Үс күн устата Ил Түмэн дьокутааттара бу форумҥа хорутуулаахтык үлэлээтилэр. Саха сирин тыын кыһалҕаларын эттилэр, туруорустулар.
Ирбэт тоҥ кыһалҕатын көтөхтө
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев «Арассыыйа Хотугу уонна Аартыкатааҕы эригийиэннэрэ тирэхтээхтик сайдыыларыгар парламеннар сокуону оҥорууга бииргэ үлэлэһиилэрэ» диэн дакылааттаах тыл эттэ. Онно Виктор Николаевич бу иннинэ ыытыллыбыт форумнарга Саха Өрөспүүбүлүкэтэ көхтөөхтүк уонна көдьүүстээхтик кыттыбытын, итиэннэ Саха сирэ Хотугу Форуму үстэ төхтүрүйэн салайбытын санатта. Ону тэҥэ Арассыыйа көҕүлээһининэн 1996 сыллаахха Аартыкатааҕы сүбэ тэриллибитин, онон 2021-2023 сыллардааҕы бырагырааматын олоххо киллэрэригэр РФ бэрэссэдээтэл буолара тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ.
Саха сирэ Хотугу форум Арассыыйатааҕы бэрэссэдээтэлистибэтэ оҥорбут былаанын чэрчитинэн маннык тэрээһиннэри ыытыахтааҕын иһитиннэрдэ: 2022 сылга Аартыка балаһатыгар дьон олороругар табыгастаах куорат эйгэтин тэрийиигэ туһуламмыт кэмпириэнсийэни ыытыы; 2021-2022 сылларга «Аартыка оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы олоххо киллэриигэ анаммыт «төгүрүк остуол»; 2022 сылга табаны үгэскэ олоҕуран иитии норуоттар икки ардыларынааҕы чөмпүйэнээтэ; 2023 сылга килиимэт уларыйыытын уонна ирбэт тоҥ ириитин боппуруостарыгар аан дойдутааҕы Саммит.
Виктор Губарев Хотугу Форум Аартыкатааҕы уонна Хотугу эрэгийиэннэри кытта уонунан сылларга араас өрүттээх үлэлэри ыыппытын аҕынна. Салгыы вице-спикер тырааныспары, олоҕу хааччыйыыны, информационнай-телекоммуникационнай инфраструктураны, Хотугу дойду уонна Аартыка аҕыйах ахсааннаах омуктарын төрүт үгэстэрин хаалларыы тиһиктэрин сайыннарыыга Аартыкатааҕы атын судаарыстыбалар быраабы туһаныыга уопуттарын үөрэтэр наадалааҕын бэлиэтээтэ. Итиэннэ киинтэн тэйиччи сытар хотугу сирдэргэ дьон олоҕун таһымын үрдэтэргэ үлэлэһиэхтээхтэрин ыйда.
Түмүгэр Госдума «Ирбэт тоҥу харыстааһын уонна сөпкө туһаныы туһунан» федеральнай сокуон бырайыагар көннөрүүлэри киллэрэригэр, элбэх сыллаах ирбэт тоҥу кэтээн көрөргө судаарыстыбаннай тиһиги тэрийэргэ, Аартыкатааҕы балаһаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы экологическай меморандум ылынарга этиилэри киллэрдэ.
Үбүлээһин улаатыахтаах
«Аартыка уонна Уһук Илин күөх дуола: көдьүүстээхтик салайыы, итиэннэ сайыннарыы драйвердара» диэн сиэссийэҕэ Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Сахамин Афанасьев «Аартыкатааҕы балаһа ойуурун көмүскүүр уонна харыстыыр быраап бэрээдэгин тупсарыы» диэн тиэмэҕэ тыл эттэ.
Сахамин Афанасьев Саха сирин тыата 90 %-на тиит мастан турарын санатта. Ону тэҥэ 2019-2020 сылларга, чуолаан ааспыт сайын өтөрүнэн буолбатах куйаастар тураннар, улахан ойуур баһаардара буолуталаабыттарын уонна балаһыанньа балачча ыараханын бэлиэтээтэ. Онон парламентарий форум кыттыылаахтарыгар ойууру харыстааһын боппуруостарыгар улахан болҕомто уурарга тоҕоостоох кэм тирээн кэлбитин тоһоҕолоон эттэ:
– Ойуур баһаардара буолбуттара уонна инникитин даҕаны буолар чинчилээхтэр. Биһиги экосистиэмэбит устуоруйата, ойуурбут биома төрүкү баһаардары кытта ситимнээх. Онон сүрүн сорукпутунан баһаар күөдьүйэр төрүөтүн туоратыы уонна тарҕанар кутталын аҕыйатыы буолуохтаах, –диэн парламентарий бэлиэтээн туран, Саха сиригэр аҥаардас ааспыт сайын устата ойуур 1696 баһаара бигэргэммитин, онуоха 8,316 мөл. га иэннээх сир умайбытын ыспыраапка быһыытынан аҕалла. Сахамин Афанасьев баһаартан сэрэхтээх кэм биллэриллиэҕиттэн ыла ойуур баһаарын умулларааччылар бөлөхтөрө, доброволецтар, баһаарынай сулууспалар уонна да атын көмө күүстэр бары түмсэн, 3, 544 мөл. га иэннээх сиргэ 535 баһаары умулларбыттарын иһитиннэрдэ. Ордук ыарахаттары Саха сирин арҕааҥҥы уонна киин улуустара көрсүбүттэрин, ити оройуоннарга элбэх дьон олорорунан, баһаар нэһилиэнньэлээх пууннарга кутталы үөскэппитин бэлиэтээтэ.
Дьокутаат Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыаны баһаартан харыстыырга кэккэ итэҕэстэр баалларын ыйда: ойууру баһаартан харыстааһын эйгэтигэр правовой өттө ситэтэ суоҕун; улахан уонна орто кылаастаах баһаардары умулларыыга ойуур баһаарынай чааһын үлэһиттэрэ аҕыйахтарын; ойуур баһаарын умулларар тэрилтэлэр матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй базалара, тиэхиньикэлэринэн хааччыллыылара мөлтөҕүн; ойууру харабыллыырга федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһин кыра буолан, ойууру көтөр аалларынан кэтээһин нуормаламмыт таһымҥа эппиэттээбэтин; авиаотделение баһаарынай сулууспатын парашюттаах десантниктарын, ойуур баһаарынай ыстаансыйаларын, ойуур судаарыстыбаннай надзорун, ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнастара кыра буолан, үрдүк квалификациялаах каадырдар тиийбэттэрин.
Онон ойууру харыстыыр уонна көмүскүүр туһуттан Сахамин Афанасьев кэккэ этиилэри киллэрдэ:
– Федеральнай резервэттэн эбии үбүлүүргэ. Ойуур баһаарын бохсор күүһү суһаллык хомуйар инниттэн, уот РФ биир субъегар 1 мөл. гектар иэннээх сири сиэтэҕинэ, федеральнай хараактардаах тыаларга ыксаллаах быһыынымайгыны биллэрэргэ.
Иккис этиитэ Дьокуускайга ойуур баһаарынай киинин тэрийиигэ сыһыаннаах. Ол тэрилиннэҕинэ, үөһэнэн уонна сиринэн ойууру кэтиир буолуохтара, итиэннэ баһаар буолар түгэнигэр, түмүллэ охсон, түргэнник умулларыахтара. Ону тэҥэ парашюттаах десантниктарын үөһэнэн уонна алларанан тириэрдиини чэпчэтиэ, баһаар туругун хонтуруоллуурга табыгастаныа. Бу киин ойуур пуондатын харыстанар иэнин 100 мөл. гектарга диэри кэҥэтэр кыаҕы биэриэ, онон ойуур баһаарын кэтиир иэн балаһата кыччыа.
Итиэннэ ойуур араас көрүҥнээх баһаардара аҕыйырыын хааччыйар инниттэн сокуоҥҥа кэккэ уларытыылары көҕүлээн киллэриэххэ наадатын бэлиэтээтэ:
– Араас тутууга, ол иһигэр ньиэп ыскылааттарыгар уонна II, IIIа кылаастаах ньиэп бородуукталарыгар, баһаар кутталы үөскэппэтин диэн, чугастааҕы тыаны кэрдэргэ РФ Ойуурга кодексата көҥүлү биэрэри чэпчэтиэхтээх. Ону тэҥэ «Баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэригэр тиэхиньиичэскэй бэрээдэктэр» диэн 22.07.2008 сыллааҕы 123-с №-дээх федеральнай сокуон ирдэбиллэригэр баһаары утары арыт 50 миэтэрэ буолбакка, 100 миэтэрэ буолуохтаах. РФ Бырабыыталыстыбата ылыммыт 16.09.2020 сыллаах 1479-с №-дээх уурааҕар араас тутуулартан, дьиэлэртэн ойуур арытын 10 миэтэрэ буолбакка, 30 миэтэрэҕэ тиэрдиэхтээх.
Сахамин Миланович Үлэ кодексын 99-с ыстатыйатын хат көрөргө ыҥырда. Чуолаан ойуур баһаарынайдарын элбэтэргэ, баһаар кэмигэр үлэтин чааһыттан ордук үлэлиирин көҥүллүүргэ уонна ону төлүүргэ, сылга 120 чаастан элбэҕи аһара үлэлээбит буоллаҕына, уоппускатын уһатарга туруоруста.
Дакылаатын түмүгэр Сахамин Афанасьев 2023 сылга диэри ойуур хаһаайыстыбаларын, ойуур баһаарынайдарын үлэһиттэрин орто хамнастарын үрдэтэргэ туһуламмыт ноурма-быраап аахталарын бэлэмнииргэ этии киллэрдэ.
Омук тыыннаах хааларын туһугар
Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева Аартыкаҕа аҕыйах ахсааннаах омуктар төрүт үгэстэрин хаалларар уонна инники олохторо бигэ буоларын түстүүр, Аартыканы баһылыырга дьахтар оруолун уонна кини социальнай балаһыанньатын туһунан боппуруостары дакылаатыгар таарыйда Сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Саха сиригэр норуоту харыстааһыҥҥа туһуламмыт «Көс олохтоох дьиэ кэргэн» диэн сокуон ылыллыбытын кэпсээтэ:
– Өскөтүн 1940-50 сылларга 500-тэн элбэх дьиэ кэргэн көс олоҕу тутуһар эбит буоллаҕына, 2021 сылга 193 эрэ дьиэ кэргэн хаалбыт. 2020 сылга өссө 186 эрэ баара. Хас эмэ үйэлээх көс олох цивилизацията сүтэр-симэлийэр балаһыанньатыгар сылдьабыт. Биһиги бу тустаах сокуону ылынан, көс олохтоох дьиэ кэргэҥҥэ ийэ холумтан сылааһын тутааччы буоларын бигэргэттибит. 2008 сыллаахха Ил Түмэн оҕолору төрөппүттэриттэн араарбакка эрэ, төрөөбүт эйгэлэригэр үөрэтэргэ туһуламмыт «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр көс оскуолалар туһунан» диэн сокуону ылыммыта. Сокуон баар буолан, таба иитээччи оҕолоро ыстаадаҕа сылдьан үөрэҕи ылаллар. Көс оскуола, биэбэйик (оҕо саада) – тыл хараанньыттара. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ кэргэн диэн төрүт тылга уһуйар эйгэ.
Норуот дьокутаата хас эмэ үйэлэргэ тутуһуллан кэлбит олох оҥкулун, дьиэ кэргэн сыаннастарын харыстыыр сыаллаах «Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин көс олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарыгар судаарыстыбаннай өйөбүл туһунан», «Хотугу табаны иитиигэ судаарыстыбаттан өйөбүл туһунан» федеральнай сокуоннар ылыныллыан наадаларын быһаарда. «Табаны иитии уратыта диэн, бу көннөрү тыа хаһаайыстыбатын салаата эрэ буолбатах, табаны иитии – омук майгыта, үгэһэ, култуурата. Хотугу төрүт норуоттары этнос быһыытынан харыстыыр дьарык буолар», – диэн оруннаах санаатын үрдүк тырыбыынаттан тиэртэ.
Усулуобуйа тэриллиэхтээх
Елена Голомарева ыччаты Аартыкаҕа хаалларарга туһуламмыт сиэссийэҕэ кытынна. Кини бэлиэтииринэн, глобализация үйэтигэр, IT технология сайдыбыт кэмигэр, хотугу ыччат хаһааҥҥытааҕар да төрүт үгэһин уонна тылын өрө тутан сайдыахтаах. Норуот дьокутаата Саха сиригэр «Табаны иитэр ыччат» диэн бырагыраама олоххо киирбитин кэпсээтэ. Бырагыраама хотугу ыччаты табаны иитэргэ көҕүлүүр, бу дьарыгы идэ быһыытынан тосхоллуур, өбүгэ үгэһигэр интэриэһи үөскэтэр сыаллаах. Итиэннэ олохтоох каадырдары бэлэмнииргэ орто уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ сыһыаннаах сокуон ылыныллыбытын иһитиннэрдэ.
Ол гынан баран, нэһилиэнньэ Аартыкаттан көһөрө элбээбититтэн долгуйарын биллэрдэ. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан СӨ Аартыкатааҕы балаһатыгар 67,6 тыһыынча киһи олорор эбит. 2011 сылга тэҥнээтэххэ, нэһилиэнньэ ахсаана 6,3 тыһыынча киһинэн аҕыйаабыт. Чуолаан эдэр, үлэни хото тутар 16-35 саастаах дьон көһөр эбит. «Ыччаты хоту олохсутар туһуттан тугу гыныахха сөбүй?» диэҥҥэ норуот дьокутаата Елена Голомарева бэйэтин этиилэрин киллэрдэ:
– РФ «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааматын иһинэн үлэлиир «Тыа сирин нэһилиэнньэтин сөптөөх уонна тупсаҕай дьиэнэн хааччыйыы» бырагыраама чэрчитинэн Аартыка балаһатыгар олорор эдэр ыалларга уонна исписэлиистэргэ олорор усулуобуйларын тупсаралларыгар социальнай төлөбүр биэрэргэ туспа квотаны көрүү;
– Таба иитэр исписэлиистэри бэтэринэриийэҕэ, IT-технологияларга, мэдэссиинэҕэ сыһыаран бэлэмниир ордук. Ыччат Аартыкаҕа үлэлиэн уонна олоруон баҕарбата – хоту сибээс суоҕа. Онон «Аартыкатааҕы балаһа социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта» диэн судаарыстыбаннай бырыгараамаҕа тэйиччи сытар улуустарга, бөһүөлэктэргэ оптоволокно лииньийэтин тардыыны бэдэрээссийэттэн үбүлүүргэ. РФ «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааматынан быраастарга, учууталларга, култуура уонна үгэһи тутан үлэлиир хаһаайыстыбалар үлэһиттэригэр социальнай дьиэлэри тутуу. Үрдүк күүрүүлээх уот ситимин тардыы.
«Ыччаты Аартыкаҕа олохсуйарыгар усулуобуйа оҥоһуллуон наада», – диэн Елена Голомарева түмүктээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0