Онус кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн баран "Оскуола-производство-үрдүк үөрэх" диэн девиһинэн салайтаран, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит дьүөгэлэринээн - Ноговицына Нюталыын, Сотникова Анялыын "Сарыал" ыччат комсомольскай пиэрмэтигэр ыанньыксытынан үлэлии тахсыбыттара.Үлэлииллэрин тухары былааннарын мэлдьи толорон, Комсомол киин кэмитиэтин летопиһыгар суруллубуттара.
Икки сыл толору үлэлээн баран, Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа хореографтар куурустарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, "кыһыл" дипломунан бүтэрэн, Өлүөхүмэ улууһугар Тээнэҕэ ананан, 1981 сыллаахха үлэлии тиийбитэ. Онтон ыла, иккис дойду оҥостон, олохсуйан, күн бүгүнүгэр дылы үлэлии-хамсыы сылдьар.
Олоҕун аргыһын Николаев Владимир Прокопьевиһы көрсөн ыал буолан биэс оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн үлэһит оҥордулар. Алта сиэннээхтэр.Тээнэҕэ эбэҥки норуодунай ансаамбылын салайааччытынан, балетмейстерынан ананан үлэлээн кэллэ. Ансаамбыл төрүт олохтоох эбэҥкилэр ырыаларын,төрүт үгэстэрин, үҥкүүлэрин толороллор. "Черода" эвенкийскэй норуодунай фольклорнай ансаамбыл кыттааччылара Москубаҕа, Санкт Петербурга, Черскэйгэ, Нерюнгрига, Алдаҥҥа, Дьокуускайга тиийэн, араас күрэхтэргэ кыттан, бэйэлэрин талааннарын көрдөрбүттэрэ, биһирэппиттэрэ. Үгүс сыллаах үлэтэ сыаналанан, үлэ бэтэрээнэ, култуура туйгуна "За развитие народного художественного творчества" бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Тээнэҕэ үксэ эбэҥкилэр олохсуйан олороллор.Таба иитиитинэн,булдунан дьарыктаналлар.11 кылаастаах оскуола Иван Николаевич Кульбертинов аатын сүгэр. Оөо уһуйаана, почта,бибилэтиэкэ бары үлэлииллэр.Эдэр ыччаттар үөрэхтэрин бүтэрэн баран, төттөрү дойдуларыгар төннөн кэлэн, бары саҥа дьиэ туттан үлэлииллэр, онон дэриэбинэ улаатар-кэҥиир эбит. Кыра оҕолорго оонньуур, улахаттарга спортивнай былаһааккалар тутулланнар, иллэҥ кэмнэригэр онно мусталлар,оонньууллар, дьарыктаналлар. Нэһилиэк хайа быыһыгар,Тээнэ өрүс биэрэгэр турар, онон сайын оҕо-аймах сөтүөлээн, күҥҥэ сыламнаан сынньаналлар. Сайынын уу суолунан мотуорканан 5-6 чаас, кыһын массыынанан 7-8 чаас айаннаан Өлүөхүмэ куоратыгар тиийэллэр.
Күһүн, саас көтөр аалынан эрэ айанныыллар. Полина Васильевна кэргэнинээн Владимир Прокопьевичтыын уоппускаларын кэмигэр араас сирдэринэн күүлэйдииллэр, сынньаналлар. Москубаҕа, Санкт Петербурга, Белокурихаҕа, быйыл сайын Абхазияҕа, Пицундаҕа, Адлерга "Известия" санаторийга сынньаммыттар. Ахтылҕаннаах Балыктааҕар ыһыахха сылдьыбыттара. 98 саастаах ийэтин Анастасия Ивановнаны, бииргэ төрөөбүттэрин кытта көрсүһэн аймахтарын кытта Булууска, Күрүлүүргэ, Туруук хайаҕа сылдьан астына-дуоһуйа сынньаммыттара. Тээнэ бөһүөлэгэр Балыктаахтан өссө икки кыыс кэргэн тахсан ыал буолан олохсуйан олороллор: Иванова Люция Дмитриевна, Баишева Саргылаана Иннокентьевна уонна быйыл оскуолаҕа учууталынан ананан, Дойдунуускайтан төрүттээх Полятинская Евдокия Максимовна үлэлиир. Онон, мэҥэлэр элбээбиттэр!
Мэҥэ Хаҥалас Дойдунуускайыттан төрүттээх Кычкина-Соколова Евдокия Алексеевна Дьокуускайга парикмахер идэтигэр үөрэнэ сылдьан, Өлүөхүмэ Троицкайын уолун Федору көрсөн, 1983 сыллаахха ыал буолбуттара. Федор суоппарга үөрэнэн бүтэрэн дойдутугар суоппардаабыта.Евдокия оҕо уһуйааныгар поварынан, иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн 30 сыл үлэлээн пенсияҕа тахсан баран, билигин да харыбылынан үлэлиир. Биэс оҕону төрөтөн, үөрэттэрэн оҕолор бары үлэһиттэр. Дьокуускайга, Өлүөхүмэ куоратыгар, Каландрашвили бөһүөлэгэр ыал буолан дьиэ-уот тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Евдокия Алексеевна биэс уол, үс кыыс сиэн тапталлаах эбэлэрэ.Кэргэнэ Федор Макарович 2015 сыллаахха ыалдьан бу сиртэн туораабыта. Билигин кыра уола Макаардыын, сиэнэ Ринаттыын саҥа дьиэ туттан быр-бааччы олороллор.
Бииргэ үлэлиир кэлэктиибэ бары эдэрдэр. Өр сыллаах үлэтинэн үлэ бэтэрээнэ,быйыл үбүлүөйдээх бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Олорор бөһүөлэгин уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар."Сарыал" ансаамбылга сылдьар, ыллыыр. Иллэҥ кэмигэр оҕуруотунан дьарыктанар. Үүнээйи арааһын олордон оҕолорун сибиэһэй аһынан хааччыйар. Сибэкки арааһын сыл аайы суортарын-араастарын уларыта сылдьан олордон, олбуора сайынын сибэккинэн симэнэр. Кэрэ айылҕалаах Өлүөхүмэ өрүс үрдүгэр турар Троицкай бөһүөлэги иккис дойду оҥостон олордор да, бэйэтин төрөөбүт Дойдунуускайын ахтан, уоппускатын ыллаҕына, кэлэн бииргэ төрөөбүттэрин көрсөн, Көрдүгэҥҥэ төрөөбүт дьиэтигэр сылдьан, ахтылҕанын таһаарар. Быйыл күһүн үбүлүөйдээх төгүрүк сааһын туолбутун бэйэтэ Троицкайтан кэлэн, Дьокуускай куоракка аймахтарын-дьүөгэлэрин мунньан, истиҥ көрсүһүүлэри тэрийдэ.
Бу курдук, Өлүөхүмэ улууһугар тапталларын көрсөн, ыал буолан олорор биир дойдулаахтарбыт, Мэҥэ кыргыттара төһө да төрөөбүт дойдуларыттан тэйиччи сырытталлар үлэ үөһүгэр сылдьаллар.
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0