Бырайыак олоххо киирэригэр Саха сирин арктическай түөлбэтигэр киирэр улуустары кытта сөбүлэҥнэр түһэрсиллиэхтэрэ. Билигин учууталлар айаннарын төлөбүрүн ороскуотун сабарга, “подъемнай” төлүүргэ, олорор усулуобуйаларын тупсарарга биир кэмнээх социальнай төлөбүрү оҥорорго судаарыстыбаннай миэрэлэр оҥоһуллан эрэллэр.
“Бырайыак көмөтүнэн Арктика улуустарыгар үлэлии барар учууталларга өйөбүллэри оҥоруохпут. Ол курдук, Арктика оскуолаларыгар үлэлиир учууталлар педагогика хайысхатынан магистратураҕа салгыы үөрэнэллэригэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн целевой миэстэлэр көрүллүөхтэрэ. Мин санаабар, ити дьаһал эдэр испэсэлиис хоту улууска олохсуйарыгар уонна идэтин таһымын үрдэтэригэр улахан көмө буолар. Бырайыагы олоххо киллэрэргэ улуустар салалталарын кытта ыкса үлэлэһэбит. Кинилэр саҥа үлэһити олорор дьиэнэн хааччыйарга уонна сөптөөх үлэ усулуобуйатын тэрийэргэ быһаччы кыттыһыахтаахтар”, – диэн миниистир солбуйааччыта Михаил Присяжный кэпсээтэ.
Бырайыак аан бастакытын Арктика улуустарын оскуолаларыгар үлэлии тиийэр эдэр учууталларга быһаччы көмөнү оҥоруо. Холобур, эдэр испэсэлиистэргэ айаннарын ороскуотун уонна “подъемнай” төлүөхтэрэ. Соннук биир кэмнээх төлөбүр кээмэйэ 250 тыһ солк буолара былааннанар.
“Арктика учууутала” бырайыак оскуоланы бүтэрээччилэр учуутал идэтин талалларыгар ХИФУ-ну кытта проориентационнай үлэ күүһүрүөхтэх, ол иһигэр оскуолаларга педагогическай кылаастар арыллыахтаахтар.
“Быйыл педагогика хайысхатынан ХИФУ-га 153 целевой миэстэ көрүллүбүтэ. Министиэристибэ ити миэстэлэргэ инникитин Арктика улуустарыгар үлэлии барыан баҕалаах оҕолору ылалларыгар сүбэлээбитэ. Билигин Арктика улуустарын педүлэһиттэринэн толору хааччыйыы боппуруоһа инники күөҥҥэ турар”, – диэн Михаил Присяжный бэлиэтээтэ.
“Арктика учуутала” бырайыак “2020-2024 сс. СӨ арктическай түөлбэтин уонна аҕыйах ахсааннаах омуктарын сайдыыларыгар” туһуламмыт бырагыраама “СӨ арктическай түөлбэтигэр нэһилиэнньэлээх пууннар социальнай сайдыылара” диэн алын бырагырааматын “Арктика улуустарын социальнай инфраструктуларын сайыннарыы” уонна “СӨ Арктика түөлбэтин оскуолаларын учууталларынан хааччыйыы” диэн дьаһалларыгар олоҕуран олоххо киирэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0