Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 13 oC

Бүгүн Саха Сиригэр Хомус күнэ — бэлиэ күн. Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыл бэс ыйын 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр.

Бүгүн Саха Сиригэр Хомус күнэ — бэлиэ күн. Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыл бэс ыйын 27 күнүнээҕи Ыйааҕынан Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр.

“Хохуоралаах тыллаах, хоҥкунас тыастаах, холобура суох хоһоонноох хомус барахсан” элбэх норуокка баар үнүстүрүмүөн эрээри, сахалар курдук өрө тутар омук суох быһыылаах. Хомус биһиэхэ  – төрүт дорҕооммут, куйаары кытары ситиммит, өбүгэбит бэлэҕэ, ытыс саҕа ымыыбыт, духуобунай бэлиэбит, арчылыыр дьүрүскэммит, култуурабыт көрүҥэ, устуоруйабыт сорҕото. Сахалар хомуспут эгэлгэтэ, биллэн турар, Хомус Аан дойдутааҕы киинигэр уонна түмэлигэр баар. Түмэл аһыллыаҕыттан уопсайа 57 омук дойдутуттан 1700-чэ хомуһу хомуйан түмпүттэр. Түмэлгэ 9165 эспэнээт хараллан сытар. Саамай былыргы хомус 16-с үйэҕэ оҥоһуллубута биллэр. Аан дойду үрдүнэн саамай кыра кээмэйдээх хомус биһиэхэ, эмиэ бу түмэлгэ, баар. Уһуна – баара-суоҕа 8 мл.

Хомус күнүгэр тахсыбыт матырыйааллары бу ссылкаларынан киирэн билсиҥ, сэргээҥ, ааҕыҥ:

Хомус Уйбаан: “11 сыллаах болдьоҕу сөптөөҕүнэн ааҕабын” https://www.sakhaparliament.ru/obshchestvo/11878-11

Хомус дорҕооно сүүс тылынан иһилиннэ https://www.sakhaparliament.ru/spetsproekty/11641-khomus-dor-oono-s-s-tylynan-i-ilinne

Виртуоз хомусчуттары быһаарар кэм кэллэ https://www.sakhaparliament.ru/spetsproekty/11613-virtuoz-khomuschuttary-by-aarar-kem-kelle

Хомуһуннаах хомусчут Петр Оготоев аата үйэтийэр https://www.sakhaparliament.ru/tysylge/9201-2021-12-15-13-36-34

Артур Семенов:  “Куруук харахпын симэн туран хомустуубун” https://www.sakhaparliament.ru/kultuura/8993-2021-11-30-02-42-33

Сэдэх, дьикти хомустар https://www.sakhaparliament.ru/ostuoruja/7915-2021-08-28-02-28-59

Норуоттары сомоҕолуур Ил Хомус https://www.sakhaparliament.ru/tysylge/4013-2020-12-02-01-08-03

Хомус түмэлин үйэлээх үлэтэ – каталог-кинигэ https://www.sakhaparliament.ru/kultuura/9000-2021-11-30-17-38-01

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением