Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -28 oC

 Саҥардыллыбыт Конституцияҕа олоҕуран, «Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныы сүрүн бириинсиптэрин тэрийии туһунан» федеральнай сокуон барыла оҥоһуллан, 2021 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киллэриллибитэ.

 Саҥардыллыбыт Конституцияҕа олоҕуран, «Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныы сүрүн бириинсиптэрин тэрийии туһунан» федеральнай сокуон барыла оҥоһуллан, 2021 сыл ахсынньы 16 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа киллэриллибитэ.

Судаарыстыбаннай Дуума бу сокуон барылыгар эрэгийиэннэртэн этиилэри 2022 сыл тохсунньу 19 күнүгэр диэри хомуйарын туһунан биллэрбитэ. Ол иһин өрөспүүбүлүкэҕэ хастыы да түһүмэхтээх улахан мунньахтар тэрилиннилэр. Бастаан улуустарынан санаа атастаһыллыбыта, онтон тохсунньу 14 күнүгэр Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга  кэмитиэтин кэҥэтиллибит сүбэ мунньаҕа ыытыллыбыта, тохсунньу 17 күнүгэр тэриллибит Ил Түмэн XXXIII (уочарата суох) пленарнай сиэссийэтигэр көрүлүннэ.

Олохтоох салайыныыны -- биир таһымҥа

Ил Түмэн судаарыстыбаннай тутулга уонна олохтоох салайыныыга сис кэмитиэтин кэҥэтиллибит сүбэ мунньаҕар Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, олохтоох салайыныы муниципальнай уорганнарын толоруулаах уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарын, ол эбэтэр улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, дьокутааттара, уопсастыбаннас видео-кэмпириэнсийэ киэбинэн кыттыннылар. Сокуон барылын туһунан сүрүн иһитиннэриини тустаах кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев оҥордо.

«Аһаҕас былаас кэлим тиһигэр олохтоох салайыныы сүрүн бириинсиптэрин тэрийии туһунан» федеральнай сокуон барылыгар 2003 сыл алтынньы 6 күнүгэр бигэргэммит «Арассыыйа Федерациятыгар олохтоох салайыыны тэрийии сүрүн бириинсиптэрин туһунан» диэн билигин үлэлиир 131-с №-дээх федеральнай сокуон балаһыанньалара хаалларыллыбыт, терминологията чопчуламмыт.  

Саҥа сокуон барылын сүрүн кэпсиэпсийэтэ олохтоох салайыныы ситимин биир таһымҥа киллэрэргэ ананар. Барыл ааптардара этэллэринэн, маннык тиһик миэстэҕэ үлэни-хамнаһы тэрийии, үбү-харчыны туттуу саҥа, көдьүүстээх систиэмэтин тэрийэргэ туһуланар. Онуоха олохтоох салайыныы уорганнарын тутула: муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уоргана, баһылыга, суоттуур-хонтуруоллуур уоргана, олохтоох дьаһалта, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйыы боппуруостарын быһаарыыга боломуочуйалаах уонна муниципальнай тэриллии устаабынан көрүллүбүт атын даҕаны уорганнар уларытыллыбаттар.

Уларытыы быыбарга киллэриллибит. Ол курдук, муниципальнай тэриллии баһылыга, эрэгийиэн сокуонугар, итиэннэ муниципальнай тэриллии устаабыгар олоҕуран, үс көрүҥүнэн талыллар: муниципальнай (олохтоох нэһилиэнньэ) быыбарынан; муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганын иһиттэн биитэр эрэгийиэн баһылыга киллэрбит хандьыдааттарыттан.

Сүрүн өрүттэр

Саҥа сокуон барылын сүрүн кэрэхсэнэр өрүттэрин быһыытынан  манныктары бэлиэтиир тоҕоостоох:

Бастакынан, судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох былаас уорганнарын боломуочуйалара чопчуламмыт, олохтоох суолталаах соруктары быһаарыы боломуочуйалара куораттааҕы уонна муниципальнай уокуруктарга сыһыарыллыбыт.

Иккиһинэн, олохтоох салайыныыны тэрийии боппуруостарын быһаарыыга эрэгийиэннэр кыахтара бэйэлэрин сокуоннарын чэрчитинэн кэҥэтиллибит.

Үсүһүнэн, территориятааҕы уоргаҥҥа олохтоох дьаһалта тутула баар түбэлтэтигэр, олохтоох дьаһалтаҕа кэллиэгийэлээх уорган тэриллиэн сөп. Онуоха олохтоох дьаһалта территориятааҕы уорганын салайааччы муниципальнай дуоһунаһы сүгүөн сөп.

“Кэллиэгийэлээх уоргантан дьиксинэр сатаммат, кини олохтоох салайыныы уорганын үлэтин тупсарыыга туһаайыллар, – диэтэ Владимир Прокопьев. – Бэйэтин чилиэнин нөҥүө кэллиэгийэлээх уорган поселение социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагырааматын оҥорууга, үбү-харчыны былааннааһыҥҥа, тыырыыга, о.д.а. көмөлөһүөҕэ”.

Төрдүһүнэн, олохтоох дьаһалта баһылыга муниципальнай дуоһунаска судаарыстыбаннай сулууспа дуоһунаһын дьүөрэлээн үлэлиэн сөп. Дакылаатчыт маны муниципальнай тэриллии баһылыгын позициятын күүһүрдүү, элбэх боппуруоһу быһаарарга тирэх  быһыытынан сыаналаата.

Көһүү түһүмэҕэ

Кэлэр 2023 сылтан 2028 сылга диэри саҥа сокуону олоххо киллэриигэ көһөр түһүмэҕинэн быһаарыллыбыт. 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн поселениелар, муниципальнай оройуоннар баһылыктарын, бэрэстэбиитэллээх уорганнарын анааһын, быыбардааһын тохтотуллар.

Саҥа сокуоҥҥа көһүү түһүмэҕэр муниципальнай тэриллии бэрэстэбиитэллээх уорганын боломуочуйата бүттэҕинэ, муниципальнай тэриллии территориятын кыраныыссаларыгар муниципальнай уокурук тэриллэр, оттон поселениелар олохтоох салайыныыга уорганнарын боломуочуйата бүттэҕинэ, олохтоох нэһилиэнньэ сөбүлэҥэ баар буоллаҕына, биир таһымнаах тиһиккэ киириэхтэрин сөп. Онуоха билигин баар административнай-территориальнай единица (улус/оройуон, өрөспүүбүлүкэ суолталаах куорат, куорат, бөһүөлэк, нэһилиэк, сэлиэнньэ) оннунан хаалларыллар.

Дьону куттуур сыыһа

Ыйытыы да, этии да көхтөөх буолла. Дьону ордук уокуруктарга араарыы, уопсастыбаннай төрүккэ ыстаарыстылары анааһын, боломуочуйата бүппүт баһылыктаах нэһилиэк хайдах дьаһалларын боппуруоһа долгутар эбит. Онуоха төһө улуус баар да оччо уокурук тэриллэрэ, ыстаарысталары эрэгийиэн бэйэтэ быһаарара, нэһилиэк баһылыктарын улуус баһылыга аныыра этилиннэ.    

Бастакынан тылы ылбыт Усуйаана улууһун баһылыга Георгий Федоров  муниципальнай уокуруктарга көһүү түһүмэҕэ кинилэргэ өссө ааспыт сылтан саҕаламмытын эттэ.

– Баһылыктар реформаны утарбаттар, нэһилиэнньэ да өйүүр. Нэһилиэк баһылыгын улуус аныыра туох да куһаҕана суох, 1990-с сыллартан 2006 сыллаахха диэри итинник үлэлээн кэлбиппит. Уопсайынан, Аартыка улуустара ыксаллаах быһыыга-майгыга ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимигэр олорор, күннэтэ күөрэйэр кыһалҕалары, “нэһилиэк-улуус” дэспэккэ, бииргэ быһаарар буоламмыт, олохтоох салайыныы биир таһымнаах тиһигэ киирэрэ биһиэхэ үчүгэй, – диэтэ.

Ити курдук тыл эппиттэр сокуон барылын утарбаттарын биллэрдилэр, ол эрээри кэккэ этиилэри оҥордулар. Элбэхтэн аҕыйаҕы холобурдаатахха, Ил Түмэн I ыҥырыыга бэрэссэдээтэлэ Егор Ларионов бу сокуон өрөспүүбүлүкэ эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа инники дьылҕатын быһаарарын этэн туран, олохтоох салайыныы ситимигэр поселениелары хаалларар наадатын бэлиэтээтэ. Юридическай наука дуоктара, өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах гражданина Дмитрий Миронов сокуон барылын аатыгар «тэрийии» диэни сэргэ «бииргэ үлэлээһин» диэн тылы киллэрэргэ эттэ, чопчу ыстатыйаларынан кэккэ этиилэри оҥордо. Ил Түмэн I ыҥырыыга дьокутаата, Арассыыйа үтүөлээх юриһа Макар Яковлев барылга былаас уонна муниципалитеттар боломуочуйалара тутуһуллубутун, саамай сүрүнэ, субъектарга элбэх боломуочуйа бэриллибитин, муниципалитеттар бэрэстэбиитэллэх былаастара күүһүрдүллүбүтүн бэлиэтээтэ. «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук баһылыга Евгений Григорьев терминнэр, итиэннэ муниципальнай, олох-дьаһах уонна сир хонтуруолугар сыһыаннаах боппуруостар чопчуланаллара наадатын, итинтэн сылтаан боломуочуйалары, үбүлээһини тыырыыга бутуур тахсыан сөбүн эттэ. Таатта баһылыга Михаил Соров 4-с ыстатыйаттан «муниципальнай тэриллии административнай-территориальнай единица буолбатах» диир пууну соторго, ону таһынан сэлиэнньэлэр, баһылыктар статустарын сокуонунан бигэргэтэр инниттэн эрэгийиэн таһымнаах сокуону ылынарга эттэ.

Уус Алдан улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников тустаах сокуон киирдэҕинэ, нэһилиэктэр, баһылыктар суох буолуохтара, ыстаарысталар ананыахтара диэн дьону куттуур наадата суоҕун, ол оннугар олохтоох салайыныы туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун оҥорорго  эттэ.

– Бу киирбит этиилэринэн сирдэтэн, Ил Түмэн дьокутааттара саҥа сокуоҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин уратылара учуоттанарын ситиһэллэригэр эрэнэбит, – диэтэ Амма улууһун дьокутаатарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Александрова.

Куоластааһын түмүгүнэн кэмитиэт сокуон барылын өйүүргэ, итиэннэ Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын көрүүтүгэр киллэрэргэ быһаарда. 

Раиса СИБИРЯКОВА

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (1)

This comment was minimized by the moderator on the site

Итинник уларыйыы киирэр буолла5ына Т/х министертибэтин отой упраздни гынан баран полномочиетын олохтоох бэйэни салайыныы органнарыгар муниципалитеттарга биэриэххэ наада. Т/х-та хос минист-бэ буолан кэлтэй туьата суох ороскуота эрэ онорор тэрлтэ. Харчы хаьан ба5арар биир илиигэ сырытта5ына ордук туьалаахтык туттуллар уонна оччотугар тыа нэьилиэктэрин администрациялара чел хаалалларын таьынан кахтара таьымнара улаатар миэстэтигэр Керен септеехтук дьаьанар Т/х сайыннарар кэнэтэр суеьу-сылгы атын да керуннэри элбэтэр боппуруостары холкутук быьаарар кыахтанар. Тыа олохтоохторо оччо5о эстэр сабыллар кыьал5аттан муччу туьуех этибит. Саха норуота оччо5о чел олохтоох эстибэккэ туруулаьан хаалыа этибит. Билинни туругунан тыа олохтоохторо сарсынныга туох да эрэлбит хаалбата. Кун-тура эстиигэ куугуначчы айаннаан иьэбит. Ким да туох да туьалаа5ы тойотторбуьт тобулбаттар Депутат норуот кыьал5атын чугастык ылыммат уйэтэ кэлбит чалбаран оло5ор кытаахтаьан хайдах эрэ ессе да иннэн хаалбыт эрэ киьи диэбит курдук. Сулустаана Мыраан курдук Норуот туьугар диэн ейдуур киьи дьэ кэмчи быьыылаах.

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Образование

Мероприятия к 90-летию СВФУ

На этой неделе научная и образовательная общественность Республики Саха (Якутия) отметит…
18.11.24 14:24