Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC

Бүлүү улууһугар Андрей Иванову билбэт киһи аҕыйах буолуо. Кини төрөөбүт дойдутун, II Күүлэт нэһилиэгин, дьоно-сэргэтэ байылыаттык олороллорун, төрүт дьарыктарыттан тэйбэттэрин туһугар бары билиитин-көрүүтүн, кыаҕын-уоҕун, олоҕун үтүө кэмнэрин анаата.

Бүлүү улууһугар Андрей Иванову билбэт киһи аҕыйах буолуо. Кини төрөөбүт дойдутун, II Күүлэт нэһилиэгин, дьоно-сэргэтэ байылыаттык олороллорун, төрүт дьарыктарыттан тэйбэттэрин туһугар бары билиитин-көрүүтүн, кыаҕын-уоҕун, олоҕун үтүө кэмнэрин анаата.

Ол курдук, түөрт төгүл, буолаары буолан саамай уустук сылларга, олохтоох дьаһалта баһылыгынан талыллан, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгин сайдыытыгар биллэр-көстөр суолу хаалларда.

Олох өрүкүйэр үөһүгэр 1

Учууталтан -- управляющайга

II Күүлэт – суола-ииһэ быстарыктаах да буоллар, нэһилиэнньэ күннээҕи боппуруостарын бэйэтэ быһаарынан, олох сайдыытыттан дьөрү хаалбакка, сайдыы суолунан чиҥник үктэнэн айанныыр, улуус биир бүөрэмньи олохтоох нэһилиэгэ.

Мин бу нэһилиэккэ 2009 сыллаахха М.А.Алексеев аатынан орто оскуолаҕа дириэктэринэн ананан тахсаммын, Андрей Алексеевичтыын ыкса билсибитим. Ити сылларга кинини кытары күннэтэ күөрэйэн тахса турар боппуруостары быһаарсан, саҥа оскуола дьиэтин тутууга көхтөөхтүк кыттан, оскуоланы үлэҕэ киллэрсэн, олохтоохтору кытта тэҥҥэ үөрүүнү үллэстибит дьоллоох кэммин хаһан да умнубаппын. Онно да Андрей Алексеевич ыллыктаах быһаарыылара, сүбэтэ-амата оскуола тутуутун ситэриигэ, нэһилиэк уус дьонун  түмэ тардыыга олуһун көмөлөспүттэрэ.

Кини идэтинэн физика учуутала, айылгытынан дэгиттэр психолог-салайааччы буолан, үөскүүр кыһалҕаны түгэҕиттэн ырытан, төрдүн-төбөтүн быһааран, киһи соһуйуон эрэ курдук түргэнник тустаах боппуруос быһаарыллыытыгар наадалаах киһитин кытта кэпсэтэ охсон, хайаан да тылыгар киллэрэн тэйэрэ -- киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт дьоҕурдааҕын сөҕөрүм.

Бэйэтин майгытын курдук, кини олоҕун хаамыыта да судургу. 1978 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай университетын физико-математическай  факультетын бүтэрэн, Бүлүү улууһун Чинэкэ орто оскуолатыгар үлэлээбитэ. Онтон 1981 сыллаахха тɵрɵппүттэрэ утуу-субуу ɵлɵннɵр, тулаайах хаалбыт балтыларын-бырааттарын атахтарыгар туруораары, дойдутугар кэлэн, II Күүлэт аҕыс кылаастаах оскуолатыгар бастаан дириэктэри үɵрэх чааhыгар солбуйааччынан, салгыы дириэктэринэн ананан үлэлээбитэ. 

1989 сыллаахха сопхуос салалтатыгар быыбардар буолбуттарыгар, биир дойдулаахтара кинини II Күүлэт отделениетын управляющайынан талбыттара. Ити үлэлиир сылларыгар Андрей Алексеевич 35 ыалга саҥа дьиэлэри туттарбыт үтүөтүн иккис күүлэттэр умнубаттар, кинини “аҕабыт” диэн таптаан ааттыыллар.

Түөрт төгүл талыллан

 1990-с сыллардаахха Сэбиэскэй Сойуус ыһыллан, тыа сиригэр улахан уларыйыылар буолан барбыттара. Ол кэмнэри Андрей Алексеевич бу курдук ахтар:

–  Дойду үрдүнэн сопхуостар ыhылланнар, дьон үлэтэ-хамнаⱨа суох хаалар туруктаммыта. Дьэ, итинник кэмҥэ улуус баһылыга Юрий Антонович Михайлов: “Нэhилиэги дьаһайан оророр киhи салгыы үлэлээ”, -- диэн, миигин саҥа тэриллибит II Күүлэт нэⱨилиэгин дьаhалтатын баhылыгынан анаабыта.

Ити курдук Андрей Алексеевич төлөрүйбэт бурҕалдьаны кэтэн, түөрт төгүл талыллан, нэһилиэгэр баһылыктаабыта. Ити сыллар усталарыгар улуус баһылыктара Юрий Михайловы, Анастасия Павлованы, Николай Афанасьевы уонна Дмитрий Махаровы кытары биир санаанан айымньылаахтык үлэлээн, бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыта.

Бастаан баһылыгынан ананарыгар, сопхуос ыһыллан, үгүс киһи үлэтэ суох хаалбыт кэмэ этэ. Оччолорго дьону дьарыктыырга биир эрэ хайысха баара – сүɵⱨү ииттэн, кэтэх хаhаайыстыбаны тэринии. II Күүлэт олохтоохторо чуолаан ити суолу талбыттара сөптөөҕүн бүгүҥҥү олох хаамыыта бигэтик көрдөрөр.

Нэһилиэк улуус кииниттэн ыраах сытара, онуоха эбии суол-иис мөлтөҕө, элэктэриичистибэ уота суоҕа сүрүн мэhэйдэри оҥороро. Ол иһин  саҥа дьаһалта сыратынан, элбэх үлэни “бартыһааннаан”, ЛЭП ситимин тартаран, 1993 сыл сааһыгар ЛЭП уотун холбонуута ситиһиллибитэ. Олохтоох оскуола 1996 сыллаахха орто оскуола статуhун ылбыта, ол иннинэ аҕыс кылаас кэнниттэн оҕолор атын нэⱨилиэктэргэ баран үөрэнэргэ күⱨэллэллэрэ.

Андрей Алексеевич олохтоохтор үүт туттаран, дохуот аахсалларын хааччыйар сыалтан астыыр сыах дьиэтин туттарбыта. Кэлин “Баҕадьа” кэпэрэтиип тэриллэн, олохтоохтор күн бүгүнүгэр диэри бу сыах өҥөтүнэн туһана олороллор.

2007-2009 сыллардаахха Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров өйөбүлүнэн, биир дойдулаахпыт «Граждан проект» генеральнай дириэктэрэ С.Лукин көмөтүнэн, 100 оҕо үөрэнэр аныгылыы киэҥ-куоҥ кылаастардаах,  спортивнай саалалаах оскуола тутуллан, үлэҕэ киирбитэ. “Суола-ииһэ суох кытыы сирдэргэ оскуола курдук нэһилиэк дьылҕатын түстүүр эбийиэктэри тутуу өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа кэрдиис таһымҥа тахсыыта II Күүлэт сириттэн саҕаламмыта”, -- диэн бүгүн толору этэр кыахтаахпыт. Салгыы кулууп дьиэтэ хапытаалынайдык ɵрɵмүɵннэммитэ, бөһүөлэк дьиэтин барытын итиинэн хааччыйар киин хочуолунай бырайыага оҥоһуллан бигэргэммитэ.

Саҥа үйэни көрсө, өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох салайыыны тиһигэ киирбитэ. Саҥа муниципальнай сокуоннар, уураахтар тахсыбыттара, нэⱨилиэктэр Устаап ылынан, «муниципальнай тэриллии» статуⱨун ылбыттара. 2005 сыллаахха буолбут быыбарга Андрей Иванов «II Күүлэт муниципальнай тэриллии» баⱨылыгынан икки сыллаах болдьоххо талыллыбыта, онтон 2007 сыллаах быыбарга биэс сылга талыллан үлэлээбитэ.

Олох өрүкүйэр үөһүгэр 22 1

“Барыларын махталынан ахтабын...”

 -- Улуус уонна нэһилиэктэр баһылыктарын кытары сүбэлэһэн, былааннаах үлэни торумнаһан үлэлээбиппит, – диир Андрей Алексеевич. – Ɵрөспүүбүлүкэ салайааччыларын уонна Ил Түмэн дьокутааттарын кытары кɵрсɵн, кэпсэтэн, алтыһан ааспыт түгэннэрим элбэхтэр. Ол курдук, маҥнайгы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев Бүлүүгэ кэлэ сырыттаҕына, нэһилиэкпит уот ыстаансыйатын ким да үбүлээбэтин, хаһаайына суоҕун эппитим. Ол түмүгэр “Якутскэнерго” оччолорго салайааччыта Николай Алексеевич Калченко ЛЭП ситимэ киирэригэр кɵмɵлөспүтэ. Егор Афанасьевич Борисов Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир сылларыгар кэлэ сылдьан, вездеход биэрбитинэн айаммыт-сырыыбыт биллэрдик чэпчээбитэ. Ил Түмэн дьокутаата Александр Сергеевич Уаров оскуола тутуутугар сүҥкэн өҥөлөөх. Ити иһин барҕа махталым уҕараабат. 

Билигин улуус баⱨылыгынан үлэлии олорор Сергей Винокуровы кытары уруккуттан бииргэ үлэлэспитим, оскуолабыт орто оскуола буоларыгар кини кɵмɵтɵ элбэх. 

Улуус кииниттэн ыраах, суола-ииһэ мөлтөх, анал тиэхиньикэтэ суох нэһилиэгэр баһылыгынан үлэлиир ыарахан этэ, ону ол диэбэккэ, син үлэлээн кэллэхпит. Дьаһалтаҕа араас сылларга бииргэ үлэлээбит исписэлиистэрбин -- Константин Степановы, Марина Иванованы, Наталья Слепцованы, бухгалтердарбын -- барыларын махталынан ахтабын.

2012 сыл сэтинньи ыйыгар, 62 сааспар, үлэлээн бүппүтүм. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун. Кэргэним Зоя Федоровнаны кытары бииргэ олорбуппут эһиил 45 сыла буолар. Үс оҕолоохпут, бары үлэһиттэр, аҕыс сиэн эйэҕэс эһээтэ-эбээтэ буолан, дьолбут муҥура суох.

Дьоннуун бииргэ, дьоллуун сэргэ

 Андрей Алексеевич тыаттан үөс сиргэ таласпакка (күүрэн-хааран үлэлиир-хамсыыр сылларыгар кииҥҥэ, эппиэттээх үлэҕэ ыҥырбыттара элбэх), дьиҥнээх алаас уолун быһыытынан, дойдутун дьонун-сэргэтин кытары биир кэккэҕэ туран, кинилэри үлэҕэ түмэн, үөрүүнү-хомолтону тэҥҥэ үллэстэн кэллэ. Учуутал, дириэктэр, управляющай, баһылык өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстабылын туйгуна“, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна”, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна”, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ”, “II Күүлэт нэһилиэгин бочуоттаах гражданина” ааттар, “Муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ”, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлэр кэрэһилииллэр.

Андрей ЯКОВЛЕВ -ЧУОС,

суруналыыс.

Бүлүү

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50