Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Ытык Ураһалаах алааһа улахан массыыналаах урбаанньыт суоппардар төрдүс өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөттэрэ ыраахтартан-чугастан сири-сибиири тэлэһийэ сүүрэр улахан уйуктаах массыыналаах хаһаайыттары муста.

Ытык Ураһалаах алааһа улахан массыыналаах урбаанньыт суоппардар төрдүс өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөттэрэ ыраахтартан-чугастан сири-сибиири тэлэһийэ сүүрэр улахан уйуктаах массыыналаах хаһаайыттары муста.


Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Ураһалаахха улахан тимир көлөлөөхтөр мустаннар, биһиги, маннык дьарыктаахтар баарбыт диэн, баардарын көрдөрөн, саха түөрт көлүөһэ үрдүгэр таһаҕас таһааччыларын дьиҥнээх сэмэй бырааһынньыга тэрилиннэ. Тэрээһиҥҥэ Чурапчы, Уус Алдан, Таатта, Томпо, Бүлүү, Нам, Амма, Дьааҥы уонна ыраах Булуҥ улуустарыттан муһуннулар. Өлөөн улууһуттан айаннаан иһэллэрэ иһитиннэриллибитэ.
Саха сиэринэн ыһыах киэптээх ыытыллыбыт тэрээһини улуус дьаһалтата, чуолаан, улуустааҕы биисинэс-инкубатор (салайааччы Николай Скрябин), өрөспүүбүлүкэ уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһа улахан уйуктаах массыыналарын хаһаайыттарын – таһаҕаһы таһыы урбаанньыттарын ассоциациялара (Николай Мочкин, Прокопий Дьячковскай) бэрт тэрээһиннээхтик ыыттылар. Тэрээһиҥҥэ улуустааҕы култуура уонна успуорт управлениелара биир ситимнээхтик көмөлөстүлэр. Таһаҕаһы массыынанан таһааччылар маннык тэрээһиннэрин көҕүлээбит уонна сүрүннүү сылдьар Николай Мочкин бастакы тэрээһин Таатта улууһугар 2008 с. тэриллибитин этэр. Уон сыл буолан баран, 2018 сыллаахха эмиэ Тааттаҕа тэрийэн ыыппыттар. Ол кэнниттэн, дьэ, хайдах бэрээдэгинэн ыытыллыахтааҕын ырыҥалаһан-ырытыһан баран, 2019 сыллаахха Уус Алдан улууһугар Суотта нэһилиэгэр тэриллэр. Салгыы, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар эстэпиэтэ быһыытынан ыытыллыахтааҕын, хара хамсык буомнуу хаайар. Онон быйыл Майаҕа тэрийдилэр. Прокопий Дьячковскай этэринэн, сойуустарын бассаап бөлөҕөр 150-тан тахса киһи баар,  кинилэр кэккэлэригэр эдэр ыччат элбээн иһэр. 18 саастаах суоппардар элбэхтэр. Саамай аҕа ‒ 72 саастаах таһаҕасчыт Таатта улууһуттан, билигин да барааҥкаҕа олорон үлэлии-хамсыы сылдьар. Арассыыйаҕа да, Саха сиригэр да суол-иис да оҥоһуллар буолан, тупсан, араас омук массыыната да дэлэйэн, эдэрдэр үлэлиир усулуобуйалара хаһааҥҥытааҕар да баар буолла.

Арк-_2.jpg

Сүлүөт-ыһыахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Владимир Сивцев уонна улуус баһылыга Николай Старостин, улуус уонна Майа сэлиэнньэтин дьаһалталарыттан эппиэттээх салайар үлэһиттэр кытыннылар. Массыына уруулугар өр сылларга олорон үлэлээбит, оччотооҕу мөлтөх суолларга айан кытаанаҕын барытын эттэринэн-сииннэринэн билбит кырдьаҕас суоппардар ыҥырыллан дьон иннигэр тахсан олордулар, ааттара ааттанна. Ыһыах Ытык дуоҕатын анал сэргэтигэр туруорар чиэс Прокопий Дьячковскайга бэрилиннэ. Алгыһы түһүлгэҕэ алгысчыт Спиридон Григорьев-Илгэлээх Испирдиэн ибиирэр халлаан быйаҥын кытта түһэрдэ.

Арк-3.jpg
Улуус салалтатын, ол иһигэр, дьокутааттарын сэбиэтин, аатыттан эҕэрдэ тылыгар Николай Старостин таһаҕаһы массыыналарынан таһааччылар үлэлэрэ киэҥ нэлэмэн Саха сирэ сайдыытыгар тугунан да кэмнэммэтин бэлиэтээтэ. Хоту эҥэр наадалаах таһаҕастары тиэрдиигэ Мэҥэ Хаҥалас ыраахха таһаҕаһы тиэрдээччилэрин өҥөлөрө эмиэ улахан. Кэнники сүүрбэ сыл иһигэр суоллары оҥорууга барбыт үлэлэргэ болҕомтону туһаайда. “Лена” федеральнай тыраасса урукку туругун кытта тэҥнээтэххэ, билигин Тындаҕа да суукканан тиийэр кыах баар. “Халыма” тыраасса аспаалланыахтаах. Майа уонна Аллараа Бэстээх суолугар 6 килэмиэтиргэ саҥа аспааал ууруллуохтаах. Майаттан Ураһалаах суолун бырайыага бүтэн эрэр. Эһиил 3 килэмиэтирэ аспаалланыаҕа. Мүрү тыраассатыгар быйыл 12 килэмиэтирэ өрөмүөннэннэннэ. Быйыл Бэдьимэҕэ диэри үлэ барыахтаах.

Арка-_4.jpg
Эһиилгиттэн Өлөчөй уонна Бүтэйдээх икки ардыларын суолугар саҥардыы үлэтэ былааҥҥа турар. Николай Старостин Мэҥэ Хаҥалас улууһун суоппардара хотугу улуустарга таһаҕаһы тиэрдиигэ сыралаах үлэлэрин бэлиэтээтэ. Халыма, Булуҥ, Анаабыр, Дьааҥы, Уус Дьааҥы хайысхаларынан, элбэх киһи таһаҕаһы таһыыга үлэлиир. Чукоткаҕа да барааччылар бааллар. Өрөспүүбүлүкэбит уонна улуустарбыт сайдыытыгар төһүү күүс буола сылдьыҥ диэтэ. Саха АССР 100 сылынан үбүлүөйдээх бэлиэни “СӨ автотырааныспарын Бочуоттаах үлэһитигэр” Прокопий Дьячковскайга уонна улуус улахан уйуктаах массыыналарын хаһаайыттарын сойууһун чилиэнигэр Антон Максимовка туттартаата. “Улуус автотырааныспарын сайдыытыгар кылааттарын иһин” бэлиэни Юрий Дмитриев, Иннокентий Михайлов, Федор Неустроев, Николай Олесов, Прокопий Протодьяконов, Роман Старостин, Илья Федоров, Гаврил Шестаков уонна “Урбааны сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэни Николай Максимов, Ян Новгородов, Трофим Свинобоев туттулар.
Миниистир Владимир Сивцев инсбэстиийэлэрдээх араас бырайыактары олоххо киллэриигэ таһаҕаһы таһар урбаанньыттар өҥөлөрө олус улаханын бэлиэтээтэ. Ити олоххо туттуллар эрэ матырыйаалларга сыһыаннаах буолбатах, оҥорон таһаарыыга туһаныллар матырыйаалларга, мэхэньиисимнэргэ, тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах. Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сыллаах бэлиэтин туттартаата. “СӨ автотырааныспарын Бочуоттаах үлэһитэ” бэлиэнэн Антон Баишев, Николай Докторов, Алексей Макаров, Владимир Птицын, министиэристибэ Бочуотунай грамотатынан Сергей Ан, Эдуард Гуляев, Семен Чириков, Роман Корнилов наҕараадаланнылар. Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна ирфраструктураны сайыннарыыга сис кэмитиэтин Бочуотунай грамотатын “Техсервис” ХЭУо суоппара Николай Докторов, урбаанньыт Николай Иванов, “Саханефтегазсбыт” АХ улуустааҕы тэрилтэтин суоппара Иван Скрябин ыллылар. Николай Мочкин уонна Прокопий Дьячковскай СӨ Эргиэҥҥэ уонна бырамыысаланнаска балаататын мэтээлин туттартаатылар. Өрөспүүбүлүкэ “Үлэ Бочуоттаах бэтэрээнэ” мэтээлин Спиридон Григорьев, Роберт Егоров уонна кэккэ бэтэрээннэр туттулар.

Арка-_5.jpg
Үргүлдьү, эбиэти аахсыбакка, күрэхтэһиилэр ыытыллан бардылар. Сүлүөт-ыһыах кыттыылаахтара мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, бэйэлэрин ураты эстэпиэтэлэригэр, микрооптуобус “УАЗ” массыынаны хамаандаттан биирдии киһи буолан отуттуу сөкүүндэ бириэмэҕэ соһууга (хамаандаҕа биэстии киһи), ыарахан балтаны эмиэ хамаанданан быраҕыыга, ханаат тардыһыытыгар күрэхтэстилэр. Эстэпиэтэҕэ уһуну сүүрэн кэлиини таһынан, улахан массыына ыарахан көлүөһэтин сүүрдэн буолбакка, туоратынан дьааһыктыы быраҕыталаан илдьии, үһүс киһи сүүрэн тиийэн ыһыллан сытар үстүрүмүөннэри холбукатыгар сөпкө хомуйан угуталаан аҕалыыта бааллара. Хас биирдии сыыһа угуу иһин биэстии сөкүүндэ эбиллэн биэрэр.
Олохтоохтор уонна үчүгэйдик оҥостон кэлбит дьааҥылар иккилии хамаанданы туруорбуттара. Уопсай түмүккэ, хаһаайыттар бастаатылар. Иккис чурапчылар буоланнар, сүлүөт-ыһыах дуоҕата кинилэргэ бэрилиннэ. Үһүс Дьааҥы улууһун улахан уйуктаах массыыналаахтара тахсаннар үөрэн-көтөр бардылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением