Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Бу күннэргэ буола турар Гражданскай форум чэрчитинэн «Саха Сиригэр, Арассыыйаҕа оҥоһуллубуту талабыт» диэн дискуссионнай былаһааккаҕа кулун тутар 2 күнүгэр урбаанньыттар былаас уорганнарын кытта көрүстүлэр.  

Бу күннэргэ буола турар Гражданскай форум чэрчитинэн «Саха Сиригэр, Арассыыйаҕа оҥоһуллубуту талабыт» диэн дискуссионнай былаһааккаҕа кулун тутар 2 күнүгэр урбаанньыттар былаас уорганнарын кытта көрүстүлэр.  

Антонина Григорьева, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, бары эйгэҕэ табаар дэлэгэйин, өҥө арааһын тэрийии, нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн  хааччыйыы өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайдыытын сүрүн соруга буоларын бэлиэтээтэ. Ону ситиһэргэ Сахабыт Сиригэр 5000 кэриҥэ олохтоох оҥорон таһаарааччылар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Ас-үөл куттала суох буолуутун, бородууксуйа хаачыстыбатын көрүүнү-истиини сокуонунан бигэргэтии болҕомто киинигэр тутуллар. РФ иһигэр ас-үөл куттала суох буолуутун хааччыйар доктрина, 2030 с. диэри бородууксуйа хаачыстыбатын үрдэтии стратегията итиниэхэ сүрүн тирэх буолаллар.

«Тас дойдуттан киирэр табаары олохтоох бородууксуйанан солбуйар кэмҥэ урбаанньыттар ырыынакка бэйэлэрин миэстэлэрин булуналларыгар тоҕоостоох кэм тосхойдо.

Ил Түмэҥҥэ 2022 с. ахсынньы 9 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ас-үөл хаачыстыбатын уонна куттала суох буолуутун хааччыйарга туһуламмыт сокуон ылыллыбыта. Ас-үөл хаачыстыбатын көрөргө Ил Дархан иһинэн Координационнай сүбэ тэриллибитэ.

Ситэ быһаарылла илик боппуруостар эмиэ бааллар, холобур, Ньурбаҕа халбаһыы оҥорор собуот аспыттар даҕаны, холодильник тиийбэт. Хас улуус аайы итинник тиэхиниичэскэй хааччыллыы өттүгэр кыһалҕа үгүс.

Кэлиҥҥи кэмҥэ олохтоох урбааны сайыннарыыга түөрт сокуон таҕыста, ону таһынан, хас даҕаны бачыым ситэриллэн, Ил Түмэҥҥэ киириэхтээх. Бүгүҥҥү тэрээһин түмүгүнэн оҥоһуллубут этиилэри сокуон хараҕынан олоххо киллэрэргэ үлэ барыаҕа. Бу эйгэҕэ үлэлиир дьон туох кыһалҕалаахтарын көрө-истэ сылдьабыт, онон күүспүтүн холбоон үлэлииргэ бэлэммит», — диэн Антонина Афанасьевна олохтоох оҥорон таһаарааччыларга сокуону ылынар уорган аана аһаҕаһын биллэрдэ.

Норуодунай дьокутааттар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр ас-үөл хаачыстыбатын үрдэтэргэ научнай чинчийии үлэтин күүһүрдэри туруорсаллар.

c99994be e00b 4bd3 a0ef 06cd8fd351d3 copy

Павел Петров, Ил Түмэн экэнэмиичэскэй, инвестиционнай уонна бырамыысыланнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, экэниэмикэ араас салаатыгар үлэһиттэри бэлэмнээһин туһунан иһитиннэрии оҥордо. 

“Бу соторутааҕыта дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Анал этиитигэр кэлэр биэс сылга оробуочай идэҕэ мөлүйүөн кэриҥэ дьону бэлэмнииргэ сыал-сорук туруорбута. Онон үөрэх эйгэтэ саҥалыы дьаһанан үлэлиэхтээх.

Былырыын бэс ыйыгар Судаарыстыбаннай Дуума бастакы ааҕыытыгар үөрэхтээһин федеральнай сокуонугар уларытыыны киллэрэргэ сокуон барылын ылыммыттара. Итиннэ олоҕуран, оскуоланы бүтэрэр выпускниктар тус сыаллаах үөрэххэ киирэллэригэр барыларыгар тэҥ усулуобуйаҕа аһаҕас күрэх ыытыллыахтаах.

«Үрдүк үөрэххэ онлайн киирии» сервис көмөтүнэн тэрилтэлэр эдэр ыччаты тус сыаллаах үөрэххэ үөрэттэрэргэ сайаапка биэриэхтээхтэр. Сайаапкалар судаарыстыбаннай өҥө порталыгар тахсыахтара. Тус сыаллаах үөрэҕи үлэнэн хааччыйар тэрилтэ төлүөҕэ.

Үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эрээри, идэлэрин сыыһа талбыт дьон идэлэринэн үлэлии барбаттар. Онон үөрэх кыһата инникитин үлэ миэстэтин хааччыйар туһугар ханнык үлэһиккэ наадыйар тэрилтэлэри кытта эрдэттэн бииргэ үлэлэһиэхтээх. Оччотугар үлэни биэрээччи үлэһитин ханнык үөрэххэ үөрэттэрэрин бэйэтэ талар кыахтанар”, — диэн быһаарда Павел Петрович.  

e4bd2b27 8a2c 44d8 82b0 0137006df722

Тыа сиригэр оборудование алдьаннаҕына, ону өрөмүөннүүр, көрөр-истэр тиэхиниичэскэй үлэһиттэр тиийбэттэрин эттилэр. Сунтаар улууһуттан Александра Иванова аһы-үөлү оҥорор оборудование сотору-сотору алдьанарын, онтон сылтаан үлэ кырата нэдиэлэнэн атахтанарын, туох алдьаммытын быһаарар анал тэрил сыаната үрдүгүн  эттэ. Кини бу кыһалҕаны болҕомтоҕо ылалларыгар эрэлин биллэрдэ.

feccc010 972c 4fed 98ac b9e169e1eca2 copy

Игорь Григорьев, Ил Түмэн урбааҥҥа, туризмҥа уонна инфраструктураны сайыннарыыга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, «Сделано в Якутии» бренд бэлиэтэ араас эйгэҕэ барытыгар көхтөөхтүк кимэн киирбитэ киһини үөрдэрин туһунан санаатын үллэһиннэ.

Тимур Ханды, СӨ урбааҥҥа, атыыга-эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ, араас эйгэҕэ үлэлиир олохтоох оҥорон таһаарааччылары барыларын түмэн, кинилэри салгыы сайыннарарга кэнсиэпсийэ оҥоһуллуохтааҕын билиһиннэрдэ.

Атах тэпсэн олорон, былаас уорганнарын кытта санаа атастаһыытын быһыытынан, олохтоох оҥорон таһаарааччылар ким туох ситиһиилээҕин, кэккэ кыһалҕалааҕын кэпсэттилэр.

 Ол туһунан «Ил Түмэн» хаһыат кэлэр нүөмэригэр сиһилии ааҕыҥ.   

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31