Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин тэрийиитинэн, сиртэн үүнээйини ылыы салаатын сайыннарар, саҥа технологиялары киллэрэр сыаллаах «Бааһына күнэ» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээр-сүбэ мунньах 2014 сыллаахтан ыытыллар. Хамсык дьаҥа харгыстаан, быйылгы алтыс «Бааһына күнэ-24» Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгин сиригэр, Орто дойдуга атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыытылынна.
Аһылык туруктаах баазатын тэрийиэххэ
Сэминээр-сүбэ мунньаҕы арыйарыгар тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров Бааһына күнүн түһүлгэтэ учуонайдары, агрономнары, оҕуруот аһын, бурдугу, сүөһү сиир култуураларын ыһар хаһаайыстыбалары, мелиоратордары, үлэ тиэхиньикэтин, ыһыы сиэмэтин, уоҕурдууну хааччыйар тэрилтэлэр уонна аныгы алаас, бааһына хаһаайыттарын иитэн таһаарар агро-оскуолалар, тыа хаһаайыстыбатын анал үөрэҕин кыһаларын үлэһиттэрин барыларын түмэрин эттэ.
– Бүгүҥҥү үлэбит бырагыраамата киэҥ, сиртэн үүнээйини ылыыга туох үлэ ыытылларын, хаһаайыстыбалар хайдах үлэлии-хамсыы сылдьалларын, саҥа киллэриллэр технологиялары билсиэхпит, уопут атастаһыахпыт, ону таһынан тирээн турар боппуруостар тула кэпсэтиэхпит, – диэтэ Артем Александров уонна бастыҥ көрдөрүүлээхтэргэ наҕараадалары туттарда.
Ыҥырыылаах ыалдьыт, Арассыыйа билимин академиятын бэрэсидьиэнин солбуйааччы, агроном-учуонай, академик Петр Чекмарев элбэх киһи наҕараада ылбыта өрөспүүбүлүкэ үлэ дьонун сыаналыырын көрдөрөрүн бэлиэтээтэ. Кини аан бастаан алта сыллааҕыта кэлэ сылдьан, учуонайдары уонна хаһаайыстыбалар салайааччыларын кытары көрсөн, үлэни-хамнаһы билсэн баран, манна тыа хаһаайыстыбатын култууратын үүннэриэххэ сөбүн итэҕэйбитин туһунан кэпсээтэ.
– Эһиги, тыйыс айылҕалаах, кылгас сайыннаах, кураан сирдээх-уоттаах эрэгийиэн буоларгыт быһыытынан, сүрүн күүскүтүн сүөһүнү-сылгыны иитиигэ уураргыт тоҕоостоох. Онуоха сүөһү аһылыгын туруктаах баазатын тэрийэргэ бэйэҕит килиимэккитигэр сөп түбэһэр култууралар суортарын үүннэриҥ, минеральнай уоҕурдуулары киэҥник туһаныҥ, – диэн сүбэлээтэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин парламенын аатыттан Ил Түмэн Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Тихон Скрябин эҕэрдэлээтэ:
– Мин эһиги биир идэлээххит буолабын, Хаҥалас улууһугар, Самартай хочотун нэһилиэктэрин түмэр «Өктөөбүр 50 сыла сопхуос» диэн тыа хаһаайыстыбатын кэпэтэрэтиибин салайабын. Сиртэн үүнээйини ылыы, сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйыы тирэҕэ буоларын бары өйдүүбүт, ол иһин бүгүн манна түмүстүбүт, – диэн тэрээһин ситиһиилээхтик барарыгар баҕарда.
Сүүрбэ улуустан
Ааспыт сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл кыттааччы ахсаана быдан элбэх. Ол курдук, Дьокуускай куораттан саҕалаан, 25 улуус хаһаайыстыбалара, 17 агро-оскуола бэрэстэбиитэллэрэ итиэннэ М.Г. Сафронов аатынан Саха Сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр үнүстүүтүн учуонайдара уонна бэтэрээннэрин дэлэгээссийэтэ бааллар.
Бары улуустар, хаһаайыстыбалар, агро-оскуолалар үлэлэрин-хамнастарын сырдатар буклеттары, оҥорон таһаарар бородууксуйаларын быыстапкаларын: үрүҥ ас, бурдук, мүөт, хортуоппуй уонна арбуһугар тиийэ оҕуруот аһын арааһын тардан кэбиспиттэрэ, киһи хараҕа халтарыйар көстүүтэ буолла.
Бүлүү бурдуга атыыга хамаҕа
Дьөккөн нэһилиэгэр Исидор Ионов салайар бааһынай хаһаайыстыбата федеральнай бырагыраамаларга тирэҕирэн, баазатын бэркэ оҥостон олорор. Ынах сүөһүнү, сибиинньэни итиэннэ мүөттээх ыҥырыаны иитэр, иллэрээ сыл астыыр сыаҕы арыйбыта, онон үүтүн-этин бэйэтэ астаан батарар. Туристарга тыа сирин үлэтин-хамнаһын сырдатар, кинилэри экологическай өттүнэн ыраас, сибиэһэй аһынан-үөлүнэн аһатар, доруобуйаларын чэбдигирдиэхтэрин баҕарар дьоҥҥо апитерапия (ыҥырыа көмөтүнэн эмтэнии), иппотерапия (ат көмөтүнэн эмтэнии) өҥөлөрүн тэрийэр «Лүксүгүн экопиэрмэ» бырайыагы оҥорон, былырыын «Агротуризм» гранын куонкуруһун гранын ылбыта. Ол харчыта быйыл саҥа кэлэн, мантан күһүн үлэтэ саҕаланар буолбут.
Хаһаайыстыба бэрэстэбиитэлэ Альбина Ионова быыстапкаҕа мүөт, сылгы этин кэнсиэрбэтин аҕалбытын көрдөрдө, «Лүксүгүн экопиэрмэ» бырайыагын туһунан кэпсээтэ, агротуризмҥа үлэлиэн баҕарар дьоҥҥо сүбэ-ама биэрдэ.
Чочу нэһилиэгэр баар «Ампаардаах» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба сыл устатыгар биир ынахтан 5000 киилэ үүтү ыыр. Хаһаайыстыба элбэх сыллаах оту ыһан, сүөһү аһылыгын бааһынаттан хааччынар. Оту таһынан 2019 сылтан сэлиэһинэй «Новосибирская-31» суордун ыһан, миэлиҥсэҕэ мэлийэн, киһи сиир бурдугун оҥорор. Быыстапкаҕа биэстии киилэнэн аҕалбыт бурдуга хамаҕатык атыыланна. Даҕатан эттэххэ, аммалар эмиэ бурдук аҕалбыттар, онон улуустар киһи сиир бурдугун ыһар, мэлийэр буолбуттара киэн туттунуулаах санааны үөскэтэр.
Дьааҥы бэйэтэ сенажтаах!
Киинтэн ыраах сытар хоту дойдуга үлэни-хамнаһы тэрийэр уустук. Холобур, Дьааҥыга эбиэс сыаната Дьокуускайтан үс төгүл ыараан тиийэр. Оттуур эмиэ эрэйдээх, манна талбыт курдук көнө ньуурдаах сыһыы суох, барыта илиинэн оттонор.
Айылҕа тугу уунарын эрэ кэтээбэккэ, 1980-с сс. Үөттээххэ элбэх сыллаах от ыһылла сылдьыбытын сөргүтэн, үүнүүнү бааһынаттан эмиэ ыларга суоттанан, Вадим Горохов «Бадайагро» диэн хааччахтамыт эппиэтинэстээх тэрилтэни тэринэн күүстээх үлэҕэ туруммут.
– Үлэлээбиппит үс сыл буолла, «Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин» бырагырааманан уонна улууспут көмөтүнэн биир «Беларусь» тыраахтары кытары сиэйэлкэ, дискатор ылыммыппыт. Үөттээҕинэн, Остуолбанан сири таҥастаан, бастаан түөрт гектарга, иллэрээ сыл 10, былырыын 20 гектарга эбиэс ыһан, сенаж оҥорбуппут. Быйыл 30 гектарга ыстыбыт, ити курдук сыллата бааһынабытын кэҥэтэн иһэбит. Бүгүн тутаах үлэһиппит Иннокентий Горохов министиэристибэ «Махтал суругунан» бэлиэтэннэ, – диэн кэпсээтэ хаһаайыстыба салайааччыта.
«Бадайгроны» кытары үлэлэһэр ТХНЧИ учуонайа Харитина Максимова 2021 сыл сааһыгар туох да суох сиригэр тиийэн бастаан бэркэ салла санаабытын, ол эрээри, эдэр дьон түөрт гектары таҥастыы охсон, күһүнүгэр гектар ахсыттан 160-200 сэнтиниэр күөх маассаны хомуйбуттарын, кэлин ол тэтимнэрин ыһыктыбатахтарын, быйыл 120 туонна үүнүүнү ыларга суоттаналларын туһунан кэпсээтэ. «Дьааҥы курдук элбэх сүөһүнү-сылгыны иитэр улууска сир үлэтэ олус наада, сыраны уурдахха үчүгэй түмүктэри ситиһиэххэ сөп, ону «Бадайагролар» өйдөөтүлэр», – диэн эрэнэрин биллэрдэ.
Уоҕурдууну – агродронунан
Үүнээйи сиртэн үгүс иҥэмтиэлээх эттиги иҥэринэн үүнэр буолан, бааһынаҕа минеральнай уоҕурдуулары киллэрэр ирдэнэр. Онуоха бааһынаны тыраахтарынан тэбистэрбэккэ, агродроннары туһанар көдьүүстээх эбит. Маннык бырайыагы «Dronnar» диэн Сэмэн Новгородов алпаабытынан суруллубут сахалыы ааттаах дьоҕус чааһынай тэрилтэ (салайааччы Роман Пахомов) ТХНЧИ-ны кытары кыттыһан оҥорбут.
Бааһына күнүгэр кинилэр агродрону үлэлэтэн, бэйэтэ көтөр тэрилинэн убаҕас уоҕурдууну уонна үөнү-көйүүрү утары эми хайдах ыстарары көрдөрдүлэр. Алта миэтэрэ усталаах агродрону икки киһи көтөҕөн ылан, хонууга туруоран баран, ортотугар ууруллубут 20 лиитэрэлээх иһиккэ уу кутаат туораан биэрдилэр. Оператор салайан биэрбитигэр, агродрон түөрт-биэс миэтэрэ үрдүккэ тахсаат, кэрийэ көтө сылдьан уутун ыстарда. Бу орто кыамталаах агродрону Кытайтан 1,6 мөлүйүөн солк харчыга атыылаһан аҕалбыттар. Маннааҕар арыый кыралар да, улахаттар да бааллар, онон кыамтатыттан тутулуктанан, агродрон 10 лиитэрэттэн саҕалаан, 60 лиитэрэ убаҕаһы тиэйэ сылдьан биир чаас устатыгар 15 гектарга ыһыан сөп эбит. Аныгы технология күннээҕи олоххо-дьаһахха хотоойутук киирэн иһэр.
Мелиорация саҥа тыыны ылар
Сэминээр-сүбэ мунньах салгыы сиэксийэлэринэн үлэлээтэ. Бастакы сиэксийэҕэ сүөһү аһылыгын уонна мелиорация боппуруостарыгар, иккискэ – билим ситиһиилэригэр тирэҕирэн сиртэн үүнээйини ылыыны үрдэтэргэ, үһүскэ – бэйэтэ көтөр тэриллэри туһаныыга, төрдүскэ – агрооскуолалар аныгы тыа сирин оҕотун үлэҕэ иитиилэригэр, бэһискэ – саҥа мэхэньиисим туһунан тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларыгар анаммыт «төгүрүк остуоллар» ыытылынналар.
Мелиорация управлениетын салайааччытын бастакы солбуйааччы Михаил Лоскин мелиорация үлэтин соруктарын туһунан иһитиннэрдэ. Сэбиэскэй былаас сылларыгар тыа хаһаайыстыбатын сирин тупсаран оҥоруу холкуостар, сопхуостар күүстэринэн ыытыллыбыта. Бу үлэ чуолаан 1970-1980 сылларга киэҥ далааһыны ылбыта. Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ 1966 с. таһаарбыт дьаһалынан Уу хаһаайыстыбатын салаата Мелиорация министиэристибэтигэр уларытыллан тэриллибитэ. Дьэ бу кэмтэн ыла, 1990 сылларга диэри, өрөспүүбүлүкэҕэ 63,3 тыһ. гектар сир нүөлсүтүллүбүтэ, 57,7 тыһ. гектар сир уута түһэриллибитэ, 5,5 тыһ. гектар сири хабар нүөлсүтэр ситим оҥоһуллубута. Тустаах министиэристибэни таһынан «Якутгипроводхоз», «СибНИИГиМ» салаатын курдук бырайыактыыр научнай тэрилтэлэр, «Якутмелиоводстрой» уонна нүөлсүтүллэр ситимнэри туһаныы управлениета диэн анал тэрилтэлэр баар буолбуттара, быһата бүтүн систиэмэ үлэлээбитэ. Тыа хаһаайыстабатыгар 1961-1965 сс. тэҥнээтэххэ, онус бэтилиэккэҕэ соҕотуопка кээмэйэ хортуоппуйга 8,6 төгүл, оҕуруот аһыгар 5,4 төгүл, үүтү туттарыыга 45 % үрдэтиллибитэ.
Саҥа үйэҕэ киирэн баран мелиорация салаата быстар мөлтөх туруктаммыта: үп-харчы кырыымчыгынан улуустардааҕы филиаллар сарбыллыбыттара, тиэхиньикэлэрэ эргэрбитэ. Ол түмүгэр, кураайы сирдэргэ сааскы ууну халытан 24 тыһ. гектар ходуһаны нүөлсүтэр 40 ситимтэн 19-һа, ууга былдьанар 68 тыһ. гектар ходуһаны куурдар 126 ситимтэн 35 %-а, 70 аһыллар-сабыллар быһыттан 42-тэ эрэ үлэлиир кыахтаммыта, 28 быһыт саахалланар туруктаммыта, улуустарга иһэр ууну хааччыйар 73 водохранилище баарыттан 46-та сөргүтүүнү эрэйэр буолбута. Арай, кэнники сылларга болҕомто ууруллан, үбүлээһин кэм үгүөрүтүк көрүллэн, тэрилтэ саҥа тиэхиньикэлэринэн хааччыллан, хамсааһын син тахсан эрэр, онуоха үлэ барыта килиимэт уларыйыытын учуоттаан ыытыллар эбит.
Бэйэ сиэмэтэ баһыйыахтаах
Владимир Путин 2020 сыллаахха Ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун доктринатыгар олохтоох (Арассыыйаҕа силиэксийэлэнэн таһаарыллыбыт) сиэмэнэн хааччыныы таһымын 75 %-ҥа тиэрдэр соругу туруорбута. Бу хайысхаҕа биһиэхэ балаһыанньа хайдаҕын туһунан «Россельхозкиин» Саха Сиринээҕи салаатын салайааччы Агнесса Данилова сырдатта.
Бурдук сиэмэтигэр аҕыс хаһаайыстыба идэтийэн үлэлиир: «Сири оҥоруу сулууспата» судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтэ, «Наука» хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ (Дьокуускай к.), «Биэттэ-Агро» ХЭТ уонна Дмитрий Илларионов биирдэм хаһаайыстыбата (иккиэн уус алданнар), «Тумул» кэпэрэтиип (Мэҥэ Хаҥалас), «Амматааҕы» АУо (Амма), «Ньурбатааҕы аһылык хампаанньата» ХЭТ (Ньурба), Евдокия Денисова биирдэм тэрилтэтэ (Хаҥалас). Кинилэр бары олохтоох сиэмэнэн үлэлииллэр, ол иһигэр, сэлиэһинэй «Новосибирскай», «Туймаада», «Приленскай» суортарын, эбиэс «Виленскай», «Покровскай» суортарын, ньэчимиэн «Ача», «Тамми», «Быйаҥ» суортарын сиэмэтин ыһан элбэтэннэр, атын хаһаайыстыбалары хааччыйаллар.
Хортуоппуй сиэмэтигэр идэтийэн үлэлиир хаһаайыстыбалар: «Сири оҥоруу сулууспата» СБТ, «Наука» ХЭТ, Александр Фомин (Амма), Александр Жирков (Нам), Владислав Мордовской (Уус Алдан), Елена Котрус (Дьокуускай к., Маҥан) бааһынай хаһаайыстыбалара хортуоппуйдарын 38 %-а эрэ олохтоох сиэмэ эбит. Оттон атын хаһаайыстыбалар, ол иһигэр чааһынай ыаллар омук сириттэн аҕалыллыбыт «Розара» (57 %), «Ред Скарлет» (15 %), «Гала» (11 %) суортары олордор эбиттэр, бэйэбит учуонайдарбыт таһаарбыт «Алена», «Тулунский ранний», «Якутянка» суортарын бэрт кыраны үүннэрбиттэр. Онон, олохтоох хортуоппуй сиэмэтин таһаарыы үлэтин тэтимирдэр, бэйэбит селекционердарбытын өйүүр ирдэнэр.
Үүнүүнү – бааһынаттан
Элбэх сүөһүлээх бөдөҥ хаһаайыстыбалар уонна племеннойдар халлаан тугу уунарын кэтээбэккэ, сүөһү аһылыгын баазатын бааһынаттан ыларга үлэлииллэр. Элбэх сыллаах от арааһын ыһаннар, үүтү ордук биэрэр сенаж уонна сиилэс курдук сүмэһиннээх аһылыктары оҥороллор.
Учуонай Елена Владимирова кэпсээбитинэн, кэнники сылларга ТХНЧИ учуонайдара элбэх сыллаах от 11 суордун таһаарбыттара оройуоннаммыт. Ол иһигэр, алаас ачатын «Амматааҕы», «Мэҥэтээҕи», «Тойбохойдооҕу» суортара, өрүс сыһыытыгар аналлаах сыппах сыыпар «Эркээни», «Айыстал», ылаҕан «Ленскэй», мэччирэҥҥэ уонна газоҥҥа туһаныллар кыһыл быалык «Мүрү», тостуган төбө «Манчаары», «Боотур», люцерна «Дьокуускай», үрүҥ донник «Нөмүгү» суортара бааллар. «Наука» ХЭТ иһинэн үлэлиир түөрт хаһаайыстыба 2023 сыллаахха бу суортар сиэмэлэрин 127 гектар бааһынаҕа ыһан, 2,8 туонна сиэмэни хомуйбуттар. Быйыл ыһыыларын иэнин 2,2 төгүл кэҥэппиттэр.
От сиэмэтин элбэтэн тарҕатар хаһаайыстыбалар барыларын кыһалҕалара биир: матырыйаалынай-тиэхиньиичэскэй бааза мөлтөх, анал тиэхиньикэлэрэ мэлигир. Инньэ гынан, бааһынаттан сиэмэни хомуйбут кэнниттэн хас да түһүмэҕинэн ыраастаан, куурдан, харайан, ГОСТ ирдэбиллэригэр сөп түбэһэр матырыйаалы оҥорон таһаарар кыахтара суох. Ол түмүгэр, бэйэбит учуонайдарбыт сыралаһан таһаарбыт суортара төһө эмит баарын үрдүнэн, ол сиэмэтин элбэтэн хаһаайыстыбаларбытын хааччыйар оннугар, сиэмэни өрөспүүбүлүкэ таһыттан атыылаһа олоробут. Оттон 1980-с сыллардаахха сопхуостар сүрүннээн олохтоох сиэмэнэн элбэх сыллаах оту 57 тыһ гектар бааһынаҕа ыһаннар, гектартан ортотунан 40 сэнтиниэр үүнүүнү ылаллара. Оройуоннаммыт сиэмэлэри элбэтэн тарҕатыыга уопутунай-производственнай хаһаайыстыбалар үлэлииллэрэ, үгүс сопхуоска сиэмэ хаһаайыстыбалара бааллара. Аҥардас Покровскайдааҕы УоПХ сыл ахсын 1000 туонна оройуоннаммыт сиэмэни сопхуостарга тарҕатара
Бу курдук Бааһына күнүгэр мустубут дьон сиртэн үүнээйини ылыы туругун итиэннэ кыаһылыыр кыһалҕаларын тустарынан аһаҕастык кэпсэттилэр, үп-харчы ситэтэ суох көрүллэрэ үлэни атахтыырын, сайдыыны харгыстыырын эттилэр.
Кыайыылаахтар
Быыстапканы көрүү түмүгүнэн, муниципальнай тэриллиилэргэ «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук бастаата. Иккис миэстэни Хаҥалас улууһа, үсүһү Амма улууһа ыллылар.
Агро-оскуолаларга Уус Алдан улууһун Суотту агро-оскуолата кыайыылааҕынан ааттанна. Иккис миэстэ Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Ороссолуода агро-оскуолатыгар, үһүс миэстэ Самсоновтар ааттарынан Хатас агро-оскуолатыгар бэрилиннэ.
Хаартыскаҕа Анна Сергучева түһэриитэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0