Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -24 oC

Мин Чурапчы улууһун баһылыгын быһыытынан үлэбин 2002 с. ыам ыйыттан саҕалаабытым. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох салайыныыга киирэр тэрээһин саҕаламмыт кэмэ этэ.

Мин Чурапчы улууһун баһылыгын быһыытынан үлэбин 2002 с. ыам ыйыттан саҕалаабытым. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох салайыныыга киирэр тэрээһин саҕаламмыт кэмэ этэ.

САҔАЛАНАР САҔАХТАР

XXI үйэҕэ үктэнэр кэмҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олохтоох салайыныы тиһигэ суоҕа элбэх мэһэйи үөскэппитэ. Улуус таһымыгар үлэлиир судаарыстыбаннай былаас уорганнара нолуоктары хомуйар, бүддьүөтү ылынар, муниципальнай бас билиилэнэр, ол иһигэр сири муниципалитет бас билиитигэр ылар кыахтара суох буолбута. Дьэ, ити иһин, 2002 с. тохсунньу 13 күнүгэр Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыт Вячеслав Штыров биир бастакы дьаһала олохтоох салайыныы институтун тэрийэргэ туһуламмыта.

Саҥа кэм ирдэбилинэн, үлэни-хамнаһы тэринэн, дохуоту киллэринэр суолу толкуйдуур наадатын нэһилиэнньэ өйдөөбүтэ, балаҕан ыйын 29 күнүгэр референдумҥа, ахсынньы 29 күнүгэр үс таһымнаах быыбарга: Ил Түмэн үһүс ыҥырыыга дьокутааттарын, 35 улуус (муниципальнай тэриллии) баһылыктарын уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыбыта. Ити билигин кэпсииргэ судургутун иннигэр, улахан үлэ түмүгэ этэ. Олохтоох салайыныыны тэрийии тосхоллорун туһунан федеральнай сокуон чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох салайыныы тиһигэ 2003 сылтан улуустар, 2005 сылтан нэһилиэктэр таһымнарынан киллэриллибитэ.

ТӨРӨӨБҮТ УЛУУСПАР

2002 с. ахсынньы 29 күнүгэр ыытыллыбыт быыбарга мин хаттаан талыллыбытым. Улуус дьылҕатын быһаарар эппиэттээх кэмҥэ сүүмэрдээбит каадырдарбын кытары үлэлииргэ, билигин санаатахпына, сыыстарбатах эбиппин. Оччолорго балаһыанньа судургута суоҕа. Үп-харчы кырыымчык, иэс-күүс элбэх, хамнас намыһах этэ, производственнай тэрилтэлэр үлэһиттэригэр хастыы эмит ый хамнас төлөөбөккө олороллоро.

Дьэ, итинник балаһыанньаҕа салайар үлэҕэ уопуттаах, үлэлэринэн-хамнастарынан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр дьону талбытым. Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн Григорий Смирниковы, бастакы солбуйааччынан Николай Поповы, социальнай боппуруостарга солбуйааччынан Альбина Иустинованы аныырга улуус Мунньаҕар этии киллэрэн, бигэргэттэрбитим. Нэһилиэктэр баһылыктарын оччолорго улуус баһылыга аныыра (2005 сылтан талыллар буолбуттара). Үлэлии олорор баһылыктары тохтотон, саҥалары анааһын манан дьыала буолбат. Ону нэһилиэктэринэн мунньахтаан, дьон этиитин истэн, сүбэлэһэн быһаарбыппыт.

Ити курдук, улууспут туһа диэн биир өйүнэн-санаанан үлэлээн-хамсаан, олоҕу кытары тэҥҥэ хаамсан испиппит. Бастаан муниципальнай тэриллии Устааба оҥоһуллубута, онно олохтоох салайыныы балаһыанньата киирбитэ. Улуус символиката: гербэтэ, былааҕа, гимнэ оҥоһуллубуттара, салгыы нэһилиэктэр туспа ыстаатыстанан эмиэ гербэ, былаах, гимн оҥостубуттара. Сир-уот, баай-дуол чопчуламмыта, боломуочуйалар быһаарыллыбыттара. Улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамата оҥоһуллан судаарыстыбаннай бырагыраамаларга алтыһыннаран уонна «Үтүө дьыала» хамсааһыҥҥа тирэҕирэн, социальнай эбийиэктэри тутуу, суолу-ииһи оҥоруу үлэлэрэ саҕаламмыта.

Үйэтитиигэ киэҥ өрүттээх дьаһаллар ылыллыбыттара. Уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин ис хоһооно кэҥэтиллибитэ, чөл олох өрө тутуллубута. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар «Чурапчы» кэпэрэтиипкэ (Андрей Ноговицын) тирэҕирэн, Мугудайга аһылык кэмбинээтэ тутуллубута, олохтоох аһы-үөлү оҥоруу кэҥэтиллибитэ. Үүт соҕотуопкатын, сайылыктааһыны көҕүлүүр ырычаахтар олохтоммуттара. Нэһилиэк ахсын типовой сайылыктар тутуллан, ынаҕы ыыр уонна үүтү сойутар тэриллэринэн хааччыллыбыттара. Бу хамсааһын бастыҥ уопут быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаммыта.

ДОЙДУЛАРЫН КЭСКИЛИН ТҮСТЭЭБИТТЭРЭ

Улуустар баһылыктарыттан Владимир Григорьев икки болдьоххо улууһу салайбыт уопуттааҕа, атыттар саҥа, ол эрээри, сопхуос саҕаттан салалтаҕа үлэлээбит, 1990-с сс. хаһаайыстыбалары салайбыт биитэр нэһилиэккэ баһылыктаабыт, дьон этибит.

Оччолорго быыбарга үрдүкү былаастан, баартыйаттан өйөбүл оҥоһуллубат этэ, дьон-сэргэ итэҕэлин ылбыт хандьыдаат хоторо. Итинник чиэһинэй күрэстэһиини ааспыт баһылыктар: Рина Винокурова (Абый), Александр Шарин (Аллараа Халыма), Александр Артемьев (Амма), Петр Попов (Анаабыр), Александр Дронов (Аллайыаха), Аркадий Алексеев (Булуҥ), Николай Афанасьев (Бүлүү), Николай Андреев (Горнай), Виктор Павлов (Дьааҥы), Игнат Спиридонов (Кэбээйи), Сергей Авдеев (Ленскэй), Анатолий Попов (Мииринэй), Владимир Птицын (Мэҥэ Хаҥалас), Сергей Сюльскай (Муома), Дмитрий Корякин (Нам), Василий Старцев (Нерюнгри), Роман Дмитриев (Ньурба), Владимир Григорьев (Орто Халыма), Василий Местников (Өймөкөөн), Виктор Омуков (Өлүөхүмэ), Прокопий Николаев (Өлөөн), Михаил Никифоров (Сунтаар), Михаил Протодьяконов (Таатта), Илья Шадрин (Томпо), Иннокентий Бочкарев (Уус Алдан), ВладимирТопорков (Уус Маайа), Георгий Федоров (Усуйаана), Михаил Донской (Үөһээ Бүлүү), Анатолий Добрянцев (Хаҥалас), Иннокентий Аммосов (Чурапчы), Иван Горохов (Эбээн Бытантай), Николай Никаноров (Эдьигээн) олохтоох салайыныы бастакы түһүмэҕэр улахан эппиэтинэһи сүгэннэр, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Биллэн турар, бастаан билбэппит-көрбөппүт элбэҕэ, инньэ гынан, Бэрэсидьиэн Вячеслав Штыров дьаһалынан тэриллибит олохтоох салайыныы тиһигэр киириигэ бэлэмнэнии Сүбэтэ (Александр Акимов), муниципальнай тэрээһиннэр департаменнара (Семен Кырбасов) араас куурустары, сэминээрдэри, уопуту атастаһыылары тиһигин быспакка ыыталлара. Улуустар социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар улахан көмөнү Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Егор Борисов оҥорбута. 2003 с. муниципальнай тэриллиилэр сойуустара тэриллибитэ. Сойуус бастакы мунньаҕар Устаап ылыныллыбыта уонна Сэбиэт тэриллибитэ. Ол Сэбиэти бастаан Владимир Топорков, оттон Анатолий Попов салайбыттара. Дьэ, биһиги бу сойуус тула түмсэн, сүбэлэһэн-амалаһан үлэлээбиппит.

Холобур, илин эҥээр улуустар баһылыктара төрүкүттэн билсэр доҕордуулар уонна биир проблемалаах буоламмыт, элбэх боппуруоһу быһаарбыппыт. Ол курдук, Таатта, Чурапчы улуустара угуттанан олорор Таатта үрэхпит сааскы уута этэҥҥэ ааһарын туһугар бииргэ үлэлиирбит. Сопхуос саҕанааҕы үгэһи тилиннэрэн, чурапчылар уонна аммалар Нерюнгрины, мэҥэлэр Алданы кытары шефтэһиини олохтоон, бырамыысаланнай хампаанньалары көмөлөһүннэрэр, бэйэбит кинилэргэ тиийэн ыһыах ыһар, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын дьаарбаҥкаларын тэрийэр буолбуппут. Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтугар Амматтан, Өймөкөөнтөн, Томпоттон элбэх оҕо кэлэн үөрэнэрэ, исписэлиистэр үлэлииллэрэ, кинилэргэ олорор дьиэни-уоту тутарга бу улуустар дьаһалталарын кытары Сөбүлэһии түһэрсэн үлэлээбиппит.

Ити үгүстэн аҕыйаҕы холобурдаатым. Бу курдук сэттэ сыл үлэлээбиппит, сорохторбут иккис, үһүс болдьохторугар талыллыбыттара. Виктор Павлов, Иван Горохов үстүү-түөртүү болдьоххо баһылыктаабыттара, Илья Шадрин улуус баһылыгынан 10 сыл (ол иннинэ 10 сыл солбуйааччы баһылыгынан) үлэлээбитэ, салгыы уон сыл улуус Сэбиэтин салайбыта. Владимир Григорьев айылҕа харыстабылын, Роман Дмитриев, Александр Артемьев тыа хаһаайыстыбатын миниистирдэринэн, Николай Афанасьев, Прокопий Николаев тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыларынан, Михал Донской култуура миниистирин солбуйааччынан, Виктор Омуков, Михаил Никифоров бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларынан үлэлээбиттэрэ, үлэлии сылдьаллар. Үгүстэр бөдөҥ хампаанньалары, тэрилтэлэри салайбыттара.

Николай Никаноров, Владимир Топорков, Александр Шарин уонна Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин салайбыт Василий Местников, Анатолий Добрянцев олохтон эрдэ баран хомоппуттара...

Бастакы баһылыктар сибээспитин быспаппыт. Олохтоох салайыныы бастакы баһылыктарын ассоциациятын тэрийэммит, улуустарбытыгар күүс-көмө, тирэх буолабыт. Саха Сиригэр олохтоох салайыныы нэһилиэктэр таһымнарыгар хааларын норуот дьокутааттара ситиһэллэригэр этэбит.

  • 2
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Культура

Короткий путь в Вечность

5 декабря в Национальном художественном музее Республики Саха (Якутия) откроется выставка…
03.12.24 13:38