Уопут атастаһыыта
Тэрээһин сүрүн соруга - историческай өйдөбүлү, дойдубутугар үтүө үгэскэ кубулуйбут сыаннастары харыстааһын, норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыылары дьүөрэлээһин, суруналыыстары бииргэ сомоҕолооһун. Пуорумҥа кыттыыны блогердар, устудьуоннар, юнкордар, уопсастыбаннай уонна национальнай-култуурунай түмсүүлэр бэрэстэбиитэллэрэ, итэҕэл тэрилтэлэрэ ыллылар.
Этномедиа пуорум чэрчитинэн «Сила V Правде» кэпсэтии былаһаакката тэрилиннэ. СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин ыытыллар тэрээһин дойдубут судаарыстыбаннай национальнай бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ суруналыыстары бииргэ сомоҕолооһун наадалаах диэн эттэ. «Норуоттар икки ардыларыгар ил эйэ олохтоноругар, интэриэстэрбитин харыстааһыҥҥа тула боппуруостары, араас конфессиялар уонна национальнай култуурунай түмсүүлэри сомоҕолооһун буолар. Саха Сиригэр 70-тан тахса конфессиялар, уопсастыбаннай түмсүүлэр бааллар, итэҕэллээхтэр түмсүүлэрин ахсаана 160-ны куоһарар. Маны тэҥэ, аныгы этническай суруналыыстыка кыһалҕаларын эмиэ ырытыахтаахпыт», — диэн миниистир чопчулаата. Пуорум чэрчитинэн биллиилээх суруналыыстары, медиаиндустрия салаатыгар эспиэрдэри кытары көрсүһүүлэр, этноквест оонньуулар, дойду бастыҥ медиа бырайыактарын кытта билсиһии ыытылынна.
Эрэгийиэннэр этническэй бырайыактарын олоххо киллэриини билиһиннэрэр былаһааккаҕа медиа эйгэҕэ ыытыллар араас үлэлэри көрдөрдүлэр. Онлайн сибээһинэн Москуба, Казань, Йошкар-Ола уонна Чебоксар куораттартан тиийэ экспердэр бырайыактарын туһунан кэпсээтилэр. Былаһаакка үлэтин СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистири солбуйааччы Татьяна Пяткина иилээн-саҕалаан ыытта.Татарстан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин дириэктэрэ Ирек Шарипов, Казань куорат «ТАТМЕДИА» дириэктэрэ Алсу Исмагилова, Москубаттан Арассыыйа норуоттарын Ассамблеятын пресс-сулууспатын салайааччыта, национальнай сибээс эйгэтин өрөсүүрсэ Киинин салайааччыта, этностар икки ардыларынааҕы суруналыыстар гильдияларын чилиэнэ, медиа үөрэхтээһин исписэлиистэрин Ассоциациятын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ Анжелика Засядько, Йошкар Олаттан этно-блогер Эльвира Куклина интэриниэт ситиминэн холбонон, уопут атастастылар.
Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Антонида Корякина истиҥ ис хоһоонноох тыл эттэ. Аныгы кэмҥэ норуоттар сомоҕолоһуулара ураты суолталааҕын, киэҥ нэлэмэн Сахабыт Сиригэр олорор араас норуоттары култуура, баай история сомоҕолуурун бэлиэтээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Доҕордоһуу дьиэлэрэ хас эрэгийиэн ахсын баар буолбатахтар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын Доҕордоһууларын дьиэтэ араас норуоттары, култууралары, үгэстэри түмэ тардан, быйыл үлэлээбитэ номнуо онус сылын бэлиэтиир. Салгыы норуоттары кытары үлэ квест-оонньууларга арылынна. Таджиктар, армяннар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар, нууччалар, сахалар, о.д.а. Сахабыт Сиригэр үлэлиир, олорор норуоттар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр.
Этномедиа пуоруму түмүктүүр чаҕылхай тэрээһининэн «Свет Отчизны» ыччат аахсыйата буолла. Аахсыйа кэмигэр СӨ маассабай информацияны тарҕатар ситимнэр истэригэр ыытыллыбыт «Мир и согласие» куонкурус түмүгүн таһаардылар. Кыайыылаахтарга дипломнары кытары харчынан сэртипикээттэри туттардылар. Куонкуруска киирбит үлэлэр норуоттар икки ардыларынааҕы уонна конфессиялар сыһыаннаһыыларыгар туһуламмыттар. Куонкуруһу уонна тэрээһини СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ уонна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ тэрийдэ.
Тыл кырдьыктаах, итэҕэтиилээх буолуохтаах
Эспиэрдэр «Сначала было слово» былаһаакката дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла. Спикэрдэринэн Ил Түмэн дьокутаата, национальнай маассабай информацияны тарҕатар сириэстибэлэр Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ, «Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ-кылаабынай эрэдээктэрэ Мария Христофорова, Саха информационнай агенство (СИА) сүрүн эрэдээктэрэ Андрей Никифоров, «Милосердие» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыба, «Спас» өрөсүүрсэ Киинин салайааччыта, «Якутия Православная» теле-устуудьуйа сүрүн эрэдээктэрэ Анжелика Тупицина буоллулар.
Норуот дьокутаата Мария Христофорова тыл суолтата хаһан да сүппэтин ыйда. Аныгы кэмҥэ хобу-сиби, сымыйа, «фейк» сонуну тарҕатааччылар элбээн, аныгы үйэҕэ куйаар ситимигэр кырдьыгы уонна сымыйаны булар уустугурбутун эттэ. Ол иһин тыл этии, сонун тарҕатыы ураты суолталааҕын бэлиэтээн, Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин туһунан санатта.
«Икки чаастаах Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ биир түгэн курдук күлүм гынна. Ил Дархаммыт хас биирдиибитин хаарыйар, долгутар боппуруостары таарыйда. Доруобуйа харыстабыла, үөрэҕирии, култуура, социальнай өйөбүл, коронавирус ыарыытын бохсуу тэрээһиннэрин, быстах хомуур уонна анал байыаннай эпэрээсийэ туһунан эттэ. Аҕа баһылык этиитэ сыл ахсын чопчуланан иһэр, өйдөнүмтүө, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийимтиэ», - диэн Мария Христофорова эттэ.
Айсен Сергеевич ааһан эрэр сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн «Ил Түмэн» издательскай дьиэ «Тапталлаах ийэбэр» аахсыйаны сыл саҕаланыыта саҕалаабыта. Санаттахха, аахсыйаны саҕалыыр тэрээһин Москубаҕа Арассыыйа Федерациятыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр ыытыллыбыта. Бу аахсыйа чэрчитинэн ийэлэргэ истиҥ-иһирэх тыллардаах суруктары 2,5 тыһ. тахса ыччат суруйан ыыппыта биллэр. Саха Сириттэн эрэ буолбакка, Татарстаҥҥа, атын киин куораттарга үөрэнэр устудьуоннар ийэлэригэр бэртээхэй тыллары суруйан долгуппуттара. Ийэ сылыгар илиинэн суруллубут аккырыыкка ордук өйдөбүнньүк уонна истиҥ тыллардаах суругу тутар икки төгүл минньигэс буолара биллэр. Ол курдук, пуорум хас биирдии мустубут ыалдьытыгар өйдөбүнньүк аккырыыккалары туттардылар. «Аҕыйах да тыл киһини уйадытар, долгутар. Ийэлэргитигэр Саҥа дьыл иннинэ истиҥ тыллары суруйан ыытыҥ. Бу чугас киһигитигэр күндү бэлэх буолуоҕа», - диэн Мария Христофорова эттэ. «Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр дойдуга таптал, бэриниилээх буолуу дириҥ силистээх, улахан суолталаах. Бары билэрбит курдук, 1941-1945 сыллардааҕы Аҕа дойду Улуу сэриитэ дойдубутугар оспот сүрэх бааһын хаалларбыта. Ол эрэн аныгы кэмҥэ арҕаа дойдулар бу туһунан ытык өйдөбүлбүтүн, кыайыыга истиҥ сыһыаммытын суох оҥорорго дьулуһаллар. Маныаха, хас биирдиибит тус кылааппытын киллэрэн, норуот өйүн-санаатын тилиннэриэхпитин сөп», - диэн эбэн бэлиэтээтэ. Бу сыалтан 2020 сылга «Ил Түмэн» издательскай дьиэ «Якутия помнит/Саха сирэ умнубат» бырайыагы олоххо киллэрэр.
«Хас биирдии киһи аймаҕын, чугас киһитин, доҕорун туһунан сырдык өйдөбүнньүгү «Якутия помнит/Саха сирэ умнубат» электроннай кинигэҕэ суруйан инники көлүөнэҕэ хаалларыан сөп. Аҕа дойду Улуу сэриитин сэргэ дойдубут уолаттара Афганистан, Чечня сэриилэригэр кыттыбыттара, оттон билигин биир дойдулаахтарбыт нацистары утары Украинаҕа эйэлээх олох туһугар туруулаһаллар. Кинилэр дьоруойдуу быһыылара, ыар сүтүктээх, өрөгөй үктэллээх күннэрэ, дьон өйүгэр-санаатыгар хаалыаҕа, сэрии толоонугар охтубуттар, сураҕа суох сүппүттэр сырдык өйдөбүллэрэ умнуллуо суоҕа. Кинилэр онно дьиҥ-чахчы историческай суолталаах бырааптаахтар. Эһиги тус бэйэҕит кылааккытын киллэрэн, сайтка бэлиэтээһини ааһан ахтыыларгытын хаалларан, үтүө ааттарын үйэтитиэххитин сөп», - диэн ыҥырда. Түмүккэ норуот дьокутаата «Журфикс» сурунаал төрүттээчитигэр, сүрүн эрэдээктэригэр Яна Угароваҕа Ил Түмэн Наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин аатыттан махтал сурук туттарда.
Андрей Никифоров аныгы кэмҥэ дьоҥҥо ылыннарар тыллаах блогердар баар буолбуттарыгар болҕомтотун уурда: «Хас биирдии киһи төлөпүөнү, камераны илиитигэр ылла даҕаны, ханнык баҕарар тэрээһини сырдатар, киэҥ араҥаҕа таһаарар кыахтаах. Ол эрэн бу идэтийбит эйгэҕэ кыһалҕалары үөскэтэр. Тоҕо диэтэр, блогердар эппит этиилэригэр, тарҕаппыт сонуннарыгар, идэлээх суруналыыстар курдук, сокуонунан накаастанар эппиэтинэһи сүкпэттэр. Муҥутуура биирдилээн дьоҥҥо сыһыаннаах эппиэккэ эрэ тардыллыахтарын сөп», - диэн туран, 2018 сыллаахха «Зимняя вишня» атыы-эргиэн дьиэтигэр буолбут баһаары санатта. Ол курдук, бу ыар күн Вольнов диэн пранкер муоргаҕа эрийэн, баһаарга эмсэҕэлээн күн сириттэн суох буолбуттарга 300 миэстэни аныыр туһунан сымыйа сонуну тарҕаппыт. Дьэ, иэдээн буолбат дуо? Бу сымыйа сурах тарҕанан, норуокка аймалҕан тахсан, миитиннэр кытта тэриллибиттэр. Билигин сымыйа сураҕы тарҕатыы ураты суолталанна. Сымыйа сурах тарҕаныыта кырдьыктаах информация билиҥҥи балаһыанньаҕа тустаах ааҕааччыга тиийбэтиттэн тахсарын эттэ. «Өскөтүн тустаах уорганнартан информацияны тутатына ылан, киэҥ араҥаҕа тиэрдибэт түгэммитигэр, ханнык баҕарар киһи билбэккэ эрэ, итэҕэтиитэ суох сонуннары ылан тарҕатыан сөп. Онон аныгы информацияны тарҕатааччылар, сонуннары тиэрдээччилэр түргэнник, кырдьыктаах сонуну кэпсиэхтээхпит», - диэн эттэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0