Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Былырыын Арассыыйаҕа ‒ Албан аат уонна Кэриэс, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Дойдунаат сыла биллэриллибитигэр тоҕооһуннаран, «Кыым» хаһыат уонна «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээксийэлэрэ «Ситим» медиа бөлөх, «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү, Арассыыйа Билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа хотугулуу-илинигэр олохтоох омуктар тылларын-култуураларын институтун өйөбүллэринэн саха тылынан уус-уран кэпсээни уонна хоһоону айан суруйууга «Айыы арчыта» диэн күрэҕи биллэрбитэ. Күрэх түмүгэ билиннэ. 

Былырыын Арассыыйаҕа ‒ Албан аат уонна Кэриэс, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Дойдунаат сыла биллэриллибитигэр тоҕооһуннаран, «Кыым» хаһыат уонна «Күрүлгэн» сурунаал эрэдээксийэлэрэ «Ситим» медиа бөлөх, «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү, Арассыыйа Билимҥэ академиятын Сибиирдээҕи салаатын гуманитарнай чинчийиигэ уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтиигэ институтун, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Арассыыйа хотугулуу-илинигэр олохтоох омуктар тылларын-култуураларын институтун өйөбүллэринэн саха тылынан уус-уран кэпсээни уонна хоһоону айан суруйууга «Айыы арчыта» диэн күрэҕи биллэрбитэ. Күрэх түмүгэ билиннэ. 

Биллэриллибит болдьоххо (икки аҥаар ый устатыгар) күрэххэ барыта 100 үлэ киирдэ: кэпсээҥҥэ – 37, хоһооҥҥо – 63. Бу – эмиэ туһугар олус соһуччу, дьикти уонна бэлиэ көрдөрүү. Ол курдук, быйыл, сэбиэскэй кэмҥэ олохтоммут үгэһинэн «Манчаары» хаһыаттан ааҕан, «Кыым» хаһыат 100 сылын бэлиэтиибит. 

Айар-суруйар дьон 18 улуустан-оройуонтан (Абыйтан, Бүлүүттэн, Горнайтан, Кэбээйиттэн, Мэҥэ Хаҥаластан, Муоматтан, Нерюнгриттан, Намтан, Ньурбаттан, Өлүөхүмэттэн, Өлөөнтөн, Сунтаартан, Тааттаттан, Уус-Алдантан, Уус-Майаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хаҥаластан, Чурапчыттан) уонна Дьокуускайтан, Москубаттан кытыннылар.

Биллэр суруйааччылар, хастыы даҕаны кинигэлээх айар-суруйар дьон, улуустар түмсүүлэрин кыттыылаахтара айымньыларын ыыттылар. Ордук көхтөөхтүк СӨ суруйааччыларын сойууһа кытынна – 10 киһи. Саха сирин суруйааччыларын сойууһуттан – 2 киһи. «Айар кут» сойуустан, биллэринэн, 1 киһи баар. Суруйааччылар интернациональнай сойуустарыттан (Москуба) – 1 киһи. Сойуустаах суруйааччы, баҕар, элбэх буолуоҕун сөп. Сорохтор дьиҥнээх ааттарын ыйбатахтар, айымньыларын атын дьонунан, эбэтэр тэрилтэттэн ыыттарбыттар.

Араас идэлээх дьон кыттыбыт. Биир педагогика уонна биир экономика билимин кандидата бааллар. Сааһынан көрдөххө, аҕа саастаах кыттааччыларбыт – аҕыс уончалаах дьон. Биир-икки оскуола үөрэнээччитэ баар быһыылаах.

Дьүүл бастакы түһүмэҕэр, ирдэбилгэ хапсыбат диэн (кээмэйдэрэ улахан, публицистика майгылаах суруйуу, эбэтэр сахалыы буукуба туттуллубатах), 12 хоһоон уонна 10 кэпсээн-сэһэн тута сыыйылыннылар. Күрэххэ кыттар дьон ити түгэни инникитин болҕойдохторуна сатанар. Дьүүлдьүттэр, суруйбут дьону билбэккэ, аҥаардас хоһоону-кэпсээни эрэ көрөн, бэйэлэрин уон икки бастыҥ айымньыларын талан сыанабылларын оҥордулар. Ол талыллыбыт айымньылар күрэх барыл испииһэгэр киирдилэр.

Хоһоон. Дьүүл сүбэтэ.

Окорокова Варвара Борисовна – сүбэ түсчүтэ, ХИФУ, профессор, филология дуоктара.

Попова Ангелла Никитична –  Б.Ө. Ойуунускай аатынан Саха театрын уран сурук салаатын салайааччыта.

Решетникова Мария Афанасьевна-Арылы Дуйдаах – суруйааччы, эмчит. «Ааҕар Саха сирэ» түмсүүттэн.

Романова Лидия Николаевна – ГЧИ, билим үрдүкү үлэһитэ, филология кандидата.

Тарасов Иван Петрович-Эрэл Эрилик – суруналыыс, «Саха» НКИХ «Тэтим» араадьыйатын эрэдээктэрэ.

Христофорова Мария Николаевна – СӨ бар дьонун депутата, суруналыыс, «Ил Түмэн» бэчээт дьиэтин салайааччыта.

Барыл испииһэккэ киирбит хоһооннор (күрэххэ киирбит нүөмэрдэрин быһыытынан).

«Туймаада» (Мэхээс Серкан, Сунтаар, Кириэстээх), «Айыы тыыннаах сахам дьоно!» (Алла Сельтюкова-Айаалла, Ньурба, Хорула), «Кыайыы күнэ» (Михаил Санников-Уол Сарсын, Дьокуускай), «Ааспыты анааран» (Александр Апросимов, Дьокуускай), «Кэрээҥҥиттэн тахсыма» (Дмитрий Кононов, Үөһээ Бүлүү, Харбалаах), «Хомус» (Полина Игнатьева-Намыына, Чурапчы), «Сайылык тойуга» (Валентина Комиссарова-Күлүмүрэ, Дьокуускай), «“Лена” өйдөбүнньүк» (Александр Филиппов-Бири, Өлүөхүмэ, I Нөөрүктээйи), *** «Уһун түүн утуйан биэрбэккэ...» (Пётр Ховров, Уус-Алдан, Окоёмовка), «Мин – Кыайыы саллаатабын» (Борис Чичирбынов, Өлүөхүмэ, Токко), «Сир Иньэ талыыта, уол оҕо сураҕа» (Римма Корякина-Хотууна, Чурапчы), «Баар буоллун» (Иннокентий Васильев-Тэгэ, Бүлүү, I Күүлэт), *** «Орто дойду олоҕун...» (Николай Васильев-Харыйалаах Уола, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү), «Омукпут эстибэтин» (Светлана Егорова-Тулуйхаана, Дьокуускай), «Итэҕэл» (Христина Саввинова-Хойутаана, Дьокуускай), «Сүрэхтэн иэйэн этиллэр Сүмэлээх истиҥ сүбэлэр» (Александр Тарасов, Горнай, Өрт), «Сахам сүдү итэҕэлэ» (Варвара Корякина-Күөгэйэ Күүлэкээн, Нерюнгри), «Саха буоллаҕым» (Светлана Бурцева-Суугунай Чараана, Уус-Алдан, Бороҕон), «Кутуйах хаамыыта» (Татьяна Винокурова-Сабыйа, Дьокуускай), «Хататтаах сахалар» (Анна Барашкова-Айылҕаана, Чурапчы), «Үрдүк ыйаах» (Ангелина Алексеева-Леди Муус, Дьокуускай), «Айыы арчыта» (Надежда Товарова, Таатта, Уолба), *** «Эһиэхэ бу сиргэ үтүөнү түөһээри...» (Илья Иванов, Ньурба, Хорула), «Сэргэ төрдүгэр сэһэн» (Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Кэбээйи, Мукучу), «Саха тыла» (Дьөгүөр Бөтүрүөп, Дьокуускай), *** «Аан дойду уу нуурал...» (Алгыс Петрова-Күн Алгыс, Дьокуускай).

Дьүүлдьүттэр тус быһаарыылара (үс бастакылара эрэ).

В.Б.Окорокова: I – «Үрдүк ыйаах»,  II – «Мин – Кыайыы саллаатабын», III – «Хататтаах сахалар».

Л.Н.Романова: I – «Сахам сүдү итэҕэлэ», II – «Сир Иньэ талыыта, уол оҕо сураҕа», III – «Саха тыла».

М.Н.Христофорова: I – «Саха буоллаҕым», II – «Сайылык тойуга», III – «Туймаада».

М.А.Решетникова-Арылы Дуйдаах: I – «Айыы тыыннаах сахам дьоно», II – *** «Орто дойду олоҕун...», III – «Сахам сүдү итэҕэлэ».

А.Н.Попова: I – *** «Аан дойду уу нуурал...», II – «Сир Иньэ талыыта, уол оҕо сураҕа», III – «Сахам сүдү итэҕэлэ».

И.П.Тарасов-Эрэл Эрилик: I – «Сахам сүдү итэҕэлэ», II – «Хататтаах сахалар», III – «Мин – Кыайыы саллаатабын».

Чопчулааһын: Варвара Корякина-Күөгэйэ Күүлэкээн «Сахам сүдү итэҕэлэ» диэн айымньыта, кэпсээн киэбинэн суруллубут хоһоон буоларын быһыытынан, күрэх ирдэбилигэр хапсыбат диэн буолла.

Кэпсээн. Дьүүл сүбэтэ.

Окорокова Варвара Борисовна – сүбэ түсчүтэ, ХИФУ, профессор, филология дуоктара.

Луковцев Валерий Николаевич-Дьурустаан – суруйааччы, суруналыыс, «Айар» бэчээт кыһатын бас дириэктэрин солбуйааччы. «Ааҕар Саха сирэ» түмсүүттэн.

Николаев Валериан Парфеньевич – суруйааччы, суруналыыс, медицина билимин дуоктара.

Николаев Егор Револьевич – ГЧИ, билим үлэһитэ, филология кандидата, суруналыыс.

Ноева Саргылаана Еремеевна – ГЧИ, билим үлэһитэ, филология кандидата.

Попова Варвара Иннокентьевна – саха тылын-уран суругун идэлээҕэ, СӨ Дьокуускай к. дьонун дьарыктаах буолуутун киинин каадыры кытта үлэҕэ исписэлииһэ.

Слепцов Анатолий Игнатьевич – суруйааччы, эмчит. «Ааҕар Саха сирэ» түмсүүттэн.

Барыл испииһэккэ киирбит кэпсээннэр (күрэххэ киирбит нүөмэрдэрин быһыытынан).

«Маҥхааһай» (Семён Луканси, Москуба), «Олох очура» (Ольга Осипова-Хонооһой Кыыһа, Сунтаар, Күндэйэ), «Аар айылҕа абылаҥар Айыҥат хаан сыдьаана» (Акулина Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа, Таатта), «Түүктээх араҕас саарба» (Егор Картузов-Чоруун, Дьокуускай), «Байанайга тиксии» (Борис Чичирбынов, ϴлүөхүмэ,Токко), «Быгый» (Римма Корякина-Хотууна, Чурапчы), «Силээхтэ кыыһа» (Модест Петров, Сунтаар, Тойбохой), «Утум быстыбатын» (Оксана Гаврильева-Айсана, Дьокуускай, Хатас), «Айбыт ыйааҕа дуо?..» (Иван Попов-Уһук Уйбаан, Дьокуускай), «Бэлэх» (Августина Попова, Сунтаар), «Күөх Боллох кыыһырдаҕына...» (Иннокентий Попов-Оҕуруоттаах, Уус-Алдан, Суотту), «Бастакы көрсүһүү» (Екатерина Свинобоева-Кээтии, Уус-Алдан, Чараҥ), «Тохтоон. Болҕойон» (Любовь Фёдорова?), «Кыыл суола» (Ангелина Алексеева-Леди Муус, Дьокуускай), «Уол дьоло» (Мария Левина, Мэҥэ Хаҥалас, Чүүйэ), «Бүөтүр бастакы булда» (Сардаана Петрова? Муома?), «Ытык ыйаах» (Варвара Корякина, Нерюнгри), «Кэһэппит» (Татьяна Куличкина-Дедюкина-Татыйаас, Дьокуускай), «Көйгө кыыс» (Мария Данилова-Күн Мичээрэ, Сунтаар, Түбэй), «Аар айылҕа бэлэҕэ» (Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Кэбээйи, Мукучу), «Олоххо буолбут түбэлтэ» (Анна Ноговицына-Алгыстаана, Чурапчы, Мугудай), «Дьахтар кэпсээнэ» (Аркадий Иванов, Үөһээ Бүлүү).

Дьүүлдьүттэр тус быһаарыылара (үс бастакылара эрэ).

В.Б.Окорокова: I – «Түүктээх араҕас саарба»,  II – «Көйгө кыыс», III – «Кэһэппит».

С.Е.Ноева: I – «Кыыл суола», II – «Маҥхааһай», III – «Аар айылҕа абылаҥар Айыҥат хаан сыдьаана».

В.И.Попова: I – «Түүктээх араҕас саарба», II – «Байанайга тиксии», III – «Кыыл суола».

В.П.Николаев: I – «Кыыл суола», II – «Бэлэх», III – «Көйгө кыыс».

В.Н.Луковцев-Дьурустаан: I – «Бэлэх», II – «Бастакы көрсүһүү», III – «Силээхтэ кыыһа».

А.И.Слепцов: I – «Көйгө кыыс», II – «Маҥхааһай», III – «Тохтоон. Болҕойон».

Е.Р.Николаев: I – «Утум быстыбатын», II – «Көйгө кыыс», III – «Бэлэх».

Чопчулааһын: Семён Луканси «Маҥхааһай» кэпсээнэ эрдэ «Эдэр саас» саайтка бэчээттэммитин быһыытынан күрэх ирдэбилигэр хапсыбат диэн буолла.

Салгыы, дьүүлдьүттэр туруорбут сыанабылларын тэҥнээһин уонна ырытыһыы түмүгэр бастыҥ хоһооннор-кэпсээннэр быһаарыллыннылар. Кыайыылаахтар Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүгэр «Күрүлгэн» сурунаал инстаграмҥа сиригэр ааттаннылар.

Хоһоон тосхоло.

I кэрдиис – Анна БАРАШКОВА-АЙЫЛҔААНА (Чурапчы, Арыылаах), «Хататтаах сахалар» хоһоон; II кэрдиис – Алгыс ПЕТРОВА-Күн АЛГЫС (Дьокуускай), * * * «Аан дойду уу нуурал...» хоһоон; III кэрдиис – Римма КОРЯКИНА-ХОТУУНА (Чурапчы), «Сир Иньэ талыыта, уол оҕо сураҕа» хоһоон.

Биһирэннилэр: Валентина КОМИССАРОВА-КҮЛҮМҮРЭ (Дьокуускай), «Сайылык тойуга» хоһоон – СӨ Ил Түмэнин доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин махтал суруга; Светлана БУРЦЕВА-Суугунай ЧАРААНА (Уус-Алдан, Бороҕон), «Саха буоллаҕым» хоһоон – СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин махтал суруга.

Кэпсээн тосхоло.

Бастыҥнарынан буоллулар: I кэрдиис – Мария ДАНИЛОВА-Күн МИЧЭЭРЭ, «Көйгө кыыс» кэпсээн (Сунтаар, Түбэй); II кэрдиис – Ангелина АЛЕКСЕЕВА-Леди МУУС, «Кыыл суола» кэпсээн (Дьокуускай), III кэрдиис – Августина ПОПОВА, «Бэлэх» кэпсээн (Сунтаар).

Биһирэннилэр: Егор КАРТУЗОВ-ЧОРУУН, «Түүктээх араҕас саарба» кэпсээн (Дьокуускай) – «Ааҕар Саха сирэ» түмсүү аатыттан харчынан биһирэбил; Екатерина СВИНОБОЕВА-КЭЭТИИ (Уус-Алдан, Чараҥ), «Бастакы көрсүһүү» кэпсээн – «Айар» кинигэ кыһатын аатыттан анал биһирэбил; Акулина ЕГАСОВА-Дьохсоҕон КЫЫҺА (Таатта, Дьохсоҕон), «Аар айылҕа абылаҥар Айыҥат хаан сыдьаана» кэпсээн – «СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ» тэрилтэ саха тылын уонна уран суругун идэлээхтэрин аатыттан анал биһирэбил.

Бастыҥнар тэрийээччилэр олохтообут бириистэрин туттулар, ол иһигэр Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын.

маны арчы фото 2

Афанасий ГУРИНОВ-АРЧЫЛАН – сүбэ сүрүннээччитэ, «Күрүлгэн» сурунаал дьаһабыла, «Кулуһун» сыһыарыы эрэдээктэрэ.

Мария САННИКОВА – сүбэ сэкирэтээрэ, «Күрүлгэн» сурунаал эппиэт сэкирэтээрэ.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением