Ону сэргэ, Дьокуускай куоракка Троицкай Собуору, митрополит Иннокентий Вениаминов уонна Мииринэйгэ «Мир» алмаас туруупкатын бастакы арыйааччыларын пааматынньыктарын саҥардарга бырайыактыыр докумуоннары оҥорууну саҕалыырга былаанныыллар.
Култуура нэһилиэстибэтин эрэйиэстэригэр киллэрэр сыаллаах «Ытык күөл Сайсары» эбийиэк эспэртиисэтин Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтигэр ыыттылар. Арыллыбыт култуура эбийиэктэрин испииһэгэр Таатта улууһун Амыдай диэн сирин уонна Өктөм нэһилиэгэр баар Кыайыы Сэргэтин киллэрэргэ былаанныыллар.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата эрэгийиэннээҕи суолталаах култуура нэһилиэстибэтин харыстыыр 9 сири бигэргэттэ. Өссө маннык 10 сир бырайыактарын бу сыл иккис кыбаарталыгар бигэргэтиэхтэрэ.
Быйылгы сылга култуура нэһилиэстибэтин 93 эбийиэгин сир кыраныыссатын кадаастарыгар бигэргэтэр уонна киллэрэр үлэ түмүктэнэрэ былааннанар.
Маны тэҥэ, Өлүөхүмэ, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Майа улуустарын сирдэригэр сытар археологическай нэһилиэстибэ 25 эбийиэгин туругун чинчийэн көрүөхтэрэ.
Дьокуускай 64-с кыбаарталыгар Каландаришвили уулуссатын муннугар уонна Марк Жирков пер. 200-тэн тахса кв.м. иэннээх сиргэ улахан археологическай хаһыылар ыытыллаллара былааннанар.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев «Сохраним памятники» бырайыагы көҕүлээбитэ. Бэйэтин тус үбүнэн Таатта улууһун Чөркөөҕөр култуура нэһилиэстибэтин уһулуччулаах эбийиэгин, Чурапчы Сылаҥыттан көһөрүллэн киллэриллибит ХІХ үйэтээҕи сэдэх миэлиҥсэни чөлүгэр түһэрбитэ. Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ 13 сыл устата устуоруйа уонна култуура биир да пааматынньыгын чөлүгэр түһэриллибэтэх. Ил Дархан саҕалааһынын Саха Сирэ барыта өйөөбүтэ. 2019 сылтан араас улуустарга баҕалаахтар бэйэлэрин үптэринэн устуорйуа уонна култуура нэһилиэстибэтин 45 пааматынньыгын өрөмүөннээбиттэрэ.
Саха Сиригэр култуурунай нэһилиэстибэ 1912 эбийиэгэ судаарыстыба харыстабылыгар туруорулунна. Итинтэн 821-һэ эрэйиэстэргэ уонна 1091-һэ култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэригэр киллэриллибит.
Хаартыскалар: www.sakha.gov.ru
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0