Саха төрүт дьарыга итиэннэ норуот хаһаайыстыбатын биир барыстаах салаата буоларын быһыытынан, сылгыны үөрдээн иитиигэ сөптөөх болҕомто ууруллар. Үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит бастыҥ үлэһиттэри бэлиэтииргэ 1964--1966 сыллардаахха өрөспүүбүлүкэ бэйэтэ олохтообут, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан бэриллэр «Саха АССР үтүөлээх сылгыһыта» диэн наҕараада баар эбит. Бу аатынан барыта 29 сылгыһыт бэлиэтэммит. Бүгүн биһиги олортон биирдэстэрин, Бүлүү оройуонуттан «Мастаах» сопхуос сылгыһыта Прокопий Григорьевич Семенов туһунан кини хос сиэнэ П.И. Быканов аатынан Халбаакы орто оскуолатын үɵрэнээччитэ Карина Федорова суруйбутун биэрэбит.
Биир хаартыска туhунан
Биhиги дьиэ кэргэҥҥэ кичэллээхтик кистэнэн, харыстаан уурулла сылдьар тирии бартыбыал баар. Биир үтүɵ күн мин ол бартыбыалы хасыһан көрдүм. Манна баар эбит хос эhэм уонна хос эбэм наҕараадалара, араас сүлүөттэргэ, мунньахтарга сылдьан түспүт хаартыскалара, матырыйааллара, докумуоннара. Олор быыстарыттан «Кыым» хаhыат 1967 сыллаахха ахсынньы 13 күнүгэр тахсыбыт нүөмэрин булан ыллым.
Саhарбыт хаhыат үһүс балаһатыгар хос эhэм Прокопий Григорьевич Семенов хаартыската тахсыбыт. Ойоҕоһунан: «Сылгыны иитиигэ биhиги республикабыт бары ɵттүлэригэр үтүɵкэн маастардар бааллар. Оннук биир маастарынан Бүлүү оройуоннааҕы «Мастаах» совхоз сылгыhыта Прокопий Семенов буолар. Кини билигин юбилейнай сылга ылыммыт эбэhээтэлистибэтин чиэстээхтик толорор. Бу күннэргэ сылгыларын үрэхтэргэ кɵhɵрɵн тото-хана аhатар» -- диэн быhаарыылаах. Хос эhэм туhунан билэрим да аҕыйах эбит диэммин ийэбиттэн, эбэбиттэн сурастым, кэпсииллэригэр кɵрдɵстүм.
Хос эhэм Семенов Прокопий Григорьевич 1924 сыллаахха Халбаакы нэhилиэгэр Сууртаах диэн алааска Семеновтар диэн ыалга үhүс оҕонон күн сирин кɵрбүт. Дьиҥинэн, элбэх оҕо төрөөбүтүттэн үс оҕо (Анна, Прокопий, Иннокентий) ордон, киhи-хара буолбуттар. Холкуостааһын саҕаламмытыгар, төрөппүттэрэ «Молотов» холкуоска холбоhон, үлэлээн-хамсаан барбыттар. Хос эһэм дьолугар 1930 сыллаахха Лаҥхаҕа оскуола аһыллан, онно үɵрэнэ киирбит. Сууртаахтан уонча биэрэстэлээх сиргэ, Лаҥхаҕа, күн аайы сатыы сылдьан үɵрэммит. Оччотооҕу оҕолор үɵрэххэ оннук баҕалаахтар эбит. Аан дойдуну аймаабыт 1941-1945 сс. сэрии ыар сылларыгар эр дьон бары фроҥҥа ыҥырылланнар, улаатан эрэр уолаттар холкуос туруу үлэһиттэрэ буолбуттар, бултаан-алтаан, балыктаан дьоннорун-сэргэлэрин үрүҥ тыыннарын ɵрүhүйбүттэр. Хос эһэм холкуоһугар булчут, биригэдьиир буолбут. Эдьиийэ Анна улаатан баран холкуоска, сопхуоска суоччутунан үлэлээбит, хос эһэм быраата Иннокентийы кытары сылгыhыттаабыт.
«Мастаах» сопхуос тэриллиэҕиттэн эһэм сопхуос Халбаакытааҕы отделениетыгар сылгыhытынан, кадровай булчутунан үлэлээбит. Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, таптыыр идэтиттэн илиитин араарбатах, сопхуос ыhыллыар диэри андаатардаан туттарбыт. Сааhыран да баран тиhэх күннэригэр диэри бултаабыт, сайынын атынан, кыhынын «Бураанынан» сылдьар эбит.
Эбэм ахтарынан, аҕата наар тыаҕа, сылгыларыгар хойукка диэри сылдьан үлэлиир үhү. Тоҥору-хатары умнан, тɵгүрүк сыл устатыгар ат үрдүгэр сылдьар эбит. Биир даҕаны сылгыны энчирэппэт, төрүөҕү сүүс бырыһыан ылар туhугар туруулаhан үлэлээбит. Ийэтэ пиэрмэҕэ, аҕата сылгыга үлэлиир буоланнар, оҕо сылдьан ийэм дьиэтин үлэтин бэйэтэ толорор: мас кыстыыр, хаар баhар, муус киллэрэр, ас астыыр эбит.
Хос эhэм сылгыны кыhынын хаhан аhатыыга уонна биэттэн тɵрүɵҕи ылыыга куруук үрдүк кɵрдɵрүүлээх эбит. Хас эмэ сыл сопхуоhугар инники күɵҥҥэ сылдьыбыт. «Мастаах» сопхуос «Бочуотун кинигэтигэр» киллэриллибит. 1964 сыл муус устар 24 күнүгэр «Саха АССР үтүɵлээх сылгыhыта» бочуоттаах аатынан бэлиэтэммит.
Ийэм эhэтин үтүɵ тылларынан эрэ ахтар. Кини курдук дэлэгэй, ыалдьытымсах, үтүɵ санаалаах киhи билигин аҕыйах диир. Ийэм атын улууска үɵрэнэ сылдьан, уhун ɵрɵбүлүгэр кэллэҕинэ, эһэтэ кэhии ууран тоhуйар эбит. Оҕолорун, сиэттэрин айылҕаҕа харыстабыллаахтык, кырдьаҕаска, кыаммакка ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга ииппит, үлэни үрдүктүк тутарга, үтүɵ суобастаахтык толорорго үɵрэппит. Мин убайым Проня кини аатын ылбыт эбит. Ол аата хос эhэм, хос эбэм суруйан саҕалаабыт биhиги дьиэ кэргэн остуоруйата салҕанар, кинилэр үтүɵ ааттара, үɵрэхтэрэ сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар. Бу курдук биир хаартыскаттан сиэттэрэн мин хос эhэм туhунан элбэҕи саҥаны биллим.
- 6
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0