сиэрдээх Арассыыйа”, үс – хомуньуус, биир -- ЛДПР чилиэннэрэ .

 Эдьигээн улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Егорович Шамаев 2021 сыл алтынньы ыйыттан үлэлиир.

 Саҥа талыллыбыт састаап 15 дьокутааттаах. Олортон алтата -- “Биир ньыгыл Арассыыйа", биэс – “Сиэрдээх Арассыыйа”, үс – хомуньуус, биир -- ЛДПР чилиэннэрэ .

  Улуус туһунан билиһиннэрдэххэ, улуус киинэ эмиэ Эдьигээн диэн. Маны тэҥэ үс нэһилиэк баар: Бэстээх, Кыстатыам, Баахынай. Оройуоҥҥа 4 тыһыынчаттан тахса киһи олорор.

Быйыл өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар Эдьигээн төрүттэммитэ 390 сылын бэлиэтиир эбит. Онон киэҥ далааһыннаах араас тэрээһиннэр былааннаммыттар. Ийэ сылынан Эдьигээҥҥэ Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибит. Онно эбии дойдуга Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылын эбэн кэбис. Кинилэр хотугу төрүт олохтоох омук буоланнар, бу сыл икки бүк суолталаах.

«Быйылгы улуус бүддьүөтэ дэписсииттээх ылыллыбыта. Үп-харчы боппуруоһа кытаанах. Болҕомтону саҥа тутууларга, спорт, физкультура эйгэтигэр уонна үөрэҕирии сайдыытыгар уура сатыыбыт”, – диэнтэн Юрий Егорович Шамаев кэпсээнин саҕалаата.

шамаев

Олорор усулуобуйаны тупсарыы

--Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата улууска 2013 сылтан күүскэ үлэлиир. 2020 сылга диэри икки этээстээх, элбэх кыбартыыралаах 11 мас дьиэ тутулунна. Уопсай иэнэ 8700 кв.м., 160 дьиэ кэргэн олорор усулуобуйата тубуста. 2025 сылга диэри былаан быһыытынан 15 дьиэ киириэхтээх.

"Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ" национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл олунньуга 49 кыбартыыралаах таас дьиэ үлэҕэ киирдэ. Дьиҥэр, 2021 сыллаахха кириэхтээх этэ даҕаны, айылҕа моһоллоруттан кыратык хойутаата. Бу дьиэҕэ түөрт элбэх кыбартыыралаах хаарбах дьиэттэн көстүлэр. Сүрүн бэдэрээтчит “Альянс-2005” ХЭТ. Манна даҕатан эттэххэ, улахан тутууларбытын ыытар “Альянс-2005” ХЭТ махтаныахпыт этэ. Кинилэр улууска «Орончикан» уһуйааны, киин балыыһа дьиэтин, аэровокзалы, көтөр  балаһаны тутан, олоххо киллэрдилэр.

Бырагыраама үлэтэ салҕанар. Быйыл 40 кыбартыыралаах икки таас дьиэ тутуута саҕаланыахтаах.

Интэриниэтэ суох туох да оҥоһуллубат

-- Түргэн Интэриниэт киириэн, атын улуустарга курдук, оптоволокно лииньийэтэ (ВОЛС) тардыллыан олохтоохтор олус баҕараллар уонна  туруорсаллар. Чахчыта да,  аныгы кэм ирдэбилинэн социальнай өҥө үксэ электроннай көрүҥүнэн оҥоһуллар. Билигин “Госуслуги” портал өҥөтүн туһанар манна уустуктардаах. Маныаха инновация министиэристибэтин кытары улуус дьаһалтата ыкса үлэлээн, боппуруос быһаарыллан эрэр. Бырайыак суумата 378 мөл. солк. «Ростелеком» ААУо 198 мөл. солк. төлүүргэ бэлэмин биллэрдэ.

Саҥа оскуолалар ааннарын арыйыахтара!

--Улууска 2 уопсай үөрэхтээһин орто уонна 2 национальнай сүрүн оскуола үлэлиир. Бу түөрт кыһаттан үһүгэр оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго бөлөхтөөх. Ону таһынан оҕо 4 уһуйаана уонна эбии үөрэхтээһин 2 тэрилтэтэ баар. Оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕо ахсаана -- 752, оскуола иннинээҕи саастаахтар --  439.

Үөрэх саҥа ыстандаартарынан үлэлии олоробут. Аныгыскы үөрэх дьыла саҕаланыыта, балаҕан ыйыттан, саҥардыллыбыт киэбинэн үөрэх тиһигин тэрийэн саҕалыахтаахпыт.

Эдьигээн орто оскуолата агро хайысхалаах. Онон профильнай кылаастар аһыллыбыттара.

Кыстатыам нэһилиэгэр “Тыа сирин кэлим сайыннарыы” федеральнай бырагырааманан үбүлэнэн, 90 миэстэлээх таас оскуола-уһуйаан дьиэтэ тутулла турар. Бэдэрээтчигинэн «Сахастрой 2002» ХЭТ буолар, тутуу үлэлэрэ 2020 сылтан саҕалаан ыытыллаллар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ А.В. Тарасенко кэнники ВКС мунньаҕар: “Оскуола тутуута олунньу 28 күнүгэр түмүктэниэхтээх”, -- диэн кытаанах соругу туруорда.

5 11

Оскуола ититэр систиэмэтэ холбонон, сылаас буолан, үлэһиттэр чараас таҥастаах сылдьан бүтэрэллэр-ситэрэллэр. Бу күннэргэ Дьокуускайтан лифт таҥааччылар, вентиляцияны оҥорооччулар, уот тардааччылар уонна сантехниктар кэлиэхтээхтэр.

Тутуу саҕаланыаҕыттан нэһилиэк олохтоохторо, оскуола-уһуйаан кэлэктиибэ, субуотунньук тэрийэн, тутааччыларга күүс-көмө буолаллар. Ону сэргэ улуус киинигэр баар үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрэ, Кыстатыамтан төрүттээх дьон тиийэн, улахан көмөнү оҥороллор, биир дойдулаахтарын үөрдэллэр.

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар 1 мөл. 200 тыһ. солк көрүллэн, 5 лааҕыр үлэлиэхтээх.

Оройуон киинин орто оскуолатын дьиэтин тутуу эмиэ биир кыһалҕалаах боппуруос буолар. Маныаха «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020-2024 сылларга уонна былааннанар 2026 сылга үөрэҕи сайыннарыы» бырагыраамаҕа киирсэр үлэ ыытыллар. Билигин үөрэнээччилэр үс куорпуһунан сүүрэ сылдьан үөрэнэллэр. Куорпустар 1968, 1985, 1987 сыллаах тутуулар, кээһиниилэрэ 60-70%.

Бу боппуруоһу соторутааҕыта буолбут СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар туруорбуппут. Маныаха бу оскуола тутуута өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2-с уочаракка сылдьарын этэн үөртүлэр. Билиҥҥи туругунан бырайыактыыр-симиэтэлиир докумуоннары чөкөтөн, экспертизаны ыытарга бэлэмниибит.

Баахынай сэлиэнньэтигэр 40 уонна 25 миэстэлээх оскуола-саад тутуутугар эмиэ маннык балаһыанньа. Симиэтэлиир-бырайыактыыр докумуоннара уонна экспертиза ааһа илик. Уочаракка 49-с турар.

Дьокутааппыт бэлэҕэ

--2022 сыл үөрэх эйгэтигэр Ааҕыы сылынан биллэриллэн турар. Маныаха үөрэх үлэһиттэрин Тохсунньутааҕы мунньаҕын иннинэ #Подаридетямкнигу диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа биллэриллибитэ. Ил Түмэн дьокутаата Иван Андреев бу бачыымы өйөөн, улуус бары оскуолаларыгар кинигэ арааһын бэлэхтээбитэ үтүө холобур буолла. Ол курдук, оскуолалар уус-уран литература, научнай-популярнай кинигэлэринэн, араас босуобуйаларынан байдылар, «Колокольчик» сурунаал ый аайы кэлэр буолла. Үөрэнээччилэр уонна учууталлар саҥа пуонданы үөрэтэ сылдьаллар.

4 1

Болҕомто -- элбэх оҕолоох ыалларга

--Улууска Ийэ сыла киэҥ хабааннаахтык ыытыллыа. Былаан ылыллан турар. Маныаха дьүөрэлээн, улууска Дьиэ кэргэн сыла биллэрилиннэ. Ийэлэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга улуус бүддьүөтүттэн биир кэмнээх көмө оҥоһуллуоҕа. Кэтэх дьиэ тутуутугар элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын аныахпыт, харчынан көмөлөһүөхпүт.

Саха Сиригэр Ийэ сылын арыйыы тэрээһинин чэрчитинэн, Бэстээх нэһилиэгэр Дьоруой ийэ Елизавета Иннокентьевна Митясоваҕа санаторийга баран сынньанарыгар, эмтэнэригэр босхо сэртипикээти баһылык бэлэх уунна.

Тыын кыһалҕалар

--Экология боппуруоһа, чуолаан уу киртийиитэ, кэлиҥҥи бириэмэҕэ биһигини долгутар. Бүлүү өрүс уута Өлүөнэҕэ түһэн, биһигинэн ааһар. Онон уу киртийиитин биһиги эмиэ "эппитинэн-хааммытынан" билэн олоробут.

Сыбаалка эмиэ тыын боппуруос буолар. Бу кыһалҕа хоту улуустарга кыайтарбат төрүт. Маныаха национальнай бырайыак быһыытынан өрөспүүбүлүкэбит салалтата туруорсуо этэ. Оччоҕо федеральнай бырагырааманан үп кэлиэ этэ.

Сайыҥҥы баһаардар, ханна баҕарар курдук, биһиэхэ сылын аайы эмиэ тураллар. Эдьигээн сирэ-дойдута “лесотундра” диэн категорияҕа киирсэр. Онон уот турдаҕына, мониторинг эрэ ыытыллар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаатаҕына, биирдэ умулларыы, бохсуу үлэтигэр кыттыһабыт.

Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар анал муниципальнай бырагыраамалар үлэлииллэр. Сыллата ынах иитиитигэр, от тиэйэргэ, сүөһү эбии аһылыгын аҕаларга үп анаан тыырыллар. Таба ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһэбит.

Сирбитин  ким да былдьыыр бырааба суох

--Улууспутугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар Ассоциациялара тэриллэн үлэлиир. Төрүт дьарыкпыт -- балыктааһын, таба иитиитэ, булт.

Сирбит-уоппут үгэс буолбут дьарыгынан туһанарга анаммыта. Барыта олохтоох общиналарга бултуурга-алтыырга бэриллэн турар. Оттон 5 гектаардаах хотугулуу-илиҥҥи сирдэр түҥэтиллибэттэр. Балыксыттар общиналара эмиэ бэйэлэрэ анаммыт учаастак сирдээхтэр.

Бырамыысыланнас кэллэҕинэ даҕаны, ити сирдэри тыытыа суохтаахтар диэн эрэнэбит. Алдьатар түгэннэригэр, чөлүгэр түһэрэргэ үбүлүөхтээхтэр. Биһигиттэн эрэ көҥүллээх буоллахтарына, сирбитигэр-уоппутугар киириэхтээхтэр.

Ураты култууралаахпыт

–Эдьигээҥҥэ 2016 сылтан кулууп дьиэтэ суох үлэлии олоробут. Тэрээһин ыытыытыгар онон кэккэ мэһэйдэр бааллар. Ол гынан баран, быйыл ахсынньыга «Эйгэ» этно-култуурунай киин тутуута түмүктэниэхтээх.

Дьиэ суох диэн, тугу да гыммакка олорон хаалбатахпыт. Киинэ устуутугар эдэр ыччаппыт ылсан үлэлээн эрэр. Кэккэ кыайыылар номнуо кэллилэр. Ол курдук, оройуоннааҕы култуура уонна туризмы сайыннарыы отдела уонна «Собэе» ыччат түмсүүтэ «Туһах. Сохсолоох суол» диэн кылгас уус-уран киинэлэрэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Республика Кино» бэстибээлгэ «За магию, которая есть только в якутском кино» диэн анал ааты ылары ситистэ. Маны тэҥэ эбэҥки норуота ураты култууралаах омук буолар. Ииспит-ууспут барыта ураты. Ону сүтэримиэхпитин, сайыннарыахпытын наада. Ол иһин маастардарбыт ахсааннарын элбэтиигэ үлэлэһэбит.

Оһох оттон олороллор

уолунай суох. Нэһилиэнньэ маһынан оһох оттунан олорор. Оттон Эдьигээҥҥэ чааһынай сектор түөлбэҕэ хочуолунай тутуллара уолдьаста. Манна кэлиҥҥи сылларга кэтэх дьиэ элбээтэ. Бу икки боппуруоһу СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар икки сыл субуруччу туруордубут.

Улуус дьаһалтата «Тыа сирин кэлим сайыннарыы» федеральнай бырагыраамаҕа киирэн, тутууну ыксатар былааннаах. Сүүмэрдиир туурун аастылар, билигин бырайыактыыр-симиэтэлиир үлэ ыытыллар. СӨ ОДьКХ ГУП кытары ыкса үлэлииллэр. Анал сир учаастактара дьаһалта өттүттэн тыырыллан тураллар, быйылгыттан бэлэмнэнии үлэлэрэ саҕаланыахтаахтар. 2023 сылтан икки хочуолунай тутуута саҕаланарын сабаҕалыыбыт.

БАСТАКЫ ЧӨМПҮЙҮӨН ААТЫНАН СААЛА ХАҺАН ТУТУЛЛАР?

–Спортивнай тэрээһиннэргэ болҕомто уурабыт. Ол эрээри хамсык туран, улууска икки сыл устата улахан тэрээһиннэр буолбатылар. Быйыл арыый балаһыанньа тупсан эрэр. Онон тохсунньу 17-29 күннэригэр Баахынай нэһилиэгэр тэрилтэлэр икки ардыларыгар ыытыллар спартакиадабыт буолан ааста. Бу күрэҕи олохтоох дьаһалта иилээн-саҕалаан ыытар. Манна 4 хамаанда волейбол, хабылык, хаамыска, бильярд, дуобат оонньууларыгар, саанан ытыыга күөн көрүстэ.

13 5

Дьоммут спордунан дьарыктанар баҕалаахтар. Биһиги кинилэри өйүөхтээхпит. Олимпиадаҕа сахалартан бастакынан чөмпүйүөннээбит биир дойдулаахпыт Р.М. Дмитриев аатынан элбэх хайысхалаах спортивнай сааланы тутууну Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2022 сыллаах инвестиционнай бырагырааматыгар киллэрэн, тутууну саҕалыыры туруорсабыт. 2021 сыллаахха эбийиэк бырайыактыырсимиэтэлиир докумуоннара ситэриллибиттэрэ, экспертизатын ааспыта. Хомойуох иһин, спорт министиэристибэтин нөҥүө инвест-бырагыраамаҕа быйыл киирбэтэ. Онон федеральнай бырайыакка холонору толкуйдуубут.

КЫСТАТЫАМҤА

Кыстатыамҥа оскуола-саад тутуута бара турар. Таһырдьааҥҥы өттүгэр үлэ син түмүктэниэх курдук буолбут. Бүгүҥҥү күҥҥэ остолобуой уонна мэдиссиинискэй кэбиниэт үрдэ (навесной потолок) уонна оборудованиета таҥылыннаҕына, онон бүтэр. Уоннааҕы хостор, көрүдүөр эркиннэрэ, үрдүлэрэ, муостата ситэриллэ-хоторулла иликтэр. Спортивнай саалата эмиэ биир оннук туруктаах. Куукуна оборудованиетын сүөкээн, иһирдьэ таспыттар. Дьокуускайтан лифт таҥааччылар кэлиэхтээхтэрин кэтэһэллэр, кинилэр үс күн үлэлиир болдьохтоохтор. Онтон тутатына вентиляцияны оҥорооччулар үлэни салгыахтаахтар. Вентиляция оҥоһулларын наһаа кэтэһэллэр, оччоҕо үлэ хаамыыта түргэтиэхтээх, тоҕо диэтэххэ, салгын хамсааһына суох буолан, истиэнэ сыбаҕа куурбат. Онтон сылтаан сиигирэр, ол истиэнэ туһааннаах матырыйаалынан бүрүллэрин атахтыыр. Бэдэрээтчит эбии үлэһиттэри ыытыахтаах диэн эмиэ кэтэһэллэр. Эбийиэк тутулларын туһугар хамсааһын саҕаламмыта, сайаапкатын оҥоһуутун кэмин киллэрдэххэ, быйыл төрдүс сыла буолла. Онон булгуччу түмүктэниэхтээх.

Оскуола тутуутун бытаарыыта сайыҥҥы кэмҥэ тырааныспар схемата кыайан учуоттамматаҕыттан, онтон сылтаан тутуу матырыйаала бириэмэтигэр тиэрдиллибэтэҕиттэн тахсыбыт.

Оскуолаҕа «Точка роста» бырагырааманан ноутбуктар, үөрэтэр-методическай тэриллэр аҕалыллыбыттар. Үөрэнээччилэри таһарга аналлаах саҥа «Газель» автобустаахтар.

Нэһилиэккэ Корякиннар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 6 ынах сүөһү баар. 10 ыал олорор дьиэлэрэ хаарбах туруктааҕынан билиниллэн, саҥа дьиэҕэ көһөрүллүү бырагырааматыгар хабыллыбыттар. 2022 сылга манна 12 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуута саҕаланара былааннанар. Саҥа гараас тутуллан үлэлии турар.

Хомойуох иһин, Кыстатыам ыстаадаларыгар таба ахсаана аҕыйыы турар. Кыстатыам өттүгэр коронавируһунан сибээстээн, харааллааһыҥҥа кулун тутар 1 күнүгэр диэри харантыын биллэриллибитэ. Ааспыт сылга СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ улуус управлениетыгар, ыраах айанныылларыгар анаан, икки «Буран» көлөнү анаабыта. Онон ыстаадаларга тиийэргэ усулуобуйа тэриллибит.

Кыстатыам олохтооҕун 70 бырыһыана – эбэҥки. Ол гынан баран, федеральнай реестргэ кыайан регистрацияламмакка сылдьаллар. МФЦ үлэһитэ анаан-минээн нэһилиэккэ кэлэн, ити боппуруоска үлэлэһэрэ күүтүллэр.

Кыстатыамҥа кыһыҥҥы айанныыр суол оҥоһуллуута кыаллыбакка турар. Быйыл тендери кыайбыт урбаанньыт Ю.А. Филатов анал тиэхиньикэтэ да суох эбит. Онон улуус дьаһалтата Кыстатыам суолун өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суол испииһэгэр киллэртэрэр баҕа санаалаах.

«Үтүө дьыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан Кыстатыамҥа эдэр исписэлиистэргэ аналлаах уопсай дьиэ тутуутугар сайаапка түһэрбиппит. Эппиэтин эрэнэ күүтэбит.

БААХЫНАЙГА

— Баахынай быйыл төрүттэммитэ 75 сыла. Манна Лииндэ ситэтэ суох орто оскуолата үлэлиир. Манна үөрэхтээһиҥҥэ саҥа саҕахтары арыйар «Точка роста» федеральнай таһымнаах киин аһыллыахтаах. Үөрэнэр кэбиниэттэргэ оҕолор естественнэй, гуманитарнай, тиэхиньиичэскэй, цифровой хайысхаларга сайдалларыгар анаммыт аныгы тэриллэри таҥан туруоруохтара. Ааспыт сылга нуучча тылын уонна математика биридимиэттэригэр, 9-с кылаастар туттарар түмүк эксээмэннэрин түмүгүнэн, Лииндэ оскуолатын үөрэнээччилэрэ үрдүк көрдөрүүлэммиттэрэ.

Хаһыс да сылын нэһилиэнньэ саҥа оскуола тутуутун туруорсар, дьиэ-уот эргэрэн, тымныыта сүрдээх. Ол да буоллар, оскуола кэлэктиибэ кыах баарынан оҕолор үөрэнэллэригэр бары усулуобуйаны тэрийэллэр. Оскуола-уһуйаан тутуута «Тыа сирин кэлим сайыннарыы» федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, куонкуруска кытта сылдьар. Түмүк бу сылга биллиэхтээх.

2020 сылга биэлсэр-акушер саҥа пууна үлэҕэ киирбитэ. Манна 12-с сылын биэлсэринэн Колтовской Сергей Сергеевич үлэлии-хамныы сылдьар. Уопуттаах үлэһит, ханнык да ыараханыарыыга, эчэйиигэ суһал көмөнү бэйэтэ оҥороохсор. Баахынайга 2024 сылга «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагырааманан саҥа дьиэтутуллуохтаах.

БЭСТЭЭХХЭ

— Бэстээх нэһилиэгэр ааспыт сайыноскуола-уһуйаан дьиэтигэр хапытаалынайөрөмүөн ыытыллыбыта. Дьиэ биллэрдиксылыйбыт, ирдэнэр нуормаҕа эппиэттиирбуолбут.

2022-2023 сс. улахан хапытаалынайөрөмүөнү ыытыыга үп ылар туһугар федеральнай бырагыраамаҕа Бэстээх оскуолатынкиллэрдибит. Этэҥҥэ куонкуруһу ааһан,үп көрүллэн, манна үлэ бардаҕына, 20-чэсыл устата бу оскуола толору хааччыллан,өрөмүөҥҥэ наадыйбат буолуоҕа.

Бэстээххэ Петр Петрович Докторов сахаынаҕын тутар хаһаайыстыбалаах. Хотоҥҥо 12хороҕор муостаах турар. Хомойуох иһин, пиэрмэр ынаҕы иитиинэн дьарыгын барыһа суохдиэн тохтотоору гынар. Оройуон салалтатасаҕалаабыт дьыалатын быраҕар сатамматынэтэр. Баҕалаах ыччат ылсыһара буоллар диэнэтии киллэрэбит.

Бэстээх нэһилиэгин олохтоохторун тыынбоппуруоһунан хочуолунай тутуута буолар.Оройуон үрдүнэн квартальнай модульнайхочуолунай манна эрэ суох. Оройуон салалтата хочуолунай тутуутун «Тыа сирин кэлимсайыннарыы» судаарыстыбаннай барыгыраамаҕа сайаапка быһыытынан ааспыт сылсэтинньи ыйыгар ыыппыта. Бигэргэннэҕинэ,үп көрүлүннэҕинэ, 2023 сылга саҥа хочуолунай тутуллар кыахтаныа этэ. 45 бырайыактансайаапка киирбит. Онтон 25 бырайыагынталбыттар. Ол иһигэр Эдьигээн оройуонуттаникки бырайыак – Лииндэҕэ оскуола-уһуйаануонна Бэстээххэ хочуолунай тутуулара. Ононкүрэх түмүгүн долгуйа күүтэбит.

Бу нэһилиэк оройуон кииниттэн саамайтэйиччи сытар. Олохтоохтор санаатахтарынаайы айаннаабаттар. Балыыһаҕа сыллааҕымэдиссиинискэй бэрэбиэркэни барыыга кэккэ кыһалҕалар бааллар. Быраастар Бэстээхолохтоохторун өйдөөн, иннинэн буолан, быһалыы эбэтэр тустаах бириэмэ анаан , кинилэритабыгастаах кэмҥэ көрөллөрүн көрдөһөллөр.

ТҮРГЭННИК УСТАР ААЛ СЫЛДЬАРА БУОЛЛАР

– Олохтоохтор туруорсар боппуруостара элбэх. Олортон ордук чорботон эттэххэ,оробуочай идэлээхтэр аҕыйахтара буолар.Ол курдук, электриктэр, силиэсэрдэр, сыбаарсыктар, улахан уйуктаах массыыналарыыытар суоппардар тиийбэттэр.Доруобуйахарыстабылын эйгэтигэр харах бырааһа,педиатр, терапевт, психиатр-нарколог курдуксүрүн быраастар миэстэлэрэ аһаҕас турар.Онон инникитин олохтоох оҕолор бу идэлэргэүөрэнэн, төрөөбүт улуустарыгар кэлэн үлэлииллэригэр ылсыахпыт.

Кыһыҥҥы суол-иис эмиэ ыарахаттардаах. Салгынынан айан билиэтин сыаната, төһөда субсидияламмытын үрдүнэн, син биир тыакиһитигэр ыарахан. Нэһилиэктэр икки ардыларыгар сырыы суоҕун кэриэтэ. Сайыҥҥыбириэмэҕэ, Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ диэриуунан айаҥҥа, түргэн сырыылаах теплоходсылдьарын туруорсабыт.

ТҮМҮК ОННУГАР

Юрий Шамаевтыын кэпсэтэн баран,ыраах хоту улууска элбэх дьиэ, социальнайэбийиэк тутулларын үөрэ иһиттим. Тутуубарар буоллаҕына, олох салҕанар, ыччаттолору хааччыллыылаах дьиэҕэ олохсуйарасаарбахтаммат. Онтон олохтоохтор туруорсар боппуруостарыгар улуус дьокутааттарабары күүстэрин ууран үлэлээтэхтэринэ, сыалситиһилиннэҕинэ, олох өссө сайдыа турдаҕа.Маныаха бырабыыталыстыба даҕаны кинилэргэ күүс көмө буолуо диэн эрэнэбит.

Галина МАТВЕЕВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (2)

This comment was minimized by the moderator on the site

Ок

This comment was minimized by the moderator on the site

Бэрт

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Түһүлгэ

Сайдыы суола арылыннын

ЫҺыллыбат ыйааҕынан, уларыйбат укааҺынан, эргилиннэрбэттии этиллибитинэн тохтообокко…
08.12.24 11:04