Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Олунньу 13 күнэ Саха Сиригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн быhыытынан бэлиэтэнэр. Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрэр туhунан» 1294 № Ыйааҕа 1996 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр тахсыбыта.

Олунньу 13 күнэ Саха Сиригэр Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн быhыытынан бэлиэтэнэр. Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрэр туhунан» 1294 № Ыйааҕа 1996 сыллаахха олунньу 9 күнүгэр тахсыбыта.

Бу бэлиэ даата маассабай саха алфавитын тѳрүттээбит саха бастакы лингвист-учуонайа, саха тылынан тахсыбыт бастакы учуобунньуктар ааптардара, тѳрѳѳбүт сахатын тылын чинчийиигэ, сайыннарыыга олоҕун анаабыт уопсастыбаннай диэйэтэл Семен Андреевич Новгородов тѳрѳѳбүт күнүгэр сѳп түбэhиннэриллибитэ.

Семен Андреевич Новгородов кылгас да буоллар, олус чаҕылхай олоҕу олорон ааспыта. Учуонай-лингвист, уhулуччулаах сырдатааччы быhыытынан тапталлаах Сахатын Сирэ сайдарыгар тугунан да кэмнэммэт сүдү кылаатын киллэрбитэ.

Кини 1892 сыллаахха олунньу 13 күнүгэр Боотуруус улууhун (билигин Чурапчы оройуона) 2-с Хатылы нэhилиэгэр төрөөбүтэ.

Үѳрэххэ-билиигэ тардыhан, бастаан Дьокуускайга реальнай училищеҕа үѳрэммитэ. Ол кэнниттэн Бүлүү куоратын түѳрт кылаастаах училищетыгар уонна начаалынай оскуолаҕа учууталлаабыта. 1912 сыллаахха саха тылынан аан бастаан тахсыбыт «Саха саңата» сурунаал тахсыытыгар үлэлэспитэ. Онно кини норуот ырыаларын киллэрбитэ.

Салгыы, 1913 сыллаахха Семен Андреевич Новгородов Петербургскай-Петроградскай университекка үѳрэнэ киирбитэ. Онно илиҥҥи омуктар тылларын кичэйэн үөрэппитэ, сүүрбэ омук тылын билэр этэ.

 «Семен Андреевич учуонай-лингвист, гражданин быһыытынан норуотугар улууканнаах историческай үтүөтүнэн сахалыы латинизированнай алфавиты айан, норуот үөрэҕирэр усулуобуйатын хааччыйыыта буолар. Өссө 1917 сыллаахха В.М. Ионов бырайыактаабыт сахалыы букварын Семен Андреевич табаарыһа Н.Е. Афанасьевтыын кыттыһаннар, латинизированнай алфавитынан көннөрөннөр бастакы «Сурук-бичик» кинигэтин 4 тыh. экземплярын бэчээттэтэри уонна оскуолаларга бастакы төрөөбүт тылынан үөрэх кинигэтин быһыытынан тарҕатары ситиспиттэрэ.

Оскуолаларга саха тылын үөрэтии 1917 сыллаахха балаҕан ыйыгар Дьокуускайга бэчээттэммит «Сахалыы сурук-бичик» букубаарынан саҕаламмыта.

1922 сыллаахха букубаар иккиһин таһаарыллыбыта. Кини төрөөбүт тылынан үөрэтиини сайыннарарга кадрдар наадаларын ким да иннинэ өйдөөбүтэ. Ол иһин кини «Сахалар уонна университет» диэн ыстатыйатын 1919 сыллаахха Иркутскайдааҕы университекка саха тылын кафедратын аһар туһунан туруорсубута.

1923 сыллаахха Новгородов оччотооҕу кэм элбэх күчүмэҕэйдэрин туораан, икки сылтан ордук дьүккүөрдээх үлэтин түмүгэр, Петроградка кини алпаабытынан саҥа шрифт кутуллар, «Сурук-бичик» диэн саҥа саха букубаара уонна «Ааҕар кинигэ» диэн хрестоматия, хас биирдиитэ 5000 ахсаанынан тахсар», - диэн «Билим-2019» хомуурунньукка (ааптар А.А. Собакин) суруллар.

С.А. Новгородов фольклорист-хомуйааччы быhыытынан саха фольклорун айымньыларын сурукка-бичиккэ тиһэн, киэҥ ааҕааччыга тиэрпитэ. «Ааҕар кинигэтигэр» бастакы салааҕа 18 араас кэпсээн, үгэ-хоһоон, ырыа-тойук, олоҥхо, остуоруйа, бэйэтин фольклорнай айымньылара «Байанай алгыһа», «Сайын ырыата», «Үҥкүү ырыата» киирбиттэрэ.

Семен Андреевич, университеты бүтэрэн, саҥа үлэлээн иһэн, Ленинград куоракка 1924 сыллаахха 32 эрэ сааhыгар эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Кини кѳмүс уңуоҕа Смоленскай кылабыыhаҕа хараллан сытар. 

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением